Алексей ЕРЕМЕЕВ: Дьону тыаҕа тутар биир эрэ хаалла – ОСКУОЛА
Республикаҕа, дойдуга элбэх киһи олоҕор дьайар уларыйыылар таҕыстылар. Сатахха быыбар сахсаана түбэһэн эбитэ буолуо, бу туһунан олохтоохтук илдьиритэн ырытыы суоҕун кэриэтэ: ким эрэ баламаттык утарар, ким эрэ хайгыыртан соло булбат.
“Аартык.ру” ыйытыыларыгар Ил Түмэн бэһис ыҥырыылаах мунньаҕар Судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуоҥҥа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей ЕРЕМЕЕВ хоруйдуур.
Алексей Ильич сокуон уларыйыытыгар-тэлэрийиитигэр быһаччы үлэлэһэ сылдьар киһи, онон элбэх боппуруоска чопчу харда биэриэ диэн эрэнэбит:
-Алексей Ильич, “оптимизация”, “бюджет харчытын көдьүүстээхтик туһаныы наада” диэн боппуруос турда. Ол туһунан Ил Дархан үлэтин быстах толоро сылдьар Айсен Николаев тыл көтөхтө. Ким эрэ ону сирдэ, ким эрэ эҕэ-дьаҕа буолла. Эн санааҥ хайдаҕый?
-Бюджет ороскуотун аччатыыга сэрэнэн соҕус сыһыаннаһыахтаахпыт. Ороскуоту кыччатабыт диэн баран, оптимизация – аҥардас тэрилтэлэри суох оҥоруу, штаты сарбыйыы таһымынан бардаҕына, элбэх киһи айаҕын ииттинэр соҕотох дохуотун быһыахпытын сөп. Кистэл буолбатах, республика бюджетын улахан харчыта сир баайын хостуур тэрилтэлэр нолуоктарыттан киирэр. Үс гыммыт биирэ – дотация, субсидия, субвенция быһыытынан федеральнай хааһынаттан кэлэр. Ити биирэ.
Иккиһинэн, саха түөлбэлээн олорор улуустара бары дотацияга олороллор. Биһиги төрүт дьарыкпыт – тыа хаһаайыстыбата нолуок биэрбэт. Төттөрүтүн республика бюджетыттан көмө быһыытынан дотацияланар, субсидия көрүллэр. Саха улуустара – республика бюджетыгар олоробут.
Ол иһин этэбин – бюджеты экономиялаары штаттары саптахпытына, оптимизацияны ыыттахпытына – элбэх киһини үлэтэ суох оноробут. Биһиги республикабыт нэһилиэнньэтэ элбэҕэ эбитэ буоллар, эбэтэр арҕаа уобаластар курдук, балачча элбэх нэһилиэнньэлээх уобаластар ортолоругар олорорбут эбитэ буоллар, судургутук эттэххэ – үлэ ырыынага киэҥ, кэлии-барыы, айан, суол-иис сайдыбыта буоллар, бу үлэтэ суох хаалбыт дьон атын эйгэҕэ баран дохуоттаһыахтара диэн эрэниэххэ сөбө. Ону оннук суох. Ол аата бюджет үлэһиттэрин аччаттахпытына – үлэтэ-дарыга суох араҥаны үөскэтэбит. Ити улахан проблема.
-“Бизнеска, урбааҥҥа бардыннар”, – диэн сорохтор этэллэр.
-Хомойуох иһин, предпринимательство эйгэтэ үгүс өттө, дохуот киллэриэх айылаах сир үксэ үллэһиллэн, ылыллан олорор. Атыы-эргин, өҥө оҥоруута да буоллун, дьоҕус производство (кыра иис сыахтара, түннүк оҥоруу, тутуу матырыйаалын оҥоруу да буоллун) ырыынакпыт кырата бэрт буолан бэлиэр туолан турар.
Улахан производство аһыаҕы – чиэски сытарбыт, суолбут-ииспит ыарахана табаар себестоимаһыгар охсон тахсар, онон атын регионнары кытары конкуренциялаһар кыахпыт эмиэ суох.
-Оччотугар, тугу гынан киһи-хара буолабыт?
-Республика РФ уонна сиртэн хостонор баай улахан тэрилтэлэри кытары сөптөөх сыһыаны олохтоон, нолуок, дотация киирэрин элбээтиннэрэн, саҥа инвестицияны тардан, улахан хампаанньалары аҕалан, олортон нолуок тутан бюджеппытын толорунуох тустаахпыт. Ону таһынан, араас судаарыстабаннай программаларга киирсэн, кыттан дьоммутун-сэргэбитин үбүнэн-арчынан хааччыйыахтаахпыт. Улахан хампаанньалар үлэ хайысхатын барытын бэйэлэрэ хаппаттар, кинилэр субподряд быһыытынан манна олохтоох тэрилтэлэри кытары үлэлэһэллэр. Онно биһиги – олохтоох дьон күүскэ үлэлэһиэх кэриҥнээхпит.
-Атын суол суох?
-Билиҥҥитэ суох. Түөрт улахан, объективнай факторы, баҕар да баҕарыма аахсаргар тиийэҕин: киэҥ-куоҥ территорияҕа, аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэ ыһыллан-тарҕанан олорор, суолбут-ииспит уустук, айылҕабыт тыйыс.
-Тыаҕа дьоҕус оскуолалары сабыахха диэҥҥэ, эн санааҥ?
-Былыр-былыргыттан сахалар алаастарынан, сыһыыларынан, үрэх бастарынан ыһыллан олорбуппут. Хас биирдии саха ыала ходуһаны батыһан олохсуйара. Онтон 30-с сылларга холкуостааһын саҕаланар, тарҕанан-бытанан олорор дьону холкуостарга түмэллэр. Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн 50-60-с сылларга дьону түмүү өссө күүскэ барар. Бөдөҥсүтүү. 1,5-2 тыһ. киһилээх сопхуос кииннэрэ үөскүүллэр. Киин сиргэ балыыһалар, дьыссааттар, оскуолалар, маҕаһыыннар, сэбиэт дьиэлэрэ – дьоҕус социальнай инфраструктуралар тэриллэллэр. Сэбиэскэй былаас дьону түмэн баран үлэнэн хааччыйбыта. Сир бүтүннүү сопхуостарга бэриллибитэ, дьон хамнаска үлэлиир буолбута.
Бу систиэмэ 1993 сыллаахха ыһыллар, сири-сүөһүнү, сылгыны пай быһыытынан урукку сопхуостаахтар үллэстэн кэбиһэллэр. Ол гынан баран, дьон төттөрү алаастарыгар-сыһыыларыгар барбат, нэһилиэктэргэ түмсэн олорбуттарын курдук олорон хаалар, социальай инфраструктура эмиэ оннунан хаалар – акушерскай- фельдшерскай пуун, оскуола, дьыссаат, дьаһалта… Саамай куһагана диэн, билигин сүөһүлээх да буол, олох да сүөһүтэ суох буол – сирбит кэтэх бас билиигэ барыта үллэһиллэн турар. Биир өттүнэн, сир хаһаайыннааҕа бэрт буоллаҕа. Биһиги дьоммут, ордук ити кэлин “дальневосточнай гектар” сокуона киирэн, сирдэрин докумуоннатан бэйэлэригэр ыллылар. Ол гынан баран, аны, ходуһа, мэччирэҥ суоҕа бааһынай хаһаайыстыбалар кыһалҕалара буолла. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктана сатыыр дьоҥҥо уустук. Холобур, мин төрөөбүт Наммар, 200 төбөлөөх бааһынай хаһаайыстыбалара бааллар. Олор наар ыктарар ыктарыылара – ходуһа суоҕа. Сэбиэскэй саҕана Намҥа дьылы туоруурга 40-тан тахса тыһ. туонна оту оттуур этибит. Билигин сүөһүтүн ахсаана икки төгүл аччаата, 25 тыһ. туоннанан дьылы туоруохха сөп этэ. Ол эрээри кыстыгы туоруурга былырыын Магадантан от тиэйэн аҕалбыппыт. Сир баар – от суох.
-Сирдээх дьон бэйэлэрэ да оттооботтор, атын дьоҥҥо да биэрбэттэр?
-Оннук. Оттон чопчу эн ити оскуола туһунан ыйытыыгар хоруйдуур буоллахха, билигин тыаҕа дьону олохсутарга биир эрэ хаалла – оскуола. Саха – тыатын сирэ суох саха буолан бүтэр. Саха норуота тыатын сирин тутан хаалыахтаах, биһиги омук быһыытынан самоидентификациябыт – тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар сытар. Уонна саамай сүрүн баайбыт – СИРБИТИН тутан хаалыахпыт этэ буоллаҕа.
Тыа сиригэр билигин дьону үлэнэн тутуоҕу – үлэ суох. Оскуола эрэ хаалла. Ол иһин биһиги үс инники салайааччыларбыт, чуолаан норуот дьылҕатын өйдөөн, тыаҕа оскуола бөҕө туппуттара. Сорох дьон “куоракка туппакка тоҕо быыкаай дэриэбинэҕэ хас да мэндиэмэннэх таас оскуола туталларый” диэн өйдөөбөт этилэр. Эппиэтэ итиннэ сытар – дьону тыаҕа олохсутаары. Онон, тыа оскуолаларын сабыы туһунан боппуруоска сүрдээҕин сэрэхтээхтик, дириҥник көрөн быһаарыы ылыныллыахтаах. Онто да суох, урбанизация, үөс сиргэ көһүү – ис миграция куускэ бара турар.
-“Аартыкка” бюджет харчытын экономиялыыр туһунан матырыйаал оҥорорбутугар, сорох дьон АЛРОСА омук акционердарыгар миллиардынан дивиденд төлүүрүн аҕыммыттара. “Биир тыа оскуолатын үлэлэтэргэ харчы суох диэн буолар, оттон арабтарга миллиардынан дивиденд төлөнөр” диэн.
-Былыр-былыргыттан, алмаас, бриллиант бизнеһэ олус специфическэй бизнес. Израильга биир да карат алмаас хостоммот эрээри, бизнес барытын кэриэтэ бу дойду гражданнарын бас билиитигэр баар. Саха сирэ алмааска кыттыспыта – бастакы президеммит Михаил Николаев оччотооҕу дойду президенин Борис Ельцины кытары олус үчүгэй сыһыаны олохтообутуттан тахсыбыта. Ол – кини мэлдьэһиллибэт өҥөтө. “Якуталмаз” диэн Союз барыта кыттыһан тэрийбит тэрилтэтэ, “АЛРОСА” САО буоларыгар, РФ – 32% акцияны, республика – 32%, өссө 8% – “алмазнай провинция”, 10% – Фонд “Гарантия” (РФ миноборонатын фондата), уоннааҕыта алмаас тэрилтэтин коллективыгар түҥэтиллибитэ. Ону таһынан, “Якуталмаз” кэмбинээтиттэн саҕалаан, самосвалыгар, буҕаалтырын олоппоһугар, остуолугар тиийэ – туох баар мала барыта республика бас билиитэ буолан хаалбыта. Бу малы “АЛРОСА” туһанарын иһин, сылга 9,8 млрд кэриҥэ – “аренда госимущества РС(Я)” диэн төлүүрэ. Бэҕэһээ олорбут олоппоһо биир күн республика олоппоһо буолан хаалар, өссө онно олорорун иһин харчы төлүүр.
-Нолуогун, дивиденин таһынан, аны САПИ…
-Оччолорго сылга 1,6 млрд дуоллар суумалаах тааһы хостуур буоллаҕына, экологияны чөлүгэр түһэриигэр 32 мөл. дуоллар курдук сылга киирдэҕэ. Онтон өйдүүргүт буолуо, 2003 сыллаахтан АЛРОСА федерализацията саҕаланар. Бастатан туран, АЛРОСА Саха сирин бас билиититтэн хампаанньа мала төттөрү хампаанньаҕа көһөр. Бюджеппит 10 млрд курдук итэҕэстэнэн хаалар чинчилэнэр. Онуоха, туох да диэн Вячеслав Штыровы кэриэтээбиттэрин иһин, кини туруорсан, кини хамаандата олох күүскэ үлэлээн – НДПИны 100% республикаҕа хааллаттарар курдук федеральнай нолуок кодексатыгар уларытыы киллэттэрэр: алмаас хостуур регионнарга саамай улахан нолуогу – НДПИны 100% бэйэлэрин бюджеттарыгар хаалларарга диэн. Россияҕа икки эрэ региоҥҥа алмаас хостонор: Саха сиригэр (98%) уонна Архангельскай уобаласка (2%). Ити олох улахан ситиһии буолар, дьиҥ иһигэр.
-Углеводороднай сырье НДПИта…
-Ньиэп-гаас НДПИта 100% – федеральнай хааһынаҕа барар. Алмааска эрэ уларытыы киллэриллибитэ.
-Оттон ити “арабтарбытыгар” төнүннэххэ…
-АЛРОСА – Аһаҕас Акционернай Общество быһыытынан туох баар
финансовай операцията, баайа-дуола, кредитнэй историята, тас аудита – дьэҥкэ аһаҕас буолар, АОлар сокуоннарынан күүстээх ирдэбил баар. Билинни туругунан, Саха республиката блокирующай акциялаах: 25% + 1 акция. Ханнык баҕарар быһаарыыны блоктуур бырааптаах. Ону таһынан 8% – “алмазнай провиниция” акцията, барыта 33% акциялаах. РФ эмиэ 33%-наах. Уоннааҕыта миноритарийдар акциялара – атыыга-эргиэҥҥэ сылдьар акция. Ким баҕарар ону ылыан сөп. Бүгүн араб буолуо, сарсын еврей, өйүүн американец. Ырыынак сокуона оннук.
Сахалар өйдүөх тустаахпыт: АЛРОСА биһигини аһатан-таҥыннаран олорор. НДПИ, НДФЛ, баай-дуол нолуога, барыс нолуога – барыта Саха сирин бюджетыгар киирэр. Ити харчытыгар таһаардахха 40 млрд иһинэн-таһынан буолар. Ону таһынан, “не налоговые доходы” диэн – акциябытыгар дивиденд төлөнөр, 16 млрд кэриҥэ сыллата киирэ турар. РФ хааһынатыгар НДС эрэ (4 млрд кыайбат) киирэр. Холбоон 60-ча млрд солкуобайы АЛРОСА аҥардас биһиги бюджеппытыгар биэрэр.
Мин Айсен Николаев ананаат да эппит тылын олох сэҥээрэ, сэргии иһиттим: АЛРОСА атыытын утарабын диэн. Көмүс сымыыты сымыыттыыр кууруссаны атыылыыр сатаммат диэн эттэ.
-Холобур, ити 1% акциялаах аҕыс улуус бюджеттан кэлэр дотация үрдүнэн ити харчыны эбии ылыахтаахпыт диэн этэллэр дии.
-Бюджет кодексыгар минфин дотацияны үллэрэр методикалаах. Биһиги республикабытыгар Ленскэй, Мирнэй улууһа, Дьокуускай куорат эрэ дотационнайа суохтар. Атыттар бары дотацияҕа олоробут. Улуустарга бюджеттарин кээмэйэ тэҥ буоларын курдук, республика бюджетыттан дотация көрүллэр. Итинник методика РФ таһымыгар эмиэ туттуллар. Регионнар ити методиканы бары сөбүлүүллэр диэн этэр сымыйа буолуо. Ким эрэ өлөрбүт харчытын барытын ыла сатыыр.
Судургутук эттэххэ, РФ бюджетыгар углеводородтан, ол аата ньиэптэн-гаастан 40-тан тахса бырыһыан дохуот киирэр. Үс регион: ХМАО, ЯНАО, Тюмень уобалаһа – ньиэптэн-гаастан киирэр дохуот баһыйар өттүн оҥорор. Өскөтүн ити минфин олохтоммут методикатын уларытар эбит буоллахха: ким төһөнү өлөрбүтүнэн бюджетын оҥостор буоллаҕына, аҕыйах регион сытыйа байыа, элбэх – кумалаанныыр. Москваҥ дойду таһымынан көрөн, судаарыстыба таһымынан толкуйдаан харчыны үллэрэр буоллаҕа. Бары тэҥҥэ сайдалларын курдук. Биһиги Саха сиригэр эмиэ ол нормативынан дотация көрөн олордохпут. Оннук гымматахпытына, барыһа суох тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарбыт иэдэйэллэр. Аҥардас үс эрэ куорат – Ленскэй, Мирнэй, Дьокуускай сайдар, атыттар, этэргэ дылы, сабыллабыт.
-Оччотугар…
-Улуустар эмиэ өйдүөхтээхпит – Мирнэй алмаасчыттара, Ленскэй нефтяниктара, Нерюнгри чох хостооччулара, Алдан, Өймөкөөн көмүсчүттэрэ бюджеппыт улахан аҥаарын оҥороллор диэн. Ол харчынан төрүт дьарыкпытыгар – тыа хаһаайыстыбатыгар көмө оҥоһуллар, социальнай объектар тутуллаллар…
-Пенсияҕа тахсар саас туһунан?
-Пенсионнай систиэмэ – 50 сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубут систиэмэ. Оччолорго 4 үлэһиккэ 1 пенсионер тиксэр этэ. Бу күҥҥэ 2 үлэһиккэ 1 пенсионер тиксэр, Саха сиригэр 1 пенсионерга – 1,7 үлэһит киһи баар. Пенсияҕа тахсар сааһы сыҕарыппатахтарына 1 үлэһиккэ – 1 пенсионер тиксэр буолар, оччотугар ПФ РФ бэйэтин эбэһээтилистибэтин кыайан толорор кыаҕыттан ааһар. Сибилигин Пенсионнай Фонд 1 триллион дефициттээх олорор, ону РФ бюджета сабар. Онон, баҕар-баҕарыма, пенсияҕа тахсар саас син биир уһатыллар.
-Того маннык буолла?
-Эмоцията суох көрдөххө, киһи олоҕо уһаата. Урут 60-наах киһини “оҕонньор” диирбит. Билигин тылыҥ тахсыбат…
-Хайыа, оттон Губаревкыт “оҕонньор” диэбиккэ өһүргэнэн өттүгүн тосту түһэ сыһан баран баччааҥҥа диэри үҥсэ-харса сылдьар дии…
-Ити… Саха сиригэр орто саас 71 буолла. Уопсайынан, судургутук эттэххэ, дойдуга саамай элбэх төрөөһүн 60-70-с сылларга буолбута. Ол дьон билигин пенсияҕа тахсар сааһа кэллэ, оттон кинилэри саамай төрөөһүн аҕыйаабыт көлүөнэтэ – 1990 сыллаах ыччат иитиэхтээх. Төрдө итиннэ сытар.
-Оттон, сатахха, пенсия кээмэйэ үрдүө дуо?
-Сылын аайы 12 тыһ. эбиллиэ диэн эрэннэрэллэр.
-Баҕа баһаам…
-Уонна “переходный период” диэн баар. Күн сарсын пенсияҕа тахсар саас уһаабат, сыыйа уһуоҕа.
-Дьон этин үөрэтэн… Депутаттар саас сыҕарыйарын туһугар куоластаатыгыт?
-Ил Түмэҥҥэ улаханнык дьүүллэстибит уонна сокуон барылын сүнньүнэн утарбаппыт, өйүүбүт диэн куоластаатыбыт.
-Ол гынан баран?
-Ол гынан баран… сокуону оҥорор бэйэтэ туспа бэрээдэктээх. Хара маҥнайгыттан “утарабын” диэн куоластаатаххына, көннөрүү, ситэрии кыайан киллэрэр кыаҕыҥ суох буолан хаалар. “Дальневосточнай гектары” биһиги өйүүбүт диэн ылынан баран 19 көннөрүүнү киллэрбиппит. Инньэ гынан, Саха сирин 70%-нын үллэстииттэн туораппыппыт дии. Билигин эмиэ итинник суолунан барыахпыт.
-Туох диэн көннөрүү киллэрэҕит?
-Саха сирэ – Уһук Хоту сиригэр киирэрин быһыытынан, пенсияҕа тахсар сааһы оннунан хаалларарга диэн этиилээхпит. Иккиһинэн, Дальнай Восток уонна Забайкалье парламентарийдарын ассоциацияларын кытары кыттыһан – Дальнай Востокка пенсияҕа тахсар сааһы оннунан хаалларарга диэн. Дальнай Востокка дьону олохсута сатыыр госполитика ыытыллар эбит буоллаҕына, пенсияҕа тахсар сааһы тыытымыахха. Онто да суох бүтүн ДФО 9 регионугар, билиҥҥи туругунан, 6 162 000 киһи олорор, онтон пенсионера 1 805 000. Ол РФ Пенсионнай фондатыгар улаҕан ноҕурууска буолбат. Үсүһүнэн, КМНС – хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттары пенсияҕа урукку курдук таһаарыахха наада диэн этиилээхпит.
-Кыаллыан сөп дуу?
-Үчүгэйдик үлэлээтэххэ кыаллыан сөп. Өссө биири эбэн этиэхпин баҕарабын. Сокуон быһыытынан, Уһук Хотугу оройуоҥҥа олорор (Саха сирэ барыта киирэр) дьахталлар, икки, иккиттэн элбэх оҕоломмут, уопсай үлэлээбит ыстаастара 12 сыл буоллаҕына – 50 саастарыгар пенсияҕа тахсар бырааптаахтар. Ити быраабы биһиги дьахталларбыт туһаммакка кэлбиттэрэ (онто да суох 50-гар пенсияҕа тахса сырыттахтара), дьэ, билигин, өскөтүн уларытыыны кыайан киллэрбэтэхпитинэ, Саха сирин дьахталларын 70-80%-на бу сокуону туһанар буолуохтара.
-Быыбар хампаанньата саҕаланна. Ил Түмэн алтыс ыҥырыылаах мунньаҕын састааба саҥардыллыа дуу?
-Саҥардыллан.
-Идэтийбит парламены тэрийии туһунан туох санаалааххын?
-Аан дойдуга буола турар көстүү, онон биһиэхэ да итинник тэрийиэххэ сөп. Ол эрээри эмиэ итиннэ уустуга элбэх.
-Холобур?
-Холобур, профессиональнай парламеҥҥа киирэр депутаттар хайдах бириинсибинэн талыллыахтарай? Өскөтүн быыбардааччы ахсаанынан буоллаҕына, тыын боппуруос турдаҕына: республика национальнай судаарыстыбаннай статуһа, сир-уот боппуруоһа, АЛРОСА атыыта… ким хайдах куоластыаҕай? Онон ити боппуруос улаханнык илдьиритиллэн, туох баар кэнэҕэс туруон сөптөөх ыйытыыларга ханнык-туох харданы бириэн сөбүн ыраҥалаан баран быһаарыы ылыныахпытын наада.
-Алексей Ильич, эппиэттэргэр махтал.
-Махтал.
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Оставить комментарий