Баҕа санаа туолуута, ыра санаа ыпсыыта
Аккыырай курдук даххаһыйан, даххаһыйан баран кулун тутар 1 күнүгэр, син аала хоҥнон, дьэ кэмниэ-кэнэҕэс Алексей Стручков ПАО “Якутскэнерго” генеральнай дириэктэринэн барда. Сылы быһа күүстээх атаарыы түмүгэ көстөр күннээх эбит диэтэҕиҥ.
Стручков барбытын туһунан социальнай ситимҥэ хантан эрэ Ил Дархаммыт иһитиннэрдэ, эҕэрдэ мааныта, алгыс бастыҥа анаата.
Ааспыт нэдиэлэни супту сахалар Айсен Николаевтарын сүтэрэн айманнылар. Ленин болуоссатын тутаах дьиэтиттэн биллэрбиттэринэн, Ил Дархан сокуоннай уоппускатыгар сылдьар диэн буолла, кулун тутар 3-гэр Москубаттан кэлиэхтээх диэн эбии-сабыы сир-буор аннынан сибис гыннылар.
Өрөспүүбүлүкэни салайар сылаалаах буоллаҕа. Николаев Саҥа дьыл иннинэ суруналыыстардыын көрсөрүгэр “ойоҕум, оҕом доруобуйаҕын көрүн дииллэр, онон Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар көрүнүөм этэ” диэн иһитиннэрбиттээх. Киһибит икки сыл иһигэр сылайбыт, доруобуйатын “көрүнэр” буолбут. Сорохтор син кыыкынаан-хаахынаан сырытталлар даҕаны, хаһан да “көрүнүүһүкпүн” дэммэт этилэр. Айсен аныгы салайааччы буоларын быһыытынан уонна былаана киэҥ-куоҥ буолан көрүнэрэ сөп буоллаҕа.
Стручковы кытары өрө хабырыйсыбыт правительство солбуйар бэрэстээтэлэ Алексей Колодезников ыра санаата туолбата. Оннугар хаалар буолла. Оттон Александр Слоик (“Якутскэнерго” урукку тойоно) төттөрү солбуйааччытын дуоһунаһыгар түспүт диэн суруйаллар. “Өлүөскэлээх Һааска уоту-күөһү хото туталлар ини”, – диэн дьон улаханнык эрэнэр.
Слоик “Якутскэнергоҕа” урут Олег Тарасов саҕана эмиэ солбуйааччылаан олорбута, онтон кини барбытын кэннэ уот муҥур тойоно буолбута, өрөспүүбүлүкэ былааһыттан солбуйааччы оҥор диэн Стручковы тэрийэн-бэрийэн ыыппыттара. Билигин Стручкова тойон буолар, кини- солбуйааччы.
Стручковтаах Слоик онон Путиннаах Медведев курдук төттөрү-таары миэстэлэрин хатайдаһаллар. Слоик дуоһунаһыттан суулларбыт киһини төһө киилэ арыылаах саламаат астаан көрсөрө буолла диэн боппуруос сыппах быһахтыы аалар.
***
Стручков Алексей Александрович бу сыл от ыйын эргэтигэр 53 хаарын уулларар. Кэргэннээх, биир оҕолоох. Бэйэтэ Мэҥэ Төхтүрүттэн төрүттээх. Мантан инньэ мэҥэлэр уоттара лаппа тупсарын күүтэбит. Үөрэҕинэн инженер-тутааччы, экономист.
1992-1998 сс. – Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар үлэлээбит, ОДьКХ салаатыгар специалистаабыт, начальник солбуйааччыта буолбут, Дьокуускай хаһаайыстыбатын бас билэр управление солбуйар салайааччытынан, “Дирекция единого заказчика администрации города Якутска” МУТ солбуйар салайааччытынан сылдьыбыт.
1998 сылтан правительствоҕа кэлэр, ОДьКХ министиэристибэтигэр, экономика департаменыгар, промышленность солбуйар миниистиринэн, онтон утуу-субуу промышленность уонна экономика миниистирдэринэн, правительство бастакы солбуйар бэрэстээтэлинэн, үс сыл Москубаҕа сахапостпредынан, онтон эмиэ правительство бастакы солбуйар бэрэстээтэлинэн-экономика миниистиринэн үлэлиир.
2017 сыл алтынньытыгар Слоик солбуйааччытынан “Якутскэнергоҕа” барар, былаас уларыйбытын кэннэ эмиэ бастакы солбуйар бэрэстээтэлинэн правительствоҕа кэлэр, онтон бу аны төттөрү уотугар барда…
Стручков олоҕун ааҕан көрдөххө, иккитэ экономика миниистиринэн, бүтүн үс төгүл правительство бэрэстээтэлин бастакы солбуйааччытынан анана сылдьыбыт. Туох барыта үстээх диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Олоҕун суолун маршрута улаханнык уларыйбат эбит: мэрия-ДП-Якутскэнерго-ДП-Якутскэнерго.
Стручков оннугар Солодовы солбуйарга Маайа Данилова, экономика миниистирэ, аһара баҕатыйар дииллэр. Ол иһин даҕаны “ВИС” тэрилтэни кытары дуогабар түһэрсиитигэр илии баттаан эрилиппит диэн баара. Ол кэнниттэн сырыһыннара Маайа хоойго сытар холоонноох доҕоро, тэллэххэ сытары тэҥнээх доҕоро Путины олох сөбүлээбэтин туһунан хаһыаттаабыттара. “Оннук эрдээх эрээри өссө улахан дуоһунаска тарапачыһар!” – диэн сирэй-харах анньыбыттара.
***
Aartyk.Ru
Мэнэ Ханалас Тенулутуттэн теруттээх. Техтуртэн буотах.
олус да учугэйдик суруйуу сахалыы лоп -бааччы. астына аахтым
Ньурба кыыhа, бу саайт хотуна Туйаара Карловна буочара…
😂😂😂
Потом нарно обратно в мэрию придет.
Зарплата у гендира в Якутскэнерго 2,5 млн грят. Повезло Стручкову. Завидую.
Жизнь удалась
Спасибо Айсен Сергеевич
Интересно чем заслужил эту должность?
Надеюсь, не попой.
Хата син сынньалаҥ буолуо. Онтон АФанасьевы, Слепцову сынньата туһуэхтэрин. Сылайан аралдьыйа таарыйа артыыстыыллар инин быһыылаах…
Биир Евсеев Агип диэннэрин сеп онорбут дииллэр. Хоту тиийэн глобальная проектары кэпсии сатаабыта да ейдуур киьи суох эбит. Били этэллэрин курдук табалар болла5а. Ол дьон бэйэлэрин килэпичийэр Клепечины анньан баран олороллор уьу. Онон икки тегул едарас, дьыаланаары сылдьар олигарх дьыалата соччото суох эбит. Агип утарар улэ ыыта сытар эбит.. Кинилэргэ итинник выгода еттугэр таннара сылдьар кандидат наадата суо5а биллэр боо..
Маайа эрэ кимий? Того Путины уегэр?
Сеп буолуо. Хата Саханы олорпуттар диэн уердум. Баай тот олохтон Елексей!
Накаас да багайыта🤣
Дьэ бэрт, кытаат Алексей Саха норуотун ологун чэпчэтиигэ улэлээ, тыа сиргэр сайылыктарга, кырыы учаастактага уот киллэриитинэн утумнаах улэ барбакка турар.
Стручков один из честных чиновников высокого ранга нашей республики.Успехов,удачи.
Март ыйтан сыл буолан эрэр , ЯкЭнерго Стручков олорор дуу, иһиллибэт дии. Арай уоту араара араара холбууллар, диверсия дуу тугуй, СМИ туох диирий?
Саха уолугар ситиьиилэри ба5арыахха. Нууччалар барахсаттар саахтыы саахтыы, бэйэлэрэ эрэ аьыыр тэрилтэ оцостубуттара тохтуо этэ.