Курс валют
$
94.87
0.16
104.74
0.12
Курс валют
Курс валют
$
94.87
0.16
104.74
0.12
Меню
Поиск по сайту

Тумус туттар «Тумулбутугар»

03.11.2017 14:09 3
Тумус туттар «Тумулбутугар»

Мэҥэ Хаҥаласка «Тумул» кэпэрэтиип үүнүү-сайдыы диэки талаһарыгар тирэх оҥостуохтаах саҥа комплексын үөрүүлээх аһыллыыта алтынньы 27 күнүгэр ыытылынна. Бэрт соторутааҕыта, от ыйын бастакы аҥарыгар хотон оннун-олоҕун буора кутуллан, буорун үрдүгэр сылааһы тутар матырыйаала тэлгэтиллэн сытарын Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков кэлэн көрөн-истэн барбыта. Ол бэйэтэ, үс аҥар ыйынан саҥа каркаас уораҕай тутулла оҕуста.
Комплекс иккис уочарата ити курдук, бастакы хотон үөрүүлээх аһыллыыта бэлиэтэниэҕиттэн түөрт сыл уон биир ый курдук кэм ааһаатын, таһыгар үүнэн таҕыста. Иккис кынаты улууспут тутууга биллэр тэрилтэтэ «Адгезия» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ эмиэ тутан биэрдэ. Бастакы хотон 25 мөлүйүөн солкуобайга турбут буоллаҕына, бу саҥа тутуу 28 мөлүйүөҥҥэ тахсыбыт.
Хаһаайыстыба үлэһиттэрин уонна Доллу нэһилиэгин олохтоохторун дьоһуннаах үөрүүлэрин үллэстэ өрөспүүбүлүкэбит Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр миниистир Петр Алексеев министиэристибэтин салааларын салайааччыларын илдьэ кэлэн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы боппуруостарыгар мунньах ыытта, саҥа комплекс киирэр аанын лиэнтэтин кырыйыста. Доллулар бу үөрүүлээх бэлиэ күннэригэр улуус баһылыга Николай Старостин, Ил Түмэн дьокутааттара Дмитрий Саввин уонна Юрий Баишев ыалдьыттаатылар, хаһаайыстыба салайааччыларыгар, үлэһиттэригэр эҕэрдэлэрин эттилэр.
РФ уонна СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах гражданина ааты сүкпүт тумус туттар салайааччыбыт Таисия Десяткина өрөспүүбүлүкэ уонна улуус, бэдэрээтчит «Адгезия» тэрилтэ (Михаил Охлопков), тутууну үбүлээбит уонна хаамыытын хонтуруолласпыт «Туймаада» үп-харчы, агропромышленнай хампаанньа (Александр Васильев), бырайыагын оҥорбут «Стройтехнология» ХЭУо (Ривас Прокопьев) салалталарыгар барҕа махталын тиэртэ.

Тутуу уопсай сууматыттан 22,5 мөлүйүөнүн (80 бырыһыанын) өрөспүүбүлүкэ уйуммут буоллаҕына, хаһаайыстыба бэйэтин бүддьүөтүттэн 3 мөлүйүөн солкуобайы көрбүт уонна эбии 2 мөлүйүөннээх сойуом ылбыт. Улуус 1 мөл. 800 тыһ солкуобайынан көмөлөһөргө сорук ылынан 1 мөлүйүөнүн укпут. Икки хотон икки ардынааҕы холбуур мас тутуутугар уонна комплекс туох баар мас үлэтигэр хаһаайыстыба үлэһиттэрэ бэйэлэрэ үлэлээбиттэр. Гааһынан сылытыллар ккиэҥ-куоҥ, сырдык комплексы киһи «хотон» дииргэ тыла тахсыа суох курдук. Саҥа комплекска 2004 сыллаахха тутуллубут хотоҥҥо үлэлээн кэлбит 6 ыанньыксыт үлэлии киирдилэр (сарсыҥҥы күнүгэр көһөөрү бэлэмнэнэ сылдьаллара). Сүөһү сааҕын илиилэринэн күрдьэн оҕуһунан таһаарар, уулуур ууларын кыраантан кырааҥҥа хорууданы соһон уулатар, отторун түннүгүнэн симэр, ынахтарын илиилэринэн ыыр эбит буоллахтарына, саҥа хотоҥҥо сааҕы транспортер сыҕайан анал дьаамаҕа түһэрбитин электроносуоһунан оборторон цистернаҕа кутан таһаарыахтара, отторун улахан тыраахтар киллэрбитин тарҕатан биэрэллэр, сүөһүлэр уулуур ууларын носуос быраҕан биир таһымҥа тутан турар. Ынахтары вакуум ыыр тэрилинэн ыыллар. Сайын бу хотон үлэһиттэрэ Дьаам сайылыкка тахсааччылар.
‒ 18 ынаҕы ыыбын, ‒ диэн кэпсээтэ сүөһү үлэтигэр 1992 сылтан үлэлиир Евдокия Власова. ‒ Ыанньыксыттар 18-тан 20-ҕэ диэри ынаҕы ыыллар. Дьэ, мантан инньэ бары тэҥ усулуобуйаҕа үлэлиир буолбуппутуттан үөрэбит эрэ.
Таисия Васильевнаҕа символическай күлүүс тылын «Адгезия» ХЭУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Платон Васильев туттарда. Хотон аһыллан, тэлгэммит көбүөр устун хаһаайыстыба бастыҥ ынаҕын ‒ 2756 лиитэрэ үүтү биэрэ сылдьыбыт, былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа бастаабыт, быйыл иккис буолбут ыраас хааннаах симментал Василинаны ыанньыксыт Иван Пономарев сиэтэн аһарда.
Инникитин Петр Алексеев сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 11 маннык аныгы комплекс үлэҕэ киллэриллиэхтээҕин эттэ: «Эһиил өссө 4 мөл. солкуобайы бу тутууга көрүөхтээхпит, ‒ диэтэ миниистир. ‒ Хаһаайыстыба уонна улуус салалталара, «Туймаада» ФАПК салгыы эмиэ үчүгэйдик үлэлэстэхтэринэ, эһиил федеральнай өйөбүлгэ киллэриини ситистэхпитинэ, тутуу сууматын 97,5 да бырыһыаныгар тиийэ ороскуотун толуйууга тахсыахпытын сөп», ‒ диэбитин мустубут дьон ытыс таһына иһиттилэр. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы «Саха сирин сүөһү иитэр комплексыгар Бочуоттаах үлэһитэ» бэлиэни механизатор Петр Птицыҥҥа уонна «СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна» бэлиэни ыанньыксыт Гутнера Кондинскаяҕа туттартаата.
«Туймаада» ФАПК генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Захаров Тумул комплекса хампаанньа кыттыһыытынан тутуллубут отутус хотонноро буоларын бэлиэтээтэ: «Бастакы хотоммутун Кэбээйи улууһугар Андрей Левин хаһаайыстыбатыгар 2011 сыллаахха туттарбыппыт. Ол комплекс билигин да тигинэччи үлэлии турар. Бу да хотон оннук сыа-сым курдук тутуллан туруоҕа диэн эрэнэбин. Бастакы комплекскытыгар үрдүк хамнастаах, үөрэ-көтө үлэлии сылдьар дьону кэлэ-бара көрөөччүбүт. Аны, үлэһиттэргит бары тэҥ үлэлиир усулуобуйаланнылар. Баҕар, кэлин өссө үһүс да уочарат тутуллар наадата үөскээтэҕинэ, үлэлэһэргэ бэлэммит. Улахан Ааҥҥа «Бөртө» хаһаайыстыба үһүс уочарата тутулунна. Инникитин бу бырагыраама салгыы сайыннарыллан үлэлии турарыгар баҕарабын», ‒ диэн туран Таисия Десяткинаҕа Россия Аграрнай баартыйатын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ буолар хампаанньа дириэктэрэ Александр Васильев баартыйа аатыттан Эҕэрдэ суругун тиксэрдэ. Ити курдук, Ил Түмэн, улуус дьаһалтатын, баһылыгын Бочуотунай грамоталара, Махтал суруктара кэккэ үлэһиттэргэ уонна салайааччыларга туттарылыннылар. Таисия Десяткина ааспыт үйэ 90-с сылларыгар, элбэх хаһаайыстыбалар эстибит кэмнэригэр, племхолбоһугу салайбыт, оттон тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччынан үлэлээбит, билигин «Туймаада» ФАПК гендириэктэрин көмөлөһөөччүтэ Олег Марковка, ол кэмнэргэ племенной буолан туруктаах хаалбыт хаһаайыстыбалар ааттарыттан махтанан туран, Доллу нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина аатын иҥэрбиттэрин туоһутун тиксэрэргэ диэн хампаанньа дириэктэрин солбуйааччы Алексей Захаровка туттарда.
400-тэн тахса сүөһүлээх, 200-тэн тахса ыанар ынахтаах, 70 үлэһиттээх хаһаайыстыба салгыы сайдарыгар сирэ тиийбэтин Таисия Десяткина миниистир истэригэр эттэ: «Сыл аайы 650 гааҕа ыһабыт. 500 гааттан итэҕэһэ суох иэҥҥэ бурдугу хомуйуохтаахпыт. Сүөһү аһылыгар 150-200 эрэ гааны хомуйабыт. Быйыл курааҥҥа оҕустардыбыт. 166 гаабыт бурдуга таах «умайда». Сиилэһи 200-тэн тахса эрэ гааҕа хомуйдубут. Күөх үүнээйини 30 эрэ тоннаны ыллыбыт. Икки бааһына сиригэр нүөлсүтэр ситимҥэ бырайыакпыт баар эрээри, 40 мөл. солкуобайынан ааҕыллан сылдьар. Ити Бэдьимэ – Нал ситимиттэн бырахтарарга диэн этэ. Ону көннөрөн, кыччатан 30 мөлүйүөҥҥэ диэри түһэриэххэ сөп диэн ааҕыллыбыта. 50 гаалаах Хочой бааһынаҕа нүөлсүтэр ситими оҥорторууга барыйааннаахпыт», ‒ диэн кыһалҕаларын туруорсубута.

***
Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ.
Пресс-служба Мегино-Кангаласского улуса.

Обсуждение • 3

Добавить комментарий
  1. саха уола

    Молодцы! Будем надеяться, что этот объект не последует за судьбами еврохотонов в Намском и Усть-Алданском улусах, много мяса и молока желаем мегинцам и кучу рублей дояркам и доярам заречья!

  2. Человек с тундры

    “А строй цивилизованных кооператоров при частной собственности на средства производства ……… ” У нас тоже в Оленекско-Анабарско-Туматской лесотундре никто из родовых общин серьезно не хочет заниматься оленеводством, а только ГУП-ы и МУПы при дотации и поддержке государства. Частники, общины гоняются только за дикарями. иногда держат табун лошадей в лесотундре (дожили). Так что назад к ленинской кооперации, господа скотоводы! Хватит частных хотонов из целлофана (дожили)

  3. Маладьыастар!

    Аагарга, керерге олус астык.
    Кытаатан улэлии-хамсыы сылдьын, ситиЬиилээхтик, тахсыылаахтык!

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»