Бэйэни малга холонуу
Биир дьүөгэм барахсан сааһыран баран дьэ бас билэр дьиэлэннэ. Кэтэһэн-кэтэһэн, манаһан-манаһан. 1 хостоох, ремоннаах дьиэ ылан үөрүү-көтүү бөҕө. Дьүөгэбит үөрүүтүттэн биһиги эмиэ дьоллоннубут. Орто дойдуга кэлэн баран бас билэр дьиэлэнии дьол буоллаҕа.
Дьиэтин хаартыскатын ыытан ханна тугу туруорбутун, тугу туруоруохтааҕын видеолаан ыытар.
-Оттон оронуҥ ханна баарый?
-«Тещина комната», онно туруордум, оруобуна батта.
-Гардеробнайга дуо?! Хайдах түннүгэ-үөлэһэ суох быыкаай хоско туруордуҥ, онно утуйаҕын дуо, хайдах буоллуҥ?! Мал курдук ыскаапка симилинниҥ?
-Улахан хоско ыалдьыттар хонуохтара буоллаҕа, – диир.
Ах бардым онтон: «Хайа муҥун атын дьону саныы сылдьаҕын, сөп буолбатыҥ дуо? Эн дьиэҥ эбээт, ЭН – ДЬИЭҤ!».
Хаһан да бас билэр дьиэтэ суох киһи дьэ дьиэлэнэн баран син биир бэйэлээх бэйэтин дьиэтигэр дьукаах курдук сананар эбит. Элбэх оҕолоох ыал орто оҕото, хаһан да тус олоҕунан олорботох, наар балтыларын, убайдарын, эдьийдэрин кыһалҕатынан сылдьыбыт, «сулумах» буолбут «буруйугар» сорук-боллур: ыл-аҕал, гын, көр, кулу диэн үйэтин сааһын тухары олорон кэлбит олоҕун психологията буоллаҕа. Наар атын киһи интэриэһинэн олоруу. Оттон бэйэтэ? Аһыныгас, амарах сүрэхтээх – киһи киһитэ бэйэтин умнан кэбиспит. Мал курдук сананан ыскаап иһигэр киирдэҕэ.
Дьүөгэм барахсан! Ити кыра ороҥҥун бырах, уп-улахан сымнаҕас бэриинэлээх орону ылан баран улахан хос ортотугар тилэри тарт, солко бырастыына тэлгэт, хас да сыттык ыл, түү суорҕан ылын – уонна онно нус-хас дуоһуйа сынньан. Эн дьиэҥ – эн быраабылаҥ. Эн бэйэҕэр ДЬИЭ оҥостоҕун, уйа туттаҕын. Бэйэҕэр эрэ. Бэйэҕин маанылаа, олох кылгас ээ.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Оставить комментарий