Курс валют
$
92.59
0.02
100.27
Курс валют
Курс валют
$
92.59
0.02
100.27
Меню
Поиск по сайту

Мандар Уус: Сахалыы майгыбыт өлө илик

22.08.2019 11:54 0
Мандар Уус: Сахалыы майгыбыт өлө илик

Саха төрүт итэҕэлин, аан дойдуну анаарыытын, тылын-өһүн, дьарыгын иҥэринэ сылдьар Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус “Кыым” хаһыакка биэрбит интервьютун ааҕааччыга билиһиннэрэбит.

Мандар Уус оҕолорго анаан лааҕыр үлэлэтэр.

— Хайаан да оҕо соһуйар ньыматын булуохтаахпыт диэн үлэлии сылдьабыт. Миэхэ кылгас кэмҥэ бэрт аҕыйах оҕо сылдьар. Элбэх оҕо сылдьар кыаҕа суох. Онон кинилэри 10-ча күҥҥэ тиритиннэриэххэ, сылатыахха уонна өйдөрүн-санааларын сынньыахха диэн ньыманан үлэлиибит. Дьиктитэ баар, оҕо оннук үөрэҕи дьиҥнээхтик сөбүлүүрэ билиннэ, итинник үлэ көдьүүстээҕэ көһүннэ.

Урукку өттүгэр аһы даҕаны сүгүн аһаабат киһи буоллаҕына, лааҕыр кэннэ, бэл, аһын бэйэтэ астанар киһи тиийэр, дьиэҕэ-уокка көмөлөһөр буолан тиийэр.

— Оҕолору күн аайы туох эрэ диэн үөрэтэҕиҥ дуу?

— Пахай, доҕоор, лааҕыр буола иликпитинэ биһиэхэ пуобар диэн суоҕа, бэйэлэрэ астаналлара, сарсыарда бэйэлэрэ сэрээккэлииллэрэ. Николай Иванович Егоров диэн отой улахан педагогтаахпыт. Кини оҕолору бэйэлэрин балыктатар, онтуларын хатырыктатар, үөстэтэр, буһартарар. Онон оҕолорбут бэйэбитигэр балык сиэтэр, тугу да сатаабат оҕолор ааттаах үчүгэйдик сатыыр буолан хаалаллар. Ити – биирэ.

Иккиһинэн. Биир эмэ күн моонньоҕон диэн тугун билбэт дьон киһи кыайан хаампат лааҥкытыгар моонньоҕоннуу барабыт. Мээнэ киһи кыайан сылдьыбат сиригэр. Дьэ-ээ, онно сылдьаллар ээ уонна “биһиги дьоммутугар үргүүбүт” диэн, абытайдаах хамнаныыны хамнаналлар.

Биирдэ тиийэн баран, массыынабыт алдьанан хаалла. Сатыылыыр буоллубут. Оҕолорбутугар “моонньоҕоҥҥутун хаалларыҥ, бэйэҕит эрэ барыҥ” диэн көрдүбүт да, туох да иһин хаалларбатылар уонна хаһан да хаамар диэни билбэтэх дьоммут дьиэлэрин диэки икки көстөөх сири түһэ турдулар. Онно төрдүс кылаастар кытта бааллара.

Ол иннинэ хас да хонуктааҕыта мин кинилэргэ “киһи бэйэтин кыанар буолуохтаах” диэн лиэксийэ аахпытым. “Толооҥҥо сылдьан кимиэхэ да сэлээннэнэр быраабыҥ суох. Төһө да ыарахан буоллаҕына, ытаабаккын. Бэйэҕин кыайар уонна кыанар буолуохтааххын” диэн өйдөбүлү иҥэрэ сатаатым. Дьикти лиэксийэ. Ааҕааппын кытта дьонум харахтара уоттанан киирэн барда.

— Борис Федорович, билиҥҥи оҕону кытта өйдөһөҕүн дуо?

— Пахай, доҕоор, биһиги өйдөһө да сатаабаппыт. Ол оннугар мин сарсыарда аайы кинилэргэ лиэксийэ ааҕабын. Этэргэ дылы, хайдах гынан бэйэлэрин кыаныахтаахтарын, дьону кытта тапсан олоруохтаахтарын туһунан.

— Аҕам дьон “биһигиттэн тосту-туора өйдөөх-санаалаах, букатын атын көрүүлээх-сыаннаастаах көлүөнэ үөскээтэ” дииллэр.

— Олох сымыйа. Билиҥҥи оҕо эйгэтин кыратык уларыттыҥ да, тута уларыйар. Биһиэхэ манна — үлэ-хамнас, тиритии-хорутуу, тимири кытта эллэһии, тыас-уус, буруо-тараа, кир-хох бөҕө. Куорат мааны кыбартыырата буолбатах. Киэһэ илиилэрэ ыалдьыар, нукаай буолуор диэри тимири эллииллэр. Ол кэннэ олох туһунан букатын атын өйдөбүллэнэллэр.

— Төрүөҕүттэн киин сиргэ, куоракка олорбут оҕо сатаан уларыйар дуо?

— Ааттаах түргэнник уларыйар. Төһө да аҕыйах хонугунан урукку эйгэтигэр төннүннэр, атын эйгэ баар, онтун ааһан, дьикти эйгэ диэн санааланар. Оттон ол куорат эйгэтигэр киирэригэр көмөлөһөр. Тоҕо диэтэххэ, кини атын олоҕу — үлэни-хамнаһы, тиритиини-хорутууну — билэр буолар.

Биһиги оҕоҕо (чуолаан, уолга) соруйан, ускуустубаннай да буоллар, ыараханы туоруурга үөрэтиэх, оннук эйгэни тэрийиэх тустаахпыт. Педагог дьоҕура оҕоҕо төһө оннук эйгэни төрүттээбитинэн, үөрэппитинэн сыаналаныахтаах эбит. Уол оҕо оннугу бэйэтэ эрэйэр. Кини — кыайарга анаммыт киһи. Оттон билиҥҥи ыччат олоҕор кыайара, кыайа сатыыра туох да суох. Ол иһин оннугу анаан оҥоруохха наада. Холобур, успуордунан, атын да физическэй хабааннаах тургутуунан. Онно үөрэммит оҕо атын үөрэҕи түргэнник ыланар уонна сүрэҕэлдьиир диэнтэн “эмтэнэр”.

— Ол аата илиитинэн-атаҕынан эрчиллэр киһи билиини ордук ылынар дуо? ¥гүс киһи “спортсмен өй үлэтигэр мөлтөх” диир идэлээх.

— Инньэ диир букатын сыыһа. Уол оҕо, утарылаһара суох буолан, төбөтүн маска сынньар. Кини айылҕатынан туох эрэ утарылаһардаах буоллаҕына эрэ сайдар. Барыта аһаҕас, бэлэм буолуо суохтаах. Ол иһин этэбин, педагог олох ыарахаттарыгар үөрэтиэхтээх диэн.

Саас “Триумфка” буолбут быһылааҥҥа Мандар Уус санаата:

— Ити түбэлтэ буорах эрэ буолла. Онтон сылтаан атын да эйгэҕэ санаата баппакка сылдьар дьон туран кэллилэр. Стихийнэй аҥаардаах. Төһөтүн да иһин, ол кыыс чугас дьоно бастакы абарыы-сатарыы эйгэтин анаан тэрийбэтэх буоллахтара. Онон ити – стихийнэй. Саха баар, саха түмсүүлээх диэн өйдөбүл эмискэ киирдэ. Аны ити өйдөбүл стихийнэй буолбат. Тахсар да буоллаҕына, өйүнэн-санаанан салайтаран эрэ тахсар кыахтаах.

— Ол аата норуот тууйулла сылдьыбыт дуо?

— Тууйуллуу баар эрээри, олох-дьаһах ыараханыттан буолбатах. Мин өйдөбүлүм маннык. “Омукпут сомоҕото суох” диэн өйдөбүл олохсуйбута, бэйэбит ыһыллыбыппыт ыраатта. Сэбиэскэй саҕана сомоҕо курдук этибит. Сомоҕо өйдөбүлэ, идеология баара. Оттон идеология күүскэ үлэлээбэт буоллаҕына, киһи салаллар кыаҕа аччыыр, салаллыыга бэриммэт буолар.

Кырдьык, идеология диэн улуу күүһү хомуньуус баартыйатын курдук күүскэ үлэлэппит тэрилтэ суоҕа. Онон ол суоҕа улахан охсуулаах буолла. Ким хайдах толкуйдуурунан сылдьар, ыһылынныбыт. Билиҥҥи былааһы ол туһуттан хомуруйуохха да сөп.

— Саха норуотун билигин туох түмүөн сөбүй?

— Билигин уопсастыба бэйэтин бэйэтэ үчүгэйдик көрүнэрэ наада буолла. Ону ыччат солбуйуох курдук, итэҕэлинэн, олоххо-дьаһахха саҥа көрүүтүнэн даҕаны. Ол эрээри онно сөптөөх хамсатар өй-санаа, күүс, бырабыыталыстыба, дьон-сэргэ өйөбүлэ наада. Стихийнэй күүскэ эрэ кубулуйуо суохтаах. Стихийнэй буолар түгэнигэр үчүгэй түмүгү көрөрбүт уустук.

— “Бу оҕо тосту-туора өйдөөх санаалаах, дьиҥ сахалыы майгыта, өйө-санаата диэн суох” дэһээччилэр. Оттон дьиҥ сахалыы майгы диэн хайдаҕый?

— Тукаам, эн биһикки итини кэпсэттэхпитинэ, бүгүн манна хонобут. Арай, аҕыйах тылынан бу курдук диэххэ сөбө дуу.

Биһиги, саха дьоно, былыр-былыргыттан атын норуоттартан арыый атын эйгэҕэ олоробут. Аҥаардас айылҕабытынан да. Тоҕус ыйдаах кыһын өбүгэлэрбит барахсаттар хайдахтаах тымныыны кытта охсуһан олорбуттарай. Ол тухары кинилэр тыыннаах хаалалларын таһынан норуоттара сайдарын, үксүүрүн туһугар туруулаһаллара, олорбуттара. Ол үрдүнэн саха үксээн испитэ. Санаан көр, тыыннаах эрэ хаалар туһугар туруулаһыы. “Бу кыылы өлөрбөтөхпүнэ, оҕолорум өлөллөр” диэн эрэ саныы сылдьар булчут норуотун элбэтэр туһунан толкуйдуура буолуо дуо?

— Суох ини.

— Доҕоор, ааттааҕын толкуйдуур эбит.Тукаам, биир түбэлтэни кэпсиим. Манна Саҥа Олох, Кутаама, Мөҥүрүөн диэн сирдэргэ сэрии саҕана киһи бөҕө хоргуйан өлбүтэ. Онно сэриигэ ыҥырылла илик 16-17 саастаах уолаттар барахсаттар бэйэлэрин баҕаларынан хара тыаҕа бултуу тахсаллар. Тайах өлөрөллөр уонна онтуларын бэйэлэрин таһынан анаан-минээн хоргуйан олорор дьоҥҥо түҥэтэллэр эбит. Бу тугуй?

— Дьон-сэргэ туһа диэн буоллаҕа.

— Ити кэллэ. Ити – сахалыы толкуйдуур буолан. Кинилэр ол хоргуйан олорор дьону “дьонум” дииллэр. Мин дьиэм иһинээҕилэр эрэ диэн буолбатах. Доҕоор, ити – Улуу өйдөбүл.

Бу манна олорбут Афанасий Андросов-Кытарба Оппуонньа, сэрии саҕана оҕо киһи, үтүмэннээх киһини бултаан быыһаабыт. Дьонум туһугар диэн.

Мин бу үлэм бүттэр эрэ (Моҕол ураһаны этэр – “Кыым”) кинилэргэ анаан Кутаамаҕа, Саҥа Олоххо, Томторго бэйэтигэр (Баайаҕа нэһилиэгин киинэ, бөһүөлэгэ) оннук дьоммутугар пааматынньык туруораары гынабын. Кыра бэлиэ.

Саха бултаата да, чугас эргинээҕи дьон бары үллэстэллэр. Махтал көрдүү барыллыбат. Ити майгы – дьиҥнээх сахалыы майгы. Билиҥҥээҥҥэ диэри ол сүппэт. Ханнык да көрүҥүнэн билигин да омукпутугар тыыннааҕыттан олус үөрэбин. Биһиги быыһанар биир төрүппүт итиннэ сытар. Киһи туһугар диэн.

— Эн эдэр эрдэҕинээҕиҕиттэн саха төһө уларыйда быһыылааҕый?

— Бытовой өттүгэр уларыйыы баһаам. Ол гынан баран норуот олоҕу айар, оҥостор ньымата улаханнык уларыйбата. Сахалыы майгыбыт өлө илик. Сахалыы санаабыт, сахалыы өйбүт уонна сахалыы олоҕу олоруубут билигин даҕаны тыыннаах.

— “Өлө илик” уонна “тыыннаах” диэтиҥ…

— Өлүөн сөп.

— Ханнык түгэҥҥэ өлүөн сөбүй?

— Атын омук сабыдыалыгар киирдэххэ. Оччотугар саха түҥ былыргыттан тута сылдьар култуурата, тыла-өһө уонна итэҕэлэ сүтэр. Аны, матырыйаалынай култуурабыт уонна историческай кыраныыссабыт уларыйыан сөп. Хаартаҕа көрөҕүн дии Саха сирин кыраныыссатын — онтубут. Өскөтүн биһиги көмүскэммэт буоллахпытына, тастан үтүмэннээх элбэх киһи тоҕо анньан кэлэрин тугунан да тутар кыаҕыҥ суох.

— Тымныы тутуо суоҕа дуо?

— Тымныы төрүт тутуо суоҕа. Оннук эйгэҕэ киирэрбит чугаһаан эрэр. Билигин бэйэбитин бэйэбит көрүнэн, төһө баҕарар олорор кыахтаахпыт. Ол гынан баран көмүскэммэтэхпитинэ, атын омуктарга суураллан буорайабыт.

— Күн тура-тура сайынныбыт диибит.

— Мин санаабар, биир өттүнэн сайдабыт, иккиһинэн, кыралаан кэхтии диэки сыҕарыйабыт (курулаччы таҥнары түспэппит). Оттон матымаатыка ньыматынан олору холбуу туттахха, биир сиргэ тэпсэҥнии турар курдук буолан тахсабыт.

1912 с. биэрэпискэ көстөрүнэн, оччолорго сахалар үтүмэннээх сылгыны-сүөһүнү иитэллэр эбит. Онон дьон айаҕын ииттэн, эбии бултаан-балыктаан этэҥҥэ олорбуттар. Кэлин холкуос, сопхуос тэриллибитэ, сүөһү-сылгы бөҕө, эмиэ этэҥҥэ олорбуппут баара, сэрии кэлэн сиэн-аһаан барбыта. Билигин сэрии эрэ буолбатар ханнык.

Холкуос да, сопхуос да саҕана дьээбэтэ диэн маннык баара. ¥лэһит хамнаһа наһаа баттыгастаахтык төлөнөрө. Нэһилиэк, сопхуос киинин аайы экэнэмиистэр, буҕаалтырдар бүтүн аппарааттара олорбута. “Туох сыаллааҕый?” диэ. Сыала маннык: үлэһит хамнаһыттан өссө тугу сарбыйабыт диэн. Дьиҥэр, киһилии хамнаһы төлөөбүттэрэ буоллар, билигин даҕаны оннук олоруох, сайдыы бөҕөнү сайдыах этибит.

1980-с сс. бүтүүлэригэр арыый да буолан, өрө тыынан эрдэхпитинэ, аны, Сойуус ыһыллыбыта. Бу билигин көрөр, эргэрэн турар дьиэлэриҥ барыта 70-80-с уонна 90-с сс. ортолоругар тутуллубут дьиэлэр. Билигин дьиэ тутуллара аҕыйах эрээри, туттубут дьон аныгылыы, кэрэ туттуулаах, олорорго табыгастаах, хааччыллыылаах дьиэлэри дьэндэтэллэр. Олох сайдыытын биир туоһута ити кэллэ.

Ол эрээри кэлин мөлтөөһүммүт туругун биир көстүүтэ – тыа киһитэ табатынан, сүөһүтүнэн-сылгытынан уонна булдунан-аһынан олорор кыаҕын, эйгэтин туохха эрэ барытын атастаһан эрэр.

Кэлин куоракка көһөн киирии ханна да баар суол. Ол эрэн сорох бөһүөлэк син этэҥҥэ олорор. Холобур, мин Баайаҕам. Билигин кэлэр-барар дьоннуун мунньан, тыһыынчаҕа кыратык тиийбэппит. Өссө кыралаан куораттан төттөрү кэлии баар. Тоҕо диэтэххэ, дьон куораты-тыаны тэҥнээн көрөр. Манна кыахтаах, баҕарар киһи сөбүлүүр олоҕун оҥостор кыахтаах.

— Оттон оскуола оҕотун ахсаана тоҕо аҕыйыырый? Ыччат төрөөбөт дуу?..

— Ити – биирэ. Төрөөһүн быста аҕыйаата. Мин ону идеологияҕа балыйабын. Оҕо, ыал, дьон-сэргэ элбииригэр ыарахан кэмнэр кэллилэр. Икки оҕолонноҕуна, “бу – сөп” дииллэр.

— Ол үп-харчы тиийбэтиттэн, үлэ-хамнас суоҕуттан буолбатах дуо?

— Суох. Төрүт онтон буолбатах. Манна 3-4 оҕолоох ыччаттар бааллар. Кинилэр былыргы курдук кырыымчык олоххо олорботтор. Сөпкө аһыыр-таҥнар харчыларын булуна сатыыллар. Оҕону иитэр кыах баар. Тыа сиригэр 4 оҕону киһи холкутук иитэр кыахтаах. Онтон элбэҕи арыый да турууластаххына, тириттэххинэ эрэ, иитиэххэ сөп. Урут аҥаардас Баайаҕа иһигэр уонча дьоруой ийэ баара. Санаан көр, бу уон ыал 100 киһини иитэрэ-аһатара. Харчынан да көмөлөспөттөр, сэрии кэннэ судаарыстыба идеология өттүнэн күүскэ үлэлээбит эбит.

— Сорох дьон “дьахтар аһара үөрэхтэннэ, дьиэтигэр олоруон баҕарбат” диирэ төһө оруннааҕый?

— Ити — биричиинэ эрэ. Билигин да олус үчүгэй санаалаах, олорор дьахталлар бааллар, оҕолоноллор. Олору батыһааччы баар буолуохтаах. Ыччат дьон.

Саха элбиирин туһугар диэн наһаа үчүгэй тиэмэни таарыйдыбыт. Дьэ, биһиги оо-ол көстөр (Моҕол ураһа хартыынатын ыйан көрдөрөр – “Кыым”) ураһа дьиэтин тутаары бэлэмнэнэбит. Манна остуоруйа курдук кэпсээннээхпин.

Былыр саха киһитэ ыал буолууну хайдах саныырай? “Обуза” дии санаабат этэ. Ыал буолууну Айыылар ыйаахтара, ытык иэһим, ону төлүүбүн диэн өйдөбүллээҕэ. Аны, саха киһи ¥өһээттэн кэлбит ытык иэһин толордоҕуна, кини кэннэ оҕото-ыччата дьоллоохтук олорор, утума салҕанар диэн анараа дойдуга холкутук аттанар, өлөртөн куттаммат эбит. Оннук өйдөбүл билигин суоҕун тэҥэ, дэҥ кэриэтэ көстөр. Мин оннук өйдөбүллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, сахалыы итэҕэллээх олоробун.

 

— Мин баҕабынан ураһа тутуллуохтаах. 60-ча сыл тухары ити ураһаны анаан-минээн көрдөөн, олус дьикти олоҕу олордум. Бэйэм баҕабынан. Онон бэйэбин толору дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Тоҕо диэтэххэ, мин баҕабын толоро сылдьабын. Оттон дьол диэн – баҕа санаа туолуута. Киһи дьоло онно сытар.

Биирдэ “ураһабыт тутуллан баран таах турууһу дуу?” диэн олус дьикти санаа киирдэ. Төбөбүн сынньан бардым. Толкуйдаан көрдөххө, саха ахсаана тоҕо эбиллибэтий? 500 тыһыынчаны өҥөйөн баран кыайан сиппэккэ олоробут. Ыал буолуу – киһи төрүөҕүн эбиллиитин төрдө. Саха ахсаана элбээһинэ. Ол хайаан да наада. Ханнык баҕарар мөлүйүөннээх омук кэлэн биһигини үлтү тэпсэн, сирбитин-уоппутун былдьаан ааһар, олохпутун огдолутар кыахтаах. Биһиги үлүгэрдээх сири баһылаан олоробут эбээт.

Тиһэҕэр “ыал буолар ыччаты күүскэ өйдөттөххө, кини санаатын көтөхтөххө хайдах, туох буолуо этэй?” диэн санаа киирдэ. Ыал элбиэн, арахсыы аҕыйыан наада. Ыччаты өйдөтөр күүстэх үлэ ыытыллыахтаах. Онно итэҕэлэ суох сатаммаккын. Биир киэһэлээх, шоу аҥаардаах урууга өйдөтөр үлэ, саарама, суох. Ыччакка онон көмөлөспөккүн.

— Тугу өйдөтөр үлэ суоҕуй?

— Ыал буолуу Айыылар Ытык ыйаахтара диэн.

– Моҕол ураһа – аан дойдуга ханна да суох кэрэттэн кэрэ тутуу. Итинник тутууну – киһи тылынан сатаан эппэт-хоһуйбат кэрэтин – саха эрэ оҥоруон сөп.  Аччыктыыр эрэ бэтэрээтинэн олорон или үлүгэрдээх айымньыны айбыт эбит. Дьэ, ону биһиги “эргэ олох хаалынньаҥа” дииргэ өйбүт-санаабыт тобуллубут. Барытын бэйэбит илиибитинэн суох гыммыппыт. Оннук “өйдөммүт” дьоммут.

Мин Моҕол ураһаны Эйфель башнятын, Кытай эркинин кытта тэҥниибин. Оннук сүдү тутуу. Ол гынан баран, кини олус намчы. Айылҕа тутуута. Нарын да нарын. Оттон саха киһитэ онтон куттаммакка, бу дьиктии-дьикти ураһаны туппут. Мин аспын булуннум, иһим тотто да олоруом этэ буоллаҕа. Тугун эмиэ ураһатай. Эбэтэр туох ойуутай-бичигэй.

Уопсайынан, түмэлгэ көрдөххө, саха туттубут иһитэ-хомуоһа, таҥаһа-саба, тэрилэ-тээбиринэ, туох баар киһитин уҥуоҕа, сэргэтэ-тойо – барыта киһиттэн таһынан кэрэ ойуулаах. Биир да омукка оннук суох. Бу тугуй? Саха эрэ кэрэҕэ баҕарар дуо? Тоҕо кини кэрэҕэ эрэ баҕардай? Тоҕо диэтэххэ, кини олоҕо ыарахан буолан бэйэтин баҕа санаатын матырыйаалынай култуура оҥостор эбит. Ол иһин кини тикпит тириитэ киһиттэн таһынан кэрэ, кини оҥорбут чорооно – сиэри таһынан быыччык ойуу-бичик. Кырдьыктамматаххытына, барытын кэрийэн да көрүҥ. Биир да омукка оннук суох.

Саха олус уус, наһаа баҕалаах омук. Кини баҕатын олоххо киллэрэ сатаан, олоҕун бүтүннүү кэрэтитэ сатыыр эбит. Онто барыта ураһаҕа түмүллүбүт. Тоҕо кини ураһаны тутта?

¥гүс үһүйээҥҥэ баар. Сүктэн кэлбит кыыһы бастаан ураһа хаппахчытыгар утуталлар эбээт. Кэрэттэн кэрэ дьиэҕэ. Дьэ, биһиги ураһабыт, доҕоор, киһи сатаан эппэт кэрэтэ буолуоҕа. Биһиги ыал буолар уоллаах кыыһы онно ыҥырабыт. Биир түүннэх күҥҥэ. Ол ураһа иһигэр кинилэр хонуохтара, былыргылыы сүрэхтээх быарынан, арыылаах хайаҕынан аһыахтара уонна бастакы түүннэрин онно хонуохтара. Кинилэрдиин арыалдьыт (шафер) буолуохтаах доҕотторо, төрөппүттэрэ, чугас дьонноро бары тоҕо анньан кэлиэхтэрэ. Ол эрээри ураһаҕа бастаан кыыстаах уол бэйэлэрэ киириэхтэрэ, хонуохтара.

Онно Көрсүү, Күн ортотунааҕы, Хонуктааҕы, сарсыныгар Атаарыы алгыһа диэннэри оҥорор буолуохпут, тыл үтүөтүнэн. Артыыстаан буолбатах, ис сүрэхтэн, уоллаах кыыһы долгутар, чахчы сүрэхтэригэр-быардарыгар, өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэр гына. Оччоҕуна эдэрдэргэ букатын атын санаа оонньуо, дьиҥнээх олох туһунан.

Моҕол ураһа аартыгын айаҕа диэни номнуо оҥордубут. Ону массыынанан туораабаттар. Эдэрдэр массыыналарын онно хаалларан баран, ытыктабыл бэлиэтэ, бэйэлэрэ атынан, сатыы тахсар буолуохтара. Аттарын ураһа ааныгар сэргэҕэ баайыахтара. Алгыһын баар кэммэр бастаан бэйэм оҥоруом. Ону мин саха үксүүрүн туһугар улахан таһаҕас оҥостубаппын.

Биһиги эдэрдэргэ туох даҕаны докумуону биэрбэппит. Ону кинилэр саахсаларын кэннэ ылыахтара. Аны, ыал буолуу тэрээһинин кэнниттэн ыал буолар малааһыннарын – урууларын хаһан баҕарар тэринэр кыахтаахтар. Толкуйданалларыгар сыл, сыл аҥаара бэриллэр. Уруулара хаһан буоларынан буоллаҕа.

— Борис Федорович, саха өлбөт-сүппэт сүбэтин-соргутун хантан, туохтан булуон сөбүй?

— Бэйэбит олохпутун бэйэбит оҥостор кыахтанныбыт. Мин онтон олус үөрэбин. Урут холкуоска-сопхуоска үлэлиир киһи ханна да барар бырааба суоҕа. Бэл, үөрэххэ көҥүллэтэн.

Билигин эйигин ким да туппат. Ол аата көҥүл буолбакка тугуй? Киһи олоҕун оҥосторугар толору кыах бэрилиннэ. Ону бэйэбит ситэ өйдөөбөппүтүттэн дуу (мин ону сатаан санаабаппын), холобур, улахан тэрилтэлэрбититтэн тутулуннахпыт аатыран, үгүстэр хааччахтаах олоҕунан олороору гынабыт. Оннук буолуо суохтаах. Көҥүл бэрилиннэ – толору туһаныахтаахпыт. Оччоҕуна эрэ олохпутун оҥостуохпут.

Өссө биир үчүгэй баар. Арыгылааһын биллэ аҕыйаата. “Ханнык саалаҕа, ханна эрчиллэ барабыт?” – диэн кэпсэтии иһиллэр буолла. Бу үчүгэй буолбатах дуо?

— Саха куолулуурун сөбүлүүр омук диэн буолар.

— Саха куолуһут омук диэтэхтэринэ, мин ааттааҕын ылынабын. Тоҕо диэтэххэ, бу үлүгэрдээх айылҕаҕа олорор дьон сибилигин ситэ кэпсэппэккэ-быһаарсыбакка тахсан үлэбитин сыыһа оҥорон кэбистэхпитинэ, онтубутун -60 кыраадыска тахсан иккистээн оҥоробут дуо? Ол иһин саха өйүгэр түстэҕинэ биирдэ эрэ, үлэҕэ ылсар. Оттон ситэ куолулаабакка, этиспэккэ, быһаарсыбакка эрэ үлэлии баран баран, төннөн кэлиэҕэ. Ол иһин тугу эмиэ саҕалыах иннинэ өйбүтүгэр түһэрэрбитин олус сөбүлүүбүт. Ол — олохпут сүнньэ буолбут.

Онон арыый иллэҥ кэмҥэ бэйэ-бэйэни тургутуһан көрүү диэн хайаан да баар. ¥лэни үлэлиэхпит. Биһиги курдук сүрэхтээх омук суоҕун урукку да айанньыттар бэлиэтээбиттэрэ баар.

Куолубутун, быһаарсарбытын-илдьиритэрбитин тулуйбакка арааһы этиэхтэрин сөп. Оттон ол барыта  кыһалҕаттан тахсар эбээт. Ол иһин 1 чаастаах үлэбитин, баҕар, 2 чаас кээмэйдиэхпит.

— Куолу диэбиккэ дылы, биир дойдулаахпыт Александр Габышев “Москубаҕа Путины үүрэ” баран иһэр. Дьон ону араастаан куолулуур. Эн туох санаалааххыный?

— “Барбыт үһү” диэн дьонтон эрэ истэбин. Бэйэм үчүгэйдик билбэппин. Онон кини туһунан билигин этэр кыаҕым суох.

– Оттон этитии диэн баар дуо?

— Этитии баарынан баар. Ону хайдах тутталлара киһититтэн бэйэтиттэн, кини сайдыытын таһымыттан тутулуктаах.

Ол киһи олоҕун ханнык эрэ кэрдиис кэмигэр кэлэр дуу, ыйыппат дуу?

— Ыйыппат. Хаһан баҕарар киириэн сөп.

Эн сүүрбэччэлээх сылдьан туос сатыы сир-дойду бөҕөнү кэрийбит, ол былаһын тухары араас өтөҕү көрбүт-истибит, ойууну-мандары үөрэппит киһигин. Оччолорго, сэбиэскэй кэмҥэ, былыргы-урукку барыта куһаҕан аатырарыгар, туох өйтөн-санааттан оннук сылдьыбыккыный?

— Оччолорго миигин оннооҕор “өйө хамсаабыт” диэн туттаран, псих-балыыһаҕа уктара сатаабыттара эмиэ баара. Оннук буолуохпар диэри дьонтон ураты этим. Ол эрээри укпатахтара. “Ол киһини тутуҥ” диэн көрдөспүт уолаттара кэлин бэйэлэрэ кэпсииллэрэ. £ссө “инниттэн кииримэҥ, күтүр өстөөх күүһэ бэрт, киһини былдьыа” диэн сүбэлииллэрэ үһү.

Мин, баара эрэ 52 кг киһи, туох күүстээх буолуохпунуй? Чэ, тустууга, буоксаҕа, ыстаангаҕа, дуобакка хандьыдаат буола сылдьыбыттаахпын. Ол гынан баран биирдэ да успуорт саалатын өҥөйбөтөҕүм. ¥ксүн аармыйаҕа сылдьан толорбутум. Син кыанар курдугум. 80-тан тахсата, сүрэҕэлдьээн “чэ, түс-түс” диэхтэригэр диэри, тардынар, тииккэ кытай гимнастарын курдук ыттар этим.

Ол да буоллар туппатахтара. “Майгыта да сымнаҕас” дииллэрэ. Онон, бука, аһыннахтара буолуо. Итини сэргэ оҕо эрдэхпиттэн чугас эргин соҕотох уол этим. Миигиттэн улахаттар уонна кыралар эрэ бааллара. Инньэ гынан оонньуур киһитэ суох хаалан, мэлдьи соҕотоҕун сылдьарым. Оннук ураты этим.

Ааптар Альберт Капрынов, интервью толору көрүҥүн “Кыымҥа” ааҕыаххытын сөп.

***

Aartyk.Ru                               

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»