Филипп ПЕСТРЯКОВ: “Сөптөөх киһини булан аныылларыгар олох саарбахтаабаппын”
Кэлиҥҥи сылларга бюджеттан үбүлэнэр кумааҕы хаһыат-сурунаал, ордук сахалыы тыллаах периодика, дьылҕата уустугуран иһэр. Интернет, гаджет үйэтигэр төрүт тылынан тахсар хаһыаты, сурунаалы бюджеттан үбүлээһинин сарбыйыаха, аһара баран сабан да кэбиһиэххэ диэччилэр көстөллөр. Итинник тыл-өс аныгы “сайдыылаах” салайааччылар уостарыттан төлөрүйэрэ олус хомолтолоох. Бэйэ олорор мутугун кэрбээһин диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Бастатан туран, күннээҕи сонуну төрөөбүт тылынан ырытыспат, кэпсэппэт буоллахха – тыл туттуллар эйгэтэ кыччаан сыыйа өлөн барар. Ким да туттубат тыла тыына быстыбакка ханна бараахтыай?
Иккиһинэн, сахалыы хаһыаттар, хайдах да сүүһүгэр сэттэ мэҥнээх менеджэр салайбытын да иһин, бюджет өйөбүлэ суох сайдар кыаҕа суох. Ордук оҕоҕо, ычакка аналлаах периодика өйөбүлү эрэйэр. Суол-иис, айан-сырыы мөлтөх, сыана ытырар, типография кумааҕыта, кырааската, хаһыатыҥ тарҕатыыта, таһыыта абытай орускуоттаах. Саха бэчээтэ төрүт тылы харыстыыр аналын санаан да туран бюджеттан үп булгуччу көрүллүөхтээх.
***
Бу күннэргэ республика государственнай национальнай бэчээтин, суруналыыстыкатын эйгэтин өр сыл салайбыт Филипп Пестряков үлэлиир дуогабара бүтэн “Сахабэчээттэн” барар диэн сурах туолла. Кини оннугар ким ананара биллибэт. Филипп Петровичтан “Аартык.ру” аатыттан “туйах хатарааччыҥ кимий” диэн үтэн-анньан көрбүккэ, “сөптөөх киһини булан аныылларыгар олох саарбахтаабаппын” диэн чыпчылыйан да көрбөккө харда тутар.
Дьиҥинэн, саха бэчээтин иһин-таһын 30-чча сыл устата кини билбит ахан дьыалата буоллаҕа. Ол эрээри, үгэс курдук, Пестряков ордук-хоһу тыллаһар майгыта суоҕа өтөн, “корректнайа суох” ыйытыыларга бэркэ бэрээдэктээхтик эппиэттэстэ.
Филипп Петрович 2014 сыл алтынньы 21-гэр Саха республикатын правительствотын салайааччытын дьаһалынан “Сахабэчээт” автономнай тэрилтэтин генеральнай дириэктэринэн анаммыта.
– Дьэ, Пестрякову үлэтиттэн ууратан эрэллэр диэн сорох үөрбүтүн, сорох хомойбутун иһиттим дии…
-Куһаҕан сурах сымыйа буолбат (күлэр – аапт.)…Кырдьык, мин бу дуоһунастан барарбын ис сүрэхтэриттэн күүтэр-кэтэһэр дьон баалларын билэбин. Өссө биэс сыллааҕыта, 65 сааспын туолан судаарыстыбаннай сулууспаттан босхолонон, бырабыыталыстыба дьаһалынан «Сахабэчээт» салайааччытынан анаммыппар «саастаах киһини, хайатын, баччааҥҥа диэри соһо сылдьан үлэлэтэллэрий» диэн социальнай ситимҥэ суруйар этилэрэ.
Биэс сыл олох биллибэккэ ааста. Үлэм дуогабарын болдьоҕо сарсын, алтынньы 22 күнүгэр бүтэр. Үлэ биэрээччим – министиэристибэм, ол туһунан кэмигэр сэрэппитэ. «Ууратан эрэллэр» диир арыый алҕас буолуо. Киһи соһуйара суох – барыта сокуон иһинэн. 70 сааспын томточчу туолуохпар диэри хамнас төлөөн үлэлэппиттэригэр махтанабын эрэ. Баччаҕа диэри сүһүөҕүм үрдүгэр сылдьан этэҥҥэ үлэлээбитим – дьол буоллаҕа…
–Салгыы үлэлэтиэхтэрэ диэн санаа суоҕа дуо? Мин көрдөхпүнэ, туругуҥ чэгиэн, өйүҥ -санааҥ чөл курдук. Саха суруналыыстыкатын Далбар Хотуна Нина Протопопова барахсан балайда сааһырыар диэри үлэлээбитин билэбит. Эн кириэһилэҕэр хайалара кэлэн «лах» гына олоруо дии саныыгын, бука билэн-сэрэйэн эрдэҕиҥ…
-Туйаара, ыйытыыларыҥ кылгас курдуктар да, наһаа судургута суохтар. Улахан тэрилтэ салайааччытын аныыр анал бэрээдэк баар. Бу дуоһунаска үлэлиэхтээх киһиэхэ Ил Дархан сөбүлэҥэ ирдэнэр, бырабыыталыстыба дьаһала тахсар. Министиэристибэ, тустаах Департамент дьарыктана сылдьаллар. Сөптөөх киһини булан аныылларыгар олох саарбахтаабаппын. «Сахабэчээт» билиҥҥи салалтатыгар да ити «бурҕалдьыны» кэтиэн сөп дьон бааллар. Нина Иннокентьевналыын уһуннук, сүүрбэччэ сыл олох өйөһөн – өйдөһөн бииргэ үлэлээбиппит. Үтүөкэн киһи! Киһи эрэ сөҕүөх, 82 – гэр диэри олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Дэлэҕэ да эрэдээктэрдээбитэ уһунунан кини аата Россия рекордун кинигэтигэр киллэриллиэ дуо!
Киһи – санаа кулута. Уһун күҥҥэ-түүҥҥэ саныыр санаа элбэх буоллаҕа. Мин туругум туһунан сыана быспыккар махтал. 2019 -2020 сыллар «Сахабэчээккэ» – уларыта тутуу балайда уустук сыллара. Тугу кистиэмий – саҕалаабыт дьыалабын тиһэҕэр тиэрдэрбэр кыах биэрэллэрэ буоллар диэн бүччүм санаа баара…
-Арыый урутаатыҥ. Ыйытаары олорбутум: «Сахабэчээт» өссө улаатар-кэҥиир дииллэр. Ол аата?
-Өссө 2018 сыллаахха балаҕан ыйын 28 күнүгэр солотугар саҥардыы киирбит Ил Дархан Айсен Николаев 803 №-дээх дьаһалга илии баттаабыта. Олох кылгатан эттэххэ, бюджеты бэрээдэктээһин туһунан. Ити докумуоҥҥа олоҕурбут Ил Дархан 2018 сыл ахсынньы 17 күнүнээҕи дьаһалынан, 17 улуус эрэдээксийэлэрэ «Сахабэчээккэ» киирэллэрэ быһаарыллыбыта.
2019 сылга үктэнэн баран сыл аҥарын устата ити дьаһалы олоххо киллэрэргэ министиэристибэбитин кытта үтүмэн элбэх үлэни ыыттыбыт. Күнү-дьылы, өрөбүлү-бырааһынньыгы аахсыбакка. Үгүс ыарахаттары көрүстүбүт. Улахан айдаана, этиһиитэ-охсуһуута, үҥсүһүүтэ-харсыһыыта суох тэрилтэни оннун буллардыбыт. Кими да күүс өттүнэн үлэтиттэн уураппатыбыт. Баайы-дуолу аахтыбыт. Үп-харчы аналынан туттуллуутун балайда бэрээдэктээтибит. Холбоһуу түмүгэр, уруккута 60 үлэһиттээх «Сахабэчээт» муус устартан 244 үлэһиттээх биир улахан тэрилтэ буоллубут. Атахха бигэтик турдубут, салгыы сайдар толору кыахтанныбыт. Аны сотору иккис түһүмэх саҕаланыахтаах – хаалбыт 17 улуус эрэдээксийэлэрэ «Сахабэчээккэ» холбонуохтаахтар.
-Бэйи эрэ, ол кэлин холбонуохтаах эрэдээксийэлэр олох утараллар, бэл Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгар суруйбуттар диэн баара дии...
-Кистэл буолбатах, оннук баар. Быйыл сайын «Кыым» хаһыат от ыйын 18 күнүнээҕи нүөмэригэр Бөтүрүөп күн ыытыллыбыт «Саха бэчээтин сайдыытын саҕахтара» диэн төгүрүк остуолга улуустар эрэдээксийэлэрин «Сахабэчээккэ» холбооһун “муҥурданыы суола” буоларын туһунан санаа этиллибитэ. Ол түмүк докумуоҥҥа киллэриллибитэ. Сорох эрэдээктэрдэр тоҕо утаралларый диэн ыйыт эрэ.
-Дьэ эрэ.
– Сүрүн биричиинэлэрэ – эрэдээксийэлэр киллэрэр дохуоппут «уопсай хочуолга» киириэ, бэйэбитигэр тиксэрэ аҕыйыа диэн дьиксинэллэр. Билиҥҥи кэмҥэ судаарыстыба үбүн-харчытын кииннээһин, тус аналынан туттулларын хонтуруоллааһын үчүгэй буолбатах дуо? Муҥур тойон-хотун курдук санаммат, тастан киллэрэр кэмчи дохуоппун уҥа-хаҥас ыскайдаабат, сыа-сым курдук туттар салайааччы – эрэдээктэр буоллахпына туохтан куттаныахтаахпыный?
Дьиҥэр, эрэдээксийэлэри биир тэрилтэҕэ холбооһун наһаа саҥа толкуй буолбатах. Татарстаҥҥа судаарыстыбаттан үбүлэнэр хаһыаттар, сурунааллар биир тэрилтэлээхтэр – «Татмедиа». Ыраата барбакка, ааспыт үйэ 90-с сылларын саҕаланыыларыгар бюджеттан үбүлэнэр өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар хаһыаттара Илья Михальчук салайааччылаах «Сахаполиграфиздат» НИПХ иһинэн тахсаллара. Улуустар хаһыаттарыгар анал идэлээх үлэһиттэр тиийбэттэр, дохуоттара суох, үптэрэ – харчылара татым диэн таһыттан ырытар – эридьиэстиир, «Сахабэчээт» уонна улуустар эрэдээксийэлэрин икки ардыларыгар «ытаһа» охсо сатыыр биирдиилээн дьон баалларыттан хомойобун…
***
Пестряков “ытаһа” охсооччулар кимнээҕин сөмүйэтинэн ыйбатар да, суруналыыстар сэрэйэбит. Чэ, ол бу сырыыга хааллын, кэпсэтиибитин манан түмүктүөххэ.
Онон, сарсыҥҥыттан Филипп Пестряков үлэтитэн тохтуур бирикээһин күүтэбит. Билиҥҥитэ тустаах докумуоҥҥа илии баттана илик диэн истэбит. Ким ананарын эмиэ кэтэһэбит.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Оннук. Соп барыта
Чокуур оЬуохайдыы сылдьара буолуо – Бэстирикиэп миэстэтэ босхолонно диэн?
бэстэрикиэп диэн уйэтин тухары былаас “соптоох дьону” аныырыгар букатын саарбагалаабатах киси буоллага. сэбиэскэй былааска да, уоруйах – приватизатордар да былаастарыгар, билгэгэ Дьогуор да былаасыгар.. бу ууратан эрэр сана былаас да киниэхэ, “соптоох” кисиэхэ “соптоох” сысыаны хаалларыа , адьас антах тугэххэ утэйбэтэллэр ханнык диэн кичэм санаалана сатаахтыыр буоллага. Сынньаланнынан, кырдьагас ! Уосээ эрэ тыынабыт, хайа мунун..
Онтун баара солбуйааччы буолаары тэпсэннии агай сылдьар сурага. Бэйэ киьитэ ананнагына оннук да буолара буолуо… Ол эрээри сахалыы соччо билбэт инновациялар киниэхэ чугаьы анаабаттара чахчы. Себун тэпсэннээтин Филипп Петрович, сынньан! Уолун да аны президент кутуетэ буолбатах, отставкага тахсан сенатор кириэьилэтигэр онуоха маныаха диэри олорооччу кутуетэ… Бэчээккэ, хаьыакка, сурунаалга келеьунун тохпотох, НВК эмиэ бартыбыал тутааччыттан сагалаан, наар департаменнэ соьулла сылдьыбыта. Человек около Печати . И все . Кер диэтэгин, ручканы илиитигэр туппатах киьи улаханы онорбут курдук туттар. Свято место пусто не бывает – син биир сити курдук барахсан кэлэн кириэьилэни сылытыа.
кими аныылларын пилиптэн ыйыппаттар боло