Доҕотторбор дьоҕус сурук
Сир төгүрүк дииллэр…
Айылҕа анаан онордоҕо дуу,
Хайа эрэ омук, атарахсытан,
Остуол кытыытыгар олортулар диэбэтин курдук…
Кимиэхэ эрэ тиксибит ээ,
Кумах-куйаар, умайар уот куйаас,
Таммах уу баҕалаах утаппыт сир…
Кимиэхэ эрэ тиксибит кыһыннары-сайыннары чээл күөх…
Кимиэхэ эрэ тиксибит төгүрүк сир киэҥ дьиэлититтэн уллуҥах устата сир,
Ийэ буора суох кубарыйа умайбыт кураанах таас…
Кимиэхэ эрэ тиксибит дии
Акыйаанынан, байҕалынан сайҕанар сииктээх сир….
Кимиэхэ эрэ тиксибит дии
Улуу муора ортотугар ордон хаалбыт тыл сир….
Кимиэхэ эрэ тиксибит дии
Түүннэри-күннэри тыал улуйар,
Тэбиэн ото төкүнүйэр улуу истиэбэ….
Кимиэхэ эрэ тиксибит дии Улуу Алтаай хайалара…
Эбэтэр Урал Сис хайата…
Онтон мин кыра омукпар тиксибит ээ, киэҥ сир дьиэлитэ,
Улуу Өлүөнэ, кини аҕас-балыс кыргыттара,
Киһи ааҕан сиппэт бай5аллара…
Тиксибит ээ, биһиэхэ эрэ, халыҥ хаар, тоһуттар тымныы, будулуйар буурҕа…
Киһи хайдах да мөккүспэт дьыл түөрт дьикти кэмнэрэ…
Туох тэҥнэһиэ буоллаҕай, мин дойдум кыһыныгар,
Көмүрүө хаарыгар, томороон тымныытыгар…
Туох тэҥнэһиэ буоллаҕай, мин дойдум дьэҥкир халлааннаах сандаар сааһыгар…
Кини Улуу Эбэлэри муустарыттан босхолуур модун күүһүгэр…
Туох тэҥнэһиэ буоллаҕай, ыһыах ыһар, от оттуур өҥүрүк куйаастаах сайыммытыгар…
Туох тэҥнэһиэ буоллаҕай, сэттэ өҥүнэн күлүмүрдүүр, көмүс солотуунан сууланар күһүммүтүгэр…
Кини хотуттан со5уруу көтөр үөрүн атаарар күннэригэр…
Оо, сахам дьоно, үрдүк Айыыларбыт анаабыт сирдэрин күндүтүк саныаҕыҥ…
Атын сиргэ атастаһымыаҕыҥ…
Кини туһугар олох олоруоҕуҥ…
Удьуорбутун уһатыаҕыҥ…
Аны кэлэн, Арассыыйа киэҥ көхсүттэн ханна арахсан бараары,
Сымыйанан туспа буруо таһаарарынан албыннаммакка,
Олохтоох омук киэбин тутан,
Атын омуктардыын алтыһан, сарсыҥҥы олоҕу олоруоҕун,
Омук аатын ааттатыаҕын!
…Сарсыҥҥыны Өй быһаарыа,
Ону кыайдын Сүрэх, уйдун Сүһүөх!
***
Ньукулай уола.
Муус устар 27 кунэ .
Ыьыахтыы, олоцхолуу уонна ункуулуу эрэ сырыттахпытына уьун тыыннанан олохпутун салгыыр дьону иитэн таьаарыахпыт дуо?….Саарбахтардаах. Урукку ебугэлэрбит курдук, ыалларбытын кытта охсуьан, тыын тэскилэтэн курээн куккурээбэтэх киьи бэрт буолуо этэ.
Ол улуу Олуонэни таннараннын согурууттан кэлбит урдустарга эрмээннэргэ атыылаан остуол хотойорунан сыалаах эт, ол бу ас элбэгэ дьикти.
Сахам дьонугар
Дойдум дьоно сахалар
Хаьан дьоллонобут
Бу аргыардаах дойдуга
Оннубутун булабыт
Киьи дэтэн килбэйэн
Саха дэтэн салаллан
Ойу-санааны тобулан
Инникини тустэниэх
Ыччат дьону тумэн
Ыралана чэлгийиэх.