Иван ШАМАЕВ Егор БОРИСОВЫ былаастан хайдах, кимнээх туораппыттарын туһунан аһаҕастык кэпсээтэ
Бассаапка общественник, политик, Ил Түмэн ыҥырыылаах бэһис мунньаҕын депутата Иван Иванович ШАМАЕВ үһүс республика Президенэ, бастакы Ил Дархана Егор Афанасьевич БОРИСОВ туһунан суруйда. Чуолаан, Егор Афанасьевыһы былаастан тоҕо, туохтан туораппыттарын аһаҕастык кэпсээтэ. Былаас ис биэтэһигэр туох-ханнык быһыы-майгы буолбутун суруйда.
Республика ситэриилээх былааһа (2010-2021 сс.)
Бу кэнниттэн АЛРОСА тула улахан киирсии 2016-2017 сыллардаахха буолан ааспыта. Туруулаһыы федеральнай правительство уонна республика үрдүкү салалтатын таһымынан барбыта, онон общественность билбэккэ хаалбыта. Онно буолан ааспыт событиелар СМИ-нэн сырдатыллар кыахтара суох буолан дьон билигин да билбэт.
2007 сыллаахха СР уонна РФ правительстволара АЛРОСА акцияларын 7-лии бырыһыанын атыылаабыттарын кэнниттэн акция үллэһигэ маннык буолбута: РФ – 44%, СР – 25%, улуустар – 8% чааһынайдар – 23%. 2016 сыллаахха РФ правительствота АЛРОСА акциятын сороҕотун атыылыырга быһаарбыта. Бу боппуруоска ордук күүскэ А. Улюкаев уонна Ю. Трутнев туруммуттара.Улуу тойоттор акция атыыланыахтааҕын туһунан сайабылыанньалары оҥорбуттарын кэннэ Ил Дархан Е. Борисов; “Саха Республиката акцияларын атыылаабат” диэн малтаччы этэн кээспитэ хаһыаттарга тахсыбытын мин бэркэ соһуйа аахпытым уонна “киирсии эмиэ саҕаланнаҕа” диэн улаханнык ытырыктаппытым. Ол кэнниттэн Ю. Трутнев: “Тоҕо биһигини кытта сөбүлэһиитэ суох сайабылыанньа оҥордуҥ?”, – диэн улаханнык уордайан туран Е. Борисовы мөхпүтүн туһунан сурах сири-буору аннынан иһиллибитэ.
Бэс ыйын 6 күнүгэр “Азия Оҕолоро” спортивнай оонньуулары арыйыы өрөгөйдөөх сиэригэр-туомугар Д. Медведев, Ю. Трутнев кэлбиттэрэ, Дьокуускай куорат бырааһынньыктыы симэммитэ. Үөрүүлээх арыйыы кэнниттэн Д. Медведев уонна Ю. Трутнев Егор Афанасьевиһы икки өттүттэн ыган олорон республика акцияларын атыылыырга модьуйбуттарын туһунан кэпсээни ити кэмҥэ правительство иһигэр үрдүк дуоһунаска үлэлии сылдьыбыт хас да киһиттэн иһиттим.
Маннык уһулуччу ыарахан балаһыанньа үөскээтэҕинэ регион салайааччыта бэйэтин суобаһын кытта бэйэтэ суос соҕотох хаалар. Өйүүр да, сүбэлиир да таһымнаах киһи кини аттыгар баар буолар кыаҕа суох, общественность туох буола турарын сэрэйбэт даҕаны. Бу уустук түгэҥҥэ Егор Афанасьевич быһаччы кини үрдүгэр турар тойоттор ыгыыларыттан мүччү түһэр ньыманы тобулбута.
Мантан салгыы усках кэпсээҥҥэ буолбакка 2020 сыллаахха “ЖЗЛ” серияҕа тахсыбыт “Егор Борисов” диэн кинигэҕэ киирбит матырыйаалга олоҕуран суруйабын. «Азия Оҕолоро» оонньуу кэнниттэн кураанаҕы кууһан баран Ю. Трутнев уоскуйар былаана суох буолан биэрбитэ. Эмиэ ити сыл “АЛРОСА куратора буоларым быһыытынан “Росимуществоҕа” Саха сирин акцияларын салайарбар мин ааппар дэбиэрэннэс суруйан биэриҥ” диэн “Росимуществоттан” модьуйбута (!). Е. Борисов бу да сырыыга Ю. Трутнев сирэйэ-хараҕа суох суудайыытын боччуйар хардыыны булбута.
2017 сыллаахха АЛРОСА-ҕа саҥаттан кимэн киирии саҕаламмыта. Федеральнай правительство РФ уонна СР иккиэн 4%-түү бырыһыаны атыылыахтара диэн былааннаммыттара. Ил Дархан бу да сырыыга Саха сирин акциятын атыылыыртан аккаастаммыта уонна улуус баһылыктарыгар аһаҕастык эппитэ: “Биһиги акциялары приватизациялыыр санаабыт суох. Акциялаах улуустар баһылыктарыгар этэбит – акцияҕыт туһунан кэпсэтиигэ киирэн биэримэҥ. Эһиэхэ тахсыахтара. Онно бэринимэҥ. Акцияларгытын атыылаамаҥ.” Республика салайааччыта муҥура суох былаастаах федеральнай чиновнигы утары маннык туруору киирсибит холобура Россия историятыгар бука аҕыйаҕа буолуо. Бу мунньах туһунан “Коммерсант” хаһыат бэчээттээбитэ, оттон биһиги, республика олохтоохторо, тугу да билбэккэ хаалбыппыт.
Е. Борисов ити хорсун этиитэ федеральнай правительство былааннарын барытын тохпута, Саха сирэ биир да акцияны атыылаабатаҕа.
Биллэн турар, Россия саамай үрдүк дуоһунастаах тойотторуттан биирдэстэрэ Ю. Трутнев Саха Сирин Ил Дархана кинини утары аһаҕастык үлэлиирин уодьуганныырга талбыт ньыматын туттар кыахтааҕа. Ити күһүн буолуохтаах Госдума быыбарыгар республика ньыгыллара кандидат туруорар “бырааптара” быһыллыытыгар Трутнев быһаччы оруоллаах буолуон сөп. Ахсынньыга Москваҕа “Дальневосточный Экспресс” диэн электропоезд сүрэхтэниитигэр Ю. Трутнев, Уһук Илин регионнарын баһылыктара, ол иһигэр Е. Борисов, ыҥырыллыбыттара. Биир түгэҥҥэ Ю. Трутнев уонна регионнар баһылыктара Егор Борисовы куруубайдык бэйэлэрин кэннилэригэр үтүрүйэн таһааран баран кэккэлэригэр киллэрбэт курдук метро кыараҕас платформатын тиирэ турунан кээспиттэрэ. Маны көрдөрөр ролик ватсабынан киэҥник тарҕаммыта. Хомойуох иһин, элбэх киһи Е. Борисовы сэтэриир комменнары суруйбута. Егор Борисов республика экономическэй интириэһин туһугар охсуспутун Ю. Трутнев итинник ньүдьү балайдык иэстэһэн турар.
Хайа да бэйэлээх киһи итэҕэһэ элбэх буолар. Егор Борисов сыыһата-халтыта бука элбэҕэ буолуо. Ол гынан баран норуот дьылҕатын, республика интэриэһин таарыйар сүрүн боппуруостарга тус бэйэтин да харыстаммакка, үрдүк дуоһунаһын да харыһыйбакка хорсуннук охсуспута диир толору бырааптаахпын. Федеральнай былаас бүгүҥҥү эргимтэтигэр маннык региональнай лиидэрдэр бэлэскэ турар уҥуох кэриэтэлэр. СМИ-нэн Е. Борисовы күүстээх ыгыы барбыта. 2018 сыл ыам ыйын бүтүүтүгэр Егор Борисов Ил Дархан дуоһунаһыгар үлэлээн бүтэрин туһунан сайабылыанньа суруйарга күһэллибитэ.
Быһаарыы.Ааҕааччы баҕар “Шамаев Борисовтан туох эрэ тутулуктаах, эбэтэр ханан эрэ чугастыы буоланнар маннык суруйара буолуо” диэн санааҕа кэлиэн сөп. Билигин кини Ил Дархан буолбатах, онон туох да тутулугум суох. Е. Борисовтыын ханан да чугасаһарбыт суох. Депутат эрдэхпинэ мин кини киллэрбит элбэх сокуонун бырайыагын утарбыттаахпын. Оттон 2018 сыллаахха мин Ил Түмэҥҥэ депутакка кандидатынан туран сырыттахпына Е. Борисов Бэрдьигэстээххэ тахсан “Шамаевы талымаҥ” диэн агитациялаабытын бэркэ билэбин. Киһи кими өйүүрэ, кими утарара – ол кини конституционнай бырааба. Онон Е. Борисов дьайыытыгар сыана быһа барбаппын. Ол гынан баран Егор Афанасьевич биһиккини дьүөрэлэһиннэрэр ханнык да политическай дуу, дьыалабыай дуу, атын дуу платформа суоҕун ити чуолкайдык көрдөрөр дии саныыбын.
Ыам ыйын 31 күнэ, 2021 с.
***
Дьэ. онон оннук. Кэлин өссө да кэнэҕэс ким хайдах, тугу турууласпытын дуу, туран биэрбитин дуу туһунан истэн-билэн иһиэхпит буоллаҕа.
***
Aartyk.Ru
Шамаев ейдеех киhи, мээнэ5э суруйбута5а буолуо.
Трутнев яппон эбит батта
Сана биллин дуо
Дии
Егор Афанастевич дьиҥнээ саха чулуу уола буоллаҕа.Оннук сэрэйэр этим
Этимэ
Че то не понятно. БЕА же решил продать акции АЛРОСА-Ньюрба, еще для этого с отстранением главы улуса
И волки сыты, и овцы целы. Диэн буолар ити.
Ити Попов Алроса акциятын атыылаары кыммытын тохтохппуттрара
АЛРОСА тула киирсэр, ымсыырсар федеральнай группалар, олигархтар элбэхтэр. Урут Кудрин сунньунэн дьайар дииллэр этэ, кэлин Ивановтар диэн, билигин оссо ханнык улуу уодэттэр эбитэ буолла. Бисиги дьоммут – улахан Николаев, Штыров, Борисов, билинни Николаев – бары АЛРОСА тула бысыы майгы суулларбыт да, тасаарбыт да дьоно. Бакаа бары да син сунньунэн АЛРОСА Республика тусугар оттун турууласа сатаан кэллилэр. Инникитин хайдах буолан исэр..
Билинни ИД бизнесмен ди, атыылыыра буолуо, бырыьыан ылар манньатыгар
Самаайап эмиэ буккуллан эрэр. Дьэ, буккуллаҕас эрэйдээх, ол иһин тугу да ситиспэт.
Государственный муж, всемогущий наместник Восточной Сибири и Дальнего Востока, новоявленный Гагарин со своим «Тоболом» на краю Евразии, обладатель 5-го дана каратэ. С ним шутки плохи.
„История повторяется дважды — сначала в виде трагедии, потом в виде фарса»
БЕА , Штыров , Косой одна система и банда
Самое слабое звено Косой
Шамаев ол то5о билигин кэлэн ону маны суруйар? Видимо опять чего то там мутят. Совет Федерации хотят сократить что ли? Место хочет за собой сохранить.
Шамаев диэн Гапон буоллаҕа.
Олох дьиннээх.
Бастакы Президеммытыгар махтал! Ельцины тебетун эргитэн АЛРОСА харчытын себун ылбыта, сатаан да туhамматар до конца. Головокружение да буоллар. Хайа аан бастаан дьиннээх кенулу ылбыппыт турда5а дии. Дьонун-сэргэтин аччыктаппата5а 90 сс., чааhынай дьиэ бе5е тутуллубута. Ол кэннинээ5и ШВА БЕАны сразу бэйэтигэр ылбыта. РС(Я) ны мелтех дьоннор салайбатахтара, салайбаттар да5аны. Сахалар бэйэбит мелтехпут норуот ааттаахпыт. Шамаев арыый продвинутай, современнай буолуон наада общественнай деятель бысыытынан. Капиталлаах со5ус буолуон наада МЕН курдук. Оччо5о нация лидера буолуон сеп.
Чуолкай бо. Ессе медведевтыын хармааныгар укта сатаабыт!
Михаил Николаев диэн СЫРДЫК ТӨБӨ буоллаҕа дии уонна куттаҕаһа суоҕа. Алмазтаахпыт диэни Саха сирэ дьэ билбитэ. Медцентр, Центр Матери и Детства, стадионнар, Илин эҥэргэ Лена өрүс уутун бырахтарыы, гранильнай заводтар. Ааҕан сиппэккин.
Нутчина Чурапчы, Таатта дьээдьэлэрин көмүскэһэр аҕай бу мантыкайыгар. Самаайап бэйэтэ ааттыыр этэ дии “андаатар” диэн, Барыыһап сордоох Самаайабы көрдөстө ини. Олох уим да кинини аанньа ахтыбатыттан хайдах да буолуон билбэт бэллэччи сытыйан баран.
Бэллэйбит эн бааргын, лох с ослиными ушами.
Мээнэ итинник статья ыллыҥ да суруллубат ини.БЕА суруй харчы бэрсиэм диэтэҕэ,бу 100 сыллаах юбилей буолаары турдаҕына бар дьонун норуотун туһугар үлэлии сатаабыт буолаары,хайа онтон юбилейга бэлэх-туһах,наҕараада, чиэс-бочуот үллэстиитэ буолуо турдаҕа…
Аартыкка барыта да заказной статьялар тахсаллар үөҕүү-баһааҕырдыы биитэр сымыйа аҥардаах хайҕааһын.
Синбиир Барыыhап Ереспуубулукэ интэриэhин сатаан кемускээбэтэ5э диэхпин ба5ардым мин
Бли эн курдуктар кемускуу сылда5ыт, арба… Хайперы чертовы!
Имеются ли материалы докуметов подписанных на предмет разграничения или раздела продукции недропользования между Правительтвом РФ и его субьектом? Или это голословное суждение? Якобы встретились Боярин и его Вассал, так что ли пониМАТЬ?
Ону тоҕо норуоттан кистииллэр. Норуокка тирэҕириэххэ наада. Норуот баарын биллэриэ этэ. Наар барыта кистии-саба. Ыараханы да, ситиһиини да норуокка биллэрэн иһиэххэ наада.
Билиҥҥи киһи эмиэ кистии сылдьар, кинини иһиттэххэ барыта кэрэ. Ис дьиҥэ барытын туран биэрбит да буоллаҕына көҥүлэ. Хайдах эрэ саарбах баҕайытык килэп-халап көрөр.
Я восхищаюсь шамаевым. ОН ЧЕЛОВЕК БУДУЩЕГО, САХА БУДЕТ СУЩЕСТВОВАТЬ ПОКА ТАКИЕ СЫНЫ НАРОДА У НАС БУДУТ ЛИДЕРАМИ. ЕГОР Аф. Борисов по мере своих сил сумел защить народное достояние. Но у него не было ярких представителей нового поколенийф
Иван Иванович бэйэтин кэмигэр барыыьабы улаханнык утарар этэ. Онон бу суруйуу сакаас буолбатах, дьин чахчыны суруйбут! Уопсайынан барыыьап сагана тыа дьоно олохпут дьаьахпыт быдан ордук этэ! Кэнники истэр тухары барыта атыыланна, буус бутуннуу монкуруокка эрэ киирбитэ иьиллэр!!!
История кырдьыгы таЬааран эрэр, билэр-керер, кырдьыксыт дьон этэн таЬааран иЬиэхтэрэ. Наар хара кыраасканан керер , уе5эн тахсар уонна ону кулгаахтарын тоЬуйан итэ5эйэн испит лохтар саатар куннэрэ кэлиэ.
Саха бэйэтин керунэ уерэни эн наада. Тэрилтэ тэринэн доход ыла, государство кемелеье, ЭБИИ пенсия, пособия, инвалид безработица харчы а, ого пособия ити барыта эмискэ суох буолуон сеп. Уйэлэргэ бас билин и, доход оностор оголоргор хаалларар уп харчы мунньунар ол буолар дьиэ хаьааьынын хаьаайкатын сыала. СЫЛГЫ ынах коза куурусса птица фабрика спорт зал фитцнес клуб, кафе… Массыына кэргэнгит
Кридитка ылбытыгар куну быьа олорогут. Суоттаан керун хас сылынан докуот ылар буолагын. Сахалар ейденун.
Ар
Улахан тойотторбутун, Президеннии, Ил дарханныы сылдьыбыт дьоммутун асара тусэрэ сатыыбын. Хайдах туох бысыыга майгыга, туох улуу абаасылар дьасайар эйгэлэригэр улэлээн сылдьыбыттарын билбэт буолан баран. Республиканы салайар ыарахан улэ буолуо ээ, дьинэ. Син асары быстарбатылар, сорох регионнардаагар ордуктук олорон да кэллибит, олоробут даганы. Николаевы, Штыровы, Борисовы улэлиир кэмнэригэр критикаласар, сорогор асара да тусэр политика ирдэбилинэн буоллага. Онтон буппуттэрин кэннэ, атын кэээмэйинэн, тумугунэн корон объективно сыаналыыр соп. Онон бу Борисов тусунан Шамаев кэпсээнэ соптоох, сиэрдээх дии санаатым.
Критикалааhын эбитэ буоллун… Уе5эн, ыыстаан тахсаллар этэ дии! Билигин Айсиэни сордууллар. Алаастан былтайбыппыт биллэр ээ. 🙄
Барыысап чырыпытыгар эрэ утуену онордо5о дии уонна уоруйах главаларыгар полярнай звезда уордьанын биэрбитэ улэтиттэн бараары олорон. Онон бутэр кини утуетэ.
Таьыма кыра, дьиэ иьинээ5ини быьаарар киьи ал5ас былааска тахсаахтаабыт киьи дьининэн.
БЕА улэтэ хамнаьа, республикатын туьугар киирсиитэ дьэ арыллан эрэр. Ессе да истиэхпит билиэхпит турдага.
Биэаа диэн туоххутуй? Бараан дуо?
Борисов Егор Афанасьевич
Борис Егорович афанасьев
АЛРОСА государственнай акциятын БЕА 2006 сыл ахсынньы 19 чыыһылатыгар Саха Сирин аатыттан 759 -ЕБ диэн доверенноһы биэрэн федеральнай бас билии 50%+1 акция буоларын сыыһа, дьиҥинэн норуоттан, норуот депутаттарыттан кистээн Федоров ММ. илии баттатан биэрэн турар. Дьиҥинэн ити кэмҥэ Президент Путин В.В. ыйааҕынан федеральнай бас билии 32% этэ. Мировой Соглашенияны эмиэ РФ уонна Саха Сирин Конституцияларын кэһэн Российскай Федерация аатыттан, Россия Президена буолбатах Е.В.Зеленскай диэн киһинэн баттатан тураллар. Россия Конституциятын 15 ыстатыйатын 3 чааһын кэһэн кистэлэҥ мировой соглашенияны норуот билиитигэр таһаарбатахтара. Николай Седалищев.
Суруйа сорунан баран киһи дөбөҥнүк өйдүүрүн курдук суруйуоххун. Син сахалыы билэр курдуккун ди. Ол аата БЕА буруйдаах дуо, ким дуу? Федоров М. М. хайаабытый? Киммит этэй ол?
Барыта туос сымыйа! Акциялары атыылаабат туЬунан Саха Сирин сокуона баар дии. Ол ону БЕА хайдах да нецуелуур кыа5а суох этэ. Ити сокуон суо5а буоллар Трутнев кинини ба5ас тоьуппута ыраапыт буолуо этэ. Билигин кэлэн ол БЕА утуетэ диэри гынар, ити Самаайап. Дьэ буккулла5ас киЬи эбит.
Эн буккулла олордо5ун, сокуоннар хаЬаанныттан тутуЬуллар буолтарай бу баай быолдьаЬар кэмнэ?
Тоҕо нефтьгаз тэрилтэлэрин налогтан босхолотолообутай? Онтулара наглайдаан аһары баран Саха сирин арҕаатын айылҕатын кэбилээн эрэллэр. Тоҕо Нюрба акцияларын былдьаатылар? ТоҕоНюрба главата Борис Попов хаайылынна? Тоҕо ООПТ особо охраняемые природные территории суолтата сүттэ. Тоҕо биир эрэ улуус наар өрө тутуллар?Тоҕо Хоту сирэ эһиннэ? Тоҕо тыа хаһаайыстыбата тобуктаата? Тоҕо таба ахсаана куччаата? Тоҕо ракета эттиктэрэ куруук түһэр сирэ буолла Саха сирэ? Тоҕо үөрэхтээх өйдөөх ыччат Саха сириттэн куотар?
Попов диэн таах сибиэ киьи буо. Мирнэйгэ улэлии сырыттагына дэлэгэ “Борька 6%” диэн ааттыахтара да
Бастакы президеммит са5ана, Арассыыйаны кытары биримээнэ уончалыы федеративнай дуогабар баттаьан баран, нууччалары улэлэтэр этибит. Ону ити биир туеьээцки чекистэн куттанан, барытын туран биэрдибит. Сахалар бэйэбит, ким да буолбатах. Баайы-дуолу саамай бастаан атыылааччы Барыыьап этэ. Ону норуот баайын кемускээччи курдук кердере сатааьын, теье да Самаайабынан оцоьулуннар, кыаллыбата буолуо. Остуоруйа5а, Егор Барыыьап тацнарааччыннан киириэ5э диэн Андыьыт Ньукулай ыстатыйатын булан аа5ыц, онно барыта сурулла сылдьар.
Кугдаров, эн курдук “обработаннай” дьон насаа эльбээбит. Сыыса информацияны чахчы диир дьон. Саамай республика баайын атыылаабыт киси биллэн турар шва буолар. Кини тусунан ким да улаханнык тугу да суруйбат куса5ааны. Кини президент буолан олорор кэмигэр 2002-2010 с алмаас, чох, кемус, связь, газ о.а. барыта атыыламмыта мск олигархтарыгар. Газ атыыланарыгар Ман кемелеспутэ, билигин норуот тусугар сылдьабын диен туоска охсунар киси(
Самаайап киьини кэрэхсэтэр ыстатыйатын, дьоннор ис санааларын ааган баран, мин керуум хайдагын кыратык суруйарга холонуум. Бастатан туран Шамаев И.И. саха диэн ааттанар дьоннор тумус туттар киьилэрэ. Анардас кини уерэгин кыьата улуу учууталларын утумнаабыт биьигэ буолар Уйбаан Уйбаанабыс туохха да тулхадыйбат ситиьиитэ, енете буолар. Маны этэбин сорохтор Самаайап кимиэхэ эрэ атыыламмыт, кимиэхэ эрэ ньыланнаабыт курдук кердере сатааьын отой сыыьанан аагабын. Мин санаабар Самаайап ессе да билэрин ситэри эппэтэх курдук. Ситини этэн туран урут да, билигин да биир санаалаахпын Борисов Е.А.туьунан. Ким эмэ ейдуурэ дуу, суога дуу ” Миллион долларов в кармане”диэн быьыылаах этэ ыстатыйа БЕА Бырабыыталыстыба тойонунан бадага олорор эрдэгинэ кинини прокуратуралар эрийэн хачыгыраппыттара дии. Онно бары санаабыппыт, киьибитин кврс куоратынан тохтоппокко илдьэр буоллулар диэн. Иннээгэр уонунан тегул кыра кээмэйдээх уорууга ким да буоллун атахтара эрэ адаарыннаьан хаалар этилэр. Суох. Киьибит Маскубаттан туох да буолбатагын курдук ессе дьиппинийэн, ессе суостанан кэлбит курдук буолта. Мин санаабар онно киьибитин тоьуппуттар дуу диэн билигин саныыбын. Ханна туох илии баттааьыннаах кумаагылар сыталларын хантан билиэхпитий?! Арай билэбит ол кэнниттэн ереспуубулукэни араначчылыыр, суолун-ииьин ыйан-кэрдэн, дьиьмйан олоруохтаах Ил Тумэн диэн ааттаах куттагас, былааска ньыланнас, илиилэригэр ылынньан дьокутааттары Бэрииьэп киирэн-туерэйдээн САХАБЫТ СИРИН айылгатын хоро таьыыларыттан нолуоктан босхолоппута!
Чэ хайдах туох диэн “андаатар” диэн ааттыыр киьигит, мас акаары хотон улэьитэ таьымнаах, случайно 90 сылларга чурапчыттан МЕН кеметунэн былааска тахсыбыт муннаах.
Билигин кини норуокка аптарытыата суо5ун иьин, дьону манипуляциялаан утуе ейдебул хааллаттара сатаахтыыр. Конечно небесплатно. МЕН и ахталлар, Штырову ахталлар нууччалар энин, онтон БЕАны чурапчылартан ураты ким да кинини сэнээрбэт. Онтуката кыьыыта бэрт буолла5а дии, ол иьин бу маннык бу кыра сайт ненуе “реабилитациялана” сатаахтыыр.
Бу туох акаары ону таЬынан нэгэй, ньудьу балай суруйар киЬиний ээ? Олох чой бас дии!
Ханнык баҕарар улахан таһымнаах, бүтүн Саха сирин туһугар салайарга эппиэттээх киһи биир тыллаах сиэрдээх буолуохтаах.
Ону кыайбата.
Алмазниктар хайдах бэйэлэрэ баҕаралларынан олордулар, олороллор. 400 млн. куруук кыайтарар Россия хоккейга сборнайыгар биэрэллэр.
Саха сирин баһылыгын билиммэттэр.
Олору бесконтрольно ыытта.
Борисов салайар кэмигэр гаас, нефть, геологическай уонна геофизическай уонна добывающай тэрилтэлэрэ нолуок Саха сиригэр төлөөбөккө кэллилэр. Кинилэргэ лицензия харыыта суох бэрилиннэ.Ньурбалартан “Алроса” акцияларып туура тутан ылбытШВЕ политикатын салгаата. Ньурба айылҕатын территориятын недропользовательга туран биэриэн баҕарбатах уонна Ньурба Алросатын законнай акцияларын төнүннэрэргэ дьулуспут Попов Бориһы сойуоласта. Саахар диабетынан ыарыһах киһини Марха түрмэтигэр олортулар. Доруобуйатын сиэтилэр. Бу -сыыһа.
Дьэ уонна Саха сирин историятыгар ханнык район главата дойдутугар биир икки сылы супту Республиканскай мероприятелары ыыттарар?
Туох баар үпхарччы биир улууска таптайыллыбыта. Кадрдара эмиэ саарбах дьон. Бэйэҕит билэҕит кимнээхтэрин.
Сымыйалаама! Хата билигин Айскыт бары налогтан босхолоон баран харчы бе5ену сиэбигэр укта олордо5о!
Ити эппит улуускар улахан убайдарын керен таах олоруохтара дуо? Администрацияга хас да киьи баьылыктарын кытта харчы уорааьынынан дьарыктаннылар. Тумугэр Главаларын сууттаатылар агыйах дуосканы сойбоппутун иьин. Оттон Бэрииьжптэрэ маннык киьиэхэ ереспуубулукэ мунутуур урдук нагараадатын уурайыа 1 кун хаалбытын кэннэ туох да согласованиета таймата суох, уоруйахтар бэйэ бэйэлэригэр кистээн бэрсэллэрин курдук дьаьаналлар. Саат, суут!
Маннык сиртэн хостонор баайдаах, киэҥ сирдээх-уоттаах республикаҕа дойдубут да атын омуктар да сиэмэхтэрин хараҕын уота хатанар буоллаҕа. Республика салайааччыларыгар үөһээттэн төһөлөөх ыгыы-түүрүү, баттааһын оҥоһулларын боростуой норуот билбэт. Федералларга утары эппэт, улгум баһылык наада. Норуот иһин туруулаһар, булгуруйбат күүстээх санаалаах салайааччыны кинилэр былааска саа да тэбиитигэр чугаһаппаттар. Оттон отой аһаҕастык республика интэриэһин таҥнарар, ээх хоту сылдьар киһини аны норуот өйүө суоҕа диэн эмиэ дьаарханаллар. Онон ити тойотторбут икки уот икки ардыгар сылдьаллар, хаһан эмэ ким хайдаҕа-туоҕа, киитэ дуу кэрэмэһэ дуу син биллиэ
Оннук. Ол иьин бэйэбит ёйдёнуёх тустаахпыт, мээнэ санарары-дьаллайары тохтотуох тустаахпыт. Эппиэтинэстээх буоларбытын бириэмэ бэйэтэ эрэйэр буолла.
Кому ты отдана, дорогая АЛРОСА?
На днях, Государственное собрание (ИЛ ТУМЭН) Республики Саха (Якутия) своим постановлением об открытии компании (преобразовании из ЗАО в ОАО компанию АЛРОСА) благословила околокремлевских олигархических групп на открытое хищение якутских алмазов и улучшение и без того комфортного житья за счет труда простого человека.
Наш многоуважаемый аксакал, первый Президент Республики Саха (Якутия) М.Е.Николаев, в период парада суверенитетов и, благодаря своим, личным, человеческим взаимоотношениям с первым Президентом России Б.Н. Ельциным создали высокоэффективную и мощную компанию АЛРОСА в форме закрытого акционерного общества, которая смогла защитить компанию в бурные 90-е годы от рейдерского захвата новых русских богачей, которые прихватизировали все народное достояние, только благодаря близости к телу нового русского царя Бориса (Ельцин Б.Н.- Президент РФ).
И за все это время, Республика Саха (Якутия) свой государственный бюджет пополняла на 70-80% за счет поступлений в виде налогов и арендных платежей от АК ЗАО АЛРОСА.
Второй Президент РС(Я) Штыров В.А, довольно успешно отражал атаки олигархов, усиленных распоряжением Президента РФ В.В.Путина от 2001г. Об АЛРОСЕ, хотя и был вынужден подписать пресловутый «алмазный протокол», после которого, боясь народного гнева, быстренько организовал референдум о доверии к нему якутского народа.
Референдум о доверии, весьма успешно и организованно провел Е.А.Борисов, верный солдат ШВА, тогдашний Председатель Правительства РС(Я), краснел и бледнел на заседании Госсобрания (ИЛ ТУМЭН), врал и юлил перед народными депутатами об отсутствии какого-бы то не было протокола по алмазному делу.
В благодарность за это, но и другие дела, был пролоббирован ШВА в третьи Президенты Республики Саха (Якутия).
Но, к сожалению, Егор Афанасьевичу Борисову, коренному якутянину, представителю титульной нации, суждено войти в историю предателем интересов Республики Саха (Якутия), человеком, сдавшим дойную корову Республики – (АЛРОСА)- околокремлевским олигархам.
Потомки не будут спрашивать, почему он это позволил сделать и открыл компанию, будут считать его просто трусом, согнувшим спину московскому бомонду, вопреки интересам жителей многонациональной Якутии.
Андыьыт Ньукулай
Предатель
Барыта Горизонт-РТ са5аламмыта Республика баайын ыскайдааьын билигин Алроса 25% эрэ хаалла.
Оо, ити аспыттарын кёрён баран оруобуна туох эрэ санааларын толорбокко БЕА-ны инник гыннылар дии санаабытым. Бу арассыыйа дьонноро итинник провокация5а киллэрэллэр. Норуоппут ёйдёё5ё эбитэ буоллар ёрё туруо этэ, убаастабыл кёрдуёхтээх этибит Ил Дархаммытыгар. Ону дьэ бары ёрбюттюю ду, дуоспуруннара суох дьон буолан БЕА-5а саца бё5ё. Бу дьэ хаьан ёйдёнёр дьоммутуй… оол аата барыбытын ата5астаатахтара дии. Уонна ити турутень энин курдуктар итинник ханнык ба5арар киьиэхэ сыьыана бэйэтин сымсатар дии санаан, мёлтёх киьи буоларын биллэрдэ5э. Бу маннык суолталаах боппуруостары бу билицци ИД биллэриэх тустаах. Маннык суруллубута сёптёёх дьыала. Ким дойдубут баайын атылаан сылдьарын норуот билэрэ сёптёёх. Оол хайа эрэ харчыга норуот кэскилин быьар киьи-дьон ёйдёбюлюгэр хаалара суолталаах… Кырдьык син биир тахсыах тустаах…оннук да буолар олоххо. Шамаев сёптёёхтюк суруйбут достойнай киьи быьыыта-инник кырдьык дьыала выше личных отношений.
алмаас баар сиригэр ураан баар дииллэр…билэр дьоннор. Сир анныгар бииргэ уёскууллэр эбит. Оччо5о ити кылапачыгас тааьы хостууллара иккис суолталаах буолан тахсар, ону хостуубут диэн атыны ессе элбэх сыаналаа5ы уонна буортулаа5ы кистии сабаллар курдук буолан тахсар, ити кырдьык буолла5ына
Айсен Сергеевич Егор Борисов ылгын-чыкыйыгар да тиийбэт.