Ыччат айылҕата уһуктар
Кэм-кэрдии, олох-дьаһах, өй-санаа күүскэ уларыйда. Биэс сыл иһигэр үтүмэн хамсааһын буолла. Билигин биһиги атыммыт.
“Сахалар олоххутунан дуоһуйбаккыт”, – диэн этэллэр. “Ыал аайы хастыы да массыына, дьиэ-уот, дал-күрүө бөҕө, айан арааһа, остуол хотойорунан, туоххут өссө итэҕэс?”.
Туохпут итэҕэһий? Туохтан туоххаһыйабытый?
Киһи күннээҕи аһыыр-таҥнар кыһалҕатын быһаарыннаҕына, Олох диэн тугун, сыалын, аналын, сыаннаһын, кут-сүр туһунан толкуйдаан барар. Атыннык эттэххэ духуобунаһы, итэҕэли көрдөөн барар. Киһи кыылтан уратыта диэн духуобунаска наадыйара буоллаҕа. Итэҕэлэ суох киһи кыайан олохтон толору дуоһуйууну ылбат эбит.
Өбүгэлэрбит быста-быста салҕанар, ыарахан олохтоох эрээри олоҥхо курдук сиэдэрэй, муударай айымньыны айаллара, тылын дэгэтинэн, уранынан үүнэн турар маһы кэҕиннэрэр, хаппыт маһы тилиннэрэр да кыахтаах илбистээх тыллаах этилэрэ, тыалга-кыылга кубулуйар улуу ойууттардаах, удаҕаттардаах этибит. Аан дойдуну эрэ буолбакка Куйаар ситимин анаарар дириҥ итэҕэллээх, философиялаах этибит. Өбүгэбит күүстээх итэҕэллээх буолан бу тымныы дойдуга тыыннаах хаалан, сылаас тыынынан иччилээн кэллэҕэ. Билигин ол умнуллубут духуобунай баай тиллэр, сөргүйэр кэмэ кэлбит. Дьон ону булаары туоххаһыйар, ону көрдөөн кута-сурэ муунтуйар.
Сахалар атын омуктарга холоотоххо айылҕабытыгар син чугас дьон буоллахпыт. Урбанизацияҕа, ол аата куоратынан олорор култуураҕа саҥардыы сыстан эрэбит. Сирбитин кытары ситим өссө да күүстээх, эппит аһаҕас. Ол иһин айылҕабыт уһуктаары биһигини – утуйа сытар дьону – үтэн-анньан, долгутан, дьалкытан эрэр.
Билигин чараас эйгэ Орто дойдуга чугаһаан турар кэмэ. Ол иһин олус элбэх саха, ордук ыччат дьон, уһуктан эрэр – талааннара тахсар. Ким эрэ эмчит, ким эрэ хоһоонньут, ким эрэ уруһуйдьут, көрбүөччү буолар.
Урут сэбиэскэй кэм саҕана удаҕамсыйа, ойуумсуйа сатыыр дьону сөбүлээбэттэр этэ, элбэх айылҕата уһукта сатаабыт дьону иирээки барааҕар симэллэрэ. Ол онтон хаалбыт кутталтан элбэх киһи аһылларын куттанар. Күлүү гыныахтара, өйдүө суохтара диэн дьаахханар. Отто ыччаттар атыттар, кинилэр аһаҕастар, хорсуннар, урукку хааччахха бэриммэттэр. Ол иһин түргэнник ылыналлар, айылҕалаах ыччат элбээтэ, элбии да туруоҕа.
Бу Анжелика Мотосова “дүҥүр тутааччылар наһаа элбээтилэр” диэн Аартыкка тахсыбыт ыстатыйатыгар санаабын эттим.
***
Мария КРИВОШАПКИНА,
Дьокуускай к.
Оставить комментарий