Курс валют
$
82.23
0.22
€
90.36
0.45
Курс валют
Курс валют
$
82.23
0.22
€
90.36
0.45
Меню
Поиск по сайту

Дьокуускайга Арассыыйа сүрүн Тымныы Оҕонньоро ыалдьыттыаҕа

вчера 10:25 0
Дьокуускайга Арассыыйа сүрүн Тымныы Оҕонньоро ыалдьыттыаҕа

Дьокуускайга «Саха сириттэн кыһын саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн Арассыыйа сүрүн Тымныы Оҕонньоро  кэлиэҕэ. Кини Чысхаанныын бииргэ Саҥа дьыллааҕы сүрүн харыйа уотун уматыаҕа. Бу туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Сардаана Брызгалова «Куораты кытары быһа эпиир» биэриигэ иһитиннэрдэ.

Күндү ыалдьыты Дьокуускайга сэтинньи 30 күнүгэр күүтэллэр. Тымныы Оҕонньор биһиги куораппытыгар аан бастаан 10 сыл анараа өттүгэр — 2011 сыллаахха, оттон бүтэһигин 2016 сыллаахха кэлэн барбыта.

«Сэтинньи 30 күнүттэн саҕалаан Тымныы Оҕонньор куораппытыгар биир суукка аҥаара буолуоҕа. Ыалдьыт бырагыраамата олус киэҥ уонна интэриэһинэй: оҕолору кытары көрсүһэр, куорат олохтоохторун кытары алтыһар. Сүрүн соруга — Саҥа дьыл харыйатын уотун уматыы. Ахсынньы 1 күнүгэр киин болуоссакка кэлбит хас биирдии киһи кинини көрүөн уонна эҕэрдэлиэн сөп», — диэн Сардаана Брызгалова эттэ.

Санатан эттэххэ, «Саха сириттэн кыһын саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл Дьокуускай куоракка сэтинньи 22 күнүттэн саҕаланар уонна ахсынньы 1 күнүгэр Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун үөрүүлээхтик уматыынан түмүктэнэр.

 

***
Ааптар:

Хаартыска: Кириэмил саайтыттан

Оставить комментарий