Курс валют
$
92.13
0.37
98.71
0.2
Курс валют
Курс валют
$
92.13
0.37
98.71
0.2
Меню
Поиск по сайту

Дьиэ кэргэн – үтүө санаа эйгэтэ, олох уйгута

16.05.2022 08:05 0
Дьиэ кэргэн – үтүө санаа эйгэтэ, олох уйгута

Ыам ыйын 13 күнүгэр О.Д.Федорова аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотекаҕа Ийэ сылыгар уонна ыам ыйын 15 күнүгэр бэлиэтэнэр Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах “Дьиэ кэргэн – үтүө санаа эйгэтэ, олох уйгута” диэн төгүрүк остуол үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ,  төрөппүттэр, дьиэ кэргэн отдела кыттыылаах буолан ааста.

Төгүрүк остуолу киирии тылынан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Люция Спиридоновна Тойтонова саҕалаата. Салгыы дьиэ кэргэн чөл туруктаах буолуутугар туһаайан, тэрилтэлэр эппиэттээх үлэһиттэрэ бэйэлэрин ыытар үлэлэрин уопуттарыттан кэпсээтилэр, санаа атастастылар.

Манна чуолаан, төрөппүт оҕотун иитиитигэр эппиэтинэһи толору өйдөөн, дьиэ кэргэн оҕоҕо иитээччи, аһатааччы, оҕоҕо саамай чугас дьоно, төрөппүттэрэ эрэ буолалларын үрдүк эппиэтинэс быһыытынан ылыныахтааҕын, кинилэринэн өрүү киэн туттуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. 

Түмүккэ, улууска дьиэ кэргэн отделын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ, дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар туһааннаах кэскиллээх этиилэр киирдилэр.

***
Пресс-служба администрации Верхневилюйского улуса

 

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»