Курс валют
$
91.14
0.21
101.28
0.48
Курс валют
Курс валют
$
91.14
0.21
101.28
0.48
Меню
Поиск по сайту

Оттон быраастары ким көмүскэһэр?

20.02.2024 08:13 9
Оттон быраастары ким көмүскэһэр?

Эргэ Дьыл бүтээри, Саҥа кэлээри аҕай турдаҕына мин биир түүн улаханнык ыалдьан “Суһал көмөнөн” таҥкынатан РБ2 дэнэр экстреннэй балыыһаҕа тиийдим. Төбөм ыарыыта ынырыга, илиим хамнаабат буолан хаалта  этэ да, көмөлөһүннэрэр буолбуппуттан үөрбүппүттэн эрэ, тиийээт да холкутуйан хааллым. Үөһээ сытар отделениеттан дьуһуурунай быраас түһэн көрдө, тута ол-бу КТ эҥин диэн оҥортордо, анаалыс ыллаттарда. Ол түмүгүн күүтэн мин, илистибит киһи каталкабар сыттым. Арай өйдөөн көрбүтүм, ити киирэр аантан күүтэр көрүдүөрбүтүгэр моргуор бөҕө. Төбөтө кыа хаан киһи айдаана, эмиэ төбөтө быһыылаах, туох эрэ бэргэһэлээх орто холуочук икки киһи тэҥинэн хачымахтаһаллар, охсуһаары бэйэ-бэйэлэригэр түһүөлүүллэр. Быраас этэрин истии суох, сити ынан кэлэллэр, чугаһаары гыннаҕына тэбиэлэнэллэр. Эгэ, сиэстэрэни чугаһатыахтара дуо?! Ол быыһыгар били хааннааҕа ыһыытыыр: “Ты чё? Сүөһү! Ты ж обслуга, чо спрашиваешь? Зашей и всё, пошел я!”. Иккиһэ арыый бэттэх эрээри, син биир итирик: “Эй, ты же куруур! Отрежь ему….”,–дии-дии алларастыыр. Харабыллыыр дуу, итинниктэри уодьуганныыр дуу полиция пуормалаах киһи, уота-күөһэ суох тута сатыыр… Амырыын хартыына.  Хомойуох иһин, бары саха дьоно. Бэри диэн бэркиһээтим. Ити илэ харахпынан көрбүппүн, эт кулгаахпынан истибиппин этэбин.

Миигин балыыһаҕа киллэрдилэр. Кыра эпэрээссийэ оҥорбуттара абыраан түргэнник үтүөрэр аакка бардым, оннооҕор Саҥа дьылы дьиэбэр көрсүөх курдукпун. Үөрүүм бөҕө, бэрэбээскигэ бараммын сиэстэрэ кыыска үнүр көрбүппүн кэпсиибин. Кыыһым соһуйбат:

–Ээ, диэ. Дьэ ити нейрохирургия килийиэннэрэ, киһи ыарыһах да диэн саллар. Күн аайы кырбаспыт, охсуспут эрэттэр кырыы-кырыыларынан. Наһаа үчүгэй быраастар ити алкаштары кытта бодьуустаһаллар, хайыахтарай. Олохпут көстүүтэ. Сокуоммут эмиэ оннук. Кэлбит киһини итирик-өйдөөх, бич дуу, мааны дуу диэн араарбакка, булгу көрүөхтээххин. Ити маатыранан эрэ кэпсэтэр, төбөтүн үс сиринэн хайыта сыстарбыт эрэти КТ, рентген бөҕөҕө түһэрэн, өссө эпэрээссийэлээн бэттэх аҕалбыт кэнниттэн дуоктардарын маатыралаан баран дьиэлиэ. Биир ыйынан эмиэ сынньыллан, туга эрэ хаанныран кэлиэ…

Дьикти эбит. Палаатабар киирэн кэпсиибин. Бука бары бэркэ диэн билэр көстүүлэрэ эбит.

–Бырааһы быраас диэбэт буоллулар. Үөҕүү-мөҕүү бөҕө. Тула өттүттэн суут. Ити итирбит уол сотору “миигин сыыһа эпэрээссийэлээтэ, соруйан эмтээбэтэ” эҥин диэн таах суукка дьыала түһэриэн сөп. Оччоҕо бу быраас аны суукка кырдьыгын таһаарына барар үһү,–диир аттыбар сытар саастаах дьахтар.

–Итиччэлээх ыарахан сыаналаах тэрил, КТ, МРТ түүннэри-күннэри итирэ-итирэ охсуһан эчэйбит дуу, эчэйбэккэ абыраммыт дуу ыччаттарга тохтоло суох үлэлиир. Ол оннугар саахалга түбэспит дьон кэллэҕинэ, ардыгар алдьанан турунан кэбиспит аппарааттаах буоллаххына быраас, балыыһа буруйа—халаатынас буоланнар тэриллэрэ да үлэлээбэт диэн. Ити тэрил эмиэ төһө эмэ кэмҥэ хаста эрэ үлэлиир ресурсалаах буоллаҕа эбээт! Ол ким туһугар баранарый? Ити арыгылыыр ыччакка!

–Мин билэбин, манна күтүөтүм үлэлиир. Саха ыччата эстэр сирэ “Мохито”, “Сунгари”, “Level” буолла диир кини. Итилэргэ аһыы уунан күөллүүр баҥкыаттар кэннэ РБ2-ҕа субуруһан олороллор  үһү. Омун буолбатах, түүн аайы кырата 10-20 эчэйии биир куоракка балачча буолбатах дуо? Быраастар оннооҕор дьыл кэминэн араарар буолбуттар: абитура кэллэ, устудьуоннар каникуллара бүттэ, пикник үгэннээтэ…

–Ситэри өҥөнү оҥорботулар диэн үҥсүһээччи эмиэ баар, бэйэтэ аккаас суруйан эрдэ тахсан баран. Уопсайынан, араас түгэҥҥэ ханна эрэ туох эрэ быһылаан буолбутун истибит ыарыһах, эмтэнэ сылдьар бырааһын кытта буруйдаах курдук көрөр, тута өстүйэ түһэр, тыл бырахсан аахсар, аҥаардастыы хоруотуур түгэннэрэ эмиэ баар. Быраастан, сиэстэрэттэн ирдэнэрэ элбэх, маатыралаатаҕына—барахсан итирбит (иирдэҕэ дии, ону аахсаҕын дуо диэбит курдук), эйигин талбытынан мөҕүтүннэҕинэ, үөхтэҕинэ—оо, эрэйдээх, кини ыарыһах, ол иһин психиката мөлтөөбүт кэмэ буолуо, оҕустаҕына, тэптэҕинэ—неадекват, шок… Оттон бырааһы ким көмүскүүрүй? Видеонан суруйуу баар да, ким эмэ ону көрөрө дуу, саарбах быһыылаах. Биир да ыарыһах буруйдаммыта иһиллибэт,–диэбитэ палаатабыт сиэстэрэтэ.

Кырдьык диэн мин, биир киэһэ балыыһа көрүдүөрүгэр олорон көрбүппэр да сөп буолбут киһи, итини ис сүрэхпиттэн итэҕэйэбин. Саха тыыннаах хааларын туһугар, тыл сүппэтин дии-диибит туруулаһа сатыыбыт. Бэйэбит бэрээдэкпит ити. Балык төбөтүттэн сытыйар диибит. Оттон киһи аймахха, кини олоҕор сыһыаран эттэххэ, эр киһи диэн төбө буоллаҕа эбээт. Ол хаарыаннаах баспытын баара эрэ 20-чэ сааспытыттан быһыта сыстаран баран ханна ыраатыахпытый? Барыта ситимнээх ээ, доҕоттор! Оччотугар бу маннык кэмэлдьинэн олорор мутукпутун бэйэбит кэрдинэбит буолбатах дуо?

***

Елена НИКОЛАЕВА,

Дьокуускай к.

Обсуждение • 9

Добавить комментарий
  1. Заказной материал курдук

    неубедительно

  2. Дмитрий

    Быраастары аһары үөҕэн бүтүҥ. Саамай сөптөөх ыстатыйа👍🏻👍🏻👍🏻

  3. Кыыһырбыт

    Сөпкө суруйбут дии, быраастан ирдэнэрэ кырдьык аһары элбэх. Итирбит пациент туохха да эппиэттээбэт. Кини раната улаханын киһи бары эмтиэхтээх тула сүүрүөхтээх. Ону гымматыҥ да бүттүҥ. Не дай бог, тоҕо итириккиний диэтиҥ да кинини үөхпүт аатыраҕын. Полно таких случаев

  4. Пенсионер

    Оттон то5о ити отделения5а учугэй хас да дубинкалаах электошокердаах охраниктар суохтарый.Учугэй хамнас биэрэн Туран.Ону медиктар туруорсуц.Бу 400 сылы быьа заспиртованнай дьон.Аны суррогат иьэн отравления барар.Иирэн хаалаллар.Онто да суох акаары кыыл ацаардасх дьон.Скорай эмиэ мэнээх сылдьар.Вызовка бронежилет кэтэн сылдьыц.Чарааьы ыйааьына кыраны.МЗ буоларга буолбака закупки оцорор дии.Билигин дьиэ аайы сэрии сэбэ элбэх.Саа быьах.

  5. Халлаан

    РБ охранниктара туох эрэ мэнээх дьон.Улэлээбэттэр.Ыарыьах дьон тастан киирэн тацаьын устубакка хаамыталыыр.Таах аьардаллар.Хосторугар телефонунан кэпсэтэ олороллор.Тугу да корботтор.Саастаах сурэ5э суох Эр дьон этэ.Бэйэ5ит туруорсан бэрээдэк олохтооц.

  6. Вообще

    А законодательные инициативы о том, чтобы уравнять нападения на медиков с актами агрессии в отношении сотрудников полиции или спецслужб, пока не удалось провести у нас

  7. Массагет (мас сахата)

    За нападение на работников больниц, скорой помощи в США можно получить до 20 лет тюрьмы. За оскорбление тоже есть наказание, еще похлеще. За плач собственного ребенка – тюрьма. За ненадлежащее отношение к своим домашним животным тоже тюрьма. А за неуплату налога – электростул “- как посадили в тюрьму Ал-Капоне, мафиози, убийцу. не за убийства..

  8. Надежда

    Даа, мне всегда жаль врачей, разгребают социальные проблемы

Оставить комментарий