Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Финляндия 40-с сыллардаах киинэтигэр икки саха киһитэ уһуллубута көһүннэ

13.08.2022 08:03 5
Финляндия 40-с сыллардаах киинэтигэр икки саха киһитэ уһуллубута көһүннэ

Социальнай ситимҥэ бэрт сонун тарҕанна:

Бэҕэһээ Лариса Реасовна Кулаковская дьикти сонуннаах:

Финляндия былыргы 40-с сс. уус-уран киинэтэ көстүбүт, онно гостиницаҕа сахалар көстөн ааһаллар.

Икки саха кэпсэтэ тураллар.

Көрүөххэ сөп: http://elonet.finna.fi/Record/kavi.elonet_elokuva_120045

22:40 мүнүүтэттэн көрдөххө биирдэрэ этэр: “Маннык эргиэн политиката сатаныа суох…”, иккиһэ утары саҥарар: “Хайдах сатамматын этэҕиний!?”, онтон тохтуу түһэн баран эмиэ кэпсэтэ-кэпсэтэ ааһаллар…

Ити Михаил Корнилов (сахалыы аата Мээнчэ уола) уонна Егор Старостин (Тоҕурууса) үһүлэр. Соловки лааҕырыттан күрээбит Гражданскай сэрии кыттыылаахтара.

***

Михаил Корнилов, Егор уонна Семен Старостиннар 1931 сыллаахха Соловки хаайыытыттан Финляндияҕа күрээн тахсыбыт үс саха киһитэ. Омук сиригэр тахсан сүтэн-иҥэн хаалбакка, бэйэлэрин ааттарын, суолларын-иистэрин хаалларбыт дьон. Өссө быстах киинэҕэ уһуллан мөссүөннэрин үйэтиппит буолан таҕыстылар.

Бу үс саха киһитин туһунан аан бастаан киэҥ эйгэҕэ Багдарыын Сүлбэ хасыһан булан тарҕатан турар. Багдарыын Сүлбэ «Олох долгуна» кинигэтэ 1992 сыллаахха Дьокуускайга бэчээттэммитэ. Кэлин саха эмиграннарын туһунан историк, суруйааччы Баһылай Харысхал дириҥник үөрэтэн турар. Харысхал сүдү үтүөтэ – бастакы сүһүөх саха интеллигенциятын килбиэннээх ааттарын норуотугар төнүннэриигэ сытар. Кини суолун салгыыр киһи көстөрө дуу…

***

@Aartyk телеграм-канал ааҕааччылара мөккүһэн ыллылар. Киинэҕэ Михаил Корниловы кытары Егор Старостин-Тоҕурууса буолбатах, Семен Старостин – Одьоо уһуллубут диэн.

Сахалыы бикипиэдьийэҕэ кинилэр тустарынан маннык киирбит:

Михаил Федорович Корнилов-Мээнчэ Уола, Соловки хаайыыга сытан Финляндияҕа күрээбит киһи. Өлүөхүмэ улууһугар Абаҕа сэлиэнньэтигэр 1888 сыллаахха төрөөбүт.

Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин аҕай иннинэ, Амма Солобуодатыгар кэлэ сылдьан, 4 саастаах атыыр оҕуһу дьон көрөн турдаҕына, боккуоптаах саппыкы кэтэн баран, икки муоһуттан ылан тэбис-тэҥҥэ анньыспыт. Үллэ сылдьар суон моойдоох, ситэн эрэр атыыр оҕус өрүтэ түһүөлээн, илгистэн, муоһунан түһүөлээн көрбүтүн букатын хамсаппатах. Мээнчэ Уола тустубута биллибэт, ол гынан баран ыһыахтарга мас тардыһан кими да тулуппата үһү. Иккилии эр бэртэрэ киирэн тардыһан да көрдөхтөрүнэ ылар эбит.

М.Ф.Корнилов-Мээнчэ уола бэйэтин кэмигэр үөрэхтээх киһи, Өрөбөлүүссүйэ иннинэ сэниэ ыаллар Худаевтар дьиэ кэргэннэригэр иитиллибит, начальнай оскуоланы бүтэрбит. Кэргэнин Варвара Васильевна Филипповалыын үс кыыстаахтар эбит, Абаҕаҕа олорбуттар. Ханнык эрэ политическэй боппуруоска балыырга түбэһэн 58 ыстатыйаннан, 1928 сыллаахха от ыйын 23 күнүгэр тутуллубут. Нөҥүө күнүгэр ойоҕо төрдүс оҕотун оҕоломмут. Ону ол диэбэккэ дьахтары Өлүөхүмэ хаайыытыгар укпуттар. Мээнчэ уолун бэйэтин биэс сылга уураахтаан ыраах Соловецкай лааҕырга ыыппыттар.

1929 сыл ыам ыйыгар үс саха буолан (биир араспаанньалаах Сэмэн уонна Егор Старостиннар) Финляндияҕа күрээбиттэр. Бу күрүүллэригэр улахан болуот оҥостон финскэй хомону туораабыттар. Болуоту бөдөҥ маһынан оҥорууга, хомону эрдэн туорааһыҥҥа Мээнчэ уолун күүһэ улаханнык туһалаабыт. Чахчы хорсун, күүстээх-уохтаах, кыахтаах дьон буолан, болуотунан муораны туораабыттар. Аҕыс хонук хааман уонна устан финнар дэриэбинэлэрин булбуттар. Онтон Хельсинки куоракка кылгас кэмҥэ хаайыыга олорон баран лааҕырга 5 ый үлэлээбиттэр. Бу кэмҥэ Дьокуускайтан төрүттээх Винокуров Михаил диэн АХШ кэнгириэһигэр үлэлиир киһини кытта суруйсубуттара биллэр. Онтон Хельсинкига төннүбүттэр, онно кинилэр тустарынан түүр тылын үөрэтэр профессор Рамстед истэн бэйэтин институутугар саха тылын билэр дьон быһыытынан үлэҕэ ылбыт.

Финляндияҕа кэргэннэммит, кыыстаах эбит. Хас да европа тылларын үөрэппитэ биллэр. 1942 сыллаахха 54 саастааҕар өлбүт. Бэйэтин олоҕун туһунан латыын бичигинэн сахалыы ахтыыта финн-угор уопсастыбатын научнай сурунаалыгар 1989 сыллаахха бэчээттэммит.

Корнилов М.Ф. 1957 сыллаахха толору реабилитацияламмыт.

Старостин Семен Константинович — Одьоо Ыстаарыһын (1900—1975) — уустук, чаҕылхай олоҕу олорбут саха киһитэ.

С. К. Старостин Амма улууһун (ол саҕана Боотур уус улууһа) Чакыр нэһилиэгэр (сорох дааннайынан билиҥҥи Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгин Дириҥэр Сырсыбыт диэн сиргэ кыстыктара баар үһү) 1900 с. төрөөбүтэ. Одьулуун-Чакырга, “Трактор” холкуос сиригэр төрөөбүт. Төрдүнэн Уот Ыстаарыһын убайын Нарынай Өлөксөй хос сиэнэ. Көстөкүүн Ыстаараһын орто сэниэ ыал эбит. Кини эрдэ өлбүт. Сэмэн сүрдээх булчут, атаҕынан быһый эбит. Улаатан баран, былыргы хотуур күүлэйигэр кими да иннигэр түһэрбэт охсооччу буолбут.

1921—1922 сылларга повстанчествоҕа кыттыбыта. Пепеляевщинаҕа кыттыбатах. Былаас уларыйбытын кэннэ, кэргэн ылан олохсуйуох курдук буолбут. Ону, таһаҕас тиэйиитигэр итэҕэстэнэн, онтон охсуллан, онно-манна сылдьан, тутуллан, хаайыыга барбыта. 1917-1922 сс. суол эспэдииссийэтигэр оробуочайынан сылдьыбыта. 1922-1925 сс. үрүҥнэргэ ат көрөөччү. Коробейников этэрээтэ кыайтарбытын кэннэ кэлин Японияҕа куоппут Афанасий Рязанскайы кытта Охуоскайга тиийэн Япония атыыһыттарынаан Верхоянскайынан, Өймөкөөнүнэн сылдьыбыт 1925 сылга диэри. 1928 с. олунньуга Ньылхантан Якутторг таһаҕаһын тиэйиигэ кэпсэтэн үлэҕэ киирбит. Бу сылдьан арыы итэҕэстэммит. Ону бэйэтэ суол араас ороскуотугар уонна биир аты атыылаһыыга ороскуоттаабытым диэн быһаарар эбит. Ол итэҕэһин суотугар туох баар сүөһүтүн, малын уоппустаан ылбыттаара.

1927—1928 сс. Ксенофонтов хамсааһынын кэнниттэн хаайыллар. Саха национальнай интэлигиэнсийэтин буруйдаан туран, үөрэҕэ суох, тарбаҕын тордоон бэчээт ууран “илии баттыыр” Одьоо Сэмэни национальнай интэлигиэнсийэҕэ киллэрэллэр уонна контрреволюционнай дьыалаҕа буруйдаан аатырбыт 58 ыстатыйанан сөп түбэһиннэрэн 5 сыл болдьохтоон Соловкига концлааҕырга ыытыллар. Суукка өрөспүүбүлүкэ борокуруора түмүктүүр буруйдааһын уонна силиэстийэ матырыйааллара сөп түбэһиспэттэр диэн көрбүт да, суут ону аахсыбатах.

Бэчээт туоһулуурунан, 1920-с сс. бүтүүлэригэр атырдьах ыйыгар 300-кэ саха тиийбититтэн саас биир да саха ордубатах. Биир кыс хаар устатыгар бары өлбүттэр, барыларын өлөрбүттэр.

С. К. Старостин концлааҕырга сылдьан М. Ф. Корниловы (Өлүөхүмэ) уонна Е. Е. Старостины (Илин Хаҥалас) билсэн, 1931 с. бэс ыйыгар үһүөн Финляндияҕа күрүүллэр. 1931 сыл от ыйын 4 күнүгэр Финляндия сирин булаллар. Финляндияҕа олохсуйаллар. Дьон бэртэрэ буолан тыыннаах ордон, өссө бэйэлэрин кэнниттэн суол-иис хааллараллар.

Одьоо Сэмэн бастаан Финляндияҕа Рамстед бэрэпиэссэргэ үлэлээбит, онтон маҕаһыыҥҥа киирбит.

1939—1940 сылларга советскай-финскэй «Кыһыҥҥы сэриигэ» үһүөн Финляндия армиятын кэккэтигэр сылдьан ити дойду көҥүлүн туруулаһаллар. Оччолорго кинилэр үһүөн сааһырбыт дьон этилэр. 1941-44 сылларга эмиэ үһүөн Финляндия армиятын кэккэтигэр сылдьан сэриилэһэллэр. М.Ф. Корнилов 1942 с. Лапландияҕа, оттон Е. Е. Старостин 1944 с. Валкаасаари диэн арыыга сэриилэһэ сылдьан өлөллөр. Оттон С. К. Старостин тыыннаах ордор.

Советскай Армия Финляндияны оккупациялаары гынна диэн С. К. Старостин Швецияҕа куотар. Онно тиийэн, бэрэпиэссэр Бьорн Коллиндерга информатор буола сылдьыбыт. Бу аан дойдуга биллибит алтаай тылларын үөрэтэ бөдөҥ учуонай. С.К. Старостин манна хаалбыт дьонун, аймахтарын кытары суругунан сибээстэспит эбит. Кини омук сиригэр олорор кэмигэр үс омук тылынан ааҕар-суруйар, өссө эбии икки омук тылынан кэпсэтэр буолбут. Ол да буоллар, кэлин Мария диэн финн (сорохтор суруйалларынан швед) дьахтарын ойох ылбыт, Стокгольм куорат таһыгар дьиэ атыыласпыт. Өссө 1973 с. дойдутугар хаалбыт дьонун Ленинградка кэлэн көрсүөххэ дии сылдьыбытын анараалар, бука куттаннахтара буолуо, буолумматахтар. Кэргэнинээн оҕолоро суох этилэр. С. К. Старостин 1952 с. Швецияттан Финляндияҕа буолбут ХV олимпийскай оонньууларга турист быһыытынан сылдьыбыт. Кини Саха сириттэн барарыгар үөрэҕэ суоҕа, илиитин тордоон илии баттыыра үһү. Ол бэйэтэ Финляндияҕа, Швецияҕа олорон үөрэхтээх киһи буолбут, улахан ученайдарга информатор буолбута. 1975 с. Швецияҕа олорон өлбүтэ. Дойдутун сүрдээҕин ахтар эбит. (Багдарыын Сүлбэ «Олох долгуна» кинигэтиттэн).

Кини төрөппүт кыыһа Мария Семеновна Захарова аҕата хаайыллыбытын кэннэ төрөөбүт. Кэргэнэ Семен Константинович хаайыллыбытын кэннэ кэлин ойох тахсыбыт. Ол киһи кыыһы бэйэтин аннынан суруйтаран, Аргунова диэн араспаанньатын биэрбит. Одьоо балта Анастасия Константиновна Евграфова Чурапчыга олорон өлбүт. Кини кыыһа Ньургуһун (Нюрбина) Максимовна Евграфова Чурапчыга учууталлыыр. Одьоо Сэмэнтэн оҕо Одьулууҥҥа Кардашевскай Аполлоп Николаевич – Ленин уордьанын кавалера баар этэ. Бэйэтэ ону билинэр, “Одьоо уолабын”, — диир этэ.

С.К. Старостин буруйа суоҕа дакаастанан, 1992 с. муус устар 28 күнүгэр реабилитацияламмыта. Онон, оччотооҕу дьалхааннаах олох долгунар охсуллан, киһи сытыыта-хотуута буолан, тыыннаах ордон, өссө сайдыылаах омук сиригэр тиийэн, саха аатын үчүгэйининэн ааттатан, олох олорон ааспыта

Старостин Егор Егорович – Тоҕурууса, Урдус Кулуба Уола (1898-1944) – уустук, чаҕылхай олоҕу олорбут саха киһитэ, Гражданскай сэриигэ икки өттүттэн кыттыбыт, ЯЦИК чилиэнэ, Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрин кытта саа-саадах тутан сэриилэһии кыттыылааҕа, Финляндия дьоруойа.

Е.Е. Старостин Илин Хаҥалас улууһун II Нөөрүктээйи нэһилиэгэр баай ыал кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кыра үөрэхтээх эбит. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа уонна сорох дьон ахтыытынан пепеляевщинаҕа кыттыыны ылбыт эбит. Повстанчествоҕа кыра этэрээти хамаандалаабыт.

1924-25 сс. «Тоҥустар бастаанньаларын» Саха АССР бырабыыталыстыбатын кытта тупсуһуннарыыга – амнистияҕа активнай кыттыыны ылбыт. Хомуньуус баартыйаҕа киирбит. ЯЦИК чилиэнэ буолбут. Саха АССР салалтатын итэҕэлин толору ылбыт.

1927 с. кинини «харчыны итэҕэстээтэ» диэн, онтон П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар кыттыан сөп диэн хаайыыга уган баран 1928 с. Соловки лааҕырга элбэх сылга хаайыыга ыыппыттара. Онно сылдьан М.Ф. Корниловы (Өлүөхүмэ), С.К. Старостины (Боотуруускай улууһа) кытта 1931 с. бэс ыйын бүтүүтэ холобура суох хорсуннук Финляндияҕа күрээбиттэрэ.

Олус сатабыллаахтык уонна түргэнник Финляндияны булан, онно олохторун булан, өссө аан дойду биллиилээх тюрколог ученайын Рамстедты билсэн саха тылыгар научнай информатор буолбуттара.

1939-40 сс. советскай-финскэй «Кыһыҥҥы сэриигэ» үһүөн Финляндия армиятыгар ыҥырыллан хорсуннук сэриилэспиттэрэ. М.Ф. Корнилов ол кэмҥэ 51, С.К. Старостин – 39, Е.Е. Старостин – 41 саастаахтара. Е.Е. Старостин «Кыһыҥҥы сэриигэ» «Көҥүл» мэтээлинэн (медаль «Свободы») наҕараадаламмыта. «Көҥүл» мэтээл статуһа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун Кыһыл Көмүс мэтээлигэр тэҥнээх. Онон, Е.Е. Старостин – Тоҕурууса Финляндия Дьоруойа буолан тахсар эбит. Е.Е. Старостин 1944 сыл сайын Советскай Армия сэриилэрэ күргүөмүнэн кимэн киириилэригэр Валкесаари диэн арыыга сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүт. Финляндияҕа олорон кэргэннэммит эрээри оҕолоро суох эбит.

***

“Якутия-Соловки-Финляндия-Швеция: судьба трёх якутов” ыстатыйаны Финляндияҕа олорор Сахадиаспора кыттыылааҕа  Татьяна Васильева, былырыын ыам ыйыгар суруйан турар. Ааптар омук сиригэр үс саха дьылҕатын туһунан тугу бэйэтэ эбии билбитин ыстатыйатыгар киллэрбит. Сигэнэн киирэн ааҕыҥ, сэҥээриҥ.

Михаил Корнилов – Мээнчэ уолун мэтириэтэ. 

***

Aartyk.Ru

Татьяна Васильева ыстатыйатыттан хаартыскалар ылылыннылар. 

Обсуждение • 5

Добавить комментарий
  1. Дьэ, диэ

    Бу Финляндияга ааспыт уйэ 30 – 40 сылларыгар олорон, Гитлер союзнига Финляндия армиятыгар сулууспалаан, Сэбиэскэй Союзу, Россияны утары сэриилэспит дьон. Онуу аасан ол сылларга чопчу Россияны утары сыаллаах общественнай – политическай Польша, Финляндия тэрилтэлэргэ сылдьыбыт, улэлээбит “дьоммут”. Бу “дьоммут” ол “политическай нэсилиэстибэлэрин” тусунан ойдоон туран бу дьону ахтыахтаахпыт. Тосо да бэйэ дьоно буолаллар уонна уустук дьылгаларын кисилии асына санаатарбыт. Уонна бу дьону сырдатыыга источник, матырыйаал аргаа диэкиттэн того эбиллэн кэлбитин санаатахха.. Манна багар, киэн – ыраах сыаллаах, соруктаах Аргаалар спецслужбаларын анал улэлэрэ баар буолаарай диэн того уорбаныллыа суохтаагый? Буолуон соп, бугунну политикага, сыалга сорукка. Бастаан ааттарын киэнник ааттатыллар, онтон “политическай нэсилиэстибэлэрэ, охсуспут сыаллара – соруктара” диэн сырдатыы барыан соп дии..

  2. Кыра сыыьалаах.

    Интэриэьинэй даннайдар. Интернеты хасыьан финскэй «Медаль Свободы» кырдьык «Золотая Звезда» Героя СССР тэннэьэр дуо диэн кордоотум. Биллэр туран суох эбит. Боростуой мэтээл, за отвагу курдук. Ити икки оруттээх – бастакынан кырдьык хорсун саха эбит. Иккиьинэн – сэбиэскэйдэри кытта сэриилэьэн ылбыт мэтээлэ…

  3. Татьяна бэйэтэ

    Mедаль свободы раненайдарга барыларыгар биэрбиттэр. Конечно, Геройга тэҥнэспэт. Киинэни биһиги бэйэбит олох случайно буллубут, ону маны арҕаа спецслужбалар диэн айыман.

  4. Слава

    Туох да диэн. Бу саха, куустээх санаалаах дьон эбит. Аргаалар диэн ессе дии…..кэнэммит, куттаспыт билигин да. Уонна баран ол бу киргизтары игн дии. Маннык санаа дьон ессе баттанар инигит. Олох уларыйыа дии…багар сотору. Киинэбит да баар.Холодное золото диэн. Керен баран кэлэйдим. Просто бандьыыттары борцы за идею оноро сатаабыттар. Итинтэн сылтаан саха омук былыргыттан итинник диэн

  5. Киһи

    Омук дьонун оонньообуттар дии)))

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»