Курс валют
$
84.91
0.51
€
96.89
0.14
Курс валют
Курс валют
$
84.91
0.51
€
96.89
0.14
Меню
Поиск по сайту

Алтынньыттан Дьиэ кэргэн ипотеката уларыйыаҕа

сегодня 10:17 (5 часов назад) 0
Алтынньыттан Дьиэ кэргэн ипотеката уларыйыаҕа

РФ Үп министиэристибэтэ Дьиэ кэргэн ипотекатын бырагырааматын усулуобуйатын уларытыы туһунан иһитиннэрдэ. Бырыһыан ставката уонна кирэдьиит  кээмэйэ оҕо ахсааныттан уонна  эрэгийиэнтэн тутулуктаах буолуохтара.

Уларыйыы 2026 сыл алтынньы 1 күнүттэн  саҥа ипотека дуогабардарын түһэрсибиттэргэ киириэҕэ.

Чэпчэтиилээх ипотека Арассыыйа сиригэр-уотугар барытыгар (түөрт киин эрэгийиэнтэн ураты) бэриллиэ:

— 2%-наах  уонна муҥутаабыта 10 мөл. солк. диэри ипотеканы  биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар ылыахтара  (дуогабар түһэрсэр кэмҥэ 7 сааһыгар диэри саастаах оҕолоох буолуохтаахтар);
— 4%-наах 10 мөл. солк. диэри — түөрт оҕолоох ыалларга;
— 6%-наах 10 мөл. солк. диэри  — үс оҕолоох ыалларга;
— 8%-наах 8 мөл. солк. диэри — икки оҕолоох ыалларга;
— 10%-наах   6 мөл. солк. диэри  — биир оҕолоох ыалларга.

Москва, Санкт-Петербург куораттарга, Московскай уонна Ленинградскай уобаластарга Дьиэ кэргэн ипотеката маннык усулуобуйалаах бэриллиэ:

4%-наах 18 мөл. солк. диэри — биэстэн элбэх оҕолоох ыалларга;

6%-наах 18 мөл. солк. диэри — түөрт оҕолоох ыалларга;

8%-наах  18 мөл. солк. диэри — үс оҕолоох ыалларга;

10%-наах 15 мөл. солк. диэри — икки оҕолоох ыалларга;

12%-наах 12 мөл. солк. диэри — биир оҕолоох ыалларга.

Маны таһынан, чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитин субсидиялааһын муҥутуур болдьоҕун киллэрэллэр — 15 сылга диэри.

Чааһынай дьиэни тутууга эбэтэр ону бүтэриигэ, ону тэҥэ сир учаастагын атыылаһарга салгыы дьиэ туттарга чэпчэтиилээх ипотека усулуобуйата оҕо ахсааныттан уонна олорор эрэгийиэниттэн тутулуга суох 6% ставканан хаалыахтара, диэн Үп министиэристибэтэ бэлиэтиир.

 

***

Ааптар: 

Хаартыска: sakha.gov.ru

Оставить комментарий