Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Анатолий ЧОМЧОЕВЫ өлөрө сатаабыт дьон көҥүл-босхо сылдьар, силиэстийэ сылы быһа соһуллар

02.03.2023 12:25 7
Анатолий ЧОМЧОЕВЫ өлөрө сатаабыт дьон көҥүл-босхо сылдьар, силиэстийэ сылы быһа соһуллар

Анатолий Игнатьевич Чомчоевы өлөрө сатаабыт дьон хаайыллыбакка сылдьар, силиэстийэ сылы быһа соһуллар. Подполковникка саба түспүт икки киһиттэн биирэ эрэ баар, үс адвокаттаах. Атына бэлиэр Молдавияҕа куоппут диэн этэллэр.

Бу дьыала хара маҥнайгыттан уһуур-тэнийэр майгылаах буолуоҕа сэрэйиллэр этэ. Тоҕо диэтэххэ, бастакытынан, буруйданааччылар – силовой ведомство үлэһиттэрэ диэн, иккиһэ – “убаастанар” дьон оҕолоро.  Аны иккитэ сууттаммыт киһи силовой ведомствоҕа үлэлии сылдьыбыта эмиэ сөхтөрөр.

Чомчоев аймахтара уонна доҕотторо этэллэринэн, полициялар быһылаан туһунан биллэриллибитин үрдүнэн,  4  чаас буолан баран биирдэ кэлбиттэр. 4 чаас иһигэр өлөр киһи өлөр, куотар киһи куотар. Анатолий Игнатьевич хаан-билик буолан олорор видеота тарҕаммыта. Кини быһахтанан баран бэйэтин массыынатынан Дьокуускайга куотан киирбитин кэннэ Марина Платонова уһулбут этэ.  Онно Чомчоев кимнээх, туох дьон түүннэри киирэн кырбаабыттарын, тииһин-уоһун тоҕута сынньыбыттарын, быһаҕынан түөскэ анньан баран өссө быһаҕы эрийэн дириҥник киллэрэ сатаабыттарын, ол ону утарылаһан тарбаҕын, ытыһын быһах биитигэр дэлби быспытын көрдөрбүтэ. Ону таһынан түүҥҥү түлүрбэхтэр  служебнай удостоверениялаахтарын, служебнай массыынанан сылдьыбыттарын кэпсээбитэ.

Депутаттарбытыгар махтал. Иллэрээ күн Ил Түмэн улахан мунньаҕар Ис Дьыала миниистирэ Вл.Прокопенкоттан Виктор Губарев уонна Мария Христофорова бу дьыала туох ааттаах уһуннук силиэстийэлэннэ уонна буруйданааччы тоҕо босхо сылдьарый диэн ыйыттылар. “Оннооҕор буолуох кыра буруйга дьону хаайаллар”, – диэн Христофорова сөпкө этэр.

Уопсайынан ИДьМ үлэтигэр общественность өттүттэн элбэх боппуруос баар. Миниистир Прокопенко Саха сиригэр кэлбитэ 9 сыл буолла. Депутаттар боппуруостарыгар хайдах эппиэттээбит видеотын киирэн @Aartyk.ru телеграм-каналга көрүөххүтүн сөп.

Прокопенко “буруйданааччы”, “уорбаланааччы”, “силиэстийэлэнээччи” диэн тылы букатын туттубат – “иное лицо” диир. Онтон да сылыктаатахха, улаханнык буруйдуур санаалара суох, быһыыта.

“Туоһулар суохтар” диир Прокопенко. Онон “иное лицо” көмүскэнэн быһахтаммыт диэри гыналлар быһыылаах. Дьаабы. Миниистир “мунаах дьыала” кулун тутар 13 күнүгэр суукка барыа диэн симиктик эрэнэр. Оттон “тоҕо хаайыллыбыта” диэн ыйытыыга силиэдэбэтэли ыйар –  “бэйэтэ” быһаарар диэн тумсун дулҕаҕа сотунна.

Мария ХРИСТОФОРОВА, Ил Түмэн депутата телеграмҥа суруйар:

-Если бы нападавших задержалисразу, у них не было бы советников и времени на запутать показания. Мы были на месте на второй день. И везде были следы крови, понятно,что это была кровь Анатолия Игнатьевича, сломанные ограждения и тд. Нападавшие здоровенные мужики вообще не пострадали. Анатолий Игнатьевич чудом на своём транспорте добрался до города. И только поэтому врачи ему спасли жизнь. Герой Чернобыля оказался героем и в борьбе против наглого хулиганья. И не важно за день или скко то они уволились со службы, во всяком случае они были на служебном транспорте. Пьяные, вооружённые и наглые ночные бандиты.

И не было гарантии никакой,что в течении всего этого времени они ни на кого не нападут, были на свободе. Следователи менялись и ни один из них не решился их задержать. Решение задержать или нет, принимает Следователь – так вчера сказал министр.

13 марта назначен суд.

Мы планируем обратиться в суд чтобы он был открытым. Чтобы все кто желает и болеет за Анатолия Игнатьевича могли придти и увидеть воочию на подсудимых, которыесегодня пытаются себя выдать практически потерпевшими.

Диана Васильевна Чомчоева, Анатолий Игнатьевич кэргэнэ, “дьыаланы саба сатыыллар быһыылаах”  диэн хара маҥнайгыттан этэрэ.

Онон, общественность, дьон-сэргэ туруорустаҕына эрэ бу дьыала оннуттан сыҕарыйар дуу, көрдөрбүтүнэн киһилэрин куоттараллар дуу. Суор хараҕын суор оҥпот дииллэрэ ыдьырыччы көстөн таҕыста. Сууппут да хайдах сууттуур диэн эмиэ биир боппуруос.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 7

Добавить комментарий
  1. Южяк

    Дьэ бу буолар ата5астабыл диэн.Оссо били самолекка дьону уохпут дьахтары комускээн айахтара кытаран олорор.Биьиги манна ити уон дьиикэй дьон ортотугар олоробут.Ханна киир кынчарыйыы уо5уу.Мин арыгы испэт табаах тардыбат уорэхтээх уэлэьит киьибин.Учугэйдик тацна тутта дорообо дыраастый культура тохто сылдьар киьитэбин.Сууту сокуону тутуьан дьону уорэтэ улэлэтэ сатаан.Ол урдудэн бу ыттар син биир туьэрэ уо5э сылдьаллар.Тойоттор манна кэлэн аьаан сиэн бараллар.Комо поддержка суох.Олохтоох дьоццо эгэ эбэцкилэргэ кэлиэ Дуо.Кмнс депутаттара дьоннорун комускэспэттэр.Кыьын тоцон олоору гыналлар.Дьиэлэрэ эргэ хаптаьын.Сыана наьаа ыарахан.Балыйыы абааьы коруу хас хардыы аайы.

  2. Тимир

    То5о киин сиргэ урдук тойотторго уцсуу суруйбаттарый.Таах халлараары гыналлар.Хата ол оннугар фронт диэбит киьини сууттан хаартыската Аан дойдуга барда.Упол.по правам человека по РС то5о улэлээбэтий бу дьыала5а.Дьонтон Илии баттатан сурук ыытыц.Улуустартпн эмиэ.

  3. Раисан.

    Кимиттэн да тутулуга суох киһи тыыныгар туруммут дьон сууттаныахтаахтар. Дьон бары убаастыыр киһибитин көмүскээбэтэхтэринэ атын дьон туһунан этэ да барыллыбат.Ил Дархан, суут үлэһиттэрэ сөптөөх быһаарыыны ылынан күлүгээттэри тутан сөптөөх миэрэҕэ тардыахтара диэн эрэнэбит.

  4. Ужас

    Надоуили конечно этого преступника свои коллеги и адвокаты, раз свидетелей нету то можно сказать , что старый Чомчоев первым напал. Эта версия очень похожа на то , что можно таким образом продлить следствие разными анализами, экспертизами. Правоохранители знают это дело. Но бог расставит на свои места, кара все равно настигнет этих наглецов если не их самих, а потомство до 7 поколения. Стыд и позор правоохранителям, офицерам. Вот такие люди нас типа защищают , поэтому нет уважения к ним. Надо дойти до Путина, до МВД РФ.

  5. Я на пенсии

    “Саха сирин хараардааччыларга,
    Сатана курдук хара санаалаахтарга —
    Самнарыылаах охсуулары
    Сандаарда туруоҕуҥ бука бары —
    Таһаарыылаах үлэбитинэн,
    Табыллыбыт ырыабытынан.”

  6. Давид

    Получается министр признался что следственные органы разучились работать ? Если нет свидетелей или видеозапись то теперь преступление невозможно доказать ? Хотя нападавшие вместе с автомобилем известны и сам потерпевший опознал, да и нападавшие не отрицают что они там были, зафиксированы побои и ножевое ранение у потерпевшего, да и куча косвенных улик.
    ЧТО ЗА БЕСПРЕДЕЛЬНОЕ ПОКРЫВАТЕЛЬСТВО ИЛИ НЕКОМПЕТЕНТНОСТЬ СЛЕДСТВЕННЫХ ОРГАНОВ ?

  7. Бик

    Куһаҕан, Сиэйэ уола за попытку 8 сылга барбыта, сразу хаайбыттара. Онтон бу дьон тоҕо босхо сылдьалларый?

Оставить комментарий