Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Курс валют
Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Меню
Поиск по сайту

Быйыл 27 эдэр ыал дьиэ туттарга көмө сертификаттары туттулар

01.04.2022 14:08 0
Быйыл 27 эдэр ыал дьиэ туттарга көмө сертификаттары туттулар

Амма улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар бүгүн ураты дьоллоох түгэн буолла. 12 нэһилиэк ыаллара дьиэ тутталларыгар сертификаттары ылан долгуйдулар.

Бу сертификаттар үс хайысхаттан, ол эбэтэр федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох дьаһалталартан үбүлэннилэр.Суумалара дьиэ кэргэн састаабыттан тутулуктаах. Усулуобуйа быһыытынан ыаллар 7 ый иһигэр дьиэ туттан киириэхтээхтэр. Оттон мин бэйэм өттүбүттэн саҥа дьиэҕэ саҥа киһи кэлэригэр баҕарабын. Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ, улууска Аҕа сылынан Амма улууһа кэҥээтин, нэһилиэнньэтэ элбээтин. Онуоха дьаһалта өттүттэн ону өйүүргэ бары кыаллары оҥоруохпут,- диэн улуус баһылыга Николай Архипов эдэр ыалларга баҕа санаатын эттэ.


***

“Амма олоҕо” хаһыат.

Оставить комментарий