Курс валют
$
107.74
1.84
114.31
1.83
Курс валют
Курс валют
$
107.74
1.84
114.31
1.83
Меню
Поиск по сайту

“Татыйыктар”…

05.01.2023 17:14 0
“Татыйыктар”…

Ааспыт дьылтан саҕалаан, инстаграм хаарчахтанан, телеграмм ситимигэр көһөн киирэммин дойдубут сонунун истэбин, көрөбүн. Ардыгар кэпсээннэри, хоһооннору, остуоруйалары ааҕаммын сэргэхсийэбин. Төһө даҕаны бириэмэ кэмчи буоллар, айар киһи быһыытынан, тус бэйэм кэрэхсээн аахпыт айымньыбар санаабын этэргэ дьулуһабын.

Саҥа дьыл иннинээҕи түбүк, сүүрүү-көтүү быыһыгар телеграмы арыйан көрөн баран, кэлбит хоһоону ааҕаммын олорон хааллым. Үчүгэй да хоһоон! Үтүө санаа илдьитэ татыйык буолан ис куппун иччилээтэ, тоҥуй сүрэхпин уйадытта. Бу – өрүүтүн сонун уобараһы, дьикти дьүһүйүүнү кэтэһэр ааптарым Борис Павлов “Татыйыктар” хоһооно. Саҕаланыытыгар поэт маннык этэр:

Бу түспүт татыйыктары

үргүппэтэх киһи…

Бу кэлбит дьолу хайдах эрэ

куоттарбатах киһи…

Хантан булуохпунуй,

көтөн хааллахтарына,

Хантан тутуохпунуй?

Аахпыт эрэ киһини долгутар строкалар. Кырдьык, үргүппэтэх киһи олохпут дьоллоох түгэнин… Хас биирдии кыл түгэнэ, түгэн  эн, мин олохпутугар хаһан даҕаны хатыламмат, төттөрү төннүбэт, эргийэн кэлбэт.  Ааспыт ааһар, барбыт барар, кэлбит кэлэр… Күн-ый, сыл-хонук уу сүүрүгүнүү устан ааһар. Ону тохтотор күүс бу күн сиригэр суох. 

Эрэйдэниэм дии, көрдөөн,

Сору көрүөм,

Хара тыаҕа тахсыам,

Мунуом – тэниэм,

Ыҥырыам,

Булуҥ, аҕалыҥ диэн

көрдөһүөм,

Ким миэхэ ытыска

ууран биэриэҕэй?

Күн курдук соһуччу

үөрдүөҕэй?

Бу тэлгэһэбэр түспүт

татыйыктары хайдах эрэ

үргүппэтэх киһи…

Хоһоон иккис строфатыгар ааптар поэт аналын туһунан этэр.

“Көтөн хаалыахтара үрүҥ үрүмэччи курдук …” диэн тэҥнэбили туттан айар киһи ураты эйгэлээҕин,  уйан, чараас куттааҕын этэр. Мин өйдүүрбүнэн, поэт буолуу – киһи аайы бэриллибэт үрдүк анал. Хоһоону суруйар буоллуҥ даҕаны, поэт буолбаккын. Айар үлэҕэ, бастатан туран, дьоҕур, талаан улахан суолтаны ылар дии саныыбын. Итиэннэ айар киһи, атын дьоҥҥо сигэммэккэ, ол эбэтэр эрэдээксийэлэппэккэ, айымньытын тылын-өһүн бэйэтэ көннөрүнэр буолуохтаах. Кырдьыга, суруйааччы буолуу – сыраны-сылбаны эрэйэр үлэ.

Мин санаабар, Борис Павлов – айылҕаттан поэт. Киниэхэ аҕала сатаан бэйиэтимсийии суох. Хоһоонноро ис сүрэхтэн тахсар истиҥ, иһирэх иэйиилээхтэр, тулалыыр эйгэтинии чөл куттаахтар, эр киһилии эрдээх, хорсун санаалаахтар, сахалыы киэҥ, холку көҕүстээхтэр. Поэт тыла хааһахтан хостуур курдук бэйэ-бэйэлэриттэн ситимнэһэн тахсан иһэллэр: 

Бу уостан түспүт истиҥ тылы

хайдах эрэ умнубатах киһи…

Ыһыллан хаалыахтара дии,

36 дорҕоон буолан,

Талҕаланан,

тус-туспа тарҕаһан

хаалыахтара,

Көтөн хаалыахтара

үрүҥ үрүмэччи курдук …

Эккирэтиэм дии, холбуу сатаан,

Хантан тутуохпунуй,

барыларын маннык

киэҥ алааска?

Хайдах барыларын

хомуйан холбуохпунуй?

Саҥаттан истиҥник

саҥарар оҥоруохпунуй?

Бу уостан түспүт тылы

умнубатах киһи…

Бэлиэтээн эттэххэ, саҥа сэбиэскэй литэрэтиирэни төрүттээччи, талааннаах суруйааччы Былатыан Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” олоҥхо-тойугун киириитигэр айар үлэ, тыл илбиһин туһунан суруйан турар.

“Айар тыл төлөнө, умулла-умулла, күөдьүйэр эбит. Саныыр идэҥ суруллар дьүһүнэ күлүмнүү-күлүмнүү, сүтэ-сүтэ, хат төрүүр эбит. Биир бириэмэҕэ этэр тылынан илбиһирэн, хомуһуннаах тойугу туойан баран, күүһүҥ-күдэҕиҥ баранан, өйүҥ-санааҥ ыаммыт курдук кураанахтанан, хат ыанньыйыаххар дылы элбэх бириэмэҕэ дьүөрэ тылы эппэккэ, хомуһуннаах тойугу туойбакка сылдьыаҕыҥ. Сынньана-сынньана, саныы-саныы тылларын чочулуугун, дьүөрэ-хоһоон быһыытын тупсараҕын, дьүһүнүн нарынныыгын,” – диэн айар үлэ сыралааҕын, үйэлээх айымньы биирдэ айыллан хаалбатын тоһоҕолоон бэлиэтиир. 

Маны сэргэ “Татыйык ыллыыра” диэн хоһоонун 1932 сыллаахха Ялтаҕа суруйбута. Хоһооҥҥо араҕас түөстээх талах чыычааҕын уус-уран уобараһа – уостубат таптал илдьитэ. 

Сүрэх-быар манньыйыах,

Сүрдээхтик убайыах

Татыйык ыллыыра, тапталын туойара,

Тардара-кутара, сүрэҕин туотара…

 

Мин оҕом  – Лаанык кыыс,

Туллук кыыс, туорах кыыс, …/…/

Биллэрин курдук, Лаанык – поэт улахан кыыһа Саргылаана Платоновна Ойунская. Хоһооҥҥо аҕа оҕотугар муҥура суох таптала ойууланар. Нарын лирик-поэт оҕотугар анаабыт айымньыта киһи сүрэҕин ортотунан киирэр:

“Сүрэх-быар манньыйыах, сүрдээхтик убайыах татыйык ыллыыра…

Үчүгэйиэн, сүрэх үөрэн сэгэйэр, сылаанньыйар, сымныыр…

Оттон Борис Павлов “Татыйыктар” хоһоонугар “тэлгэһэбэр түспүт татыйыктары хайдах эрэ үргүппэтэх киһи…” диэн баҕа санаатын этэр. Бу хоһооҥҥо татыйык – дьоллоох олох илдьитэ. Талах чыычааҕа дьолу-соргуну аҕалар… “Ким миэхэ ытыска ууран биэриэҕэй? Күн курдук соһуччу үөрдүөҕэй?”- диэн ааптар этэрэ тоҕоостоох. Олох – уустук, ким да бэлэми аҕалан куду аспат. Манан ааптар киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор диэн этэр. Хоһоон айылҕа айбытын араҥаччылыырга, аттыгар баары харыстыырга, буола турар көстүүнү өйдөөн көрөргө харахпытын аһар, толкуйга түһэрэр. Баҕар, үрдүк айыылар татыйыктары айар куттаах киһиэхэ анаан ыыппыттара буолаарай? Хомуһуннаах хоһоон тыла бэйиэккэ үөһээттэн кутулларга дылы… 

Бу сылдьар уйан киһини

хомоппотох киһи,

Баран хаалыа дии

дууһатынан,

Бэйэтигэр…

Эн тиийбэт сиргэр,

Дууһатын түгэҕэр…

Санаатын үгэҕэр…

Санаарҕабылга…

Хомойууга…

Хоргутууга…

Үһүс строфаҕа ааптар биир суолталаах тыллары туһанан этэр санаатын чиҥэтэн биэрэр. Манна “Баран хаалыа… санаатын үгэҕэр…” – диэн поэт этэрин сонургуу иһиттим. Киһи барахсан уйаҕас, кэбирэх. Биир үтүө тылтан өрөйүөн-чөрөйүөн, эбэтэр биир хаҕыс тылтан хомойуон, хоргутуон сөп. “Бу сылдьар уйан киһини хомоппотох киһи…” – диэн поэт сиэр-майгы тиэмэтин, киһи киһиэхэ сыһыанын сырдатан көрдөрөр. Киһини харыстааҥ, киһитийиҥ диэн этэр:

Эрэйдэниэ дии,

Сүөм түһүө,

Утуйар уута көтүө,

Ама бу кини эппитэ дуо диэ…

Хайдах төнүннэриэхпиний,

урукку туругар?

Алҕас этэ диэн итэҕэтиэхпиний?

Бу сылдьар уйан киһини

хомоппотох киһи…

Айымньы тыла-өһө чөллөркөй, тутула тупсаҕай, ис хоһооно дириҥ. Хоһоон төрдүс строфатыгар төрөөбүт төрүт сиргэ ааспат ахтылҕан, муҥутуур таптал, бэриниилээх буолуу ойууланар. Ылан көрүөҕүҥ:

Төрөөбүт дойдум ахтылҕанын

Сүрэхпиттэн мүччү түһэрбэтэх киһи…

Сүтэн хаалыа дии, көмүс биһилэх курдук,

Сиргэ түһэн…

Поэт ис туруга күүрүүтүн, айманыытын кэрэһилиир риторическай ыйытыыны биэрэн, ааҕааччыга өбүгэтин өтөҕүн өрө тардарыгар өй-санаа угар. “Хайдах тиийиэхпиний, оччоҕо өтөхпөр? Хайа бэйэбинэн? Ортотугар бэс мастаах ахтылҕаннаах тэлгэһэбэр?” – диэн айымньы иэйээччитэ суобаһа оонньуура оруннаах. Үлэҕэ-хамнаска, бүппэт түбүккэ үтүрүттэрэн аныгы үйэ дьоно эбэбит-эһэбит олорон ааспыт өтөхтөрүн өҥөйөн көрөрбүт сэдэхсийэн иһэр. Ол олоххо баар дьиҥ чахчы. Өбүгэбит алааһар тиийэр омоон суолбут оспотор ханнык… 

Аахпыт эрэ киһини сүрэҕин мөҕүһүннэрэр, хаанын хамсатар строкалар:

Өбүгэлэрим туох диэхтэрэй,

Хомойуохтара дии,

Киһи гыммыт хаарыан киһибит

тумнан ааһар буолбут диэн…

Харыһыйбыт хаарыан уолбут

халты хаамта диэн?

“Татыйыктар” хоһоон түмүгэр сырдык ыралаах, инники олоҕор толору эрэллээх киһи дьоһун уобараһын көрөбүт. Төрөөбүт дойду төлкөнү түстүүр аналлаах, өбүгэ сирэ өйү-санааны түмэр күүстээх:

Аан дойдуну саҥаттаан арыйыам…

Барытын атын харахпынан көрүөм…

Борис Павлов – киэҥ билиилээх, ырааҕынан эҥсэн толкуйдуур дьоҕурдаах, саныыр санаатын аһаҕастык этэр ураты куоластаах поэт, айар үлэтин үгэнигэр сылдьар суруйааччы. Ааҕааччы элбэҕи эрэнэ кэтэһэр ааптара өссө даҕаны айыллыбатаҕы айа-тута, этиллибэтэҕи этэ-тыына, суруллубатаҕы суруйа-бичийэ сылдьарыгар баҕарабын.

***

Светлана САМСОНОВА- Сиибиктэ.

 

Оставить комментарий