Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Курс валют
Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Меню
Поиск по сайту

Бүлүү өрүскэ тугу куттулар?

25.08.2018 10:59 18
Бүлүү өрүскэ тугу куттулар?

Быйыл сайын Саха сирин араас муннуктарыгар айылҕаҕа улахан хоромньу таҕыста. Дьааҥы сис хайаларын быыһыттан ыас хараҥа былыт саба халыйан тахсан түөрт улууһу күнтэн-ыйтан хаххалаан кэбистэ. Ардаата. Үүнээйилэрэ өллө. Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев быһаарытынан – айылҕа “дьикти” көстүүтэ тахсыбыт.

Үөһээ Бүлүүгэ хоптолор өллүлэр – айылҕа бэйэтэ дьаһайда?

Саха сирин соҕуруу өттүгэр үрэхтэр уулара көҕөрө өллүлэр – айылҕа бэйэтэ өҥүн-дьүһүнүн кырааскалыыр?

Бу бүгүн Бүлүү эбэ уута болоордо. Бүтүннүү. Айылҕа көстүүтэ?

Туохха барытыгар айылҕаны бэйэтин буруйдуур экология министиэристибэтэ туохха нааданый? Бюджет үбүн кэмчилиэххэ диэн саҥа былааспыт этэр, оччотугар кэмчилээһини чуолаан бу министиэристибэттэн саҕалаабаппыт дуо? Сахамин Афанасьев быыбарынан төһө баҕарар дьарыктаннын, туһата суох министиэристибэни ыһан кэбиһиэххэ наада. Барытын айылҕа “быһаарар” диэн ким баҕарар отчуоттуон сөп.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 18

Добавить комментарий
  1. Вилюй

    Ити Сахамин Миланович айылҕа министра буолуоҕуттан ыла туох да үлэ барбата көстөр, сыл аайы тыа баһаара элбээн иһэр, хата онно наоборот тыа харыстабылын үлэһиттэрэ Россия үрдүкү наградаларын ылаллара элбээн иһэр …барыта төттөрү курдук, төһөнөн үлэ көрдөрүүтэ мөлтөх оччонон наградаҕа тиксээһин элбиир . Итини киһи олох өйдөөбөт .
    Афанасьев политиканан дьарыктаныан баҕарар буоллаҕына дьарыктаннын эээ, оттон министерствоны атын киһиэхэ салайтарыахха наада

  2. Бастакы хаар

    Логика хромает оттого и умозаключения такие не далекие.Сами себя противоречат.Зиму никто не отменял.Все распродано потому как считается фед. но на местах хотя бы д/очистки совести поработать надобно.За такую з/п премии привилегии.А те кто подыхает новая статья ” от алкоголя”.

  3. Ньурба

    Оннук. Сахамины кердеххе наар куулэйдээн, кэрийэн тахсар. Ууратарга, пусть политикой занимается

  4. Сулус

    Афанасьевы отставкаҕа. Тугу эрэ кистиир айылҕа содула диэн.

  5. Я на пенсии

    АЛРОСЕ “пора и честь знать”.

  6. Патриот

    Бүлүү өрүһү дьаабылаатылар. Алроса баҕайы саатар ууннан нэһилиэнньэни хааччыйбыт. Во всех цивилизованных странах давно бы закрыли. Еще и ущерб суды бөҕө были бы. Отой на народ начхали. Аборигены дииллэр

  7. Һ

    Милан Афанасьев уола Борисов твһаарбыт киһитэ. Оттон Борисов кадрдара хайдахтарын бары билэбит. Бу киһи биолог үөрэҕэ суох, экологияҕа туох да сыһыана суох, зато тыһыл тылынан кыырарынан маастар, оруобуна били Агитыч курдук.

  8. Неравнодушная

    Отой тас дойдулар сууттарыгар сурук суруйуохза нада, сир экологиятын алдьаталлар диэн

  9. 123

    Сахамин норуоккун таннардын

  10. Тимир

    Киьини билбэт буолан баран куолулуургутун эрэ билэ5ит, куолуьут сурэ5э суох тылынан эрэ кыырбыт киьи буолар. Биьиги Республикабытыгар анал эколог уерэхтээх Сахамин эрэ буолар ейдеен.

    • 123

      Лапсалаама эрэ, саатар манна. Сахамин үөрэҕэ эколог буолбатах. Кини кыһыл тылынан кыырарынан дьэ маастар, кумахтан өтүүнү хатар уол.

  11. ханасахамину

    Айсену Сергеевичу надо гнать поганой метлой такого идиота как Сахаимн. Бесполезный, совершенно некомпетентный человек. Чего стоят якобы выезды на места загрязнения – ни одного нормального штрафа нет.

  12. Олоксой

    ААспыт нэдилэ аьыыта Ньурба уонна уоьээ булуу кыраныыссатыгар туукээн урэххэ тыраахылар нэьиилэ хаама сылдьаллара бэлиэтэммитэ ону Сахамин быьаарбытынан тыраахылар аргылаах килиэби сиэбиттэр диэн буолта онтон били Дьааны оройуоннарыгар ядернай дэлби тэптэрии буолта диэн АХШ биллэрэн тураллар .Онтон биьиги тутаах Айыл5абытын харыстыыр Суруннуур Министерство тугу быьаарда.

  13. Дора

    ону маны суруйан куолулан бутун, ойо суохха ким эрэ компьютер биэрбит курдук

  14. Абарбыт

    Сахамин уурай

  15. Кэлэйбит

    Сахамин …а5ан иитиллибит, эhэн дойдутун туохха да уурбат эбиккин.Кэлэйдим эйигиттэн.

  16. Сунтаар Вервил

    Сахамин эн биhиги туспутугар буолбатаххын

  17. 1-1

    прорвало хвостохранилища АК Алроса. Кое кто разбогатеет

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»