Иэйиэхсит күнэ
Бүгүн – Иэйиэхсит күнэ.
Дьиэ-уот, таҥас-сап көрүнэр күн.
Friday – день Венеры. Эргэ тахсаары сылдьар кыыс бэлэмнэнэр күнэ диэн – Иэйинньи. Иэхэй диэн мантан тахсара буолуо.
Сарсын – Суорунньу дьэ кэргэн кэпсэтэр, ойох ылар күн. Маннык космическай событие буолуохтаах, буолаары турар уонна буолбут да буолан олох салҕанан бара турар. Ис хоһооно маннык.
Холобур, бу буолаары турарынан көрдөххө, Юпитер саамай кытыы улахан спутнига Ганимед. Айыылар ол аата планеталар аргыстаһар ол аата парад планет кэмигэр, онтон күүс ылан Юпитертан тэйэн биэрэр. Ону Юпитер кэнниттэн турар Сатурн – Суорун кинини Күн диэки анньан биэрэр. Күн бэйэтигэр тардар, ону Мэҥэ Таастардаах Пояс астероидов туораан – Айыы Хаан Марс таһынан ааһар.
Бу иннинээҕи ити Великий Потоп буолбут событиетыгар оннук барбыт спутник Айыы Хаан Марс спутнига Ил көрсөн кинини үлтүрүтэн, онтон тэбиллэн Сир аттынан ааһан иһэн Сир иһинээҕи реакциятын күүһүрдэн, түллэх гыннаран Сиргэ Түҥ Эстии глобальнай катаклизм Великий Потоп буолар.
Онтон салгыы Күҥҥэ түһэн бэйэтэ өлөр. Ол туһунан Олоҥхоҕо, Библияҕа, Платон Тимей диэн диалогтарыгар кэпсэнэр. Бу сэттэ Күн диэн – олох хайдах үөскээбитин кэпсиир сэһэн суруллан, ол умнуллан кистэнэн сылдьар. Ол иһин бүгүн Иэйиэхсит күнэ – Иэйинньи. Иэхэй-чуохай диэн ис хоһооно, холобур, нууччалыы тылбаастаатахх: «Сегодня точно пятница», – диэн үөрүү сарсыҥҥыга Суорунньуга бэлэмнэнэр күн диэн үөрүү этиитэ.
Оннук биир күн наҕылыччы былааннанар, бэлэмнэнэн баран Ый күнүгэр понедельник Ыйынньыга. Онтон дьэ үс күн тоҕо түһэн үлэлиибит, вторник Айыы Хаан Марс күнэ Thursday Хаанньы диэн буолар дуу, былыргыта хайдах эбитэ буолла, умнулуннаҕа. Баҕар ханан эмэ эмиэ көстөн кэлиэ.
Онтон Среда – Айыыһыт, Одун Хаан – Меркурий күнэ. Wednesday день Одина, Одуну. Бу аат Үөһээ Бүлүүгэ сир аатыгар хаалбыт, ханан, хайдах эбитэ буолла. Онтон четверг – Улуу Тойон Дьурантаайы күнэ. Tuesday – день Тиу – Юпитера. Тойон күн – Тойонньу буолуо, быһаарыылаах үлэни түмүктүүр күн.
Онтон эмиэ Иэйинньи.
***
Утуман Таман
Рис. В.Андросов
Оставить комментарий