Родион Федоров Мэҥэ Хаҥалас улууһун быыбарыгар кыттыста
Биэс сыллааҕыта Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын быыбара бэрт айдааннаахтык барбыта. Кытаанах киирсии Родион Федоров уонна Николай Старостин икки ардыгар тахсыбыта. Тиһэҕэр Старостин кыайан билигин иккис болдьоҕор киирсэ сылдьар.
Улууска биэс сыллааҕы сытыы киирсии хатыланар буолла. “Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта аҕай, билиҥҥи баһылык Николай Старостин лаппа баһыйан, сүрүн утарылаһааччытын Тимофей Нестеровы ырааҕынан куоһаран испит эбит буоллаҕына, билигин хартыына уларыйда. Нестеров туһугар нэһилиэнньэ 60 бырыһыана охтон эрэр”, – диэн Мэҥэттэн тиэрдэллэр.
Мэҥэҕэ быыбар иннинээҕи хампаанньа эмискэ сытыырхайбытын Родион Федоров аатын кытары сибээстииллэр. Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр, Тимофей Нестеров быыбарынай штабын салайа Родион Федоров куораттан таҕыста. Онуоха биэс сыллааҕыта кини диэки сүрэхтэринэн-быардарынан куоластаабыт дьон, урукку киирсибит оспот баастарын саралыы тардан эмиэ киниэхэ – кини өйүүр киһитигэр Тимофей Нестеровка көһөн эрэллэр диэн сонун кэллэ.
Тимофей Нестеров хаста да быыбарга киирсибит, нуучча-саха улууһугар үлэлээбит уопуттаах, улахан хаһаайыстыбанньык быһыытынан биллэр. Нестеров өр кэмҥэ Майа сэлиэнньэтин баһылыгынан, ол иннинэ Аллараа Халыма улууһугар баһылык бастакы солбуйааччытынан, сэттэ сыл Томмот куорат баһылыгынан, онтон да атын араас салайар үлэҕэ сылдьыбыта. “Нээстэрэп атын да оройуоҥҥа сылдьан төрөөбүт дойдутун хаһан да умнубат этэ. Тутуу матырыйаалынан ыарахан кэмҥэ көмөлөһөн Майаҕа хас да социальнай объект тутуллубута. Уонна оттон элбэх омук ортотугар үлэлээбит буолан, дьону кытары тургэнник биир тыл булар, улаатымсыйа, тойоргуу эҥин сылдьыбат”, – диэн дьон кинни сыаналыыр.
Биир өттүнэн, улуус баһылыгын быыбарыгар “политкиллер” Владимир Максимов кандидатынан кубулунан киирсэн, Нестеровы үҥсэн быыбартан туората сатаабыта дьону улаханнык кыйахаата. Тиһэҕэр Максимовы Нестеров бэйэтэ быыбартан тохтотто. “Онон Тимофей Нестеровы бу быыбарга хас да кандидат куолаан сэриилээтэ. Бэриммэтэ, байыас эбит!” – диэн хайгыыр да дьон үгүс буолла.
“Родион Федоров быыбарга кыттар үһү” диэн эрдэттэн сурах-садьык барбыта эрээри, билиҥҥи баһылык утарылаһааччытын штабын салайыа диэн ким да күүппэтэҕэ. Онон Мэҥэ Хаҥалас улууһун быыбара аҕыйах күн хаалбытын кэннэ сытыырхайда, ыйааһын бэскитэ улаханнык биэтэҥнээтэ диэн быыбардары кэтээн көрөөччүлэр бэлиэтииллэр.
***
Дана СЕМЕНОВА,
Aartyk.Ru
Родион уонна Нээстэрэп, харса суох кимэн иЬин!
Родион бэйэтин рекламаланан суруйбут курдук. Наоборот Родион тахсан Нээстэрэб элбэх быыбардааччытын сутэрдэ. Билигин улахан эрэ дэриэбинэлэр Старостины утары барыахтара, гынан баран Нээстэрэб 30% тахса куолаhы ылбат. Сууhунэн молуйуон обороттаах тэрилтэтигэр Якутопторга Мэнэттэн кими да улэ5э ылбатага.
Оо буккуллан буппуппун. Родион убай Нестеровка тахсыбыт буоллагына Нестеров буолабыт буо
Да нуу, старый, наоборот буорту гынар ини