“Туох суруллубутун көрбөтөҕүм”…
Социальнай ситим көмөтүнэн саха оскуолатын атын сиргэ көһөрүөххэ диэн ыҥыран “аатырбыт” Уйгулаана: “Плакатка туох суруллубутун көрбөтөҕүм”, – диэн хардарбыт.
Салгыы видеотыгар атын оройуоҥҥа пропискалаах оҕолор кэлэн Айыы кыһатыгар үөрэнэллэрин хомуруйбут.
Кыыс плакаттаах турар хаартыскатын общественник Николай Барамыгин блогар бэчээттээн баран: “Трагедия народа саха. Женщина саха протестует против якутской школы”, – диэн суруйбутуттан сылтаан интернеккэ ар-бур таҕыста.
Биллэн турар, общество маргинальнай өттө кыыһы көмүскээн Барамыгин үрдүгэр саба түстэ. “Былаас общественнига эдэр дьахтары буруйдаан соруйан оскуола тиийбэт кыһалҕатын уларытар”, – диэн.
Барамыгин кими да буруйдаабат эбээт, кини баар балаһыанньаттан сонньуйан суруйдаҕа. Плакатка чопчу сурулла сылдьар: “Айыы кыһатын атын сиргэ көһөрүҥ!” диэн.
Хас быыбар ахсын онто да суох кэмчи саха оскуолатын үрдүгэр саба түһүү… Оттон Айыы кыһатыттан иҥнибэккэ да эрээри, Дьокуускайга оскуола тиийбэтин туруорсуохха сөп буолбатах дуо?
Суруналыыс Нина ГЕРАСИМОВА:
-Бу кыыс “мин Айыы кыһатын туһунан плакаты бэйэм суруйбатаҕым, миэхэ маннык плакаты туттарбыттара” диэн хоруйдаабыт. Туох ис хоһоонноох плакат буоларын өйдөөбөккө да пикеткэ тутан тахсыбыттар?
“Сымыйа прописка” тула атын быһаарсыы барыахтаах этэ буоллаҕа. Ол “сымыйа” прописка да төрүөтэ өйдөнөр — оҕолоро ала чуо сахалыы үөрэттэриэхтэрин баҕарар буолан, прописканы атыылаһан да туран, оҕолорун биэрэр буоллахтара? Куоракка 3 эрэ сахалыы оскуола баар, төһө эмэ элбэх оскуолаттан. Онон боппуруос арыый атыннык туруохтаах этэ буоллаҕа. Кимнээх итинник плакаты “айан”, ити кыыс котокуга “өй уган” биэрбиттэрэ буолла. Чэ хата, оскуола тутуута тургэтиэхтээгин, сахалыы үөрэниэн баҕалаах оҕолорго ханнык баҕарар оскуолаҕа эйгэ, усулуобуйа тэриллиэхтээҕин туһунан тустаах уорганнар эмиэ өйдүөхтэрэ буоллаҕа.
Бу эдэр ийэ өссө “мин оҕом сахалыы үөрэниэн баҕарбат, ону мин того кини санаатын утарыахтаахпыный?” диэбит. Төрөөбүт тылы үөрэтиини ийэ тыл суолтатын өйдүү илик кыра оҕолорго талларар буоллахпытына, олох да бүттэхпит ол дии…норуоппут тылын сутэрэр, онтон эстэр😔Билигин онто суох тыа сиригэр кытта оҕо барыта нууччалыыга көһөн эрэр дииллэр.
Хомойуох иһин, ити курдук толкуйдаах дьону бу сыллар тухары бэйэбит иитэн таһаардыбыт. Тугу эрэ көтүттубут дуу хайдах? Маннык толкуйдаах эдэр төрөппүттэргэ, эбээлэргэ-эhээлэргэ хайдах быһаарабыт, төрөөбүт тылбыт суолтатын?
-Маннык толкуйдаах дьону «иитэн таһаарбыппыт» төрүөтэ биир – Дьокуускайга уонна аттынааҕы бөһүөлэктэргэ 50-тан тахса оскуола баарыттан 3-э эрэ сахалыы. Оттон куорат оскуолаларын үөрэнээччитэ 80% саха оҕото. Ол оҕоттон 10-15%-на саха оскуолатыгар үөрэнэр. Уоннааҕылар оттон «көннөрү» оскуолаҕа үөрэннэхтэрэ. Ол кэннэ бу кыыс курдук санааламмакка.
Сахалыы оскуола тиийбэт диэн инньэ 90-с сылтан туруорсабыт да, сыарҕа бытааннык хоҥнор.
Биири бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Оскуола дириэктэрэ саха эрээри сахалыы саҥарбат буоллаҕына – оскуола эмиэ оннук тыыннанар. Сахалыы кылаас баар да, саха оҕолоро нууччалыы кэпсэтэллэр. Салайааччыттан улахан тутулуктаах.
Общественник Гаврил СТРУЧКОВ:
1. Барамыгин не возмущается, а печалится. Ведь это действительно трагедия. И его печалит сама ситуация, а не Уйгулаана конкретно. Он даже имени ее не называет.
2. Уйгулаана ведь реально держит лист с требованиемперенести Айыы Кыһата в другое место.
3. Почему она не требует перенести ЦГО или сделать из него обычную школу с приемом детей по месту жительства? А ополчилась именно против якутской школы?
Дьокуускай олохтооҕо 300 тыһыынчаттан таҕыста. Бу официальный сыыппара. Куорат улахан аҥара улуустартан көһүү түмүгэр улаатар. 80% дьокуускайдар – сахалар. Бу дьон оҕолорун сахалыы үөрэттэриэхтэрин баҕараллар. Баҕарар этилэр.
Ити плакаттаах тахсар эдэр төрөппүттэр ийэлэрэ-аҕалара, эбэлэрэ-эһэлэрэ тыаттан төрүттээх дьон буолаллара саарбаҕа суох, 90-с сылларга куоракка көһөн кэлбит дьон сыдьааннара.
Бу эдэр ийэлэр-аҕалар, сахалыы оҕолорун үөрэттэриэхтэрин баҕарбат буолбут төрүөттэрэ, бастатан туран, бэйэлэр нууччалыы оскуолаҕа үөрэммиттэрэ буолуо, иккиһинэн, чэпчэки суолу батыһыы. Билигин оҕо олорор, тутар буолла да, телефоҥҥа, телевизор умса анньабыт. Ютуб көлүөнэтэ үөскээтэ. Кинилэри төттөрү сахаларыгар төнүннэрэр төрөппүккэ уустук, ол иһин суол кылгаһыныы нууччалыы үөрэттэрэ сатыыллар. “Инньэ диэн үөрэҕэ суох хаалыа дуо?” – диэн. Аны дьыссаат кыһалҕата. Сахалыы группа эмиэ тиийбэт.
Билиҥҥи үөрэх программата барыта нууччалыы, арай саха тыла уонна литературата эбии киирэн биэрэр. Саха кылаастара 6 күн үөрэнэллэр, нууччалар – 5. Ити эмиэ төрөппүккэ сүүйүүлээх буолан көстөр: субуотаҕа утуйа түһүөхпүт этэ диэн.
Саамай улахан кыһалҕа – оскуола тиийбэт. Тыа сиригэр олох-дьаһах, үлэ-хамнас, айан-суол, сибээс тупсуор диэри тыаттан дьон көһөрө син биир тохтуо суоҕа. 90- сылларга Михаил Николаев сахалары үс хочоҕо көһөрүөххэ наада диэбит бырайыага, аһара баран биир хочоҕо – Туймаадаҕа түмүлүннэ.
Былаас уоргаттара оскуола тутуутун күүскэ ыытыахтарын наада. Буолар-буолбат эргиэн дьиэтэ, пааркалар-таймалар, көрүлүүр дьиэлэр оннуларыгар, бастатан туран, дьыссаат-оскуола тутуута барыахтаах. Куорат киинигэр оскуолаҕа аналлаах сир суох диэн баран, көрбүтүн эрэ кэрэх, эргинэр дьиэлэр дьэндэспиттэрэ эрэ баар буолар.
“Сахалыы да,нууччалыы да үөрэтэр дьоҕус оскуолалары аһыахха, Анатолий Бурнашов курдук” – “Суох, табыллыбат. градостроительнай нуормаҕа эппиэттээбэт”. Оттон чааһынай дьыссааттар элбээтилэр эбээт, сол курдук ирдэбили, нуорманы уларытыахха сөп буолбатах дуо?
Проблеманы быһаара соруннахха быһаарыахха сөп. Баҕарыахха, эппиэтинэс ылыахха эрэ наада. Тоҕо наар “национальнай” дэннэ да, тойон-хотун эрдэттэн куттанан барарый? Үөрэх управлениета, министиэристибэтэ үөрэтиигэ сакаасчыт буоларын быһыытынан чааһынай оскуолалар үлэлэрин хонтуруоллаатын, бииргэ үлэлэстин, көмөлөстүн ээ, онно туох “экстремизмэ” кэлиэхтээҕий?
Оҕобун төрөөбүт тылынан иитиэхпин, үөрэтиэхпин баҕарарым – мин киһи буолан төрөөбүт көҥүлүм, быраабым буолбатах дуо?
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Леонид Попов:…”Төрөөбүт тылын билбэт, төрөппүт ийэтин оҕото буолбатах”…
Арассыыйа кыра омуктарын суох оноруу – биир ньыгыл баартыйа бэлиитикэтэ. Ньыгылларга куоластаан иьин. Дьон да бе5етун иитэн таьаара5ыт.
Хайдах аахпатах уьу, плакатын. Оннук акаары да… Багар онно дойду баьылыгын эбэтэр Айсены уегэн суруйбут буоллуннар))) Сымыйалыыр бо, тем более нууччалыы сурук
ити кыыс кэннигэр атын дьоннор тураллар. Манна итинник өйү-санааны тарҕатар суруналыыстар бааллар: Сахадэй, Виталий Обедин, Якутия-Инфо, ЯктТаймс.
Манкурт буолаллар, тумустарга бэрт буола сатаан.
Саамай сопко этэгин. Хаьан да норуот туьугар биир утуо тылы эппэтэх, наар норуот куьаганын бэлиэтиир, хаьар дьоннор улэлэрэ костор. “Дундуктар”, “карапузиктар” диэн сахалары сэнээн суруйар суруналыыс, оголоох дьону саанан ытыалыыр, албын дипломунан куорат олохтоохторун албынныыр дьон депутат буола сатыыллар. Саатар сирэйэ, суобаьа суох буолбуттар, туора дьону туьанан, олохтоох былааьы хоруорда сатыыллара саарбахтаммат.
барыта биһиги тойотторбут мөлтөхтөрүттэн тахса турар көстүү, дьиҥнээхтик олохтоохтор ирдэбиллэрин көмүскээбэттэр,туруорсубаттар наар соҕурууттан куттанан манаһан,кинилэргэ бэрт буола сатааһын төрүөтэ, алҕас былааска тахсыбыт дьон тугу да туһалаабаттар,бэйэлэрин эрэ көрүнэллэр,дьон туһугар хантан туруулаһыахтарай…
Детсадка да, оскуола5а да саха группатыгар, кылааьыгар место суох диэн проблема туруо суохтаах. Ба5алаах барыта сахалыы уорэниэхтээх. Манна туох да атын омуктары ата5астааьын суох.
тиийбэт буоллаҕына тоҕо сэниэлээх соҕустук тутан испэттэр? Кистэл буолбатах үчүгэй оскуолаларга үксүгэр билсииннэн кыахтаах дьон оҕолоро үөрэнэллэр,онтон көннөрү дьон эмиэ оҕолорун бэйэлэрин тылларынан үөрэттэриэхтэрин баҕараллар буоллаҕа,тоҕо ол кыаллыбатый.