Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Сунтаар нэһилиэгэр “Албан аат” саҥа болуоссата тутуллуо

21.10.2019 07:47 1
Сунтаар нэһилиэгэр “Албан аат” саҥа болуоссата тутуллуо

Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уонна тутуу комплексын управлениятын начальнига Иван Егоров бу сырыыга Илимниир, Бордоҥ нэһилиэктэригэр уонна улуус киинигэр бара турар тутуулар хаамыыларын көрдүлэр-иһиттилэр. 


Сунтаар нэһилиэгэр, кутурҕан томторугар “Албан аат” саҥа болуоссатын оҥоруу үлэтэ далааһыннаахтык барбыт. Быйылгы тутуу матырыйаала барыта кэлэн, үлэ былаанынан баран иһэр. Манна бэдэрээччик “Главстрой” тэрилтэ билигин фонтан уонна умуллубат кутаа уот турар сирин оҥоро сылдар.

С.А. Зверев аатынан духуобунас уонна култуура киинин үлэтин хаамыытын билистилэр. Билиҥҥи туругунан ис өттүгэр вентиляция уонна муостатыгар плитка ууруутугар киирбиттэр. Салгыы уот тардааһыныгар ылсыахтара.

Илимниир нэһилиэгэр, нэһилиэк баһылыга Ипатий Иванов саҥа тутуллуохтаах культурнай спортивнай комплекс турар сирин көрдөрдө. Тутууга ИП Саакян Самвел Андраники ылсан үлэлиэ. Гравий кутуллубут, билигин тымныылар түһүөхтэригэр диэри бетон акылаата ууруллар уонна бөҕө  тимиртэн каркас таҥыллар.

“Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү” бырагыраамма чэрчитинэн, аҕыс квартиралаах благоустроеннай таас дьиэ тутуутун хаамыытын көрдүлэр-иһиттилэр. Тутуу үлэтэ дьаныардаахтын барбыт, быйылгы балаанынан дьиэ истиэнэлэрин каркаһын туруоруу буолар.

 

Бордоҥ нэһилиэгэр, оскуола дириэктэрэ  Алексей Иванов оскуола ис өттүгэр былааннаммыт өрөмүөн үлэтин сырдатта. Оскуола 2005 сылтан үлэҕэ киирбит, кыһыҥҥы өттүгэр үөрэнэргэ тымныы буолан оҕолор мөһөйдөрү көрсөллөр. Билигин муостатыгар плитка ууруута, отоплениятыгар сылааһы биэрэр турбаларын туруорууга үлэ былаанныыллар.

Салгыы  кулууп киинин дириэктэрэ Василий Спиридонов, саҥа тутуллуохтаах кулууп сирин миэстэтин көрдөрдө.  «Айыллаан» культурнай киин 1967 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбит, 2013 сыллаахха Россияҕа бастыҥ улэлээх кулуубунан ааттаммыт. 

***

“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. 👍

    Ыаллыы улуустартан хаалан иһэллэрин дьэ өйдөөбүттэр Сунтаардар. Оннооҕор Үөбүлүү улууһа быдан сайынна кэлиҥҥи кэрдиис кэмнэргэ.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»