Синоптиктар иһитиннэрэллэринэн, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр саамай тымныы күн буолуоҕа: түүн салгын температурата -46 кыраадыска диэри түһүөҕэ. Оттон арҕаа уонна соҕуруу-арҕаа оройуоннарга күнүс -6…-11 кыраадыс тымныы буолара кэтэһиллэр.
Арҕаа уонна хотугу өттүгэр кыралаан хаар түһүөҕэ, хотугулуу-илин диэки сорох сиринэн хаардыыр. Хотугулуу-илин уонна хотугу оройуоннарга тыал түргэнэ сөкүүндэҕэ 9–14 миэтэрэҕэ, оттон Арктика кытылыгар 15–20 миэтэрэҕэ тиийиэҕэ, тибиилээх.
***
Ааптар: Василий Прокопьев
Ааптар: Василий Прокопьев
Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриитэ
Оставить комментарий