Курс валют
$
103.38
0.85
109.78
0.42
Курс валют
Курс валют
$
103.38
0.85
109.78
0.42
Меню
Поиск по сайту

Арбын нэhилиэгин олохтоохторо Николай Соловьевы өйөөн илии баттааhын хомуйдулар

21.10.2019 08:16 0
Арбын нэhилиэгин олохтоохторо Николай Соловьевы өйөөн илии баттааhын хомуйдулар

Нам улууhун Арбын нэhилиэгин олохтоохторо улуус баhылыгын бастакы солбуйааччытын, урукку нэhилиэктэрин дьаhалтатын салайааччытын – Николай Соловьевка сыhыаннаах Аhаҕас сурук суруйдулар.

“Убаастабыллаах республикабыт уонна Нам улууһун олохтоохторо!

Алтынньы 10 күнүгэр интернет ситимигэр тахсыбыт ыстатыйалары көрөммүт айманныбыт уонна уолбут туһугар көмүскэһэн, араҥаччылаан бу суруйан эрэбит.

Биьиги «Арбын нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии коллектива Николай Анатольевич Соловьеву кытта 2012 сылтан, алта сыл устата бииргэ үлэлээн-хамсаан кэлбиппит.

Кини, эдэр киһи быһыытынан, элбэх саҥа билиилээх-көрүүлээх, чахчы ис сүрэҕиттэн төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар бэриниилээх, хара маҥнайгыттан дойдутун сайыннарар санаалаах үлэлии кэлбитэ. Бу үлэлээбит сылларын устатыгар баһылык киһи быһыытынан, биһиэхэ, нэьилиэккэ дьону түмэр, эдэри кытта эдэр, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буолар, кыһалҕалааҕы өйдүүр-өйүүр салайааччы быһыытынан кинини билэбит. Нэһилиэгэ сайдарын туһугар өйүнэн-санаатынан, ис сүрэҕиттэн кыһаллан, түүннэри-күннэри үлэлиирэ, хас биирдии киһиэхэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһара. Эдэр дьону олохсутар, үлэлэтэр санааттан, ыччаттары ыҥыран, элбэх эдэр ыалы дойдуларыгар олохсутта. Нэһилиэк кэскилин – детсад, оскуола оҕолорун кытта ыкса сибээһи тутара.

Николай Анатольевич баһылыктыаҕыттан нэһилиэк иһигэр ыытыллар үлэлэри ситимнээхтик, былааннаахтык толорору киллэрбитэ. Ол курдук, нэдиэлэ ахсын тэрилтэ салайааччыларын кытта үлэ хаамыытын билсэрэ, ыарырҕатар боппуруостарыгар нэһилиэк бас-көс дьонун кытта сүбэлэһэрэ.

Нэһилиэк саамай кыһалҕалаах, өр сылга туруорсубут баҕа санааларбытын: оскуоланы, детсады, спортзалы туттаран үлэҕэ киллэрбитэ. Бу улахан үлэлэргэ нэһилиэк дьонун бииргэ түмэн, ахсаана биллибэт элбэх мунньахтары, субботниктары бэйэтэ көҕүлээн, тэбис тэҥҥэ сылдьан, үлэлэһэн дьон убаастабылын ылыан ылла.

Николай Анатольевиһы биһи кыра оҕо эрдэҕиттэн билэбит. Кини элбэх оҕолоох боростуой тыа ыалын оҕото. Аҕата – тракторист, ийэтэ – бэрэдэбиэс. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэлэр: үс уол, икки кыыс. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар сытыы-хотуу, чобуо уол этэ. Үөрэҕэр үчүгэй буолан, Хамаҕаттаҕа саха-французскай оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Икки үрдүк үөрэхтээх, бастакы үөрэҕин Саха государственнай университет экономическай салаатын 2006 сыллаахха, иккис үөрэҕин Москватаа5ы Россия Президенин народнай хаһаайыстыбатын уонна государственнай сулууспатын академиятын 2018 сыллаахха бүтэрбитэ. Бастакы үөрэҕин бүтэрэригэр аҕата олус хомолтолоохтук оһолго тубэһэн суорума суолламмыта. Саҥа ыал буолаары сылдьар эдэр киһи олоҕор улахан соһумар охсууну ылбыта. Дьиэ кэргэнигэр бас-көс киһинэн Николай буолбута. Бу мантан ылата кини эдэр санныгар дьонун туһугар эппиэтинэһи сүкпүтэ.

Николай Анатольевич билигин элбэх оҕолоох ыал тапталлаах аҕата, кэргэнэ. Кэрэчээн кыргыттара аҕалара үөрэммит саха-французскай оскуолатыгар үөрэнэллэр.

Биһиги бииргэ үлэлээбит кэллэктиибэ уонна нэһилиэгин олохтоохторо Николай Анатольевиһы убаастыыбыт уонна барыта быһаарыллан, этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбит! Туораттан туран иннэ-кэннэ биллэ илигинэ саха сиэрин тутуһан, куһаган бырдьа тылларынан эдэр киһини киртитимэҥ, хоруотаамаҥ диэн көрдөһөбүт!

«Арбын нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын кэллэктиибэ уонна нэһилиэк олохтоохторо.
2019 сыл, алтынньы ый.

***

Aartyk.Ru 

Сурукка барыта 110 киhи илии баттаабыт.

 

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»