Гражданскай килбиэн бастыҥ холобура
Олунньу 23 күнэ – Аҕа дойдуну араҥаччылааччылар бырааһынньыктара. Бу күннэргэ Арассыыйа байыаннай чаастарыгар, баҕар, сэрии буола турар сирдэригэр да буолуо, хас эмэ тыһыынчанан саха оҕото Аҕа дойдубутун араҥаччылыыр ытык иэһин төлүү сылдьар.
Саха сиринээҕи Саллааттар уонна мотуруостар ийэлэрин кэмитиэтэ сыл аайы сулууспалыы сылдьар оҕолору, чаастарын хамандыырдарын кытта сирэй көрсөн, олохторун-дьаһахтарын кытта билсэн кэлэр үтүө үгэһэ Чечня сэриитигэр Саха сирин оҕолоро ыҥырыллан, суорума суолламмыттарыттан саҕаламмыта. Онтон ыла, бу үйэ чиэппэрэ холобурдаах кэмҥэ, Кэмитиэт төһөлөөх үлэни ыыппытын, төһөлөөх төрөппүккэ, саллаакка көмөлөһөн, өйөөн, үөрүүлэрин үксэппитин, аһыыларын үллэстибитин ааҕан сиппэккин…
Дьиҥэр, Кэмитиэт үлэтэ диэхтиибит даҕаны, бу – соҕотох саха дьахтарын хорсун быһыыта диир ордук сиэрдээх буолуо. Бэйэтин оҕолорун, сиэннэрин умнан туран, бэл, саастарын, ыарахан ыарыытын аахсыбакка, Мария Егоровна Емельянова “саха оҕолорун, ийэлэрин туһа” дии-дии, бэйэтинэн саллаат саппыкытын кэтэ-кэтэ, үксүгэр соҕотох, сороҕор оҕолорун көрсүһүөн баҕарар ийэлэри кытта хас тыһыынча килэмиэтири хаампыта буолуой?! Ол тухары, “дьон, дойду, норуот туһа” айанын ороскуота – бырайыаһа, аһылыга, хонор-өрүүр төлөбүрэ барыта бэйэтин хармааныттан, биэнсийэтин сыыһыттан барарын, мин эрэ буолбатах, элбэх киһи билэр.
Бу буолбатах дуо дьиҥнээх Гражданскай килбиэн, Геройдуу хорсун быһыы, бэл, “Арассыыйа ийэлэрэ” дэнэр бөдөҥ тэрилтэ ылсыбатах норуот туһугар кэмэ суох үтүөлээх дьыала! Бүгүн уордьана суох Герой Мария Егоровна холобура суох хорсун быһыытын биир түгэнин бар дьон билиитигэр таһаарыахпын баҕарабын.
2017 сыл кулун тутар ыйга Мария Егоровна баһылыктаах хамаанда үгэс курдук байыаннай чаастарга сылдьан кэлбитэ. Маршруттара – Свободнай, Серышево, Белогорскай, Екатеринославка, Хабаровскай, Бикин, Уссурийскай, Сергеевка, Раздольнай, Галенка, Сибирцево, Артем, Угловое, Владивосток.
Десант туһунан айан кыттыылааҕа, төрөппүт Дмитрий Егорович Колесов суоллааҕы бэлиэтээһиннэригэр сигэнэбит.
… 2016 сыл сэтинньи 15 күнүгэр уолум Давид Колесов Арассыыйа аармыйатыгар ыҥырыллан, Уссурийскайга 70-с биригээдэҕэ сулууспалыы барбыта. Уолбун көрсөөрү, таарыйа, табыллар буоллаҕына, бэйэм сулууспалаабыт чааспар сылдьан ааһаары, Саллааттар уонна мотуруостар ийэлэрин кэмитиэтигэр сибээскэ тахсыбыппар, “баһаалыста, айаны кыайыам диэтэххинэ, барыс” диэн буолла.
Дьэ, кулун тутар 15 күнүттэн унньуктаах уһун айаммыт саҕаланна. Оптуобуска оҕолорго аналлаах баһыылкалары тиэйэн, бэйэбит нэһиилэ кыбыллан олоробут. Бу олорон иннибитигэр туох күүтэрин хайабыт да билбэт…
Аллараа Бэстээх сыырыгар номнуо массыынабыт тыаһа-ууһа мөлтөөн барда. Нерюнгрины сарсыарданан буллубут. Өрөмүөнэ суох барар кыаҕа суохпут биллэн, МЧСтартан көмө көрдөөтүбүт, өрөмүөннэттибит.
Бу күн киэһэ бастакы чааспытыгар – Свободнайга тиийдибит. Оҕолору мунньан күүтэн олороллор. Оҕолор чаҕылыспыт харахтарын көрөн, хайдахтаах курдук эппиэтинэһи ылыммыппытын дьэ өйдөөтүбүт. Баһыылкаларбытын туттартаан, кинилэрдээҕэр ордук бэйэбит үөрдүбүт. Сонно-тута ыллаан-туойан, оһуохайдаан, үгүс үтүө сүбэни биэрэн, салгыы айаҥҥа турунабыт.
Түүн Серышеваҕа тиийиэхтээхпитин, чааспытыттан тахсаат, массыынабыт умуллан хаалла. Ытыс таһынар хараҥа, тыбыс-тымныы. Суоппарбыт массыынабыт “ыарыытын” булла эрээри, аны өкүмүлээтэрэ олорон хаалбыт. Бүттэхпит дии. Инньэ гынан билигин сылдьыбыт чааспыт хамандыырыттан көмө көрдөөбүппүтүн, быһа гыммата. Икки чааһынан кэлэн собуоттаан биэрдилэр. “Бу хараҥаҕа айаннаамаҥ, тоҥон өлүөххүт, хонуҥ” диэбиттэрин үрдүнэн, салгыы түһүнэн кэбиһэбит. Серышевобытыгар тиийэн мунан-тэнэн, чааспытын нэһиилэ буллубут.
Дьэ, манна мин күнүм үүнэр. Эдэр сааһым умнуллубат түгэннэрэ, саллаат доҕотторум мөссүөннэрэ өйбөр-санаабар кутулла түһэллэр. Мэйиим ханнык эрэ муннугар саһа сыппыт түгэннэр туспа иэйиинэн угуттууллар. Оҕолору мунньуохтарыгар диэри чааһым иһигэр сылдьа түһэр түгэн үөскүүр. 45 сыллааҕыта тахсан барбыт чааһым туга да уларыйбакка турарыттан үөрдүм да, харааһынным да. Кур бэйэтэ кубулуйбатах казармабар бэйэм быраатым дневальнайдыы турарыгар түбэстим. Птицын Алешаны көҥүллэтэн илдьэ бардыбыт, музейга, остолобуойга сырыттыбыт. Урукку биһиги аспытыттан чынха атын. Кистээбэккэ эттэххэ, манна итинник аһыыр ыал аҕыйаҕа суоҕа буолуо. Кулуупка көрсүһүүгэ “45 сыл анараа өттүгэр сулууспалаабытым” диэбиппэр, чаас хамандыыра полковник оччолорго төрүү да илигин эттэ. Эмиэ ыллаан-туойан, баһыылкаларбытын түҥэтэн, хаартыскаҕа түһэн, араҕыстыбыт.
Белогорскай. Хас да чааска сылдьыахтаахпытын, сороҕор киллэрбэтилэр. Онон баһыылкалаах оҕолорбутун болуоссакка ыҥыртаран, кыл түгэнэ көрсүһэн туттардыбыт, хаһыаттары биэрдибит.
Биир чааска КППны нэһиилэ аһардылар, букатын стройдатан киллэрдилэр. Ол да буоллар оҕолорбутун көрсөн, эмиэ үөрүү-көтүү. Түүн салгыы айаннаан истэхпитинэ, массыынабыт ыарыыта эмиэ киирдэ. Хата, баран иһэр чааспыт хамандыыра көрсөн, массыынабытын – гарааска, бэйэбитин казармаҕа түһэрдэ. Дьэ суунан, атахпытын тыылыы тэбэн утуйар дьолго тигистибит. Сыыйа баһыылкаларбыт көҕүрээн, кыратык сытан эрэ айанныыр буолан бардыбыт.
Бикини түүн буллубут. Оҕолорбутун мунньубуттар, кэтэһэн аҕай олороллор эбит. Кыттыһан кыра да буоллар ас бэлэмнээбиттэр, үүттээх итии чэй иһэн, оҕолорбутугар махталбыт муҥура суох. Истиҥ кэпсэтии бириэмэни биллэрбэтэ. Эмиэ Дмитрий ырыата-тойуга, хомуһа, оҕолор ырыалара, хомустааһыннара, уопсай оһуохай, уруй-айхал. Оҕолорбутугар уһун кэмҥэ өйдөнөр бэлэх буоллаҕа диэн сэрэйэбит.
Хабаровскай кыраайга элбэх чааска сырыттыбыт. Оҕолорбутун көрсөн, баһыылкаларын түҥэтэн, эмиэ үөрүү-көтүү. Светабыт кэргэнин көрсөн, хаалла. Салгыы 11 буолан айаннаатыбыт.
Уссурийскайга эмиэ чаас элбэх. Бэйэм оҕобун көрсөрүм эрэ… Эмиэ хойут тиийдибит. Тохтообут чааспыгар тиийэрбэр, хата, оҕом кэлэн кэтэһэн турар эбит. Усуйаанаттан кэлбит Дария уонна Лена оҕолорун көрсөөрү, Галенкалыыр буоллулар. Онно барар баһыылкалары ылан, төннүүнү болдьоһон баран, таксинан бардылар. Биһиги киирэн оннубутун булан, оҕобун кытта бары бииргэ чэйдээтибит. Онтон ийэтэ астаабыт кэһиитин ылан, хамандыырын кытта чааһыгар барда. Дьэ, итигирдик.
Раздольнайга 7 оҕону көрсөбүт. Манна Дмитрий сиэн быраатын көрүстэ уонна дьиэтигэр төннөр буолла. Хайыахпытый, Артемҥа тиийэн араҕыстыбыт. Онон, мантан антах, оҕолорбут, көрсөөт да, “оһуохайдыыбыт дуо?” дииллэрин иһин, үйэбитигэр оһуохай таһаарбатах дьон оһуохайдыыр буоллубут. Саха сатаабатаҕа суох диэн баран, суоппар Андрейбытын, Пашабытын этиттибит, биир сырыыга оннооҕор бэйэм эттим. Плацка оһуохайдаан, оҕолорго улахан күүтүүлээх бэлэх буолла. Үс саха баар сиригэр чааһы барытын сахалыы ыллаттыбыт, “аллаах” диэн хаһыытыы олорор омуктары Аида Михайловна сүһүөхтэригэр туруоран, уруй-айхал этитэн, киэн туттууну үөскэттэ. Сүүс омук көрөн турдаҕына Саха сирин былааҕын өрө тутан туран “Мин сахабын” дэнии туспа дьол эбитин итэҕэйдим, дьоллоннум.
Бу десант тугу көрдөрдө? Бастакытынан, сахалар түмсүүлээх норуоппутун көрдөрөр. Хамандыырдар этиилэринэн, маннык хамсааһын атын ханнык да омукка суох эбит. Ол гынан баран тэрээһинэ дьон өйө-санаата ситэ илигин көрдөрдө.
Ол курдук, айаммыт былаһын тухары сорох чаастары күммүтүн бараан буллубут. Сороҕор тиийбиппит барыларын полигоҥҥа ыыталаабыт буолаллар, ол аайы төттөрү-таары кэлии-барыы, мунуу-тэнии, массыына моһуога.
Сыыһа-халты суруллубут аадырыстар, аны киллэрэр санаалара суох хамандыырдар, КПП таһыгар, куорат ортотугар тоҥуу-хатыы, туалета, аһа суох суукканан олоруу. Төлөпүөн харчыта, заряда бүтэрэ ааҕыллыбат даҕаны. Ол былаһын тухары туруорсуу, Мария Егоровна быыстала суох кэпсэтиитэ. Ханна баалларый, хамнас ылар бэрэстэбиитэллэрбит? Бүтэр бүппүтүн кэннэ, “хаартыскаҕа түһүөхпүт” диэн, отчуоттанаары, тэрээһиҥҥэ кытынныбыт диэри, ханна эрэ ыҥырдылар…
Биир хомолтолооҕо – төрөппүттэр хаҕыс сыһыаннара. Оҕолорун туһугар биир да кэппиэйкэни ылбакка сүүрэ-көтө сылдьар дьону хомуруйуулара оҕолор үөрүүлэрин тутахсытта. Ону кытта сыыһа-халты суруллубут аадырыстар…
Ол эрээри сыалбытын сиппиппитигэр, оҕо хомойбут хараҕын көрбөтөхпүтүгэр барыгытыгар барҕа махтал! Мария Егоровна Емельянова уонна Дмитрий Егорович Артемьев өҥөлөрө туох да мөккүөрэ суох эбит.
***
Галина НОВИКОВА бэлэмнээтэ
Оставить комментарий