Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Бастыҥ дьоммутун хаһан сойуолаһан бүтэбит?!

10.06.2021 08:46 107
Бастыҥ дьоммутун хаһан сойуолаһан бүтэбит?!

Мин үйэм тухары 75 сааспын туолуохпар диэри, элбэх суукка сырыттым. Өрүү сахам дьонун туһугар, төрөөбүт дойдуларын, норуот туһа диэн  үлэлээбит чулууттан-чулуу дьону көмүскэһэн, араас тырыбыынаттан санаабын сайа этэн, суруйан да кэллим.

Бары билэр буолуохтааххыт, биһиги, чурапчылар бастыҥ уолаттарбыт сымыйаҕа балыллан,  сууттанан репрессия ыар тыынын билбиттэрэ. Олор истэригэр бааллара: эккирэтии, сойуолааһын иэдээнигэр түбэспит уопсастыбаннай диэйэтэл  профессор Г.П. Башарин, саха чулуу дьонун көмүскэспит норуодунай суруйааччы В.С. Яковлев-Далан.  Ол гынан баран  кинилэр  кэнники буруйа суохтара толору дакаастаммытын эмиэ  бары билэбит.

Үлэһит дьону була сатааһын, эккирэтиһии, тоҕо эрэ сахаларга урукку кэмнэртэн көстөр хартыына. Биллэн турар,  ол репрессия кэмнэриттэн  бириэмэ, үйэ уларыйда.  Ити эрээри, мин санаабар, ол кэминээҕи омооннор хаалбыт кутталлара баар курдук. Бу кэлин 2-3 сыл анараа өттүгэр саҕаламмыт, норуотунан талыллыбыт дойдум аҕа баһылыгын суукка таскайдаабыт үлүгэр кэмнэрэ, миигин хайдах да, таспынан ааһар кыаҕа суоҕа.  Онон, бу бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлии олорор Чурапчыбыт улууһун баһылыгар А.Т.  Ноговицыҥҥа тэриллибит холуобунай дьыала туһунан 2,5 сыл устата Аммаҕа да, Майаҕа да икки суут көрүүлэригэр иккиэннэригэр биир да сууту көтүппэккэ, общественнай көмүскээччи быһыытынан сырыттым.

Бу дьыалаҕа бэйэм тус санааларбын уонна кэтээн көрүүлэрбин тиэрдиэхпин баҕарабын. Андрей Тимофеевиһы мин эрэ буолуо дуо, бүтүн улуус уонна республика дьоно ытыктыыр, киэн туттар, холобур оҥостор киһибит буоллаҕа. Күн бүгүнүгэр диэри дьонун, норуотун туһугар, тыа хаһаайыстыбатын оройуонун уонна республикатын сайдыытыгар утуйар уутун умнан туран үлэлии сылдьар, ытыктанар киһибит.

Бастаан Аммаҕа буолбут суукка, мин саныахпар саамай сөптөөх уонна сиэрдээх быһаарыы ылыллыбыта. Онно киһини  “ол киһи эппит үһү”, “маннык диэбит үһү” диэнинэн сурах хоту буруйдуур сатаммат диэн быыһыыр бириигэбэр  саамай сөпкө тахсыбыта. Ону Республика Үрдүкү Суута көтүрэн иккис суут көрүүтүгэр ыыппыта.

Иккиһин көрүүгэ Майа суута Андрей Тимофеевич уоран сиэри эрдэ толкуйдаан, бииргэ үлэлиир дьонун дьаһайан 140 тыһыынча солкуобайы уоран сииргэ быһаарыммыт уонна ол толкуйун олоххо киллэрбит, онон улуус бюджетыгар улахан хоромньуну таһаарбыт диэн буруйдуур бириигэбэри  таһаарда.

Дьэ, маннык буруйдааһыны мин кырдьаҕас киһи истэн баран, сүрэҕим  тохтуу сыста. Онно Андрей Тимофеевичкэ төһө эрэ ыарахан буолла дии санаатым. Ол гынан баран киһим кытаанах дьиппиэн сирэйин уонна Чурапчылыы кытаанах характердааҕын көрөн итэҕэйдим уонна киһибиттэн астынным.

Андрей Тимофеевич үйэтин тухары норуот туһугар үлэлээн, кэлтэй кэппиэйкэ да харчыны уоран сиэбэтэх киһи, байан-тайан олороро да көстүбэт.  Оннооҕор чааһынайыгар бачча сааһырыар диэри, массыыната да суох киһи, ол 140 тыһыынча солкуобайы бюджеттан “уоран” тугу гынна?

Үҥсээччилэр суукка киллэрбит дьыалаларыгар көстөрүнэн:

1) Андрей Тимофеевич чааһынай тэрилтэттэн күрүө туттаары материал иэс ылбыт уонна күрүөтүн биир эркинин саҥа оҥотторбут.

2) Андрей Тимофеевич бу ылбыт иэһэ төһө сууммалааҕын да, тутуллуор диэри билбэккэ сылдьыбыт. Атыылааччы ханнык да докумены биэрбэтэх, илии баттаппатах, иэһин ирдэспэтэх. Сахалыы толкуйдаатахха үлэҕэ сылдьар киһи бу иэһин умнууга хаалларбыт. Ону көмүскээччи урут суукка барытын дакаастаан көрдөрбүтэ.

3) Суукка  буруйдааччы ыҥырбыт бары 16 туоһулара, ол иһигэр үҥсээччилэр эмиэ, судьуйа: “Андрей Тимофеевич эһиэхэ, бу 140 тыһыынчанан мин чааһынай иэспин төлөөҥ диэн,  дьаһал, ыйыы сорудах биэрбитэ дуо?”- диэн ыйытыытыгар – “Суох. Оннук суоҕа”, –  диэн биир киһи курдук эппиэти биэрбиттэрэ.

4) Дьэ, бу айдааннаах 140 тыһыынча  хайдах, Андрей Тимофеевич тэрилтэттэн ылбыт иэһигэр барда? Үҥсээччилэр “Андрей Тимофеевич улууспут баһылыга 1 сыл 3 ый устата иэһин төлөөбөтө”, – диэн улуус иһинэн үлэлиир хаһаайыстыбаннай тэрилтэ салайааччытыгар:  “Андрей Тимофеевич баһылык чааһынай иэһин 140 тыһыынча солкуобайы төлүүр үһүгүт”, – диэн бэйэтэ докумуон  дуогабарын, счет фактуратын  уонна накладнойугар (Андрей Тимофеевичка иэс биэрбит материалын суруйан (сууммата 140 тыһ. солк.) харчыны көһөттөрөр. Харчыны 140 тыһыынча солкуобайы көһөрбүт тэрилтэ улуус иэһэ диэбиттэрэ диэн көһөрөр. Дьэ, маннык хаһаайыстыбаннай тэрилтэттэн алҕаска төлөммүт харчы тоҕо “уоран сиэри”, “баһылык быраабын туһанан”, “дьону булкуйан” диэн, наһаа ыарахан ыстатыйаҕа кубулуйда.

Ити кэмҥэ Чурапчы улууһун администрацията чааһынай тэрилтэҕэ иэстээҕин көрдөрөр докумуоннара суукка үөрэтилиннилэр гынан баран суут хомойуох иһин ону болҕомтоҕо ылбата.

Дьиҥинэн ылан көрдөххө, улуус чааһынай тэрилтэҕэ иэстээх, иэс сууммата быдан улахан суукка быһаарыллыбыта. Биһиги суукка этэн көрдүбүт, улуус администрациятын уонна чааһынай тэрилтэ үп-харчы сыһыаныгар буккуур тахсыбыт буолуон сөп диэн. Уонна туран, хамсаабыт суумманы чааһынай тэрилтэ бухгалтерскай быраабыланан, төлөбүр барбыт тэрилтэ иэһин сабыахтаах. Оччотугар, тоҕо улууска хоромньу тахсыбыт диэххэ сөбүй? Улуус төлүүрдээх иэһин чааһын төлөөтө диир сатамматый?

Мин толкуйбунан, утары уонна быыһыыр дакаастабыллары дириҥник уонна сиэрдээхтик үөрэтиэххэ баар этэ. Уонна утары көрдөрөр урбаанньыт Андрей Тимофеевичка бөрөкүтэ суох сыһыаннааҕа, ол силиэстийэ саҕалана илигинэ көстүбүтэ, Андрей Тимофеевичка сааныы баар этэ, суутунан эккирэтиһиэм диэн. Ол сыһыан силиэстийэ кэнниттэн, суут да буола турдаҕына, салҕанан бара турбута. Итинник туоһу көрдөрүүтэ сиэрдээх бэрэбиэркэ, үөрэтиитэ суох тоҕо ылыныллыахтааҕый?

Биир да туоһу “бу Андрей Тимофеевич кини бэйэтин чааһынай иэһин төлөөҥ” диэн эппэтэҕэ, соруйбатаҕа диэн суукка баппыыска биэрэн туран бигэргэппиттэрин үрдүнэн, хомойуох иһин, бу дьыала коррупционнай ыстатыйаҕа кубулуйда.

Биһиги Чурапчы улууһун олохтоохторо, Андрей Тимофеевиһы кыра эрдэҕиттэн букатын 60 сааһын туолуор диэри үчүгэйдик билэбит. Кини көнө майгылаах, олус чиэһинэй киһи, онон Андрей Тимофеевич бу 140 тыһыынча харчыны уорбут диэҥҥэ олох сөпсөспөппүн.  Үлэттэн-түбүктэн  араас алҕас тахсыан сөп,  ол гынан баран, хаһан да уорбут диэҥҥэ мин итэҕэйиэм суоҕа.

Дьэ бу тахсыбыт алҕастан сылтаан, хайдах курдук биһиги баар-суох киһибитин, улууспут аҕа баһылыгын “Хотугу сулус” уордьан кавалерын,  Россия, республика элбэх наҕараадатын ылбыт, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан  кылаатын киллэрсибит киһибитин 2,5 сыл эрэйдээтилэр.

Үйэтин тухары норуотун туһугар чиэһинэйдик үлэлээн кэлбит киһини, 140 тыһыынча инниттэн мааскалаах, автоматтаах дьонунан туттаран хаайыыга укпуттара. Уонна 2,5 сылы быһа суукка соспуттара бу төһө сиэрдээҕий?  Аймахтара, чугас дьоно, бэйэтэ да төһөлөөх доруобуйаларыгар оҕустарбыта буолуой!  Аны суут буола турдаҕына, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ өлөн хаалаахтаабыта.

Дьэ, маннык уустук балаһыанньаны барытын уйан, Чурапчытын дьонугар  биэрбит андаҕарын толорон, улууһун ыспакка, баһылык быһыытынан өссө ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбитин бары билэ-истэ сылдьабыт. Мин Майа суутугар толору сылдьан истибитим уонна бэйэм санааларбын эппитим. Уонна бу суут Андрей Тимофеевиһы буруйдаах диэн таһаарбыт бириигэбэригэр мин төрүт сөпсөспөппүн уонна ону сыыһанан ааҕабын.

Майа суутугар Андрей Тимофеевиһы көмүскээн тыһыынчанан илии батааһыннаах суруктар киирдилэр, ол иһигэр араас улуустартан, республика общественниктарыттан, салалтаттан, биллиилээх дьонтон. Ол да үрдүнэн Майа суута таһаарбыт бириигэбэрэ улуус дьонун олус соһутта уонна хомотто.

Сотору кэминэн Республика Үрдүкү суута бу дьыаланы көрүөҕэ. Майаҕа буолбут суут буруйдаан таһаарбыт бириигэбэрэ   сөбө суоҕунан эбэтэр элбэх сокуон кэһиилэрдээх тахсыбытынан бириигэбэри  көтүрэллэригэр уонна дьыаланы саҥаттан суут көрүүтүгэр ыыталларыгар эрэнэбин. Салгыы Андрей Тимофеевичка  тиксэриллибит буруйдуур ыстатыйаны уларытан “уоран сиэһин, коррупция” диэни  “халатностан оҥоһуллубут дьыала” диэн ыстатыйатын уларыталлара буоллар диэн көрдөһүүлээхпин. 

Туох-ханнык  үһүстээх диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Дьэ, республикабыт Үрдүкү суута Андрей Тимофеввич бары оҥорбут үтүөлэрин  учуоттаан, улуус, республика общественноһын санаатын истэн, сиэрдээх быһаарыныы ыларыгар эрэниэххэйиҥ.

Күндү дьонум-сэргэм, Эһиги, туох дии саныыгытый?

***

Суруйдум С.А. Попов-Сэмэн Тумат,

поэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта.

 

Биһиги бу суруллубут ыстатыйаҕа, санаабыт толору сөп түбэһэрин этэн туран, улууспут Аҕа баһылыга А.Т. Ноговицын кырдьыктаах дьыалата  кыайарыгар эрэлбит олох улахан. Общественнай көмүскээччи  быһыытынан суукка барытыгар сылдьан, суут ис туругун барытын билистибит. Уонна, Үрдүкү Суут дьиҥ кырдьыгы  таһаарарыгар эрэлбит  улахан.

Общественнай көмүскээччилэр:

Артемьев  Д.Е.

СӨ норуодунай артыыһа,

Гудуева Р.П.

СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх  үлэһитэ,

Павлова Т.В.

СӨ  Үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ,

Бушков И.И.

СӨ  культуратын үтүөлээх үлэһитэ,

Жирков К.Н.

биир дойдулаа5а.

 

Обсуждение • 107

Добавить комментарий
  1. 🤨

    Вор должен сидеть в тюрьме. Хватит написать коллективные кляузы- сейчас 21 век на дворе. Надо аннулироваь “полярную звезду” из-за неподобающего поведения ноговицына.

    • Чурапчы эдэр кэскилэ

      ну конечно, лежа на диване можно всякое писать. Все земляки знают как работает во благо улуса наш Андрей Тимофеевич. Вам человеку без патриотических ценностей этого не понять.
      по вашему почерку видно что вы саха, только вы из тех саха который предает своего и тянит вниз.

  2. 🤨

    Бастыҥ дьоммутун хаһан сойуолаһан бүтэбит?!

    Источник: Aartyk.ru

    БАСТЫҤ ДЬОММУТУН буолан🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣🤣

    • Чурапчы эдэр кэскилэ

      Сиэркилэҕэ көрүн доҕор уонна бэйэн бэйэҕиттэн ыйыт, тугу ЭН дойдун уонна дьонуҥ туһугар оҥордун? Ычан чараас буолан күлэ олороҕун

  3. 51

    Сууту кигии баара буолуо дуу?

  4. 🙌🏻

    Сэмэн Тумат бэккэ суруйбут👏👏кырдьык кыайыаҕа дии саныыбын. Андрей Тимофеевич улууспут аҕа баһылыга, дьэ маладьыас үлэһит киһи.

    • Туманы итэҕэйбэппин

      Сэмэн Туман диэн балабол, туман-имэн киһи буо. Олоҕун тухары биир да чаҕылхай норуот улахан сэҥээриитин ылбыт айымньыта суох. Народнай суруйааччы хайдах буолбутун таайыҥ эрэ тоҕотун.

      • Чурапчы эдэр кэскилэ

        Тоҕо норуот аатыттан суруйа олороҕун? Биир да сэҥээриитин ылбата диэн😂эн ону хантан билэҕиний? Эн сэҥээрбэтин да бары сэҥээрбэттэр ду?😂 дьэ бэккэ күллэрдин доҕор. СЭМЭН ТУМАТ сахалартан биир бастын.

      • Өрүүнэ

        Сотору хантайан туран силлээбитиҥ бэйэҥ сирэйгэр түһүө!

        • Эмээхсин

          Тугу кулгуйбуккуттан бэйэн сыптарыйаайаххын. Толкуйдаа кырыыс тыллаах Ерyyнэ.

          • 8366

            Сатаан үөхсэргинэн маладьыаскын “биһириибин” Сэмэн Новгородов Туман көһөрүллүү эрэйин эҥэринэн тэлбит Улуу саха суругун бичигин айбыт Новгородов сыдьаанын намтатан саҥарбыккын төрүт сөбүлээбэппин.Киһини сэниир киһи төһө таһымнааҕа итинтэн көстөр .Сахалыы өс хоһооннорун үөрэт.

  5. ✊🏼✊🏼✊🏼

    Үлэһит киьини сугун улэлэппэккэ, бутун улуус сайдыытын атахтаьар курдуктар.
    Биьиги эрэнэбит, кырдьык кыайарыгар. Баьылыкпыт салгыы оссо сатайан,
    кууркэйэн, иэйэн туран улэлииригэр. Ситиьиини, кыайыыны✊🏼

  6. Анастасия

    Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат бэйэтин санаатын олох сөпкө табан суруйбут. Кырдьык кыһыылаах! Үтүө, үлэһит саха киһитин сойуолаһыы. Чурапчы дьоно-сэргэтэ, общественноһа аҕа баһылыкпыт үлэтин, дойдутугар оҥорбут үтүөтүн үрдүктүк сыаналыыбыт, сурукка эрэ тиһиллэринэн үлэлиир киһи буолбатах, бары да көрө-истэ билэ сылдьар буолуохтааххыт. Кытаатан сиэрдээхтик тыа сирин хара үлэһит киһитин харыстыаҕын!

  7. Боотурскай

    Мин төһө да атын улуус буолларбын, чурапчы сайдыылааҕын кэтээн көрө-истэ олоробун. Бу үөһэ тахсыы биллэн туран, баһылык үчүгэйиттэн буоллаҕа дии саныыбын. Ыарыы турбут кэмигэр чурапчылар эрэ, эбии саҥа, сонун бырайыагы олоххо киллэрэн, ааттара суоллара иһиллибитэ, көмө бөҕөтүн дьонноругар оҥорбуттара. Биһиги ыраахтан телевизорынан көрөн ымсыырбыппыт эрэ. Онон, билсибэтэх да киһим буоллар, бу баһылык чахчы норуот туһугар үлэлиирин итэҕэйбитим. Ноговицын аата-суола кырдьыгын булуоҕа дии саныыбын.

    • Һэ

      Эһиги дьоҥҥут бэлэми мэтийээччилэр. Ону ким барыта билэр. Саха сириттэн аҥаардастыы аһаан, айбардааччыларгыт.

    • Кырдьык

      Эһиги бырайыаккыт биллэр-уруһуйданыы, дармоедство, сымыйа.
      Аны атын улуустартан ордо сатыыр кыдьыккыт. Туох баар албын-көлдьүн дьон- Аграфена Борисова, кпкг Земля Олонхо, Николай Петров МСХ, Слепцов Ягсх -эһиги дьоҥҥут. Ити Наҕабыыһыҥҥыт да биллэр киһи.

      • Киһи күлэр

        Үлэһит киһи эбитин буоллар эн да тахсыан үлэлиэн этэ. Ситиһиилээх дьон кэннигэр тыҥырах сии сии үөҕэ олорортон ордубаккыт көстөр.

        • Оо дьэ

          Саха сирин баайын-дуолун тарбачыhан хоро сииргэ yлэhиккитин бары билэллэр.

          • Саҥарбатаҕын ордук

            Барахсан тугу да кыайа туппакка сылдьан ситиһиилээх дьону барыларын уоруйахтар дииртэн тугу кыайыаххыный!? Тэлгэһэн иһигэр олор аргаайдык

            • LF

              Тугу туппуккутуй ол? Истэр тухары уоруунан откатынан взятканан приписканан дьарыктанар адьынаттааххыт. Ону тутар диэн ааттыыгын дуо?

  8. Алгыстаана

    Андрей Тимофеевич үлэтин биһириибит. Кырдьыга дакаастаныа диэн эрэнэбит!

  9. 3689

    Билинни уйэ5э угаайыга киллэрии, нууччалыыта подстава диэн элбээн турар, оннугунан элбэхтик дьарыктаналлар, оборотни в погонах диэн тэлэбиисэргэ кердереллер а5ай! Бу маннык дьыалалар сотору сотору сахабыт да сиригэр тахса тураллар! СК полицияга тиийэ маннык дьон элбэхтэр, тутуллан уурайаллар, хаайыыга да киирэллэр. Ол эрээри бу ноговицын дьыалата дьиннээх коррупционнайа кесте сылдьар! Чурапчыга улэлиир, улэлии сылдьыбыт элбэх салайааччы кини туьунан соччото суох санаалаах, аьара бэрдимсийэр, киэбирэр диэн кэпсииллэр, туоьулууллар. Онон сылыктаатахха бу ноговицын бэйэтин самоувереннаьыттан аьара киэптээн манныкка тубэспит буолуон сеп!

  10. Александра

    Андрей Тимофеевич курдук улэьит тереебут дойдутун туьугар бэриниилээх киьи элбэ5э суох буолуо дии саныыбын.
    Биьиги” дьолбутугар “тереебут киьи -диэнАгафья Семеновна Птицина эппитин курдук,чахчы оннук.
    Анардас кыаммат арана “Макрос ” тутуу тэрилтэ албыннаабытын туруорсан биьигини дьиэлээн махталбыт мунура суох. Сыалай 24 ыал бу киьиэхэ кытымнньы буолар.Верховнай суут таба бытааран инникитин ессе улэлииригэр ба5арабын

    • Саха

      Чурапчылар суту курааны билбит, элбэх кыһалҕаны, өлүүнү-сүтүүнү билбиккит. Аны аан дойдуга олимпийскай чемпионнаргыт аатырбыттара. Ааккытын өрө тутан, сууллан хаалыман, кырдьыккытын булуҥ. Этэҥҥэ буолуҥ

    • Александра сымыйалаама

      Саха сирин туһугар буолбакка төрөөбүт дойдутугар -чрапчытыгар диэ. Саха сиригэр кини туох да өҥөтө суох.

  11. Сарыалыйа

    Андрей Тимофеевич буруйа суоҕа дакаастаныа диэн эрэнэбин. Мин билбэт киһим, ол эрэн үлэтин хамнаһын истэммин, олус убаастыыбын.

  12. Света

    Дьэ, кырдьык туох ханнык уьустээх. Барыта санаа хоту буоллун, Урдуку суут соптоохтук быьаарыа диэн эрэнэбит.

  13. Бары бииргэ

    Андрей Тимофеевич, санаа5ын туьэримэ, мы стобой. Кырдьык син биир туругуруо.

  14. Саха

    Чурапчылар суту курааны билбит, элбэх кыһалҕаны, өлүүнү-сүтүүнү билбиккит. Аны аан дойдуга олимпийскай чемпионнаргыт аатырбыттара. Ааккытын өрө тутан, сууллан хаалыман, кырдьыккытын булуҥ. Этэҥҥэ буолуҥ

  15. Анастасия

    Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Андрей Тимофеевич үлэтин үрдүктүк сыаналыыбыт ✊🏻✊🏻✊🏻

  16. Светлана

    Кини курдук улэни оро туппут,торообут улууьун оро тутар ага баьылык агыйах ини.Син биир кыайыа,аата суола ырааьырыа

  17. Уйбаан

    90 сыллардаахха Саха сирин тыатын хаһаайыстыбата эстэр сылларыгар Чурапчыга бастакынан СХПК тэриллибитэ. Бу Андрей Тимофеевич Ноговицын толкуйунан оҥоһуллубута, атаҕар турбута. Ол кэннэ, атын улуустарга тэриллэн саҕалаабыта. Ама дуу, аҥардас Чурапчыга эрэ өҥөлөөх буоллаҕай?! Оннооҕор буолуох тойоттор сатаан оччолорго тобулбатах боппуруостарын быһаарбыта! Киһини тоһутар, сиргэ-буорга тэпсэр түргэн…онтон бу киһи үлэлээн ааспыт, оҥорбут, таһаарбыт өҥөтүн үгүстэр билэбит! Ол кимэхэ киэптээбитин, бардымсыйбытын тоҕо аһаҕастык суруйбаккын?! Олох санааҕын түһэримэ Андрей Тимофеевич! Үгүс дьон эн диэкилэр, үгүс дьон эйиэхэ махталлаахтар! Кыайыыны! Хотууну!

  18. Чурапчы Ыччата

    Чурапчы ыччата кырдьык дакаастанарын туһугар✊🏻✊🏻✊🏻. Андрей Тимофеевич, кытаат!

  19. Тыа кырдьа5аьа.

    Чурапчы улэьит дьонунан биллэр. Чурапчы чиэьинэй дьонунан биллэр. Олор истэригэр Андрей Ноговицын дьоьуннук ааттанар. Чурапчы сайдыытыгар улахан кылааттаах киьи Андрей Тимофеевич. Кинини киртиттэхпитинэ улууьу киртитэбит, тыа улэьит киьитин аатын киртитэбит. Онон бар дьоммут, тыа улэьит киитин ейеен. Кини ыраас, чиэинэй киьи буоларын бары билэбит. Кини хайаан да кыайыан наада. Оччо5о эрэ бу орто дойдуга кырдьык баар эбит диэхпит. Оо улахан ата5астабылы тулуйа сылдьар. Хайаан да учугэй буоларыгар эрэллээхпин.

    • Тыа кырдьа5аһыгар боппуруос

      Чиэһинэй дьонноохпут диигит? Бааллара буолуо. Ол эрээри маннык ааттары билэ5ин дуо?
      1. Аграфена Борисова “Строим вместе” диэн кооператив тэрийэн дьону албыннаабата5а дуо? Авиатор Местников улахан махинацияны онорбото5о дуо? “Богатей” кредитпотребительскай эһиэхэ сыһыана суох дуо? Николай Петров МСХттан эһиги киһигит буолбатах дуо? ЯГСХА ректора Слепцов эһиги киһигит буолбатах дуо?

  20. Истиэххитин баҕардаххытына

    Чырапчаалар эрэ сукка-курааҥҥа өлбүттэрэ сүппүттэрэ диэн атын улуустар эрэйдэрин-муҥнарын нэгэйдик сирэйэ-хараҕа суохнамтатыы буолар. Холобур, Мэҥэҕэ, Сунтаарга эһигиннээҕэр быдан элбэх киһи хоргуйан, ыалдьан өлбүттэрэ.
    Дьоҥҥут репрессияламмыттарынан суланаҕыт. Тааттаҕа, Намҥа, атын улуустарга эһигиннээҕэр элбэх киһи тутуллубута. Баһариҥҥыт Багдарыын Сүлбэ, Алексей Федотов курдук түрмэҕэ хааллыбатаҕа.
    Москваҕа куотан биэрбитэ. Тоҕо тутуллубатаҕай? Тута соруммуттара буоллар сразу тутуо этилэр.
    Эһиги эрэ айаххытыттан “күөх от үүнэрин курдук” кэбилэнимэҥ! Наглайдаан бүтүҥ!

    • Анастасия

      Маннык дьону үөҕэн суруйар комментарийдар автордарын булан эппиэккэ тардын эрэ! Биир киһи суруйар быһылаах аатын уларыта2.

      • ББ

        Анастасия бэйэн эппиэккэ тардыллыан. Эн манна дьону буккуйа олорозун. Повестканы кyyт.

      • Анастасия наhаалаама

        Анастасия Ерyyнэ диэн эн дуо? Туох ааттаах дьиикэй тыллааххыный?

  21. Омоллой

    Сахалары наьаа утары туруордулар. Бу биир саха эмиэ наглайдаан игин диэн доьуна суо5у кэпсиир. Иллээх буолуохха бастаан. Иннибитигэр улахан быыбардар. Онно дьэ эмиэ дьаабыланан турарбыт буолуо.

  22. Баьылыкпыт туьугар!!!

    Андрей Тимофеевич аатын киртитэ сатыыр, ону таьынан чурапчылары уе5эр, сиилиир дьоннор туохтарын быьа уктэппиттэрэ буолла?! Оннук айылаах абааьы кердугут?! Кини курдук дойдутугар, дьонугар бэриниилээх салайааччы суо5а буолуо. Туох да кэтэх санаата суох, чиэьинэйдик улэлиир!!! Онон, биьиги куруутун ейуехпут, кемускэьиэхпит!!!

  23. Чурапчы ыччата

    Комментарий беҕе буолбут, туох да диэн бастатан туран дьон норуот туьугар улэлээн-хамсаан, бутун улуус инникитэ быьаарыллаары турдаҕына Чурапчылар ис санаабытын этиэхтээхпит, Республика атын улуустарын туох да диэн эппэппин, бары улууска улэьит дьоннор бааллара саарбаҕа суох, бу ыарахан кэмнэ Чурапчылар тумсуулээхпит, санаабыт биир, талан ылбыт баьылыкпытын кемускэьэбит, этэннэ буолууну баҕарабыт.

  24. 8888

    Боты зашевелились!

  25. Тыа киьитэ

    2020 сылтан пандемия туран, уустук кэмнэргэ Андрей Тимофеевич көҕүлээн анал программа оҥоһуллан дьиэ кэргэн экономикатын бөҕөргөтөргө үгүс үлэ барда. Нэһилиэктэринэн сибиинньэ, куурусса, аныгы теплицалар, парниктар бөҕө сыана аҥарыгар түҥэтилиннилэр. Бу программа Республикаҕа бастакы саҕалааһын быһыытынан биллэр, онон дьиннээх үлэ киһитин толкуйа буоларын саарбахтаабаппыт.

  26. хозяин

    Хата мин былырыын быйыл куурусса чэпчэки сыана5а ылан сымыыт бе5е сымыыттатан дьоммун абыраатым. Чурапчы дьаьалтатыгар махтанабын эрэ. Андрей Тимофеевич идеята тыа боростуой дьонугар туьалаах буолла. Тимофеевичка утуену эрэ ба5арабын.

  27. тукулутта

    андрей ити дьыалатын билбэппин, ол гынан кини тыа хаьаайыстыбатын туьа диэн ама до5оор улэлээбит 2000 с бэттэх бастын саха киьитэ эбээт, сана са5алаат билбэтиттэн кыбыстыбакка биьиэхэ кэлэн эти хайдах ыыьрга уерэнэн барбыта, улэни ама улэлээбитэ , киьи ханна угклут, кыбыстыбат киьитэ, суут анардас саха омук бастын улэьит киьитин ( кэлин сылларга) иьин кыра итэ5эс баарыгар ымыр диэбэккэ буруйа суох диэхтээх этэ, диэхтэрэ да5аны дии саныыбын

  28. Өрүүнэ

    Аҕыйах ахсааннаах сахалаар ,мөккүһүмүөххэйиҥ,үөхсүмүөҕүҥ! мин ханнык да улууһу үөҕүөхпүн бэрт былдьаһыахпын санаам да батарбат ээ ….хас улуус аайы кийииттэрим, күтүөттэрим,аймахмахтарым күндүтүк тутар дьонноро олороллор үлэлииллэр дойдубутун сайыннараллар.Хас биирдии киһибит иэдээнэ барыбытын хаарыйар дии….Мин Андрей Тимовеевыһы туруу үлэһит ,улахан дьиэ кэргэн эркин курдук эрэнэр аҕаларынан билинэбин. Кини борустуой үлэттэн ,бэйэтин күүһүнэн тыа ыарахан үлэтин этинэн хаанынан билэн ,илии үлэтин чэпчэтэн бар дьоно хайдах дохуот киллэринэн айахтарын ииттиэхтээрин ыра санаа гынан төһөлөөх сүүрбүтүн көппүтүн ,тоҥмутун хаппытын ,куоракка араас араас министиэристибэлэринэн туруорсан олоххо киллэрбитэ элбэх.Итинник үлэһит уҥа сиэбиттэн уоран хаҥас сиэбигэр уктубат.Онон хараҕа суох сууппут ,баайыытын сүөрэн Анрей Тимовеевычпыт диэки кырдьыктаах хараҕынан көрөн Сахабыт Сирин сайыннарар кыаҕы өссө да итэҕэйиэ диэн эрэнэбин.

    • Биллэр суол

      Саха сирин саламтатыгар итинник эрэ дьон кэлбэтиннэр. чк..лар хаһан да Саха сирин сайыннарыахтара суоҕа.

    • Барылас

      То кырыыгын то бииргэ буолуохха диигин. Кырыыhын сyрдээх дии. Ол эрэн куhазан киhи кырыыhа. Бэйэн диэки тиийбэтин туhугар Танараттан ааттас.

    • Барылас

      Ерyyнэ кырыыгын то бииргэ буолуохха диигин. Кырыыhын сyрдээх дии. Ол эрэн куhазан киhи кырыыhа. Бэйэн диэки тиийбэтин туhугар Танараттан ааттас.

  29. Инникигэ эрэллээх

    суруйбуккутун ааҕан киһи эрэ сонньуйар. Наһаа да элбэх куһаҕан санаалаах киһи баар. Түгэх олорон эрэ таах дьону куһаҕанынан саҥарар чэпчэки бөҕө буоллаҕа ди.
    Бэйэҕит иннин көрүнүө этигит, дойдугут туһугар тугу да оҥорбокко сылдьан үлэһит киһини саҥарартан туттунуо да эбиккит, бу Андрей Тимофеевич курдук үлэни көрсө илик инигит. Сэрэйдэххэ чугас аймах да дьоҥҥутугар көмө буолартан куотунар буолуохтааххыт, билбэт киһигитигэр көмө туһунан этэ да барыллыбат.

    Барыта личнайдаһыы, үҥсүһэ үҥсүһэ олороҕут. Бэрт былдьаһыыта. Сыбыс сымыйанан уонна бэйэҕит наадаҕытыгар “түмсүөҕүн” диэн ыҥырыылары оҥоро турар буолуоххут. Сымыйа сураҕынан салайтарыы, сплетня хобу сиби тарҕатыы…. Уопсайынан дьаабы!

    Хас эмэ сылы быһа, олоҕун аҥарын Дойдутун туһугар үлэлээбит, сайдыытыгар көлөһүнүн тохпут улахан убайбытын таах сири кытта тэпсэн кэбиһээри гыналлара олох табыгаһа суох! Сирэйэ хараҕа суох өссө туох баар наҕараадатын былдьаары гыналлар! Ити атаҕастааһын диэн буолар, ону ыланнар тугу дакаастаары гыналларый??? Ордук саныыллар буоллаҕа ди!!!

    Андрей Тимофеевич киһи киһитэ! Салайааччы быһыытынан олус убаастыыр киһим! Аҥардас убайы киһилии санаан аһынабын.
    Барыта этэҥҥэ буолуо диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэбин уонна үрдүк айыылар көмө буолуохтара диэн эрэнэбин!

    • Юрист

      Чурапчинцы, соблюдайте законодательство РФ и прекратите выступать против политики обуздания коррупции.

  30. Т. А Адамова

    Кун сиригэр бары этэннэ сылдьартан дуоьуйуохха, чугас дьоммут доруобайдарыттан. Саха дьоно буолан баран сиэрдээх сахалыы ейдеех буолуогун. Дьонно куьаганы багарар мээлэ тылга киирсэр аагарга суергу. Андрей Тимофеевич улууьугар улэлээн кердербут, улэьит киьи. Бэйэ бэйэбитин харыстаьыагын.

  31. Кыһыл ойуун

    Эн төбөҕөр мас киирбит да? Тиийиммэтин көстөр

    • Өйдөөбөтүм

      Кыарарый диэн туоххунуй, кырбыырый буолаарай. А так, кини кырбыаҕай ол.

  32. Махсыым

    Чурапчылар этэгит улэьит киьи учугэй салайааччы диэн. Буолуо, онуоха мэлдьэх суох. Биири ыйытабын: того киьи уордагына теьену, хайдах уорбутуттан керен Уголовнай сууттааьын диэн хас биирдиибитигэр сыьыаннаах баар. Того ол уорбут киьиэхэ Ноговицынна сотуллан хаалыахтаагый? Оннук буоллагына атын улуустар салайааччылара, улэьит дьонноро ыйытыахтара суога дуо, оттон биьиги диэн? Итинник норуот убун, баайын-дуолун клуу тойоннут хоро сиир буолан бэйэгит администрациягыт иьигэр уоруу аана того аьылынна буолбаат?! Контрольнай ревизионнай комитеккыт тойонугар дылы. Кыралары киьи этэ да барбат. Онон чурапчылар бу буолаары турар суукка теттерутун уоруйах баьылыккытын куускэ сууттаан! Бутун ереспуубулукэ чурапчылар уоруйахтарын аатын бигэргэтэллэр дуу, босхолоноллор дуу онтон диэн кэтэьэр.

  33. Право

    Вся Якутия недовольна как Чурапчинский улус “перетянул одеяло” в свою сторону. Однозначно с отмашки высокопоставленных земляков. Постулатом послужила ошибочная теория о своей избранности- мол де мы самые лучшие “работяги”, хотя это далеко не так. И вы позволили себе крайнюю наглость- во все, что находится в республике можно запускать руки. Вы стали объедать то, что неоходимо было другим, ИМХО бедным улусам. Проводили игры Манчаары с помпой и с огромным финансированием. На другой год проводили Ысыах Олнхо. Это же – неслыханная наглость! Ваши земляки добились того, что финансовоемкие стройки должны быть лишь только у вам. И что остальная Якутия бедствует вам было наплевать. Ваши люди преступили закон и вы яростно их защищаете, пускаясь на оскорбления и проклятия ибо на объективные доводы у вас нет доказательств. Вы показали свое гнилое нутро и дальнейшие действия только за законом. Защищаете коррупционеров значит вы против политики Главы Российского Государства. Так что окститесь, умерьте свой пыл.

    • Чурапча

      Видимо, вы не понимаете по-якутски. Раз пишите, что Чурапчинцы опускаются до оскорбления. Тут никто со стороны Чурапчи не оскробляет никого. Мы за справедливый суд и все! А тут в комментах оскорбляют весь улус, обзывают целую массу людей, надеемся, что авторы этих комментариев как раз и ответят по закону РФ

      • Чурапчыга

        Оскорбляйдыахтаахар дьону саана, дьону кырыы олоро5ут. Рф законугар ол эмиэ статьялаах.

        • Омоллой

          Куьа5аны ба5арыма, куьу5аны ба5арар киьиэхэ сэттээх буоларын сиэр – туом уерэ5э уерэтэ сатыырын ейдее, эдэр киьи быьылааххын. Дьоллоох, доруобай буол. Сокуон эйиигинэ да суох кытаанах, ол эрэн балыыр диэн баарын умнар сатаммат. Буруйдуур дон эмиэ доннор, сыыыахтарын эмиэ сеп.

          • Омоллой сымыйанан куолулаама

            Омолой, сэт-сэмэ туһунан куолулаама. Сиэр-туом диэн эһиги дьоҥҥутугар суох эбит. Төрүт суох. Хаһан маҥалайгыт туолар туохха да топпот дьоҥҥутуй?
            Чичигинаров, Местников, Аграфена, Слепцов аны Ноговицын.

  34. Саха

    Сахалар а5ыйах бэйэбит дьэ информационнай ситим нөҥүө бэйэ-бэйэбитин сиэһии, самнарыы. Олох ис сүрэҕиттэн үлэһит киһи. 2,5 сылы быһа сордоотулар. Ама, барыта быһаарыллар кэмэ кэллэҕэ. Сахалар түмсүүлээх буолуоҕуҥ. Үлэһит дьоммутун-сэргэбитин самнарсан бүтүөҕүн.

    • Оннук

      Сахабын дии-дии сымыйалаама. . Чкрбалар, уорар, айбардыыр, сиир-аһыыр кэмҥитигэр саха диэн тыбыырбатаххыт.

  35. Эдэр киьи

    Сырдьык кыайыаҕа дии саныыбын.

  36. Сиэрдээх буолуоҕун

    Наһаа да куһаҕан санаалаах дьон бааллар, саҥарбыт эрэ киһи диэн саҥаралларый. Тугу үлэлээн – хамсаан итинник саҥарара буолбуттара буоллай, таах куолуһуттар. Хара санааҕыт да элбэҕэ. Андрей Тимофеевич чиэһинэй киһи, кини кырдьыгын дакаастыа. Үрдүкү суут справедливай буолуо диэн эрэнэбит.

  37. 4588

    Оннук. Чурапчыга хонтуруоллуур комитеттарын тойоно Матвеев эмиэ улахан сууммага холуобунай дьыалага буруйданан баран туох да буолбатагын курдук сылдьар уьу?!

  38. 🙌🏻

    Кэнники сылларга сайдыы лаппа баар буолбута харахха быраҕыллар. 2017 сыл түмүгүнэн республикаҕа бастаабыппыт. Бу барыта баьылык улэтин тумугэ, ситиһиитэ дии саныыбын.

  39. 3478

    Харчыны хонтуруоллуохтаах Чурапчы главатын упкэ солбуйааччыта Матвеев холуобунай дьыалата Ханна тиийдэ??

  40. Валентина

    Андрей Тимофеевич Ноговицын утуо улэьит салайааччы быьыытынан билэбин. Ойун-санаатын, дууьатын ууран туран ис-сурэ5иттэн улэлиирэ биллэр-костор. Онон урдуку суут соптоох быьаарыныыны ылан. Андрей Тимофеевич кырдьыга дакастаныа, аата-суола ырааьырыа диэн бигэ эрэллээхпит.

  41. Сокуон-быраап

    Өр сыллар тухары Саха сирин дьадаҥы казнатыттан үп-харчы Чурапчыга эрэ саамай хотоойутук бэрилиннэ. Улахан тутуу кинилэргэ эрэ барда. Туохха да наадата суох физкультура институтун бэйэлэригэр оҥордулар. Аан дойду таһымнаах тустуук бөҕөтө таһаарыахпыт диэн лапсалаабыт буолуохтаахтар бука, дьон кулгааҕын “таһыйан”. МСХ-ны туох баар правительственнай органнары бэйэлэрин “кадрдарынан” толордулар. Аны атын улуустар дьонноругар ол диэки суол сабыллар.
    Оттон кинилэр сиэри суох барыыларын иһин эппиэт, иэстэбил ыктаҕына саха буолан хаалаллар. “Сахалар бииргэ буолуоххайыҥ” диэн сибилигин аҕай киһини кыраабыт “Өрүүнэҕит” тыллаһар. Сити курдук дьоннордооххут.
    Туох барыта эппиэттээх. Бэйэҕит дьоҥҥут Ноговицыҥҥытын тыллаан туттарбыттара.
    Сокуон хараҕынан быһаарыллыа. Биһиги Президеммыт Владимир Путин улахан дуоһунастаах дьоннор коррупцияларын утары охсуһуута салҕанар. Ону манна утара, оннук-маннык дойҕохтуу олорумаҥ.

    • haxa

      Биһиги Путиммыт дии дии манна улуустаһыы уонна ордук санааһын эрэ ааҕыллар эн суруккуттан. Киэҥник толкуйдаа. Чурапчылар эрэ диэн эппэккэҕин, үлэһиттэр диэххин сөп. Үлэһит киһи, бэйэтигэр кыахтаах эрэ киһи тахсар! Ол биллэр суол! уонна иһин таһын билбэккэ, хобу сиби эрэ истэн баран ол онтукайгынан олорума.

      • Вопрос к нику haха

        Вы против политики В.Путина против коррупции властьдержащих?

    • 8366

      Кырыыс диэн тылы олус да туттаҕын ,устуоруйаны үчүгэйдик үөрэт бачча сааска диэри үөхсэр куһаҕан тылы туттубакка кэлбит киһибин ,син дьон сэргэ ортотугар ханна да хамсаабакка олоробун Андрей Тимофеевич үлэһитин сирдээх майгытын сигилитин бар дьонугар көрдөрдө онно киһи омнуолуура туох баарый?Кырдьык кыайыаҕар эрэнэбин. Үлэ сокуона утуйан турдах аайы уларыйар киһи алҕаһыыра элбэх ,оннооҕор түөрт атахтаах бүдүрүйэр .

  42. Чурапчы

    Бу ыстатыйа суудка сылдьыбыт киһи аатыттан. Сөптөөх ыйаах тахсарын туһугар. Кими да күөрэппэккэ, намтаппакка, кими да ол туһугар буруйдаабакка, үөхпэккэ суруллубут. Бу утары комментарийдарга таах үөхсүү тылынан бүтүн улууһу хаарайан отой сыһыана суоҕу сыбаан, тиискэ-уоска тиийэ уруһуйдаан тас көрүммүтүн ойуулаан онно буруйдаан суруйбуттар. Маннык тыл-өс ама сөп үһү дуо? Мин Чурапчыбын, Чурапчыбынан киэн туттабын!!! Андрей Тимофеевиһы бу сыллар тухары үлэлэммит үлэни ордук санааһын иһин эппиэттэтии буолбакка дьиҥ чахчы бу дьыала эрэ иннигэр эппиэттиир гына сууд справедливай көрүүтүн баҕарабын✊🏻

    • Миша

      Олус сепке этэ5ин Чурапчы. Сайдам санаалаах, ыраас дууьалаах, улэни ере туппут, сахалыы сиэр – майгы диэни умна илик дьон Андрей Тимофеевиьы ейууллэр. Ол дьон улуус аайы угуеру элбэхтэр. Онон кинилэр утуе санаалара, ейебул тыллара куус – кеме буолуо. Онтон бу а5ыйах эрээри хара тыллаах дьон явно а5ыйахтар. Онон Чурапчылар санаа5ытын туьэримэн, тыа киьитин син биир кырдьыгын кердерен хара балыыртан быыьыахтара.

      • Сымыйалаамаҥ

        “Сайдам санаалаах, ыраас, дууһалаах” наһаа поэтичнай, уран. Ол эрэн эһиэхэ барсыбат.

    • Дьокуускайтан

      Эн землячкан Аграфена( Агмия) Борисова баhаам элбэх дьону албыннаабытын “Земля Олонхо” диэн кпкг тэрийэн бэстилиэннэй харчыларын суйдаабытын эмиэ истибит буолуохтааххын. Ити курдук эмиэ биир землячкан по девичеству Никитина Кпкгта эмиэ элбэх дьону харчыларын мэлиппитэ. Кпкг конна ПИФ буолла да эhиги земляктаргыт тугу онорбуттара тахсан кэлэр. Это еще не все.
      Телевизортан тycпэт МСХ тойоно Николай Петров эмиэ харытыттан харбатта. Проверка ессе кeрдерye5э.
      Урукку тендердергит муниципальнай заказтаргыт проверкаланыахтара.

    • Чурапчы

      Сымыйалаама чэ. Чурапчылар Бүлүү бөлөхтөр курдук “отой”, хотой диэбэппит ээ.

  43. Анаарар

    Анааран кердеххе чурапчылар кэлэр улахан быыбарга единэй диэки буолумуохтарын сеп эбит. Справедливай туьугар куускэ куоластыыллара буолуо дуу? КПРФ диэки дуу? Единэйдэр дьоннорун показательно туора илгэ сылдьыбыттара араската сыыьа быьылаах.

  44. Проверка

    Наһаалыытыгыт..Наһаа уордулар эһиги дьоҥҥут… Проверка барыан наада.

  45. Прекратите

    Чурапчинцы прекратите относиться к Якутии как к своему собственному холодильнику с продуктами.

  46. Обнаглевшим ответка

    Почему Аллаиха и Кобяй должны жить хуже Чурапчи. Правительство Якутии разберитесь пожалуйста.

  47. Ой да уж

    Чк, больше ни о чем сочинять. Это пишут те, которые отмазывают А.Т.Ноговицына. Позорники.

  48. Ньурбабын

    Дьаабылананнар. Мин Ньурбабын, боростуой киһибин. Чурапчыларга туох да өһүм суох. Туоххутун былдьатан ити дьаабыланаҕыт? Бүтүн улуус дьонун, сахалары үөҕэн? Улуустаһыыны күөртүүгүт, ким сорудаҕынан? Чурапчылар былаастан туораатылар диэн сэтэриигит, астынаҕыт, дьэ төһө олоххут тубуста чурапчылар туорааннар? Сытыйа байдыгыт дуо, бюджет харыытатыгар чугаһаатыгыт дуу. Боростуой дьон бэрт былдьаһара суох, арай эстэр ыал сүөһүтэ кэйсиик буолар диэн өбүгэлэрбит этэллэрэ.

  49. Эдэр киhи

    Таах мээлэ киһиргии2 үөхпүт эрэ киһи диэн комментарийдаабыт дьоннорго суруйабын: киһини үөҕэргэ, түһэрэргэ, компьютер, сотовай нөҥүө олорон суруйарга конешно судургу, онтон эн бэйэн манныкка балыллан олордоххо олох атын сирэй харах буоларгыт чуолкай! онон сахаларга баҕарабын бэйэ бэйэни сиэһэн бүтүөҕүн!!!

  50. Чурапчы ыччата

    Андрей Тимофеевич үлэлиир сылларыгар Чурапчыбыт улууһа тутуу бөҕөнөн киэргэйдэ👍🏻👍🏻👍🏻 Кини үлэтин үрдүктүк сыаналаан суут сөптөөх быһаарыыны ылыныа диэн Чурапчылар эрэнэбит. Кырдьык урдугэр сымыйа ыттыбат.

  51. Олекминск

    Комментаторы чурапчинские и иже с ними поменяли тактику, выступая под разными никами. В особенности ник назвавшийся “сунтаром” и грязно обматеривший женщину.
    Да, отписались тут скромненько в отличие разборов тем на других сайтах. Вот там вашего брата костерят, и не зря.
    Зажрались некоторые чурапчинцы. И сформировалась у них ярко выраженная вседозволенность. Как будто им только должны перепадать жирные куски. Как будто лишь только перед ними должна быть выстлана красная дорожка. Лучшие должности, теплые кабинеты, высокая зарплата. Преференции их улусу.
    И что только они могут верховодить. Чем хуже них те же нюрбинцы или усть-майцы? Или таттинцы или мегинцы?
    Вот и все это выливается в недовольство людей.

    • Чк

      Причем тут Олекминск балда?!!! Я тоже могу написать что угодно, сунтарье ворье? Фантазии нк хватает ?

  52. Сунтарьё ворьё

    Сордоммут дууьалары барыларын минустаан бутэрбиттэр эбит дии.

  53. Сиэрдээх саха

    Бу дьыала дьэҥкэтик көстөн турар. Уоруу тахсыбыта дьэҥкэ. Ол курдук ким эрэ чааһынай олбуорун тоҕо бюджет харчытыттан төлөһүөхтээҕий? Мин олбуорбун дуу, туалеппын дуу оннук төлөстөхпүнэ төһө бэрдий? Хаайыыга барарым чахчы. Сокуоҥҥа бары тэҥ буолуохтаахпыт, глава буоллун, муоста сууйааччы буоллун. Былыргы римляннар: Закон суров, но он закон!” диэн этэллэрэ. Ол курдук сокуон күүстээҕэ. Бу Ноговицын диэн киһи, сирэйэ-хараҕа суох уоран баран өссө буруйун билиммэккэ өрөлөһө сылдьара киһи быһыытынан, эр киһи да быһыытынан киэргэппэт. Дьиҥинэн ылан көрдөххө хайҕыыр главаҕыт бэйэтин улууһугар налог төлүүр предпринимателлэри күүскэ өйүөхтээх этэ. Бэйэ улууһугар профлист оҥорор ИП баара нэһилиэнньэҕэ даҕаны быдан үчүгэй буоллаҕа, ону бу иҥсэ кэбистэрбит Ноговицын өйдөөбөт эбит. Бэйэтин “пуп земли” курдук сананан, кэлии дьон диэн туоратан Саргы Сивцева диэн дьахтары атаҕастаабытын түмүгэр бу таҕыста. Ноговицын харчытын ыһыктыан баҕарбакка андаатар курдук ытыран баран кытаахтаһан, бүджет харчытыттан төлөһө-төлөһө өссө билиммэт. Онтон харчыҥ суох буоллаҕына кредит ылан төлөс ээ, туох онно кыһалҕа баарый? Ити уорбут Ноговицыны аны чурапчылар көмүскээн бөҕөлөр, бу оҕолор ТӨННҮҮ диэн буолар. Үөһээ ырыппыт дьоҥҥутугар уоруйахтарга эбии депутат Чиччигинаров диэн баар, ону умнубуккут. 3млрд харчыны картель оҥорбута. Андаатар Борисовкыт нефть-газ хостуур тэрилтэлэри налогтан босхолообута. Республикаҕа киириэхтээх налогу тоҕо кини соҕотоҕун быһаарыахтааҕый, тоҕо биһиги дойдубутун олигархтар босхо сүргэйиэхтээхтэрий? Онон чурапчылар андаатар кыыл курдук хадаардаһан бүтүҥ. Уоруйах Ноговицыны толору суудтаан, буруйун билиммэт буоллаҕына ону ыаратар өрүт быһыытынан көрөн кэһэтэрдии суудтуохха наада. Уонна “Полярная Звезда” ордены кэтэр быраабын быһыллыахтаах. Сокуон этэринэн ыар ыстатыйаҕа, бу Ноговицын дууһа суудтана сылдьар ыстатыйатын курдук, аннулируйданыахтаах. Республика общественноһа аны ону толору, уонна күүскэ туруорсан республика үрдүкү наҕараадатын сиргэ-буорга тэбистэриэ суоҕа диэн эрэнэбин!

  54. Сабыйа

    Олус бэрт ырытыы буолбут. Сиэрдээх сепке этэр. Чурапчыларга Бэрииьэп тухары теье элбэх миллиард солкуобайы бараммат урэх уутунуу халыйбыта. Онуоха ону-маны тутанныт Биьи дьэ чарапчылар улуу улэьит дьоммут диэн киэптээьин беге. Ол курдук уорааьын. Кэнники кэмнэ биллэр уоруйахтар бары чыкаалар эбит.

  55. Соблюдайте закон

    Комментарии земляков Ноговицына явно направлены для “консолидации” круга людей против якобы “несправедливой” юстиции, равнозначно тому как и противодействие и сопротивление правоохранительным органам против выявления коррупции должностных лиц.
    Статью гражданина С.Тумата можно расценить как провоцирующую общество и однобоко компреметирующую гражданку, пострадавшую от произвола властьимущего. Если должностное лицо повзоляет себе такие действия, то, что ожидать от простых людей?

  56. Лаппыйар

    Оруобуна уеьээ эппиппит курдук Чурапчы СХПК та ер сылларга Ноговицын бэйэтинэн салайан олорбута, улахан харчы сиьинигэр тубэстэ! Оннук буолуохтаах этэ, ессе туох-туох остуоллар дьааьыктарыгар сытар. Бу СХПК ситиьиилэрэ, бу орудьан мэтээл, бу харчынан ботуччу бириэмийэлэр барыта СЫМЫЙАга ологуран бэриллибит. Чарапчылар биьи эрэ улуу улэьиттэрбит диэн аны кэпсэммэт буолун.

  57. Силип

    Дьэ догор, кырдьыга хобдох хартыына таххыбыт. Ууттэрин 5-6 тегул урдэтэн туттаран онуоха субсидия, дотация, бириэмийэ ыла олорбуттар эбит. Аны бары улэьиттэр билэ сылдьаллар маны барытын. Уонна сааппакка хамнас аахса сылдьыбыттар. Дьиннээх Чурапчы улэ дьоруойдара. Били Нагабыыьыннара Бэрииьэп уоран -кистээн Дьоруой уордьанынан нагараадалабытын курдук. Тугу таарый Чурапчыга – барыта уоруу, кураанагынан киэптээьин, атын улуус дьоннорун сэнээьин, уегуу.

    • Ооо чкрбаннар

      Якт.ру новостарга суруйбуттар. Үүтү туттаралларыгар сопроводительнай докумуоннара суох үһү. Хас эмэ сылы быһа оннук “халытан” үлэлээбиттэр. Короче, облохотронили закупщиков.
      Оо чкрбаннар обургулар.

    • Ааа

      Бастыҥ дьоннорбут “барахсаттар” дьону албынныы-түөкэйдии олорбуттар. Оо дьэ буолар да эбит!

    • Үүт туттарааччы

      Бары улуустары барыларын бэрэбиэркэлээтиннэр, барыларыгар сымыйа сыыппаралар, үллүбүт көрдөрүүлэр, үбү сиэһин баар! Ол чахчы!

Оставить комментарий