Байыаннайдыын көрсүһүү
Контрагынан сулууспалыы сылдьар, Хабаровскайдааҕы учебнай танковай полкаҕа уон сыл сулууспалаан, взвод командирын солбуйааччытынан үлэлии сылдьар биир дойдулаахпыт, оскуолабыт выпускнига Эверстов Александр уоппускатыгар ахтылҕаннаах көччөх гынан көтүппүт дойдутугар кэлэ сылдьар. Кинини анаан ыҥыран, күргүөмнээх көрсүһүү икки чааһы быһа буолла.
Саша билиҥҥи дойдуга саамай уустук кыргыһыылаах байыаннай дьайыы кэмигэр кытаанах эрэл санаатын ыһыктыбакка, дойдуга бэриниилээх буолууну үрдүктүк тутан, олохпут инники кэскилин туһугар үс ый устата Херсонскай уобаласка хас да төгүл танканан атаакаҕа кыттан, этэҥҥэ эргиллэн кэлбититтэн дойдутун дьоно бука бары ис сүрэхпититтэн долгуйа үөрбүппүт.
Александр дьүһүннүүн-бодолуун, туттардыын-хаптардыын, сөҥ хамаандалыыр куоластыын, саҥарардыын-иҥэрэрдиин уон сыл устата байыаннай үлэҕэ буспута-хаптыбыта тута көстөр.
Кини байыаннай дьайыыга эт бэйэтинэн отут киһилээх взводу хамаандалаан илдьэ алтата таанканан атаакаҕа сылдьыбыт. Саша этэринэн, Дойдуну көмүскүүр саллаат инчэҕэй тымныы усулуобуйаттан иҥнибэккэ, аччыктыыр да түгэн таҕыстаҕына, сорох күн биир ыстакаан ууну иһэр баҕалаах түгэн да үөскээтэҕинэ, тулуйа үөрэнэн, бэйэ аһыырын булунар, отуу оттон иттэ түһэр сатабыллары, бэйэ бодотун сиэрдээхтик тардынан, туох баар өйүн-санаатын туруоруммут сыалын эрэ ситиһэргэ аныахтааҕын туһунан дьиҥнээх ис сүрэҕиттэн чиҥник-чаҥнык эттэ.
Оскуола улахан кылааһын оҕолоругар туһаайан, киһи иитиллэн тахсыыта ордук дьиэ кэргэнтэн, онтон детсадтан, оскуолаттан тутулуктааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Атаахтык иитиллибит оҕо саллаат олоҕор улахан ыарахаттары көрсөрүн командир солбуйааччытын быһыытынан билбит түгэннэриттэн ахтан ааста. Аныгы информационнай технология сайдыбыт кэмигэр ватсабынан, ютубунан, куйаар ситиминэн кэлэр дойду аптарытыатын түһэрэр информациялары сөптөөх өттүнэн өйдөөн, итэҕэйбэттэригэр, тарҕаппаттарыгар сүбэлээтэ.
Сахалыы иитиилээх тыа оҕолоро сиргэ-уокка, булка-аска сылдьа үөрүйэх, ис-тас үлэҕэ кыайыгас-хотугас буолан, байыаннай усулуобуйаҕа куорат сир оҕолорунааҕар сатабыллаахтарын, тулуурдаахтарын, дьүккүөрдээхтэрин киэн тутта эттэ уонна билиҥҥи ыччаттары, кыыһыттан тутулуга суох,билигин эрэ буолбакка, хаһан баҕарар НВП үөрэҕэр баҕаран туран, дьаныһан үөрэнэллэригэр ыҥырда уонна бу билиҥҥи уустук балаһыанньа сотору көнөн, нус-хас олох түргэнник кэлиэн баҕарарын, тус бэйэтэ байыаннай идэлээх киһи быһыытынан, Дойдутугар бэриниилээҕин, ол да иһин байыаннай мобилизацияҕа баҕа өттүнэн барбытын, онтон атын быһаарыныы суох буолуохтааҕын чиҥэтэн эттэ.
Александр иһитиннэриитин саала иһэ уу-чуумпуга долгуйа иһийэ олорон иһиттэ, хас да ыйытыкка ситэрэн-хоторон хорйдаата. Маҥнайгы учуутала Седалищева Светлана Егоровна этэринэн, кини оҕо эрдэҕиттэн оттомнооҕун, элбэх саҥата суох толкуйдаан баран биирдэ этэр үгэстээҕин, оччолортон танкист буолар баҕалааҕа олоххо киирбитин сөҕө санаабытын истээччилэргэ тиэртэ.Түмүккэ оскуола аатыттан Махтал, Алгыс тыллара этилиннилэн, быйылгы таһаарыы юбилейнай кинигэ уонна учууталлар ааттарыттан сэмэй бэлэх туттарылынна. Сэдэх сэргэх көрсүһүү түгэннэрэ хаартыскаҕа түһэрилиннилэр.
Саша оҕо эрдэҕиттэн ырыаны сэргиирэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Аскалон Павлов куттаах-сүрдээх ырыаларын сөбүлээн ыллыыра. Сарсын буолуохтаах түөлбэлэр кэнсиэрдэригэр кыттаары бэлэмнэнэ сылдьара олоҕор ырыаны аргыс оҥосторо көстөр.
Көрсүһүү түмүгэр үөрэппит учууталлара Сашаҕа анаан бу үүммүт 2023 сылга төрөөбүт дойдутун кыһыҥҥы уорааннаах салгына кытаанах кэм бүрүүкүүр кэмигэр астына сынньанан барбыта кутун-сүрүн бөҕөргөтөрүгэр; үүнэ-сайда турар кэрэ көстүүтэ санаатын, сүргэтин өрө көтөҕөрүгэр; нэһилиэгин дьонун-сэргэтин, уруу-аймах дьонун, тэҥҥэ улааппыт доҕотторун-атастарын үөрэ, эҕэрдэлии көрсүбүт сылаас сыһыаннара истиҥ иэйиинэн абылыырыгар; көрсүбүт, кэпсэппит, сылдьыбыт, хонон-өрөөн ааспыт чугастык саныыр дьонун алгыс тыллара Сашабытын тыҥааһыннаах киирсиилэргэ мэлдьи араҥаччылыы сылдьарыгар баҕа санааларын эттилэр.
***
Источник – И.И. СТРУЧКОВА
астык Саха хорсун -хоодуот уолаттара сылдьалларын.
Сэрии үчүгэйи аҕалбат. Оҕону сыыhа ити иитэллэр.
Огону сыыса ити иитэллэр диэн туох диэбит дьусуннунуй? Ити ого сэриини сагалыыр дуо? Саха уолаттара дойдуларын комускуур байыаннай идэни басылыыллара хайгаллаах эрэ суол.
Ээ барахсан,кытаат этэннэ сырыт!