Иннокентий ВАСИЛЬЕВ: НЬУРБА УЛУУҺА БЭЙЭТИН БЭЙЭТЭ ХААЧЧЫНАР КЫАХТААХ
Тыа сиригэр үлэ суох буолуоҕуттан ыла үөрэхтээх да, үөрэҕэ суох да ыччат хаалан олохсуйбат, куорат диэки талаһар. Айылҕа сокуонун ирдэбилинэн саастаах дьон сылтан сыл үлэни кыайбат, ыарытыйар буоллулар, онон ынах сүөһү төбөтө лаппа кыччаата диэтэххэ баһааҕырдыы буолбатах. Бу барыта бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабыт аччыырыгар, атын дойду аһынан-үөлүнэн үлүһүйүү үксүүрүгэр тиэртэ.
Маны барытын хайдах уларытан дьаһаныахха сөбүн Ньурба улууһуттан Ил Түмэҥҥэ КПРФ партиятыттан бэһис мунньахха бэрэстэбиитэлэ Иннокентий Васильев бэйэтин көрүүтүн үллэстэр:
– Кэлиҥҥи кэрдиис кэм үгүс дьон сүөһүтүн эстэ, өссө да аҕыйатар былааннаах. Судаарыстыба сылга биир ыанар ынах төбөтүгэр 37 тыһ. солк. биэрэрэ улахан көмөнү оҥорбото диэн бэлиэтии көрөбүн. Дьиҥэ кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарар туһугар дьон элбэх үүтү туттарарын ситиһиэххэ наада. Үүтү туттарааччы самозанятай да, предприниматель да буоларын ирдиэ суохха баара. Бу ирдэбиллэр күһэйиилэринэн дьон, бииринэн, нолуок төлүүлэллэрин ыарырҕатар, иккиһинэн хас сырыы аайы отчуот туттарыахтарын кырдьаҕастар да, эдэрдэр да ыарырҕаталлар. Ол иһин сүөһүлээх дьон туох да социальнай статусука сыһыарыыта суох төһөнү туттараралларын бэйэлэрэ көрөн лиитирэтин 100 солкуобайга туттардахтарына кинилэргэ ордук интэриэс үөскүө этэ. Дьэ оччоҕуна тыа киһитэ ынаҕын аҕыйаппат. Үүт тутуутун элбэттэххэ переработка тэрилтэлэрэ оҥорон таһаарар бородууксуйалара элбиэ этэ. Натуральнай аһылык олус наадалаах, онтон бары да барыыһырыа этибит.
Мөлүйүөнүнэн иэннээх ходуһалардаахпыт, хонуулардаахпыт даҕаны үлэҕэ, туһаҕа туһаныллыбаттар. Уу кыайан барбатыттан Ньурба ходуһаларын аҥаара ууга баран тураллар. Мелеоративнай тэрилтэни сөргүтэн күөл ууларын регулировкалыыр курдук оҥорорго бюджеттан сөптөөх харчы көрөн мелеротивнай тэрилтэ аһан оройуон кииннэригэр сайаапка хомуйан күүстээх үлэ барарын ситиһиэххэ сөп. Маны сөпкө дьаһанан үлэлииргэ улууска биир болотнай экскаватор, самосвал массыына уонна тралл бааллара буоллар син үлэ тахсыан сөп диэн көрөбүн.
Хас биирдии нэһилиэк кэллэктиибинэй хаһаайыстыба тэринэллэрин курдук минсельхоһы уонна нэһилиэк салалтатын кытары бииргэ үлэлэһэн олоххо киллэрэллэрин ситиһиэххэ наада. Оччоҕо кыаммат араҥа эрэ буолбакка, учууталлар, бюджет үлэһиттэрин ынахтарын онно көрдөрүө этилэр. Ол наадатыгар үрдүк хамнастаах анал үлэ миэстэтин аһан үлэлэтиэххэ сөп. Туттубат кэтэх оттуур сирдэри ол хаһаайыстыбаларга иҥэрэргэ.Итини таһынан тыа хаһаайыстыба ынах эрэ буолбатах, буола оҥорооһуна, хортуоска, хаппыыста, моркуоп олордооһуна бырыта киирэр. Оҕуруот аһын бэйэбит да оскуолаларбытыгар, уһуйааннарбытыгар батарыа этибит.
Бу диэн эттэххэ, Ньурба птицефабриката бары күүһүн туһаммакка үлэлии турар. Тоҕо диэтэххэ, кууруссалар эргэрэн сымыыттаабат буолан хаалаллар, саҥа партия кэлиэр дылы түөрт ый фабрика тохтоон ылар. Иккис сыах аһан тохтоло суох үлэлэттэххэ, бородууксуйа таһаарыыта элбиир уонна төһөлөөх үлэ миэстэтэ тахсыа этэй.Маны таһынан хоту Ньурбаттан чугас сытар улуустардыын көнөтүк кэпсэтэн бэйэбит бородуксуйабытынан хааччыйыахха баар этэ. Ол туһугар, эрдэ эппитим курдук, Ньурба Мархатыгар баар быраҕыллыбыт авиаплощадканы сөргүтэн Ан-2 сөмөлүөтүнэн Эдьигээн, Өлөөн, Анаабыр улуустарын бэйэбит аспытынан-үөлбүтүнэн хааччыйан улууска үп-харчы киллэриниэ, үлэ миэстэтэ таһаарыныа этибит.
Баччааҥҥы дылы сөҥүү түһэриттэн киһи аймах олоҕо олус тутулуктаах, онон сөмөлүөт сырыыта улуус иһигэр да туһалыа этэ. Уу халааннаан суол алдьаннаҕына Хатыыс, Малдьаҕар, Маалыкай, Чуукаар, Өҥөлдьө олохтоохторо эрэйи көрөллөр. Итинник тоҕоостоох кэмнэргэ малай авиация таһаҕаһы да, нэһилиэнньэни да таһан дьон олоҕун чэпчэтиэ этэ.
Тыа сирэ сайдарын туһугар тыа хаһаайыстыбаҕа эрэ сыһыаннаах буолбакка атын отрасллар эмиэ тэҥҥэ барсан иһиэхтээхтэр. Ол туһугар эдэр специалистар кэлэллэригэр толору хааччыллыылаах дьиэлэр наадалар. Куоракка оннук дьиэҕэ олорон үөрэммит, үлэтин саҕалаабыт эдэр киһи дэриэбинэҕэ кэлэн эргэ туох да благоустройствота суох дьиэҕэ олорбот.
Былыр былыргаттан биһиги, Ньурбалар мындыр өйдөөх, урбааҥҥа сыстаҕас, саҥа сүүрээҥҥэ ылсыһан иһэр, ыарахаттартан толлон турбат дьоммут. Биһиэхэ судаарыстыба өттүттэн мэһэй эрэ суох буолуон наада, бэйэбитин төһө баҕарар иитинэр, хааччынар дьон бөҕө буоллахпыт, – диэн бэйэтин санаатын сырдатар биһиги бүгүҥҥү кэпсэтээччибит.
Кырдьык, Иннокентий Васильев этэрэ тоҕоостоох курдук. Төһө да кэлин куоракка олохсуйбутун иһин эдэр, эрчимнээх саастарыгар Сунтаар, Ньурба улуустарыгар үлэлээбит, көлөһүнүн тохпут киһи быһыытынан тыа дьонун кыһалҕатын билэр, чугастык ылынар буоллаҕа. Иннокентий Давыдович кэлиҥҥи кэмҥэ урбааҥҥа сыстан дьоҕус авиация салаатыгар үлэлээтэ. Онон суол-иис, транспорт проблематын этинэн-хаанынан билэр.
Иннокентий Васильев бу быыбарга эмиэ төрөөбүт Ньурбатыттан КПРФ партияттытан Ил Түмэн сэттис ыҥырыылаах мунньаҕар депутакка кандидатынан турда. Партия испииһэктэринэн “Единэй Россия”, “СРЗП”, “ЛДПР”, “Новые люди” партиялар эмиэ кытталлар. Ону таһынан биир мандаттаах быыбардыыр уокуругунан эмиэ кандидаттар бааллар.
***
Майя ДМИТРИЕВА,
Aartyk.Ru
Оставить комментарий