Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Узбектар хайдах дьон эбитий?

14.10.2023 08:17 3
Узбектар хайдах дьон эбитий?

Киһи ыыра кэҥиэхтээх, айанныахтаах, атын дьону, култуураны кытары билсиһиэхтээх. Онон диэн баран соторутааҕыта биир идэлээхтэрбит Узбекистаҥҥа бара сылдьыбыттарын истэн баран, чугас соҕус сылдьалларыттан биирдэстэрин тутан ылан сурастыбыт.

Cуруналыыс, суруйааччы Сардаана Сивцева-Санаайа “кэпсээ” диэнтэн аккаастаммата:

-Узбектар Россияттан сылдьар дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһаллар эбитий, Сардаана?

-Россияннарга сыһыан үчүгэй, ордук сахаларга “аймахтыы омуктарбыт, итэҕэлбит эрэ атын” диэн олус истиҥник сыһыаннаһаллар эбит.

-“Аймахтарбыт” олох-дьаһах өттүнэн төһө сайдыылаахтар дии санаатыҥ?

-Оҥорон таһаарар производство бары көрүҥэ сайдыбыт. Төрүт ремесленнэй култууралара – мастан, тимиртэн, туойтан иһит-хомуос оҥоруута, ас-үөл астааһына, таҥас-сап тигиитэ эмиэ. Онон урукку курдук үлүһүйэн туран хлопогы үүннэрбэппит дииллэр. Дьиктитэ диэн бу дьоҕус урбаанньыттар туох баар нолуоктан барытыттан босхоломмуттар.

-Хата диэ.

-Промышленность сайынна дииллэр, сиртэн хостонор баай эгэлгэтэ элбэх эбит ээ.

Тутуу сүрдээҕин барарын илэ харахпытынан көрдүбүт. Элбэх баҕайы улахан спорт, култуура дьиэлэрэ бааллар.  Күнүс Ташкент киинэ –  былыргы куорат курдук, онтон халлаан хараҥарыыта уот-күөc холбонноҕуна букатын да аныгы европейскай куораттан уратыта суох буола түһэр.

Историческай памятниктарын, култуураларын олох тута сылдьаллар эбит. Ол ордук Ташкеҥҥа көстөр. Элбэх туристаах куораттарга – Самарканд, Бухара курдук сирдэргэ – араас. Таҥас-сап өттүгэр эмиэ: хиджабтаах кыргыттар диэн, узбектыы таҥастаахтар диэн, аныгылыы муодунай таҥастаахтар диэн…

Кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ эмиэ сол курдук. Өҥө оҥорор салааҕа – гостиницаларга, рестораннарга, маҕаһыыннарга –  эдэр дьон нууччалыы да, омуктуу да үчүгэйдик саҥараллар. Оттон ол иһин да үлэҕэ ыллахтара. Көннөрү эдэр ыччат  үксүн бэйэтин тылынан кэпсэтэр эбит.

Ыччат омуктуу дьаныһан туран үөрэтэрэ көстөр, чуолаан французскай, английскай, немецкэй, таджикскай тылы баһылаабыттар. Узбекистаҥҥа элбэх баҕайы омук үөрэхтэрин кыһалара баар эбит. Бэл, английскай тыллаах оҕо уһуйааннарыгар тиийэ.

Наһаа ыраастар, чэнчистэр уонна ыалдьыкка бэрт аламаҕайдык сыһыаннаһаллар.

-Туристар төһө элбэхтэрий?

– Наһаа элбэх турист баар. Европеецтар, казахтар, индустар, туроктар. Кытай туристара бааллар эбит да, аҕыйахтар дииллэр.

Туроктар баһылаабыт сирдэрэ эбит, ордук таҥас-сап  ырыынагар ыы-быччарылар.

-Элбэх ойохтоноллор эбит дуу?

-Дьэ ону сэтэрээн туран ыйыппыппыт (күлэр). Суох диэтилэр. Элбэх ойохтонуу көҥүллэнэр, өскөтүн эр киһи дьиэ кэргэттэрин барыларын тэҥинэн иитэр-аһатар, туох баар кыһалҕаларын барытын быһаарар кыахтаах буоллаҕына. Оннук киһи аҕыйах буоллаҕа ол аата.

-Дьүһүн-бодо хайдаҕый?

-Узбектар регионнарыттан көрөн атын-атын дьүһүннээхтэр эбит. Көрдөөх-нардаах майгыны сэргэ ытыктабыллаах сыһыаны сөбүлүүллэр эбит. Ис-иһиттэн хайдах эрэ дьоһуннаахтара, ис күүстээхтэрэ көстөр. Дойдуларыгар олорор узбектар манна ырыынакка турар узбектартан олох атыттар.

Кырдьаҕастар ССРС кэмин санаан-ахтан ааһаллар эбит.

-Ахталлар?

– Эдэр-сэнэх саастарын ахтыбат киһи суоҕа буолуо.  ССРС кэмигэр элбэх куорат тутуллубутун, улахан инженернэй үлэ ыытыллыбытын үтүө  тылынан ахталлар. 70-80 сс. нуучча учуонайдара, реставратордара узбек норуотун историческай памятниктарын, өйдөбүнньүктэрин быыһаан, сөргүтэн тыыннаах хаалларбыттарыгар улаханнык махтаналлар.

-Массыналара? Тугунан сылдьалларый?

-Узбекистаҥҥа элбэх омук массыыналарын хомуйар собуот баар эбит да, үксэ “Шевроленан” айанныыллар.   Таксилара эмиэ ол маарка – кыра, багажнига суох. Ол иһин эрдэ такси сакаастыыргар этэр эбиккин “элбэхпит, таһаҕастаахпыт” диэн. Олохтоохтор кэпсииллэринэн, массыыналарын эрдэ собуокка сакаастаан кэбиһэллэр эбит уонна онтулара сыл аҥаарынан таҥыллан бүтэр үһү.

Ону сэргэ уулуссаларыгар сэбиэскэй “Жигулилар”, “Москвичтар” сүүрэ ахан сылдьаллар.  Суоллара аһара үчүгэй, ханна баҕарар тиийиэххэ сөп. Биһиги курдук чэҥ муус үрдүгэр олорбот буоллахтара, онон суоллара “оонньообот”.

-Быраабыланы тутуһар норуот эбит дуу?

-Араас. Харах тэстэринэн көтүтэр суоппардар да ханна барыахтарай, бааллар.

Чимганҥа барар суолу сөбүлээбиппит, биир эрэ хайысхаҕа айанныыгын. Хайаҕа тахсар суолга биир да утары массыына суох. Наһаа элбэх муоста, күргэ бөҕө.

-Миграция боппуруоһа хайдах быһыылааҕый?

-Узбекистаҥҥа  36 мөлүйүөн киһи олорор. Дьон кэлэр-барар эбит да, наһаа улахан хамсааһын тахсыбат дииллэр.

-Хамнастара?

-Ыйыппыппытым да, олох хоруйдаабаттар. Былаастарын туһунан эмиэ тугу да кэпсээбэттэр, этиммэттэр.  Чэ, ону дьаныһан туран токкоолоспотоҕум даҕаны. Арай биирдэ  “салалтабыт былыргы өйдөбүнньуктэргэ бу курдук халы-мааргы сыһыаннаһар” диэн мөҕүттэн ааспыттара.

Уопсай санаа: узбектар олус тулуурдаахтар, бэйэ бодолорун тардына сылдьар дьон эбит. Холобур, ол ону гидтарбыт майгыларыгар да көрдүбүт. Биир эр киһи, мусульманин  уонна 12 хаппырыыс саха дьахтара.  Тугу эрэ ким эрэ ыйыт да, ыйыт, сурас да, сурас. Ким эрэ ханна эрэ баран иһэн хаалан хаалар, тугу эрэ ыла сатыыр, аһыы сатыыр, туалет көрдүүр, маҕаһыын көрөр… Ол тухары биирдэ да куоластарын соноппотулар, кынчарыйбатылар. Мин эбитим буоллар бэрт түргэнник бэрээдэктэрин көннөрүөм этэ (күлэр).

-Дьиэлэригэр-уоттарыгар атыннара буолуо?

-Дьэ, ким билэр, доҕор. “Ойоҕум төлөппүөннээтэ”, – дии-дии умса-төннө түһээччилэр бааллар быһыылаах, ээ.

-Барахсаттары, – диэн баран күлүстэхпит дии. Уопсайынан, ССРС кэннинээҕи дойдулар үйэ курдук бииргэ алтыспыт буоламмыт, өйбүт-санаабыт, майгыбыт – менталитеппыт, майгынныыр өрүтэ элбэх быһыылаах.

Хас биирдии омук бэйэтин төрүт дойдутугар дьиҥнээх майгыта-сигилитэ көстөр. Онон туора омук дьонун “гастарбайтердарынан”, “үлэһит миграннарынан” буолбакка, бэйэлэрин төрүт сирдэригэр хайдахтарынан сыана быһыахха сөбө буолуо.

***

Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,

Aartyk.Ru

 

Обсуждение • 3

Добавить комментарий
  1. саха

    Былыргыттан Ташкент-город хлебный дэнэр этэ, саха суруйааччылара Ец куорат диэччилэр.

  2. Саһарҕа

    Үчүгэй баайы ыстатыйа👍 Узбекистаны көрөр баҕалаахпын. Үлэни өрө туппут норуот, майгы сигили да өттүнэн көнөлөр.

  3. Ньоонньор

    Икки еруттээх омуктар. Сорохторо харалар уонна азиат узбектар эмиэ бааллар эбит этэ. Урут Ташкенна сылдьан кердеххе, кыраьаабысса азиат узбечкалар уксун хара узбектары кытта сылдьаллар этэ. Маннык буолла5ына азиат узбектар сутэн симэлийэн бутууьулэр дии санаабытым. Бэйэлэрэ да а5ыйахтар бьлх этэ.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»