Курс валют
$
99.38
0.05
105.1
1.2
Курс валют
Курс валют
$
99.38
0.05
105.1
1.2
Меню
Поиск по сайту

Хомотумаҥ-хоргутумаҥ

15.10.2017 13:02 2
Хомотумаҥ-хоргутумаҥ

Кини миигинниин 21 саастааҕар билсибитэ.

Ийэм убайбын Боочугу (Володя) кытары.

Мин ол күнү кини эрэ кэпсээниттэн билэбин. Татакай талыыны тулуйан сарсыарда 9 чааска балыыһаҕа киирэн баран, биир чааһынан иккис оҕотун – кыыс оҕону оҕоломмут. Ийэм тулуура бөҕө “айака-ойоко” суох, онон төрөтүөхтээх акушерката “ыраах-ыраах” диэн баран чэйдии баран хаалбыт. Хаһан дьиэтиттэн кэлиэр диэри – хамса курдук чолоччу сууламмыт оҕо ийэтин эмэн чобурҕайа сытара үһү. Соһуйуу-өмүрүү бөҕөтө буолбут. Миигин күн сирин көрдөрбүт быраас Ыстапаньыыда барахсан, нуучча акушеркатын кэннигэр мүчүк гына-гына айманарын кэтээн турбут.

Дьааһылаҕа, дьыссаакка барыахпын олох баҕарбат этим. Ол саҕана дьыссаат барыта хонуктаах: нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ дьиэҕэр хонон ааһаҕын. Дьонуҥ үлэлиир, билиҥҥи курдук балтараатыгар диэри дьахтары оҕо көрдөрөн олордубаттар. Дьааһылаҕа оҕолору тоҕус ыйдарыттан ылаллара эбитэ үһү. Үлэһиттэр хайдах көрөөхтүүллэрэ буолла, сөҕөҕүн эрэ.

Хата, мин тулуктаһан-тулуктаһан биир сааспар биирдэ дьааһылаҕа барбыппын. Дьонум миигин дьааһылаҕа биэрэн баран, киэһэ ахсын үлэлэрин кэнниттэн кэлэн уоран түннүгүнэн көрөн бараллар эбит.

Ыһан-тоҕон аһыырбын түүл-бит курдук өйдүүбүн. Төгүрүк остуолга тула сыһыары  олоппостор бааллара. Онтон ороон эрэллэрин өйдүүбүн: өһөх өҥнөөх тирии этэрбэһим толору лапса, бэйэм чаккырас миин буолбуппун. Ийэм кэпсиирэ: “Луосканан баһа сатаан баран, илиигинэн миин хойуутун бобо тутан баран айаххар уктарыҥ, убаҕаһын иһээри тэриэлкэҕин бүтүннүү төбөҕөр кэтэрдэн кэбиһэриҥ”, – диэн.

Аҕабынаан.

Аҕам дьааһылаҕа илдьэригэр салааскаҕа үрдүк дьороҕор хоппону кэлгийэн, иһигэр сыттыктаан-олбохтоон онно уган илдьэр эбит. Турдахпына ол хоппо кытыыта түөспүнэн буолара. Хоппону үрдүнэн суорҕанынан бүрүйэр. Дьааһылаттан  син тэйиччи олорорбут. “Ханна баран иһэбит?” – хоппо иһиттэн ыйытабын. Аҕам: “Күүлэйдии”. Суорҕаны өрө ыһан туран кэлэн баран дьааһылаҕа баран иһэрбитин көрөн ыһыы-хаһыы, аймалҕан- айдаан. “Чэ-чэ, төнүннүбүт!” – аҕам миигин төттөрү хоппобор симэр, суорҕанынан бүрүйэр, салааскатын өрө кулахачытан баран дьааһылабар салгыы илдьэр буоллаҕа. Ол суол былаһын тухары суорҕаммыт хаста да өрө ыһыллан, айдаарсан, салааскабыт үстэ-түөртэ  кулахачытыллар эбит. Суолу муннарыы диэтэҕиҥ.

Үстээҕим буолуо. Үстэрин туоллахтарына оҕолору “торуой дьыссаакка” (младшай группа) туспа дьиэҕэ көһөрөллөрө. Мин эмиэ үгэспинэн дьыссаакка барымаары утарылаһыы кытаанаҕа. Истиэнэҕэ хам сыстан баран турабын. Санаабар хайа да күүстээх онтон хоҥу тардар кыаҕа суох. Ийэм  эдэр, кыраһыабай бөҕө, 24-тээх эрэ. Дьулугур уһун уҥуохтаах, тобугун үөһэтинэн сылдьар хараҥа кыһыллыҥы өҥнөөх бэйэтэ тикпит былааччыйалаах. Хаҥас түннүгүнэн күн уота түһэр. Эрдэ.

Дьиэбит саҥа тутуллубут буолан хаптаһын быыһа өссө оҥоһулла илигэ, онон, маҥан сиидэскэ тэһитэ-тэһитэ сугун өҥнөөх сибэкки ойуулаах  улахыын-улахан өрбөх быыс сабыылаах  этибит. Ол иннигэр бастакы миэбэлбит – икки ааннаах гардеробнай ыскаап турара – хондьуруоп. Наһаа күндү, аптаах ыскаап буолара. Эчи үрдүгүн, улаханын, маанытын!

Хондьуруоп бастакы аанын үөһэ долбууругар араас бары кистэнэн сытара. Ийэм миигин дьыссаака ыытаары манчыыктаан ол долбууртан сакылаат кэмпиэт ылан көөчүктүүр: “Миэхэ туох эрэ баа-аар”. Мин туох иһин буолуммаппын. Төһө да сакылаакка ымсыырдарбын бэриммэппин. Ити ийэм туһунан бастакы дьэҥкэ өйдөбүлүм буолуохтаах.

Ийэм.

Ийэм эбэтигэр иитиллибит буолан уонна онто уон саастааҕар интернакка олордоҕуна өлөн хаалаахтаан эрдэ баҕайы тулаайахсыйан хаалбыт. Эбэтэ эрэйдээх суох буолбутугар кыра оҕо тулаайах хаалбытын билиммитэ улахан охсуу буолбут быһыылааҕа. Ол иһин буолуо, аҕыс оҕотун тухары биир да оҕону эбээ-эһээ көрүүтүгэр кими да, биир да хонук сэлээннээбэтэҕэ. Барыбытын бэйэтэ көрөн-харайан, арчылаан-араҥаччылаан улаатыннартаабыта.

Аҕабыт түөрт нэһилиэккэ соҕотох фотограф буолан командировкаҕа сылдьан айаннаан тахсара, ол түһэрбитин түүннэри-күнүстэри кэлэн бэчээттиирэ. Улахан дьиэ кэргэнин үлэлээтэҕинэ эрэ иитэр буоллаҕа. Лабораториятыгар өссө да үлэлии олорорун билбэккэ, коллегалара сотору-сотору аанын таһыттан хатаан кэбиһэллэрэ. Ол сахха төлөппүөн диэн суох, ийэм аҕабытын кэтэһэ сатаан баран: “Оо, эрэйдээҕи эмиэ хатаан кэбиспиттэр быһыылаах, баран остуораска этэн аанын астарыҥ”, –  диэн обургу соҕустарбытын аҕабытын быыһаттара ыытара.

Өйдүүрүм былаһын тухары ийэм да, аҕам да наар тугу эрэ үлэлии, түбүгүрэ сылдьаллара. Ийэм иистэнньэҥ буолан барыбытын төбөбүтүттэн атахпытыгар диэри бэйэтэ таҥас тигэн таҥыннартыыра.  Хаһан да атын оҕолортон итэҕэс санамматахпыт. Бэл, уһун остоох кеда үөдүйбүтүгэр ийэм миэхэ оннук муодунай кеданы  хаста да көтүрэ-көтүрэ тикпиттээҕэ. Кини олоҕун тухары “киһи сатыырын киһи сатыахтаах” диэн санаанан салайтарара. Тугу эмэ саҕалаатаҕына, онто табыллыар диэри, иннин ылан баран биирдэ тэйэрэ.

Маалыкайдааҕы олох-дьаһах кэмбинээтин үлэһиттэрэ. 1980-с сс. Ийэм – Раиса Афанасьевна иккис эрээккэ уҥаттан бастакы турар. Аҕам аллараа ортоку олорор.

Кэлин биир дьүөгэтэ “элбэх оҕолоохтор, тиийиммэттэр-түгэммэттэр диэн хаһан да санаабытыгар да оҕустарбат этибит, барыта уурбут-туппут курдук буолара, биир да оҕо көрүүтэ-харайыыта суох, ускул-тэскил сылдьыбыта, таҥастара-саптара мааныта бөҕө” диэн.

Ылсар-бэрсэр чугас аймаҕа суох, көрсөр-харайсар уруута суох эрээри, биһиги дьоммут туораттан көмөтө суох элбэх оҕону бэйэлэрэ эрэ көрөн-харайан улаатыннарбыттара, киһи-хара оҥорбуттара. Ол кинилэр бүгүрү үлэһиттэрин уонна үчүгэй дьаһаллаах ыал ийэтэ, аҕата  буолалларын туоһулуур буоллаҕа. Итиннэ барытыгар ийэбит оруола улахан. Билигин: “Хайыа оҕолорун эбэтэ, эһэтэ суох хайдах көрөр?!” – диэн саҥа аллайбыппытын кулгаахпыт эрэ истэн хаалар.

Ийэбит биһигини таҥыннараары түүннэри-күнүстэри иистэнэрэ. Күнүс – оҕолоро, үлэтэ, хотоно, аһа-үөлэ, дьиэтэ-уота…  түүннэри оҕолорун, эрин таҥаһын ииһэ. Аны ыарыйдахпытына иһигэр айманыыта, сылаата…  ол иһин да эрдэ баҕайы доруобуйата айгыраан күн сириттэн сааһын иннинэ күрэнээхтээтэҕэ.

Наһаа элбэх кинигэни ааҕара. Аҕам ийэм кинигэни ааҕарын сөбүлүүрүн иһин ханна да сырыттар саҥа кинигэни атыылаһан кэһии гынан аҕалар буолара.  Кинигэбит  ыскаапка үстүү-түөртүү эрээтинэн батымына иһинэн-таһынан баран турара. Ким эмэ кинигэ уларсан баран биэрбэтэҕинэ ол харыһыйыыта буолара.

Кинигэни ааҕарга ийэбит үөрэппитэ. Сааспытынан көрөн маны аах, бу интэриэһинэй буолуо диэн сүбэлээн биэрэрэ. Аны көннөрү ааҕыы эрэ буолбакка, олус үчүгэйдик ырытар буолара. Ол миэхэ кэлин саха тылын уонна литературатын факультетыгар үөрэнэрбэр улаханнык туһалаабыта.

Хоһооннору олус сэҥээрэрэ, сэргиирэ. Илбистээх тыллаах суруйааччылары утаппыттыы ааҕара.

Ийэм дьикти киһи этэ. Ис-иһиттэн ийэ өйдөөх, муударай, сахалыы баҕайы айылҕалаах, олохтоох, дьоһуннаах өйдөөх-санаалаах буолара. Элбэх баҕайы сыыс, баллатыы, күүгэн быыһыгар ис дьиҥи булан таба көрөр дьоҕурдааҕа. Ол ону мин өрүү сөҕөрүм. Ону-маны, арааһы омун-төлүн буолан кэпсээн өрө ыһылыннахпытына,  истэн-истэн баран “ол аата маннык буолуон сөп, итинник буолуон сөп эбит” диэн сааһылаан, наардаан биэрэрэ.

Дьүөгэлэрэ олус сөбүлүүллэрэ. “Кини кэллэҕинэ тута санаабыт-сүргэбит көтөҕүллэрэ, кини көрө-нара, бэргэн, сытыы тыла-өһө, үтүө санаата, күлүүтэ барыбытын кынаттыыра” диэн. Олус үчүгэйдик артыыстыыра, дьону уот-харахха туттан-хаптан, саҥаран-иҥэрэн үтүктэн быара суох ыытара. Эһиги ийэҕитин ийэ эрэ быһыытынан билэҕит, биһиги кинини атын өттүнэн эмиэ билэбит” дииллэрэ.

Аһара уйан этэ. Таһыгар көрдөрүмүөн сөбө. Ким да билиэ суоҕун сөбө. Хомойуох иһин, биһиги эмиэ…

Хаһан да тугу да боппот этэ. “Ону гыныма, маны гын!” – диэн хамаандалааһын биһиги дьиэҕэ букатын суоҕа. “Киһи барытын кэмигэр оҥоруохтаах, туран-олорон, сүүрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан, кэлэн-баран, кэпсэтэн-ипсэтэн” диирэ.

Барыта дьоммут холобурунан, элбэх-хос мээритэ, саҥата суох, буоларын курдук иитии-такайыы барара. Көннөрү кэпсэтии быыһыгар ийэбит биһиэхэ эрэнэрин этэн аһарара. Ол баара кини эрэлин толоруу — саамай эппиэтинэстээҕэ.

Ийэбит барахсан хомойботор ханнык, кини эрэлин толорон орто дойду олоҕун киһилии сиэринэн олорон аастарбыт ханнык.

***

Күн күбэй көмүс сүрэхтээх Ийэлэри бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит!

Сылаас мичээргит, истиҥ сыһыаҥҥыт, иһирэх тылгыт биһиги олохпутун өрүү арыаллыы-араҥаччылыы сылдьарын сэрэйэбит.  Ийэлэрбит барахсаттар чэрдээх ытыстарын сылааһа эппитигэр-хааммытыгар бүтэйдии иҥэн, билигин даҕаны, харахпытын симнэхпитинэ ил гынан биллэргэ дылы.

Ийэлэри харыстааҥ, хомотор-хоргутар  диэни биллэримэҥ.

***

Туйаара НУТЧИНА,

“Аартык.ру”.

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Олус уйадыйдым

    НаЬаа уйадытардыы суруллубут.
    Бэртээхэй ийэлээх эбиккин.

  2. Сайаҕас

    Дьоммун санаатым, майгынныыр эбиттэр

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»