Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Курс валют
Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Меню
Поиск по сайту

Доҕор

14.02.2022 08:46 1
Доҕор

«Доҕордоох киһи дьоллоох», «Атас туһугар атах тостор» диэн доҕордоһуу туһунан сахаларга элбэх өс хоһооно баар. Кырдьык, үчүгэй, эрэллээх доҕордоох диэн дьол буоллаҕа. Үтүө доҕор – Таҥара бэлэҕэ, киһи эрэ тиксибэт дьоло. Сорох олоҕун тухары биир эрэллээх доҕору булан ылбат, эбэтэр тутан хаалбат. Оттон ким эрэ элбэх эрэллээх доҕоттор тапталларыгар таалалыыр.

Кыайан доҕордоһор диэн эмиэ ураты талаан быһыылаах. Истиҥҥэр истиҥинэн хардарар, эрэлгэр эрэбилинэн  эппиэттиир дьиҥнээх доҕотторго таба тайаныы, баҕар, үөһэттэн тутулуктааҕа буолуо. Дьылҕаҥ анаан-минээн үтүө доҕоттору тиксиһиннэрэрэ дуу?

…Эбэтэр киһи бэйэтэ хайдаҕыттан истиҥ доҕор булара 100% тутулуктааҕа эбитэ дуу. Үтүө киһиэхэ үтуө дьон талаһан эрдэхтэрэ… Өскөтүн эн эрэллээх доҕоруҥ (аймахтаргын аахсыбатахха туран) суох буоллаҕына, ол аата бэйэҥ дьоҥҥо сыһыаныҥ соччото суох буолан, истиҥ доҕор диэн тугун билбэккэ бу Орто дойдуга олорон ааһыаххын сөп. Дэлэҕэ даҕаны кими эмэ сэмэлээри гыннахтарына: «Пахай, ол киһиҥ биир да табаарыһа суох», – диэн этиэхтэрэ дуо?

Сөбүлэһэбин – сорох дьон майгыларынан олус бүөмнэр, туора киһини чугаһаппаттар. Кимиэхэ да ис санааларын биллэрбэккэ, кэпсээбэккэ сылдьар, олорор кыахтаахтар. Ол бэрт дэҥҥэ да буоллар баар. Оттон үксүбүт истиҥ доҕорго наадыйабыт. Сүтэрдэхпитинэ харыһыйабыт, айманабыт, соҕотохсуйабыт.

Мин наһаа истиҥник саныыр, тапталлаах дьүөгэм бу сайын соһуччу баран хаалаахтаата. Эмискэ. Эргиллибэттии. Кимиэхэ да быктарбатахпын, кимиэхэ да кэпсээбэтэхпин кэпсиир, үллэстэр киһим… Түүн да ыҥырдахпына, ыҥырдаҕына тугу барытын быраҕан туран өйөһөр, эрэйи да, дьолу да тэҥҥэ үллэстэр киһим, ийэбэр-аҕабар, кэргэммэр, аймах дьоммор да кэпсээбэт кистэлэҥмин билэр киһим… Тугу саныырбын, тугу ыраланарбын, туохтан куттанарбын аһаҕас кинигэ кэриэтэ ааҕар истиҥ дьүөгэм эмискэ суох буолан хаалла…

Аһына-харыһыйа, соҕотохсуйа сатаан баран сороҕор, киниттэн да сылтаан буолуо, атын тэйиппит дьүөгэлэрбин таах халтай тутуһа сылдьыбытахпын дии саныыбын. Ол эрээри бүүс-бүтүннүү баҕаҥ хоту атын киһилиин ылбычча өйдөспөккүн, чугаһыспаккын ээ. Син биир кимиэхэ барытыгар эргэ барбатыҥ, ойох ылбатыҥ курдук.  Истиҥ доҕору эмиэ ис санааҥ сыттаҕына эрэ булаҕын.

Дьахталлар кыайан доҕордоспоттор диэн нууччалар этэллэр. Баҕар, буолуо эбитэ дуу. Дьахтар бэйэмсэҕэ сыттаҕа. Субу бүгүн биир хоруопка сытыах курдук уу тэстибэтиниии ыбылы дьүөгэлэһэн баран туохтан эрэ ар-буо дэстэхтэринэ, сонно тута уларыйа түһэллэр. Онон да буолуо “истиҥ доҕор – саамай кутталлаах өстөөх” диэн этии эмиэ  үөскээтэҕэ. Онон олоххо биирдэ бэриллибит истиҥ дьүөгэни сүтэрии – бэйэҥ быһаҕаскын сүтэрбит курдук буолар эбит.

“Элбэх эрэллээх доҕоттордоохпун”, – диир дьоҥҥо ымсыырабын. Ордук ити эр дьон уоһуттан иһиллэр. Дьахтар киһиэхэ итинник этинии суох да быһыылаах. Сааһыран истэх аайы биир санаалаах, өйөһөр-өйдөһөр, санааҕын тоҕо кэпсиир да киһини булуу уустугуран истэҕэ. Ол эрээри олохпут устатын тухары син биир чугас доҕорго, дьүөгэҕэ талаһыы тыыннааҕын тухары баар, ханна барыйа.  Баҕар мин сүтэрбит дьүөгэм курдугу дьылҕам өссө ыытыаҕа диэн эрэнэ сатыыбын буолан баран…

Истиҥник саныыр  дьүөгэм барахсан, быдан дьылларга быраһаай…

***

Лариса МАТВЕЕВА.

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. Коннору

    Догор диэн ойдобул киси киси буоларын тухары баар буолуо. Арай били киси робот буоллагына эрэ суох буолара дуу.. Ол эрэн билигин да “общество потребления” диэннэ догор диэн понятие сутэн эрэр бысылаах. Компаньоны, союзники на время, на грубом физиологическом основе партнёры диэн курдук буолан эрэр бысылаах.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»