Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Урукку Кытай буолбатах

07.03.2024 06:19 0
Урукку Кытай буолбатах

Кытай сайдыыта омос көрдөххө килэбэчийэн-халабачыйан сүрдээх. Онтон ис бараанын сиһилии ырыттахха, тастан кэлбит дьоҥҥо аһары “көмүс солотуулаах”  буолбатах эбит.

– олохтоох оператор симкатын ыларга Кытай олохтооҕо тус бэйэтэ кэлэн илии баттаан туоһу буолара ирдэнэр.

– омук сирдэригэр туһанар баан картатын толотторорго кинилэр системаларыгар биһиги сатаан регистрацияны барбатыбыт. Икки ый эппиэт күүттэххэ даҕаны сатаныа суоҕун сөп үһү.

– кылгас сроктаах виза эмиэ харгыс оҥорор эбит. 

Компьютернай системаҕа омук паспорынан сатаан үлэлээбэккэлэр отойдуун бытаан буоланнар бириэмэ бөҕөнү сүтэрдибит. 

– Россельхозбанк UnionPay картатыттан 2.000 юань устар көҥүллэнэр. Ити операцияны тутатына, эбэтэр күҥҥэ хаста даҕаны оҥоруохха сөп. 

– Биир эмит сиргэ эрэ UnionPay карта нөҥүө төлүөххэ сөп.

Оннооҕор уу харчыннан сорохтор төлөбүр ылбаттар. 

Ол оннугар:

– ханна барытыгар телефоҥҥуттан куйаар коду (QR-код) туттаҕын. 

Ол анал Alipay диэн сыһыарыыга международнай банковскай картаҥ холбоммут буолуохтаах.

– интернет нөҥүө сакаас быдан чэпчэки. Аһыыр сирдэргэ киирэн олорон сайт нөҥүө кытары сакаас оҥороллор.

– аһылыктара иҥэмтиэлээх буолан дуу, күҥҥэ биирдэ аһаан баран тот сылдьаҕын.

– маҕаһыын табаардара үрдүк хаачыстыбалаахтар. Ассортименнара баай. Таҥастарын дизайна уратылар. Биһиги бутиктарбытыгар суох таҥастар. Столичнай рынок табаарын курдугу булан көрбөтүм. 

– 60-тан үөһээ саастаах туристарга кэрийэр сирдэргэ босхо, эбэтэр чэпчэтиилээх. Поезд айаныгар кытары чэпчэтии баар буолар.

–  анал көҥүллэрэ суох буолан элбэх гостиница омуктары хоннорору аккаастыыр. 

Кытайга өр олорон оҕо төрөппүттэргэ даҕаны грин карта бэриллибэт буолан сылын аайы виза уһаттараллар.

Оҕолорун чааһыынай оскуолаҕа 130 тыһ. элбэхтэн үөрэттэрэллэр. 

Суол быраабылатын үөрэтэ сатаан баран өйдөөбөтүм.

Линьи куоракка такси сыаната  Сучжоу куораттааҕар биллэрдик кыра. 

10 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх Харбин куорат Тайпин аэропордугар международнай терминал түүн сабыллар.

26 мөлүйүөнтэн тахса олохтоох Шанхай куорат Пудун аэропордугар дойдуларын иһигэр көтөр терминала улахана, аныгылыы оҥоһуга наһаа үчүгэй.

Аэропортарга таҥас уларыттар анал кабинкалар бааллар. Итии, тымныы ууну босхо куттан иһэҕин. 

Төһөннөн Кытайга сайдыы барар даҕаны оччоннон туристарга сыана аһара ыараханын, балачча күн “дикарь” быһыытынан кэрийэн көрдүм-биллим. 

Кытай араас куораттарынан элбэх саха студеннара төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэллэрэ үөрдэр. Кинилэр дойдуларыгар төннөн биһиэхэ сайдыыны саҕыахтара диэн эрэниэххэйиҥ. 

Хамсык ыарыы кэннэ Кытайга элбэх дьон бизнэһэ сабыллыбыт. 

Кыахтаах тэрилтэлэргэ эрэ  сылыттар систиэмэлэр бааллар. Онон, дьиэ иһигэр курткалаах, сорохтор бэргэһэлээх үлэлииллэр. Кытайдар тобуктарын ордук харыстаналлар. Эр дьон ыстааннарыгар кытары тобугун халыҥатан тигэллэр. Онтон төбөлөрүгэр болҕомто уурбаттар. Сорох сиргэ мин эрэ бэргэһэлээх сылдьабын. 

Өстүөкүлэ муосталар хас да сиргэ бааллар. Хаар түһэр кэмигэр аҥаарын сабаллар. 

Биһиги дьон аҕыйах кэмигэр түбэһэн сылдьыбыппыт. Өйдөөн көрдөххө кытайдар курдары көстөр муостаннан хаамалларын сэрэхэчийэллэр. 

Оҕолорун хайаҕа ытталларыгар илдьэ сылдьаллар. Астынан сүүрүү-көтүү, ыйытык бөҕө буолаллар. 

Арыаллыы сылдьыбыт кытай: ыарахан сыананы төлөөн туристыыр сахалар эбиккит диэн сөҕөр. Биһигини ыалдьыттатар Сардаана төттөрүтүн чэпчэки сыаналаах маршруттары көрдөөн, булан түбүгүрбүтэ. 

Сүүрбэччэлии чаас поеһынан айанныыр сылаалаах диэн сорох түгэннэргэ хаппырыыстанан эҥин ылбыт түгэннэрдээхпин. Онон, былааннаабыт “Аватар” киинэ уһуллубут хайаларыгар, хайа үрдүгэр баар аатырар дэриэбинэҕэ ситэри тиийбэтибит.

Биир миэстэҕэ суукка курдук кэмҥэ хараҕаланан айанныам кэриэтин хайалары сатыы үөрүүннэн дабайыам этэ. 

Ханнык баҕарар омук сиригэр ыраахтан саханы эндэппэккэ таайарым. Билигин оҕолорбутун Кытай омугуттан киһи араарбат буолбут. Таҥастыын-саптыын, тутта сыллдьалларынаан уратылара суох.

Каникул саҥа бүтэн студент бөҕөтө Харбиҥҥа көтөн кэлбитэ. Уолаттар төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэрэ истиэххэ астык. 

Маннык балысханнык сайдар Кытай олоҕо ыччаппытын угуйар, өссө да саҥа технологияларынан угуйуо турдаҕа. 

Саха сирин олоҕун кытары Кытай дойдутун тэҥниир, ыйы уонна күнү тэҥнээбиккэ холоонноох. Тоҕо эрэ Дьылҕа Хаан ыйааҕынан бу олохпутугар саха буолан төрөөтөхпүт. Онон, атын омук олоҕор ымсыырааһын быстах өйдөбүлтэн буолаараҋ диэн туран кыахтаах оҕолорбут үөрэхтэнэн дойдугутугар үлэлии тиийээриҥ диэн ис сүрэхпиттэн этэбин. 

Кэнники сыл аҥаарыгар чуумпуга үөрэнэммин кытайдар куоластара улахана, өр быһаараллара, ыҥырыа уйатын курдук биир кэм саҥа-иҥэ сүпсүлгэнэ миэхэ сылаалаах буолбутун кистэл оҥостубаппын. 

Сылтахтар көстөннөр төннөр билиэппин уларытаары хас даҕаны мэһэйи аастым. Аэропортка рейс көтүөн иннинэ миэстэ таҕыстаҕына (на досадку) киириэм дии санаабытым хайдах да балаһыанньаҕа сатаммата. Билиэт атыыласпыт сиргэр эрэ уларытаҕын, эбэтэр төннөрөҕүн диэн буолла. Саҥа билиэт бэйэбит эрэ хампаанньабыт сайтыттан атыылаһылларын иһин, Кытай операторын симкатынан интэриниэтэ мөлтөх буолан эмиэ табыллыбата.

VPN холбоммотоххуна дойдубут сайтара аһыллыбаттар. 

“Якутия” көтөр хампаанньа электроннай почтатыгар харда суругум тиийэн быстыбакка эмиэ моһуогурдум. 

Бүтэһигэр, Кытай “ыыппат” эбит диэн дьээбэлэммитим, дьиҥинэн, бэйэм болҕомтото суохпар хас да күн Харбиҥҥа хоно сытабын. 

Дьоммор туох да кэһии ылбатым диэн испэр хомоҋо санаабытым, баҕам хоту бириэмэ атаара таарыйа, хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх маҕаһыыны кэрийэн төттөрү таары хаамабын.

Эргиэн кииннэргэ тыыннаах музыка доҕуһуоллаах ыллаан атыылаһааччылары аралдьыталлара бэйэтэ туспа реклама көрүҥэ. 

Хоруйдарыгар кинилэр тылларынан махтанан “се-се” диэтэххэ кытайдар наһаа үөрэллэр. 

Саха сирин билээччи суоҕун кэриэтэ. Россия диэтэххэ азиат эрээри диэн өйдөөбөккө мунаараллар.

Уопсайынан, биһиэхэ баар кытайдардааҕар аламаҕайдар. Төлөппүөннэригэр тылбаасчыт холбоон көмөлөһөллөр. 

Муннук аайы диэбит курдук, хас хардыы аайы аһыыр сир баар. Сорохторугар ким даҕаны өҥөйбөтөҕүнэ хайдах харчыланаллара эбитэ буолла.

Кып-кыра маҕаһыыннарга сытар оронноохтор. Быһыыта миэстэтигэр хоноллор. 

Линьи куоракка, ааһан иһэн сиргэ тугу эрэ тэнитэн олорор саастаах киһини ыйыттарбытым – хас да ньыманнан таайар киһи буолан биэрдэ. Оннук түгэни тумнуом дуо? Илиибин ууммуппар олохпун барытын чуо бааччы “көрөн” кэпсээн биэрдэ. Ол быыһыгар хайҕанан тутум үрдээтим. Тугу мунаарарбын кытары чопчу ыҋда. Ыксыы сылдьар буолан атыны токкоолоспотум. Өссө көрүстэхпинэ ыйытыам диэн хаһааммытым даҕаны ол куораппын нөҥүөлээн көппүтүм. Ол аата, сөптөөҕү иһиттэҕим дии.

Туох да кыһалҕата суох, тылы билэр киһини батыһан бэлэмҥэ сылдьар аһара үчүгэй.

Мин онон-манан айаннаан элбэх дойдуга ханнык баҕарар усулуобуйаҕа сырыттаҕым.

Ол да буоллар, билбэт сиргэ көрсөн, ыйан, быһааран биэрэр Саяна курдук эдэр ыччаттар дойдугут дьонугар көмө-тирэх буоларгыт наһаа наадалаах. 

Хоноһолообут ЫАЛ-бытыгар, чуолаан дьүөгэм Саргылаана бииргэ төрөөбүт балтыгар Сардаанаҕа кыһаллан онно-манна илдьэ сылдьыбытыгар МАХТАЛ мааныта буоллун.

Дьиэлээх Хаһаайын –  Андрей Кытайга биллэр пианист үлэтэ-хамнаһа үгүөрү үрдээтин.

Саха хааннаах эмдэй-сэмдэй игирэ урааҥхайдар олохторун суола куруутун көнөтүк, сырдыктык, киэҥник субулуннун. 

Сүдү эниэргийэлээх Киһилээх Хайатыттан таттарыылаах Дьааҥы кыыһа Сардаанаҕа инникитин сахалары баҕалаах сирдэригэр сырытыннарарыгар уопутуран өссө бэртээхэйдик тэрийэригэр баҕарабын. 

Тус бэйэм, мантан инньэ ханнык даҕаны омук сиригэр бэйдиэлээбэккэ, төрөөбүт дойдубар налыччы олорон, төһө кыалларынан Сахам сирин нэһилиэктэригэр сылдьыбытым быдан туһалаах буолуо диэн бигэ санааланным. 

***

Марина Платонова -Хомпорууна

Ааптар устубут видеотын @Aartyk.ru телеграм-каналга көрүөххэ сөп.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»