Саха республикатын бюджетигэр А(RU) рейтинг иҥэрилиннэ
Былырыын ыам ыйын 28 күнүгэр Россия Президенэ Вл.Путин Ыйааҕынан Саха Республикатын Баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан Айсен Николаев анаммыта. Ол күнтэн лоп курдук 1 сыл ааһа оҕуста.
Эдэр-эрчимнээх салайааччы хара маҥнайгыттан бюджети бэрээдэктиир үлэҕэ ылсыбыта. 2018 сыл саҕаланыытыгар бюджет эйгэтигэр улахан иэс тахсан, ол улаатан испитэ сабыллыбыта. Ону сэргэ 4 млрд солкуобай эбии булуллан бюджет үлэһиттэригэр хамнаһы улаатыннарарга угуллубута.
Айсен Николаев хамаандата бюджет иэһин-күүһүн быһаарарга, бастатан туран, федеральнай былааһы кытары, ол иһигэр Россия Үбүн министиэристибэтин кытары ыкса үлэлээбитэ. Бюджетинэн аһардыллар атыы-тутуу былаанын уларытан, хас да государственнай программа иһинэн эмиэ уларытыы киллэттэрэн, ситэриилээх былаас уорганнарын үлэтин орускуотун аччатан – элбэх сыралаах үлэ барбыта.
Саха республикатыгар сир баайын хостуур хампаанньалары кытары сыһыаҥҥа эмиэ уларыйыы киирбитэ. Холобур, «АЛРОСА» (ПАО) АК салалтатын кытары кэпсэтэн дивиденд төлөнөр политиката уларыйбыта. Урут республика акционер быһыытынан сыл түмүгүнэн биирдэ эрэ дивиденд аахсар эбит буоллаҕтына, былырыын атырдьах ыйыттан саҕалаан дивиденд сылга иккитэ төлөнөр буолбута.
Соторутааҕыта Айсен Николаев «АЛРОСА» (ПАО) АК омук сиригэр олорор инвестордарын кытары видеосибээһинэн кэпсэтэ сылдьыбыта. Кини онно республика дивиденд ылар саҥа бэрээдэгэ олохтоммута табыгастааҕын чорботон бэлиэтээн турар. Саха республикатын хааһыната, сылга иккитэ төлөнөр дивиденд көмөтүнэн, улааппытын кэпсээбитэ.
Саха сирин Правительствота федеральнай былаас уорганнарын уонна улахан сир баайын хостуур хампаанньалары кытары үлэлээбитин түмүгэр, 2018 сыллааҕы госбюджет толору туолбута. Республика хааһыната 219 млрд солкуобай дохуоттаммыта, ол, инники былааннаммыты 10,6 млрд куоһарбыта. Бюджет бэйэтин дохуота 8,3 млрд солкуобайынан хаҥаабыта, төннөрүллүбэт харчы 2,3 млрдынан эбилиннэ (үксэ федеральнай бюджеттан киирбит харчы суотугар), нолуок киириитэ 24,8 млрдынан элбээтэ (манна улахан оруолу сир баайын хостуур промышленнай тэрилтэлэрин өҥөлөрө этэ.
Алтынньы 1 күнүгэр республика мунньуллубут иэстэн-күүстэн этэҥҥэ төлөрүйбүтэ. Ону таһынан, тас государственнай иэс 1,2 млрд солкуобайынан аччатыллан, 50,6 млрд солкуобайга тэҥнэспитэ. Инньэ гынан, быйыл ыам ыйын 7 күнүгэр Кредитнэй рейтини анаалыстыыр агентство сыаналаабытынан, республика бюджета “туруга суох” эрээттэн тахсан “этэҥҥэ” диэн А(RU) таһымҥа таҕыста. Бу биллэн турар, Айсен Николаев хамаандата уталыппакка ылсыбыт үрдүк таһымнаах үлэтин түмүгэ буолара мэлдьэҕэ суох.
***
Мария ТОМСКАЯ,
“Aartyk” интернет-хаһыакка анаан.
Дьэ бу биир сыл иьигэр Айсен хамаандата учугэйдик улэлээтилэр!
эссэ кэстэн иьэ, Николаевтар уопсайынан учугэйдэр быьылаах))
Уже сыл ааста. Один голимый пиар и ничего существенного.
Биhи Ил Дарханмыт учугэй ба5айы дии. Ити туhунан билбэтэ5эм