Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Курс валют
Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Меню
Поиск по сайту

От-мас тойоттор

08.08.2023 16:21 7
От-мас тойоттор

Сахаларга “тойону отунан-маһынан оҥорбоккун” диэн этии баар. Бу этии – тойон, бас-көс, салайааччы буолар киһи – улахан тургутууну ааспыт, өйүнэн-билиитинэн атын дьонтон таһыччы үрдүк, сүрэҕинэн-быарынан сиппит-хоппут, саныыр санаата киэҥинэн, олохтоох, дириҥ толкуйунан, өтө көрөр дьоҕурунан атыттартан хас да тутум үрдүк, атын оҥоһуулаах киһи Тойон буолар аналлаах, оннук ирдэбилгэ эппиэттиир киһи Бас-көс буолуохтаах диэн санааттан тахсыбыт этии.

Хомойуох иһин, билиҥҥи сорох эдэр миниистирдэрбит оруо маһы ортотунан барчалаан, кылгас санааларынан, кыараҕас ыырдарынан дьон-норуот ытыктабылын ылар кыахтара суох. Маннык сыыс оттон-мастан оҥоһуллубут тойоттор дуоһунастарын эппиэтинэһин өйдөөбөттөр. Былаас хаһан баҕарар улахан эппиэтинэс, ыар таһаҕас, уйар киһи уйар, соһор киһи соһор.

Урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды уолун кытары хаартыскатыттан сылтаан  дьон өһүргэниитэ таҕыста. Саха сиригэр траур биллэриллэн турдаҕына, норуот чугастык ылыммыт сүтүгүн кэмигэр итинник сатамньыта суох хаартысканы бэчээттээн Ханды тойон быһыытынан өйө-санаата сиппэтэҕин туоһулуур.

Миниистир – дьон хараҕын далыгар киирэр публичнай дуоһунас. Ол аата бу дуоһунаска киһи ананна да, тутта-хапта, таҥна-сапта сылдьара, тыла-өһө барыта дьон одуутугар киирэр. Государственнай дуоһунас эппиэтинэһин суолтатын ситэ өйдөөбөт дьон ананаллара хомолтолоох. Халы-мааргы тыл-өс, туттуу-хаптыы  – бу дьон тойон-хотун буоларга өссө да ситэ иликтэрин көрдөрөр.

Хандыны көмүскэһээччилэр бааллар. Сорох пабликтар итинник  хайп – ажиотаж таһаарар ньымалаахтар (биир уостарынан көмүскээбитэ, иккиһинэн сэмэлээбитэ буолаллар). Биллэн турар, оҕо аата оҕо кинини ким да сиилээбэт, буруйдаабат. Хаартысканы аҕата миниистир таһаардаҕа, кини – дуоһунастаах сирэй быһыытынан публикаҕа тугу этэрин-тыынарын, көрдөрөрүн-көрдөрбөтүн  сыымайдыахтаах этэ. “Толкуйдаабатаҕым”, – диэн этиитэ кини сыыһатын мүлүрүппэт ээ. Толкуйдуохтаах, толкуйдуурга сөбүлэнэн тойон буоллаҕа эбээт.

Ханды үс сылынан итинник хаартыскаҕа түһэн таһаарбыта буоллар улаханнык сэмэлэниэ суох этэ. Кутурҕан сылааһына, сиргэ харалла да илигинэ сэтэрээбит курдук  “толкуйдаабакка” быһыыламмыта сэмэлэниэхтээх. Аны бу улахан быыбардар буолаары тураллар, кини былаас бэрэстэбиитэлэ  буоларын быһыытынан итини эмиэ толкуйдуохтаах этэ.

Хандыга быыгабар бэриллибитин утарааччылар бааллар. Бу сырыыга баҕас  сөпкө миниистир дьарыллыбыт. Государственнай сулууспалаах этикетэ диэн баар, ону кэспит дьарыллыахтаах.

***

Михаил БАИШЕВ,

Дьокуускай к.

Обсуждение • 7

Добавить комментарий
  1. Хаххан

    Кытайга дуу СевКорея5а эбитэ буоллар таьааран ытан кээспит буолуохтара этэ.Манна кыаммат омук дэнэн цыганнар курдук куруук бэлэмцэ эрэ бэртэр.Оссо этиьии таьаараллар.Улэ уорэх суох.Наьаа тыллаах ацала дьон.Саха сирин туьэрэн сиэн бутэрдилэр.

  2. Ну ну

    Соптоох бэлиэтээсин. Чиновник, дуосунастаах киси публичнай этикета, публичнай костуугэ хайдах туттан хаптан сылдьыахтаагын тусунан эдэрдэргэ ойдобул олох молтох. Бу Ханды министр молтох дьыалата М. Е. Николаев траурун эрэ кэмэ буолан болгомтого киирдэ бысылаах. Маннык курдук “толкуйдаабатах” тугэннэрэ элбэх буоллага эрэ. Улэтигэр кытта. Онон дьинэ быыгабан диэн кыра миэрэ ылыллыбыт. Министриттэн устан да кэбисэр соп этэ. Уопсай тасыма министргэ тиийбэт киси сылдьара, бука блат сибээс “огото” буолара сэрэйиллэр.

  3. Алекс

    Аны ити кэриэстэбил мөссүөнүн анныгар көбүөр курдук ууруллубата,кураанах алдьаммыт көөрөттүбүт сиргэ аҕалан туруоран кээспиттэр дии,тоҕо итинник мөкү сыһыан буолла итини туруорбут дьонтон ыйытыахха сөп этэ,бээлэрин куһаҕан үлэлэрин көрбөттөр ,атын дьону сэмэлииргэ бэртэр.портрет икки өттүгэр эдэр ыччаттартан почетнай караул да курдук туртара буоллар бэрт этэ.

  4. Пенсионер

    Уруккуттан итинник дьон баар.Тэрилтэ тойоно акаары буолла5ына ойдоох улэьит киьини сиир.Оттон акаары сурэ5э суохтары Оро тутан бэйэтин авторетын бо5орготор.Билигин уксэ оннук.Сымыйа уорэх диплом улэ тацас фото.Онон бутэр.Туьата суох дьону хомуйан сэриигэ ыытыц.Урукку ЛТП оннугар.Мэрия5а элбэхтэр

  5. Кугдаров

    Биир сыптарыцнаах ынах хотону барытын сутуйбатын туьугар, суускэ бэриллэн идэьэлэниэхтээх. Хандыны да5аны миэстэтин булларыахха наада.

  6. Тимир

    Оннук.Бу дьон соруйан итинник быьыыланаллар.Этэн да диэн.Туохха да баппат сиир уорар тацнарар атыылыыр адьынаттаахтар.Ол иьин онно кэпсэтии кылгас.Болуоссакка таьааран тос гыннараллар.Миллиард бу маннык дьон баар.Хайдах да учугэйинэн туппаккын.Аны эмиэ манна курдук атын атын быстах дьиикэй омуктар.Ону биир сутурукка тутар диэн ыарахан.Урут манна бассабыктар туталлара.Билигин эппиккэ дылы атах быта тобо5о тахсан сиэтэ.Саха сирин атыылаан эстэ.Аны уот ыытар муода буолла.Ол баар утуону оцорон кор.

  7. Влад

    Итинник тойоттордоох олорон ханна тиийэр уьубут, хата шортик кэппит дии, устан кэбиьиэххэ наада Глава аатын туьэн биэрэ сылдьаллар! Сыыс от тойоттор!

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»