Курс валют
$
82.51
0.36
€
91.19
0.16
Курс валют
Курс валют
$
82.51
0.36
€
91.19
0.16
Меню
Поиск по сайту

Егор Дмитриевич Кычкин түһүлгэтиттэн санаалар

сегодня 08:52 (55 минут назад) 0
Егор Дмитриевич Кычкин түһүлгэтиттэн санаалар

Ааспыт өрөбүлгэ – сэтинньи 7 күнүгэр, Дьокуускайга аан маҥнайгытын 24 саастарыгар диэри эдэрдэргэ Егор Дмитриевич Кычкин сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Уопсайа 160-тан тахса кыттааччы түһүлгэҕэ күөн көрүстэ. Ол иһигэр ыалдьыттарбыт Тываттан, Бурятияттан, Иркутскайтан уонна Монголияттан кэлэннэр, күрэхтэһиини сытыырҕаттылар, киэргэттилэр.

Егор Дмитриевич Кычкин – биһиги мэҥэлэр, бүттүүн Саха сирэ, спорду таптааччылар, ытыктааччылар киэн тутта ахтар-саныыр киһибит буолар. Кини бэйэтин кэмигэр спорт, көҥүл тустуу сайдарын туһугар ис сүрэҕиттэн сыратын-сылбатын ууран туран бэриниилээхтик үлэлээбитэ, бэйэтин аатын-суолун умнуллубаттыы норуотугар-сэргэтигэр хаалларбыта. Онон, кини аатын үйэтитэргэ, эдэр күрэсчиттэри өссө күүскэ успуорка угуйан, историяны, дьиҥ чахчыны билэллэрин туһугар, бу турнир сылын ахсын ыытылла турарыгар бука бары баҕарабыт.

Онтон салгыы күрэхтэһии туһунан этэр эбит буоллахпына, бу күрэхтэһии Саха сирин сүүмэрдиир хамаандатын уолаттарыгар бу буолаары турар улуу киһибит Дмитрий Петрович Коркин сырдык аатыгар уон ахсыс төгүлүн ыытыллаары турар турнирыгар бэлэмнэнии, бэйэ туругун тургутуу курдук буолла. Ону тэҥэ, лидердэрбит, эдэр кэскиллээх уолаттарбыт бэрт сытыы, уоттаах-күөстээх, эдэр эрчимнии сымса-сылбырҕа бырахсыылары, хамсаныылары көрдөрдүлэр.

Тус бэйэм көрүүбэр, 70 кг боруонса мэтээл иһин киирсиигэ Арассыыйа первенствотын икки төгүллээх призёра, успуорт маастара Эдуард Попов уонна успуорт маастарыгар хандьыдаат, Мэҥэ Хаҥалас бөҕөһө Айкар Марков тустуулара интэриэһинэйдик, тыҥааһыннаахтык ааспыта, салгыы 79 кг боруонса иһин киирсиигэ Уйгун Бурцев уонна Алексей Вензель олус техничнай, бүтэһигэр диэри ким кыайара биллибэт хабыр хапсыһыыны көрдөрбүттэрэ.

Күрэхтэһии түмүгэр, наҕараадалааһын кэмигэр турнир бастыҥ бөҕөстөрүгэр, бастыҥ хапсыһыыларын иһин диэн анал бириистэри туттартаабыттара. Ол иһигэр киирбиттэрэ: Лев Павлов, Владимир Бояновскай, Василий Григорьев, Уйгун Бурцев, Алексей Вензель уонна Иркутскай уобаластан сылдьар ыалдьыппыт Эртине Иргит (61 кг).

Олус элбэх күлүм гынан эрэр, спортивнай суолларын саҥа солоон, арыйан эрэр харахтарыгар уоттаах уолаттар бу күрэхтэһииттэн күүстэригэр күүс, сэниэлэригэр сэниэ эбинэн, хотторуу хомолтотуттан өссө абаран, кыһыйан бэриммэккэлэр, иннилэрин диэки эрэллээхтик баран иһэллэригэр баҕарабын. Ону таһынан, спортсмен киһи бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буолуохтааҕын өйдүүбүт, утуйар чааһын, аһыыр аһын үчүгэйдик көрүнэн, сынньанар бириэмэтин, күннээҕи режимын сөпкө аттарыахтааҕа саарбаҕа суох. Тоҕо диэтэр, хаһан баҕарар ис-иһиттэн баҕарар, үлэлиир, кыһаллар, сэттэ көлөһүнүн тоҕор, сыратын-сылбатын барытын ууран туран дьарыктанар киһиэхэ кыайыы үрдүкү чыпчаала хайаан даҕаны дабайыллар. Ол туһугар, элбэхтэ үлэлиэххэ, дьарыктаныахха наада.

Үс төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Бувайсар Сайтиев эппит тыллара баар: «Несерьёзные люди серьёзных поступков не совершают, серьёзных побед не добиваются, поэтому надо серьёзно отнестись к тому времени, к самому себе, своей семье. Ваши родители, ваши близкие надеятся на ваши результаты» диэн.

Түмүк санаабын даҕатан эттэхпинэ, кырдьык ытыктыыр, холобур оҥостор дьоммут сырдык ааттарыгар ыытыллар күрэхтэһиилэртэн бииртэн-биир саха эдэр кэскиллээх ыччаттара тахса туралларыгар баҕарабыт.

 

***
Милена АНДРЕЕВА,

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу—Илиҥҥи федеральнай университет 4-с куурсун студентката.

Источник: “Дьулурҕан”

Оставить комментарий