Дмитрий ИВАНОВ: Ыһыах диэн – тиллии, тыллыы, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйүү
Айылҕаларын быһыытынан сахалыы сиэрдэрин-туомнарын толору тутуһан олорбут кырдьаҕас аҕаҕа, ийэҕэ иитиллэн, уһуйуллан чөл сахалыы өйдөөх-санаалаах, быһыылаах-майгылаах, айылгылаах киһи – биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт Дмитрий Семенович Иванов (1966 с. төрүөх.)
Айбыт аҕата Иванов Семен Герасимович – Чыыраха Сэмэн (1919 с. төрүөх) бэйэтин кэмигэр түөлбэтигэр киэҥник биллэр оһуокайдьыт, олоҥхоһут, алгысчыт. Икки олоҥхолоох, онтон биир «Куруҥ хара тыаны кулҕааҕын харатынан куотан көстөр кулун кугас аттаах Кулан Боотур».
Күн күбэйэ ийэтэ – Ксения Саввична (1928 с. төрүөх) – көмүс тарбахтаах иистэнньэҥ эбит.
Дмитрий Семенович, аҕатын туйаҕын хатаран, биллэр алгысчыт, тойуксут, оһуокайдьыт, түөрт оҕо амарах аҕата, сиэн кыыс эрэллээх эйэҕэс эһэтэ, айар-тутар үлэтин үгэнигэр сылдьар дьиҥ сахалыы өйдөөх-санаалаах киһи. Кини киһи күннээҕи олоҕун сахалыы сиэрдээхтик дьаһанан олоро, саҥарар тылларын суолталаан тутта сатыахтаах диэн бигэ эрэллээх.
– Дмитрий Семенович, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинигэр «Тойук» фольклорнай ансамблын салайааччытын, Христофор Максимов фондатын толорор дириэктэрин, алгысчыт, тойуксут, оһуокайдьыт быһыытынан эйигин дьонуҥ-сэргэҥ билэр. Бу айымньылаах сыралаах үлэҕэр туох мэһэйдэри, «ыарахаттары» көрсөҕүн?
– Дьэ, «ыарахан» диэн тылы олохпор олох туттубаппын, быһаарыллыбат боппуруос, проблема диэн олоххо, үлэҕэ суох дии саныыбын. “Ыарахан” диэн олох ыарахан, кыаллыбат буоллаҕа дии. Уустук боппуруостар диэн бааллар, олор кэм-кэрдии быһыытынан хайа кыалларынан быһаарыллан иһэллэр. Тылы туттарбар тыл суолтатыгар улахан болҕомтону уурабын, онон сорох ыарахан тыыннаах тыллары сатанарынан туттубаппын.
– Ол аата тыл ис дьиҥ илдьэ сылдьар күүһүн-кыаҕын өйдөөн, сыаналаан туттар буоллаҕыҥ дии. Кырдьык оннук, сорох тыллар ыарахан тыыннаахтар, сэттээхтэр-сэмэлээхтэр, алдьатар ааҥнаахтар, оттон үгүс тыллар сиэрдээхтэр, айар-тутар айылгылаахтар. Эн алгысчыт, тойуксут буолаҥҥын тыл ис кистэлэҥ күүһүн ис туруккунан, эккинэн-сииҥҥинэн билэр буоллаҕыҥ.
–Тыл кистэлэҥ күүһүн эппинэн-сиимминэн билбэтэрбин даҕаны сиэр-майгы быһыытынан, өйдөбүлүнэн, сэтин-сэлээнин эт бэйэбинэн билбэтэҕим даҕаны иннигэр,ийэм, аҕам кырдьаҕас дьон буоланнар, оннук иитиилээх киһи «бессознательно» онно тиийэр буоллаҕа диэн өйдүүбүн, оҕо эрдэххиттэн итинник гыныма, маннык гынарыҥ буоллар ордук буолар диэн этэр буоллахтара дии, тылларынан. Оннук эппиттэрэ-тыыммыттара эккэр-хааҥҥар тиийэн иҥэн хаалар буоллаҕа дии. Ол иһин мин билигин куһаҕан сокуон кэриэтин улахан сиэрдээх үйэлээх үгэс олоҕу хамсатар дии саныыбын. Уопсайынан. үгэс олоҕу хамсатар. Холобура, Михаил Ефимович Саха сиригэр, бэс ыйын 21 күнүн – Ытык Ыһыах күнүнэн сокуон быһыытынан биллэрбитэ эрээри, ол иннинэ ким даҕаны уурааҕа суох үгүс үйэлэр үтүө үгэстэрин быһыытынан, саха омук ыһыах ыһан олох араас аас-туор сылларын, ыарахаттарын, түһүүлэрин-тахсыыларын туораан этэҥҥэ олорон кэллэхпит дии. Ол буолар үгэс күүһэ диэн. Үгэс быһыытынан олоҥхолоон, үгэс быһыытынан ыллаан-туойан, үгэс быһыытынан аал уоппутунан арчыланан, үгэс быһыытынан үлэлээн-хамсаан, үгэс быһыытынан олох олорон, оҕо төрөтөн, үгэс быһыытынан Айыыларбытыныын, айылҕабытыныын алтыһан кэллэхпит. Ол быһыытынан тылга, олоххо сэрэтэр араас бэлиэлэр элбэх буоллахтара дии. Ону, холобура, суолга сэрэтэр бэлиэлэри тутуспатаххына туох эйигин күүтэрэ сэрэйиллэр буоллаҕа. Ол курдук айылҕаҕа, олоххо-дьаһахха сэрэтэр бэлиэлэр кэлэн ааһаллар, ол бэлиэни бэлиэ курдук ылынан бэйэҥ бодоҕун сиэрдээхтик сылдьаҥҥын тардыныахтааххын. Ол сиэриҥ үйэлэр уопуттарыгар олоҕурбут үгэстэр, олох олорор тээрээһиннэр буолаллар. Онон туох барыта толоруллуон иннинэ тэрээһин боппуруостара быһаарыллар. Ол курдук оҕо бу орто туруу дойдуга төрөөн төбөтүнэн түһэригэр айылҕата хайдах тэрийэн, ол ону хайдах тутуһан, сценарий быһыытынан сылдьар дуу, сылдьыбат дуу диэн буолар. Мин көрдөхпүнэ барыта сүрдээх борустуой эрээри, уопсай өйдөбүлэ – сиэрдээх буолуу.
Ыһыах
– Култуура үлэһитэ буоларыҥ быһыытынан билигин арыый уустук боппуруоска киириэххэ.
– Дьэ, ол туохха?
– Ыһыахха. Бу соторутааҕыта ыһыахтарбыт аастылар. Ол ыһыахтарбыт хайдах тэрээһиннээх аастылар? “Ыһыах” диэн эн санааҕар тугуй?
– Ыһыах тэрээһинигэр кыттыбатаҕым быданнаата. Ол гынан баран урут даҕаны турбут, билигин даҕаны кыайан быһаарыллыбатах боппуруос, кыһалҕа диэххэ дуу, баар. Ыһыах ким эрэ аатынан, ким эрэ үбүлүөйүнэн… диэн буолар, итини тохтотор кэм кэллэ диэх курдук толкуйдуубун. Ыһыах диэн мин саныахпар тиллии, тыллыы, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйүү. Оттон бу биһиги өлбүт киһи аатын ааттаан, мэтириэтин ыйаан туран Үрдүк Айыылартан көрдөһүүбүт С. Зверев «Оһуор» үҥкүүтүн үөскээһинин остуоруйатын үһүйээнигэр маарынныыр курдук. Ол маннык. Ханнык эрэ баай киһи оҕото өлөн хаалбытыгар, аһыйаахтаан үс сыл көмпөккө, булууска (буолуо) кистии сылдьан, сайын ахсын таһааран түһүлгэни эргитэ хаамтарбыт диэн номох баар. Туох санааттан оҥорбутун билбэтим. Бу ыарахан көстүү буолбатаҕа буолуо дуо. Ыһыах кими эрэ чиэстээн, ким эрэ аатынан ыһыллара сэбиэскэй кэмтэн кэлбит быһыылаах, сиэрбит-майгыбыт сатарыйбытын көрдөрөр.
Өбүгэлэрбит Эллэй эһэбит оччо сааһын туолла диэн ыһыах ыспатахтара буолуо.
Ыһыаҕы ыһыах курдук ыһар кэм кэллэ дии саныыбын. Биллэн турар үтүө, улахан дьоммутун бэлиэтиэххэ, ытыктыахха наада. Ол гынан баран, саха дьоно өлбүтү хаһан даҕаны уруйдаабат, айхаллаабат сиэрдээх-майгылаах. Ол быһыытынан, саха киһитэ оннооҕор ийэтин, аҕатын барбыттарын кэннэ ийэ сиригэр булларан, унуоҕун эргийэн баран үс сыл кэннэ хаһан даҕаны эргиллэн көрбөт. Өлбүт дьону саныыр, ахтар сиэр быһыытынан сатаммат, айылҕалаах дьон этэллэринэн өлүүнү бэйэҥ ыҥыран аҕалаҕын, ыыппакка баайа сылдьаҕын, барбыт барыахтаах, тиксиэхтээх сиригэр тиийиэхтээх диэн буолар. Холобура, ханнык эрэ ыарыыттан эмтээх оту сиэри таһынан хомуйан уурунар буоллаххына, дьоҥҥо туһалаабат буоллаххына, ол сэрэммит-сэрбэммит ыарыыҥ тиийэн кэлиэн сөп дииллэр. Саха үгэһэ, итэҕэлэ барыга барытыгар сиэрдээх буолары ирдиир.
Киһини олох сиэригэр-майгытыгар ийэлээх аҕата эрэ үөрэппэт, аттыгар сылдьар аймах-билэ дьонноро, олорор эйгэтэ үөрэтэр, уһуйар. Онон саха киһитигэр бар дьоно, сирэ дойдута улахан суолталааҕа олоҥхоҕо даҕаны этиллэр. Олоҥхоҕо көрөрбүнэн бухатыыр бар дьонугар этэн, кинилэрдиин бырастыылаһан барар, эмиэ сирин-дойдутун, бар дьонун туһугар, ийэ, аҕа диэн өрө тутуу суох. Олоҥхо олоҕу олорор ньыматын схемата, олоҕу көрүүтүн философията оннук. Олоҥхобутун араас омук тылынан бөрүбүөттээн аан дойдуга остуоллаан биэрэрбитин мин соччо биһирээбэппин. Олоҥхо Саха омук олоҕун түстүүр кода буоллаҕа, бу кистэлин атыттар, сиэрэ суох дьон, арыйан олоҥхобутун бэйэбитин утары туруоруохтара, атын дьон туһаныахтара, чахчы наадалаах диэтэхтэринэ. Ону өйдүөхтэрэ дуу суоҕа дуу? Ол боппуруос. Алмааспытыттан сахалар төһө туһанныбыт. Ол курдук. Биир даҕаны олоҥхону киһилии, дьиҥ чахчы олоҥхолообокко, өйдөөбөккө сылдьаммыт, «сүмэһиммитигэр буһумаарыбыт» олоҥхобутун аан дойду таһымыгар таһаарабыт диэн тыллаахпыт. Мин ону, чэпчэтэн эттэххэ, өйдөөбөппүн, утарабын.
Бу билиҥҥи ыһыахтар шоуга кубулуйдулар, хайаан даҕаны кэнсиэртээх буолуохтаахтар. «Дьону ыҥыран бараммыт тугунан аралдьытыахпытый?…» – диэн буолар. Сылга биирдэ буолар ыһыаххар сиэргин тутус. Тутуспат, ылыммат буоллаххына, баһаалыста, эн бу ытык сиргэ олох үктэнимэ ээ, ол бэйэҥ суобаһыҥ. Саҥа Дьылга курдук дьиэҕэр тэлэбиисэргэ кэнсиэргин көрө-көрө олор. Ол иһин ыһыах диэн өйдөбүл, тэрээһин арыый хоннохтоохтук, сахаҕа бэйэтигэр чугастык быһаарыллара, боппуруос киэҥник көтөҕүллэрэ наада.
Ыһыахха дьиҥнээх, дьоһуннаах тойук, оһуокай, олоҥхо истиитэ, сиэр-туом тутуһуллуута, түһүлгэҕэ олорон аһааһын, сахалыы сылыктаан сэһэргэһии, күнү-дьылы билгэлээһин, тугу эрэ тойоннооһун о.д.а баар буолуохтарын сөп. Илии-атах оонньуутуттан, ат сүүрдүүтүттэн, а.э. былыргы ыһыах хааммыытыттан – сиэриттэн-туомуттан, аһааһыныттан, көрүттэн-нарыттан, оонньуутуттан ураты атын киирии суох буолуохтаах. Билиҥҥи ыһыах мойуопка бэрээдэгинэн барар буолла, эн сиэргэр-туомнар наадыйбаттар, балаакканан сынньана сытар үчүгэй буоллаҕа. Оннук буоллаҕына ыһыах атыннык ааттаныан наада. Холобура, «Сайыны көрсүү». Ыһыах – сиэр-туом тутуһуллар ытык күнэ.
«Вызов и ответ» диэн сүрдээх үчүгэй философскай көрүү баар. Айылҕа «вызов» биэрдэҕинэ киһи онуоха хайдах эппиэттиириттэн кини инники дьылҕата быһаарыллар диэн. Ол курдук, холобура, уу-хаар кэлиитин, «глобальнай потепленияны», атын даҕаны тургутан көрүүлэри айылҕа киһи аймахха «вызова» диэххэ сөп. Онно киһи аймах хайдах эппиэттииринэн инники дьылҕатын охсунар.
– Бу маннык айылҕа тургутан көрүүтэ, киһи аймах аҕылҕа ирдэбиллэринэн олорбокко, айылҕаҕа киһи «вызов» оҥорбутугар айылҕа барахсан эппиэтин курдук эмиэ көрүөххэ сөп дии.
– Холобура, көрүөҕүҥ былыргы чороонноруҥ көрүҥнэрин, оһуордарын-мандардарын. Үөһэттэн уйгу-быйаҥ оһуордара чороон балхаҕын ортотугар дылы түһэллэр, аллараттан ортотугар дылы от-мас үүнэр, чэчириир оһуордара тахсаллар уонна бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэсиһэн хардарыта барсаллар. Ханнык баҕарар техникаҕа эмиэ шестеренкалар тиистэрэ бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта барсаннар хамсааһыны, ол техника үлэлиирин хааччыйаллар. Онон айылҕабыт ыйытыгар дьүөрэлэһии сокуонунан эппиэт бэриллиэхтээх, оннук эппиэти биэрбэтэххинэ, ньыҕаллыы, сатарыйыы барар. Чуолкай буоллаҕа дии.
– Кырдьык Айылҕа ытык ирдэбилэ – дьүөрэлэһии. Дьэ, дьикти…. Айылҕа бу көрдөрөр, олоххо көҕүлүүр көстүүтүн киһи аймах эмиэ даҕаны үчүгэйдик өйдүүр курдук, технократия садыытыгар ол ылбыт билиитин-көрүүтүн кэбэҕэстик туттар, онно олоҕуран айар-тутар уонна, аһары баран, бу айылҕа көмөтүнэн айбытын-туппутун кинини алдьатарга, эйгэбитин эһэргэ туттар дии. Бу манныгы этэн эрдэхтэрэ: «Аҥаар илиитинэн хомуйар, аҥаарынан ыһар», – диэн. Ылар эрэ саҥнаахпыт….
– Сүрдээх борустуой дии. Ол иһин биһиги төрүттэрбит айылҕа сиэрин быһыытынан ыһыах ыһан олорбут буоллахтарына, аныгы үйэ дии-диибит ыһыахпытыгар араастаан атыны киллэрэ сатыырбыт букатын сыыһа дии саныыбын. Айылҕаны кытта атыннык «алтыһыан» баҕалаах дьоннор болдьоһон баран хаһан баҕарар бэйэлэрэ таптыылларынан дьаһанан таҕыстыннар ээ. Ыһыах сиэрэ-туома, ыытыллар үгэһэ, мин санаабар, Айылҕа ыйытыытыгар биһиги ытык эппиэппит буоллаҕа дии. Саха киһитэ Айылҕа сиэрдээх ыһыах ыһан инники дьылҕатын оҥостунара биллэр. Биһиги бу билиҥҥи курдук таһымнаах ыһыах ыһарбыт, бу маннык быһыылаахтык Айылҕа барахсаҥҥа эппиэттиирбит инники дьылҕабытыгар сырдыгынан, үчүгэйинэн эргиллэн кэлиэн итэҕэйбэппин.
– Сэбиэскэй кэмҥэ, омук быһыытынан атын баһылыыр омукка суураллыы кэмигэр, тахсыбыт үгэс билиҥҥи ыһыахтар ыытыллар тутулларыгар сабыдыаллыыр быһыылаах. Онон ыһыах диэн саха омук үйэлэринэн сүүмэрдэммит билиитин-көрүүтүн, олоҕу анаарыытын көрдөрөр сиэрдээх-туомнаах итэҕэлин бырааһынньыга буоллаҕа.
– Дойдубар бара сылдьан урукку уруһуйдаабыт тэтэрээппин булан көрбүтүм. Онно 90-н сыллаахха парка проегын набросогын уруһуйдаан оҥорбуппун, халлаантан көрдөххө чороон формата формалаах, сүүрбэ сэттэ км. усталаах, тоҕус км. туоралаах ыһыах ыһыллар территориялаах, ортотугар Айыы Дьиэлээх уонна атын туспа дьиэлэрдээх. Бу территорияҕа ыһыахтыыр дьон сатыы бараллар, массыыналар киирбэттэр, хас эрэ км-дээх сиргэ тохтууллар. Биһиги сахабыт сиригэр киһи аймах үөскээбит, цивилизация олох тыыппатах ытык сирдэрэ бааллар. Мин билэрбинэн, Өлүөнэ, Бүлүү эбэлэр икки ардыларыгар, уонна Сиинэ үрдүк сирдэринэн туох да улуу, киэҥ, кэрэ сыһыылар, хонуулар бараллар, этэргэ дылы икки атахтаах мээнэ үктэммэтэх сирдэрэ бааллар. Чахчы сүдү ытык сирдэр! Бу ытык сирдэр ааттыын-суоллуун Бүлүү бөлөх улуустарын сирдэрин ааттара ааттаахтар. Арҕааҥҥы цивилизация сыта да суоҕуна, бэрт эрдэ, Сиинэ хайаларын суруктарын саҕана, киһи аймах тоҕуоруйан олорбут, дьиҥ олоҥхо тыыннаах, тыл сүмэтэ иҥмит сирдэрэ буоллахтара. Бу ытык сирдэртэн көҥүл ылан баран, онно сахалыы дьиҥнээх ыһыах ыһыахха баара. Ытык сиргэ тиийиэх иннинэ массыынаттан түһэн, аналлаах сиэри-туому толорон, тиэтэйбэккэ аа-дьуо хааман, ытык сир тыынынан дуоһуйа тыынан, дьүөрэлэһэн, өйдүүн-санаалыын сааһыланан ыһыах түһүлгэтигэр – Ытык Ыһыах ыһыллар сиригэр, сиэригэр-туомугар итэҕэл, эрэл эйгэлэнэн дьон-сэргэ бэлэм тиийиэхтээх диэн. Ыһыах диэн Айылҕабытыгар, Аар Айыыларбытыгар сүгүгүйэр, иитэр-уһуйар суолталаах, кинилэр ыйытыктарыгар биһиги – саха аймах хардары эппиэт биэрэр, киниэхэ сыһыаммытын көрдөрөр, сүгүрүйэр, алтыһар, алгыс ылар инструмеммыт, институуппут буолар. Саамай сүнньэ – ыһыах сиэрин-туомун тутуһуохха наада.
– Мин Ыһыах саха киһитэ сылга биирдэ, айылҕа олоххо тардыһар күүһэ-кыаҕа ситэн, силигилээн, аан дойду эйгэлэрэ бары дьүөрэлэһэ эйэргэһэн, олоҕу уруйдуур ытык кэмнэригэр, сай сатыылаан турдаҕына итэҕэлинэн, олох, айылҕа ытык ирдэбиллэрин хайдах өйдүүрүнэн, ылынарынан Аар Айыыларга, Айылҕа иччилэригэр сүгүрүйэн, олоҕу саргылыыр кистэлэҥ улуу күүстэрин алгыһынан айхалланан, бу улуу күүстэри махталынан маанылаан, сиэр-туом силиктээн алтыһан арчыланар, араҥаччыланар, олоҕун оҥкулларын оҥостор улуу ытык күнэ дии саныыбын.
Өбүгэлэрбит бу ытык күннэрин сылы быһа күүтэн, өйдүүн-санаалыын, таҥастыын-саптыын, астыын-үөллүүн, көрдүүн-нардыын бэллэмнэнэн аххан көрсөллөрө эбитэ буолуо. Ыытыллыбыт ыһыах сиэрэ-туома, алгыһа, ырыата-тойуга, оһуокайа, көрө-нара, аһылыга сыл устата кэрэ кэпсээн буолан сүргэлэри көтөҕөн эрдэҕэ, аныгыскы ыһыаҕы көҕүлүүр күүс буоллаҕа. Атын омуктарга барыларыгар халбаҥнаабакка тутуһуллар ытык сиэрдээх-туомнаах итэҕэл күннээхтэр, ол күнү көрсөргө аналлаах тустаах бэлэми бараллар. Оттон биһиги хаһан оннук тэринэн ыһыахтыыр буолабыт?
– Ытык Ыһыахпытын сөптөөхтүк сыаналаан, ылынан, шоутутуллаах ыһыахтартан иэҕиллэн сахабытын билинэр, ылынар, сайыннарар, утумнуур, саргылыыр ыһыахтарбытын дьиҥсахалыы тыыннаан, тулхадыйбат сиэрдээн-туомнаан ыһар, ыытар кэммит олох ирдэбилин быһыытынан тирээн кэллэ дуу дии саныыбын. Ыһыах олох төрүт саҥа таһымҥа тахсыахтаах. Саха сиригэр олорор омуктар ыалдьыт быһыытынан сырыттыннар, сиэрбитин-туоммутун көрдүннэр, тутустуннар. Кинилэр эмиэ омуктарын итэҕэлинэн иитиллэр, үүнэр-сайдар, сүгүрүйэр күннээхтэр, ол ытык күннэрин сиэрин-туомун тулхадыйбакка тутуһаллар. Киһи үөрүөх эрэ курдук. Оттон биһиги?… Ыһыах тула элбэх кэпсэтии тахсыан наада…. Мин курдук санаалаах, көхсүлэринэн билэн, сэрэйэн сылдьар дьон син элбэхтэрэ буолуо. Көҕүлүүр кэпсэтии, дьон, дьайыы тахсыан наада.
Оһуокай
– Аны оһуокайы ылан көрүөҕүҥ. Ыһыах тыына – оһуокай буоллаҕа дии, оһуокайа суох ыһыах суох.
–Ыһыах тыына тоҕо оһуокайый? Учуонайдарбыт быһааралларынан «үҥк», «үҥүү», «үҥкүү», үҥкүүнэн – оһуокайынан үҥэн-сүктэн барааһын диэн. Сиэр быһыытынан оһуокай тылыгар-өһүгэр, хоһуйуутугар Үрдүк Үрүҥ Айыыларга сүгүрүйүү алгыс аҥардаах үтүө тылларын этиллиэхтээх. Билиҥҥи киһи оһуокайы этиитигэр хайаан даҕаны бу ситим баар буолуохтаах. Онон сиэр быһыытынан Үрдүк Үрүҥ Айыылартан саҕалаан Айылҕа, Иччилэр, ыһыах ыытыллар сирэ-уота, Аар Баҕаҕа сиэтиллэн хоһуйуллан, эгэлгэлээн этиллэн, тыыннанан оһуокай үҥкүүтэ саҕаланар эбит, дьэ онтон кэлин улам-улам кэҥэтэн, чэпчэтэн оһуокайдьыт тугу баҕарар туойан барар буоллаҕа, оһуокай туох баар силигин ситэрэн баран. Кэлиҥҥи кэмҥэ оһуокайтан ураты ыһыах көрө-нара син бэркэ барар дии саныыбын. Оттон оһуокайа олох мөлтөхтүк барар. Тоҕо? Дьон кэлбэт. Тус бэйэм санаабынан эттэхпинэ оһуокай эйгэтэ олох уларыйда. Мин үйэбэр уларыйда. Хомолтолооҕо ол баар. Урут, мин оҕо сырыттахпына, дьон оһуокайга дьоһуннанан, үөрэ-көтө, эйэргэһэ, тоҥхолдьуһа, долгулдьуйа, куоҕалдьыһа сылдьаллара наһаа үчүгэй буолара. Ол билигин суох, тоҕо диэтэххэ билигин оһуокайга «куоҥкурус» диэн «кыыл» киирбититтэн. Ол кыылыҥ дьон кыылын барытын туруортаан кэбистэ.
Жюри диэн тыыннаах дьоннор, онон хаһан даҕаны объективнай буолбат, иһигэр араас майгылаах-сигилилээх дьон киирэр буоллахтара дии.
Оһуокайга куоҥкурус тохтуон наада, аҕыйах сылынан «ытыс соттон» хаалыахпытын сөп. Этэр оҕолор бааллар, үксэ кыргыттар, аҕыйах уолаттар эмиэ бааллар. Аны оһуокайга кынаттыыр дьоннор суохтар. 2000 сыллаахха миэхэ кынат буолбут дьоннорум Чороонноох Баһылайиҥин, миигин оһуокайга уһуйбут ытык кырдьаҕастар, С. Зверевкэ кынатчыт буолбут дьон, билигин, хомойуох иһин, суохтар. Билигин оһуокайга үҥкүү тылын этээччини бары биир куолаһынан биир тональноска үтүктэллэр. Оһуокай хаамардыын-сиимэрдиин, сиэрдиин-майгылыын уларыйбыт. Оһуокайдьыт кырдьаҕастары тилэх баттаһар 50-наах, 60-наах билиҥҥи дьон баянынан ностальжи күүтэллэр, үксүлэрэ оһуокайга киирбэттэр, сыстыбаттар, киирдэхтэринэ даҕаны олох үтүктүбэттэр, эр дьон аҕыйах. Оһуокайга ытык кырдьаҕастарбыт – Дьэрэмэй Бөтүрүөп , Өлөксөй Кириллин, Тэрэпиим Баабылап, Акыым Хандыраатыйап, билигин тыыннаах учуутал Дьөгүөр Мэхээйилэбис Нукулаайап мөлтөх даҕаны куоластаах киһи үҥкүү тылын эттэҕинэ оҥорон, киэркэтэн, мелодикатын тупсаран биэрэллэрэ, онно кыттыһан кинилэри үтүктэн оһуокайдаан бараххына кынаттанан, көтөн бараҕын. Кинилэргэ кыратык быктаран эрэ биэриэххин наада этэ. Билигин ыһыахтарга кырдьык кыахтаах үҥкүү тылын этээччилэргэ хамнастаан даҕаны туран оһуокайы эттэрэн дьону көҕүөлүө этилэр. Онтон баҕалаахтар эттиннэр ээ.
Өссө бииргэ тохтоон ааһыахпын баҕарабын. Күрэхтэһиигэ даҕаны, туохха даҕаны буоллун, аакка-суолга аахайымтыата суох буоллубут, сыаннастарбыт уларыйда. Ыһыах эйгэтин отуорун булларар, хамсатар күүс ити аат-суол буоллаҕа, бириис улаханыгар кыччыгыйыгар буолбатах. Холобур: «Миитэрэй Уйбаныап өрөспүүбүлүкэ ытык ыһыаҕар оһуокайга бастаабытын иһин өрөспүүбүлүкэ бүтсүөтүттэн 1 мөлүйүөн солкуобай төрөөбүт-үөскээбит төрүт сирин олоҕо сайдыытыгар көрүллэр», – диэн буоллаҕына, уолбут аата-суола төрөөбүт түөлбэтигэр үйэтийэр буоллаҕа, дьонугар-сэргэтигэр көмөтүнэн.
Ыһыах чахчы айылҕалаах буоллаҕына, чахчы төрүттээх буоллаҕына, ис тыыннаах буоллаҕына, айыыларбыт ылынар буоллахтарына бу маннык ыһыах кэскилэ суох буолуон сатаммат. Айыы сирэ аһаҕас, күн сирин көхсө киэҥ ол быһыытынан саха элитата түмсэр (өйүнэн-санаатынан элитарнай) ыһыаҕын тэрийиэххэ сөп. «Сахалыы ыһыах» диэн хамсааһын оҥоруохха сөп, бу сиэрдээх буолууга, чөл буолууга тиэрдиэн сөп.
Олоҥхо
– Онон сахалыы дьиҥ ис тыыннаах ыһыах саха киһитигэр чөл туруктанарыгар, сиэрдээх буоларыгар, итэҕэлин тутарыгар, омук быһыытынан тылын-өһүн, сиэрин-туомун сөргүтэн, сайыннаран аныгы үйэ дьалхааныгар оҕустарбакка, сүппэккэ-симэлийбэккэ туругурарыгар тускуллаах ытык тэрээһин буоллаҕа.
Аны олоҥхо туһунан кэпсэтиэх. Ыһыах олоҥхото диэни….
– Олоҥхону мин ордоруом этэ кыһын балаҕаҥҥа хааллан олорон, этэргэ дылы, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар дуу, хаһан дуу, айылҕа сокуона буоллаҕа. Сөп дуо! Эн көҥүл сылдьар киһиэхэ: «Өссө көҥүл бар», – диэтэххинэ көҥүлү кыайыан өйдүө суоҕун сөп, оттон эн ыгыллан, ньыгыллан сытар киһиэхэ «Көҥүл», – диэтэххинэ ол эн эппит тылыҥ ордук суолталанан тиийимтиэ буолуохтаах. Ол быһыытынан, бу айылҕаҕа көҥүл сылдьар дьоҥҥо (сайын ыһыахха), кинилэри хомуйа тардан ылаҥҥын: «Олоҥхолооһуну истиҥ», – диириҥ сүрдээх ыарахан уонна бу туруоруммут сыалгын-соруккун ситэргэр сүүрдээх уустуктар үөскүөхтэрин сөп диэммин мин өйдүүбүн. Ол быһыытынан, бу сайыҥҥы кэмҥэ көр-нар бэрээдэгинэн тэттик олоҥхону олоҥхолооһуну тэрийиэххэ сөп, истэр киһи иһиттин, олох суох буоллун диэн эппэппин, урут маннык олоҥхолооһун кэм баара буолуо. Ол гынан баран эттээн-сииннээн, дьоһуннаахтык олоҥхолооһун мин саныахпар, хааттаран сытар киһи киэҥҥэ баҕарар кэмигэр, ол кэмҥэ олоҥхо ордук дьоҥҥо ордук тиийимтиэ, ылынымтыа буолуо дии саныыбын.
– Олоҥхо ыһыахтара диэн билиҥҥи олох, кэм-кэрдии ирдэбиллэринэн буолаллар быһыылаах дии… Олоҥхо ыһыаҕа быйыл Горнайга буолла дии. Олоҥхо ыһыаҕа туох сиэрдээх-туомнаах буоларый? Ыһыахтан туох уратылааҕый? Бу маннык хайысхалаах туспа ыһыахтар ыһыллаллара наадалаах дуо?
– Бэйэбит билбэппитинэн даҕаны итинниккэ киирэн хааллыбыт. Олоҥхо ыһыаҕа….
Тыыннаах киһи Маарыйа, Даарыйа, Нукулай, Баһылай бэйэлэрэ тэрийэн, сүүрэн-көтөн, ыһар ыһыахтара диэн уруккуттан баар буоллаҕа дии. Оттон, урут да эппитим курдук, кимиэхэ эрэ анаммыт, Өксөкүлээх Өлөксөйгө эбэтэр С. Зверев 110 сылыгар анаммыт ыһыах диэни мин олох өйдөөбөппүн. Холобур, мин тэрийбит бизнеһым үчүгэйдик, тахсыылаахтык этэҥҥэ үлэлээтэҕинэ хайдах даҕаны ыһыаҕа суох сатаммаппын, этим-хааным баҕарар, айылҕам даҕаны. Мин этэҥҥэ үчүгэйдик олорор буоллахпына дьоммор-сэргэбэр, бөһүөлэгим олохтоохторугар, оҕолорго саатар биирдэ дэлэй астаах-үөллээх, үөрүүлээх-көтүүлээх үрдүк Айыылар ааттарыгар ыһыах ыһар бүччүм санаалаахпын.
Өссө ыһыах туһунан
– Үрдүк Айыыларгар махталгын биллэрэн, аан Айылҕаҥ иччилэригэр сүгүрүйэн, үөрүүгүн үллэстэн, дьонуҥ-сэргэҥ алгыстарынан, сириҥ-дойдуҥ тыынынан арчыланан инникигин, кэскилгин ыһыах ыһан оҥостунар буоллаҕыҥ. Ол иһин баайдар ыһыах ыһар буоллахтара, баайдара өссө хаҥыырыгар, этэҥҥэ олороллоругар анаан алгыс ылаары.
– Мин билигин кыахтааҕым эбитэ буоллар итинник дьиҥ сахалыы тыыннаах ыһыах ыһыам этэ дии саныыбын. Холобур, дьон үөхсэллэр даҕаны, ити Эверстов, ХороУола иҥин диэныһыах ыһаллар дии. Сөпкө гыналлар. Итинник буолуохтаах ыһыах, ким тугу кыанарынан, тугу сатыырынан, ис айылгытынан.
Ыһыах диэн биир өттүнэн, мин өйдүүрбүнэн, температураны көрдөрөр термометр, давленияны кэмниир тонометр, быһатын эттэххэ, ыһыах ыһар улуус ис тыынын, дьиҥин, салайааччыларын олох ирдэбилигэр, итэҕэлгэ, сиэргэ-туомҥа, тылга-өскө сыһыаннарын, өйдөбүллэрин, көҕүлүүр-салайар күүстэрин-кыахтарын таһымын көрдөрөр сыысхала суох прибор курдук көрүөххэ, сиэрбитигэр-туоммутугар, итэҕэлбитигэр, тылбытыгар, оонньуубутугар-көрбүтүгэр хайдах сыһыаннаһарбытын, өйбүтүн-санаабытын, тугу тымтыктанан олорорбутун көрдөрөр, туоһулуур. Ыһыахха, туһулаан, боруода аттары олох кытыарыа суохтаахпыт. Ыһыах Саха омук ытык бырааһынньыга. Сахалыы буолла даҕаны сахалыы буолуохтаах. Саха сылгылара бэйэ бэйэлэрин кытта күөн көрсүөхтээхтэр, сүүрүөхтээхтэр уонна ол онно, 3-4 км диэн моһуогурдубакка сыһыы кээмэйинэн: «Оол онтон онуоха дылы», – диэн биэтэк анньыллыахтаах. Дьэ онно кыайбыт дьону аатырдыллыахтаах, бу дьоҥҥо араас көҕүлүүр ньымалар туттуллуохтаахтар.
Үсүһүнэн, ыһыах диэн сиэр-майгы, сиэри-туому тутуһуу бырааһынньыга, онно ханнык даҕаны коммерция иҥин диэн өйдөбүл олох киириэ суохтаах. Ыһыахтарбыт ыытыллар билиҥҥи таһымнара биһиги сыаннастарбыт уларыйбыттарын көрдөрөр. Төрүт култуурабытыгар сыһыаммыт коммерциянан, онон манан кээмэйдэнэн барда.
– Ыһыах аһа-үөлэ?
– Ол туһунан билигин туттунабын.
– Түһүлгэ тутуута, ыһыах ыытыллар түһүлгэтин архитектурнай көстүүтэ ыһыах ирдэбилигэр төһө эппиэттиирий?
– Мин санаабар ыһыах тутуута барыта символлар буоллахтара. Ыһыах түһүлгэтин архитектурнай көстүүтүн туһунан өссө санаан көрбөтөҕүм. Мин бэйэм манна олоруохпун, ол гынан баран санаабынан отой атын сиргэ сылдьыахпын сөп, майгым оннук. Түһүлгэҕэ киирдим даҕаны мин санаам, биллэн турар, оһуокай буолар. Ол гынан баран түһүлгэҕэ элбэх символиканы туттартан туттунуом этэ, тоҕо диэтэххэ төһөнөн аҕыйах да соччонон кини күүстээх буолуохтаах, – диир Дмитрий Семенович.
Биир тылынан эттэххэ, Дмитрий Семенович эппитин курдук, ыһыах дьиҥ сахалыы алгыс тыыннаах, сиэрдээх-туомнаах, итэҕэл тутуллаах көрдөөх-нардаах, оонньуулаах, саха киһитэ олоҕун отуорун оҥостор кэскиллээх түгэнин, саргылаах саҕаҕын, алгыстаах аартыгын, ытык кэмин быһыытынан ыһыллара, ыытыллара тус бэйэбититтэн, хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын өйдүөх кэриҥнээхпит. Сахам дьоно, кэнчээри ыччаттарбытыгар кэрэ кэскиллэрин түстүүр өбүгэлэрбит көлүнэттэн көлүөнэҕэ кэрэһит гыммыт олохторун сиэринэн, улуу итэҕэллэрин тыынынан, күннээҕи олохторун отуорунан, уһуйуу утумунан дьиҥ сахалыы ыһыаҕы ыһан бэлэх уунуоҕуҥ.
Дмитрий Семеновичка саха киһитин олоҕун тыын боппуруостарын бэйэтин көрүүлэринэн сырдаппытыгар, бу боппуруостарга санаатын үллэстибитигэр барҕа махтал.
Баҕарыаҕыҥ айар алып умсулҕаннаах, алгыстаах айанын аартыгын арыйан айааһамматах ахсым айар атын миинэн сэгэччи сиэллэрэн, хотуулаахтык айаннатан иһэр уолбутугар, киһибитигэр таһаарыылаах айар үлэни! Сай санааҥ саргыланнын! Үтүө санааҥ үлүмнэстин! Үрдүк ситиһиилэн!
***
Антонина СУХАНОВА,
“Кистэлэн Куус” сурунаалтан.
Аламай кун сыламынан, саха саналаахтар! Ыьыа5ы олус уьуннук, сылаалаахтык уонна ороскуоттаахтык ыытар буоллубут дии саныыбын. Биир улахан ал5аспытынан ыьыах Урдук Айыыларга сугуруйэр сиэр-туом оттун урдуктук тутарбыт оннугар шоу, оонньуу, корнар, дьону-ыьыах ыалдьыттарын саатата сатааьын оттугэр о5уттубут. Ол иьин маннык этэрдээхпин:
1.Бэс ыйын 1 кунугэр-О5о Комускэлин Кунугэр биирдии нэьилиэктэргэ, уорэх тэрилтэлэригэр биирдии эрэ куннээх ыьыахтары (обугэлэрбит Кулун ыьыахтарын ыьалларын санаан) оноруохтаахпыт.
2.Бэс ыйын 12 кунугэр-Россия Кунугэр нэьилиэктэргэ, боьуолэктэргэ, куораттарга эмиэ биир куннээх ыччат (уол-кыыс билсиьэр-корсуьэр) До5ордоьуу Ыьыахтарын тэрийэргэ.
3. а.Нэьилиэктэргэ, боьуолэктэргэ, оройуонна бас бэринэр куораттарга – барыларыгар тэннэ бэс ыйын 21 кунугэр эрэ ыытар буолуохха.
б.Оройуоннар кииннэригэр икки куннэ бэс ыйын 21-22 куннэригэр ыытыахха соп. Ыьыах иккис кунугэр араас таьымнаах Тойон Субэлэр-мунньахтар, корсуьуулэр, быыстапкалар, шоулар буолуохтарын наада.
в.Ороспуубукэ урдунэн суолталаах сылга биирдэ ыытыллар Ыьыахтар ус куннэ – бэс ыйын 21, 22, 23 куннэригэр буолуохтаахтар.
Бу ыйыллыбыт куннэр тас оттугэр биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр тус бэйэлэрин иницитивалара буолуохтаах. Биллэн турар Ыьыахха итирдэр утах олох суох буолуохтаах. Ыьыах бастакы кунугэр Алгыс, Оьуохай, Олонхо, сахалыы Атах – илии оонньуулара баар буолаллара ордук. Нэьилиэк, оройуон таьымыгар ыытыллар Ыьыахтарга сылгы кымыьа уонна ат суурдуутэ суох буолла5ына Ыьыах диэн буолбакка, коннору Урун Тунах, эбэтэр Куох Тунах Бырааьынньыга диэн ааттаныан соп курдук. Урун Кун барахсан мунутуур уьааьына бутэн кылгыырга барбытын кэннэ Ыьыахтыыр собо суох.