Саха тылын учууталлара – Олесовтарга анаммыт уус-уран ааҕыы
Наталья Афанасьевна, Саргылана Гаврильевна, Серафим Гаврильевич Олесовтар ааттарынан “Ийэ тылым – көтөр кынатым” 7 төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай ааҕыы буолла.
Ийэ тыл учуутала – саха норуотун төлкөлөөх түөрэҕин түстүүр, соргулаах суолун олугун уурар, кэскиллээх аартыгын арчылыыр киһи. Наталья Афанасьевна, Саргылана Гаврильевна, Серафим Гаврильевич Олесовтар олохторун кэскиллээх дьыалаҕа – саха ыччатын төрөөбүт тылын, литературатын тыыныгар иитиигэ анаабыт учууталлар. Наталья Афанасьевна оччотооҕуга саха литературатын үөрэтиигэ мөккүөрдээх, уордаах 40-с сыллартан саҕалаан, өрө көтөҕүллүүлээх ириэрии 50-с, саха тылыгар улахан болҕомто ууруллубат улугуруу кэмин 60-с, 70-с сылларыгар, уустук кэмҥэ айан-тутан ааспыт учууталлартан биирдэстэрэ этэ.
Наталья Афанасьевна ииппит кыыһа Максим Кирович Аммосов аатынан ХИФУ «Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култууратын үөрэтии мэтиэдьикэтэ» кафедратын доцена, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Тарат оскуолатыгар «Айыы сырала» (Олоҥхо педагогиката программа научнай салайааччыта), Араҥас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Олесова Саргылана Гаврильевна. Саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларыгар уус-уран айымньыны сатаан ырытарга, уруогу ыытыы аныгы ньымаларын, албастарын сатаан туһанарга такайбыта, үөрэппитэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үлэтинэн кинилэргэ холобур буолбута. Литэрэтиирэни үөрэтэр учуобунньуктарга баар ырытыылара, устудьуоннарын быраактыкаларын, дипломнай үлэлэрин салайыыта, научнай ыстатыйалара, суруйуулара умсугутар, сэргэхситэр, дьикти эйгэни уһугуннарар уратылаахтар.
Серафим Гаврильевич Олесов, «Ийэ тылым-көтөр кынатым» педагогическай ааҕыы төрүттээччитэ, уопсастыбанньык, төрөөбүт тыл сүгүрүйээччитэ. Удьуор ситимэ ууһатыллыбытынан дьиҥ чахчы дакаастабыла буолан, ийэ тыл туһа диэн сүрэҕинэн-быарынан ыалдьан туруулаһар этэ. Ол курдук төрөөбүт дойдутун оскуолатыгар Таракка дириэктэри иитэр үлэҕэ айымньылаахтык, дириҥ хорутуулаахтык, айан – тутан, кэлэр кэнчээри ыччат улуу Олоҥхону ылынарыгар көмө – тирэх, төһүү күүс буолбута.
2005 сылтан Улуус үөрэххэ управлениятын дьаһалынан, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларын үлэлэрин көҕүлүүр сыаллаах, Наталья Афанасьевна Олесова аатынан «Ийэ тылым – көтөр кынатым» – педагогическай ааҕыы үгэскэ кубулуйан ыытыллар.
Наталья Афанасьевна, Саргылана Гаврильевна, Серафим Гаврильевич Олесовтар ааттарынан “Ийэ тылым – көтөр кынатым” cэттис төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай ааҕыы кулун тутар 17 күнүгэр Саргылана Гаврильевна Олесова аатынан Тарат сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар ыытылынна.
Педагогическай ааҕыы сыала: Ийэ тыл, литература, төрүт култуура, алын сүһүөх кылаас учууталын, оҕо уһуйаанын иитээччилэрин үлэлэрин уопутун көрүү, айымньылаах таһымҥа таһаарыы.
Уопсайа 27 алын кылаас, орто сүһүөх учууталлара, эбии үөрэхтээһин педагогтара уонна уһуйаан иитээччилэрэ үс хайысханан кыттыыны ыллылар.
Эбии үөрэхтээҺин педагогтара, уҺуйааччылара:
3 үрдэл Павлов Василий Иннокентьевич, Цыпандина Күннэй Николаевна М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолата.
2 үрдэл Прокопьева Софья Павловна, Попова Матрена Владимировна Н.В. Петров аатынан Дьабыыл орто оскуолата.
1 үрдэл Ефремова Ульяна Матвеевна, Кривошапкина Валентина Федоровна, В.П. Ларионов аатынан Майа оскуолата.
Оскуола орто үрдүкү сүҺүөх бары биридимиэттэрин учууталларыгар:
3 үрдэл Анисимова Марина Филипповна, Аталларова Марфа Дмитриевна Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолата.
2 үрдэл Самсонов Михаил Аркадьевич, Черкашина Надежда Гаврильевна, В.П. Ларионов аатынан Майа оскуолата.
1 үрдэл Варламов Лев Данилович, Киренская Анна Иннокентьевна, И.Г. Игнатьев аатынан Хара орто оскуолата.
Иитээччилэр уонна алын кылаас учууталлара:
3 үрдэл Кононова Наталия Ивановна, Тимофеева Александра Васильевна, ЦРР Сардаана уҺуйаан.
2 үрдэл Стручкова Татьяна Артуровна, Стручкова Евдокия Михайловна, М.П. Габышев аатынан Балыктаах оскуолата.
1 үрдэл Скуратова Марианна Давыдовна,
Ефремова Раиса Яковлевна, В.П. Ларионов аатынан Майа оскуолата.
Кылаан чыпчаал ааты сүктүлэр Гоголева Сардаана Николаевна, Болдовская Фекла Николаевна, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын учууталлара.
2 чааһыгар Саргылана Гаврильевна үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин үлэлэрин сырдаттылар.
Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет ассистена, научнай үлэһитэ Данилов Игорь Альбертович, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун общественнай холбоһуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр “Эркээйи эргиирэ” бырагыраамманы сүрүннүүр бөлөх тэрийээччитэ Геннадий Иванович Охлопков, Лөгөй орто оскуолатын дириэктэрэ Пухов Михаил Петрович.
***
Е. Свинобоева,
Мэнэ – Ханалас.
Дьэ, “үчүгэй соҕус” сахалыы сурук буолбут. Литература -уус-уран айымньы, дакаастабыл-бигэргэтии, педагогическай-үөрэтэр, педагог- үөрэтээччи, өрөспүүбүлүкэ- Дойду, бырагыраамма-торум, сойууһун диэн холбоһук буоллаҕа ол дии (общественнай холбоһуктарын салайааччыта), мэтиэдьикэтэ -киэбэ. Саатар инник соҕус буоллар диэххин баҕараҕын.
Амгинская дорога бырыы да бадараан, кыыннаах ножик потерял диэбит курдук.Өссө Амгинская доруога бырыы да бадараан, кыыннаах нуоһугу бэтэрээл диэбит курдук эбит букатын.
Сөҕөн диэн төһөнү сөҕүөҥүй?
Саха тылын учууталларын аатынан олус наадалаах , кэскиллээх тэрээсин эбит. Махтал буоллун.