Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Курс валют
Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Меню
Поиск по сайту

Өймөкөөҥҥө Ньукулай Кырбаһааҥкын балаҕана, дьиэтэ сөргүтүллэн тутулунна

10.07.2023 13:13 0
Өймөкөөҥҥө Ньукулай Кырбаһааҥкын балаҕана, дьиэтэ сөргүтүллэн тутулунна

Ааспыт үйэ саҥатыгар Саха сирин биэс улуу баайдарыттан биирдэстэрэ Өймөкөөн Тарыныгар төрөөбүт бастакы гильдиялаах атыыһыт, меценат Ньукулай Уоһукабыс Кырбаһааҥкын кэлин кырдьарын саҕана Өймөкөөн нэһилиэгин сиригэр көһөн кэлэн дьиэ-уот туттан олохсуйар.

Ньукулай Уоһукабыс уһаайбата билигин даҕаны хараллан турара Кондаков Петр Афанасьевич уонна кини кэргэнэ Заболоцкая Варвара Афанасьевна үтүөлэрэ буолар. Кинилэр дьиэ кэргэн Оҕонньор (Өймөкөөн дьоно Ньукулай Уоһукабыһы ытыктаан билигин даҕаны Оҕонньор диэн ааттыыбыт) дьиэтигэр олохсуйан өр сылларга көрөн-истэн билиҥҥи ыччат көрүүтүгэр-истиитигэр хааллардахтара.

Оҕонньор дьиэтэ нууччалыы охсуу дьиэ, ону кытта сыста саха балаҕаннаах эбит. Ол балаҕанын арааһа биэһэнис сылларга көтүрбүттэр быһылаах.

Дьиэтин туруга, күүлэ уонна дьиэ ыпсыытынан эмэх сиэн арахсыбыт этэ. Акылаата эмиэ эмэҕирбит. Уоннааҕы туруга бэрткэ тиийэн кэллэ.

Тоҕус уонус сылларга олохтоох кырдьаҕастар Оҕонньор дьиэтин, балаҕанын сөргүтүөххэ диэн бастаан этии көтөхпүттэрэ. Ол гынан баран оччотооҕу кэхтии кэмигэр сөптөөх үп көстүбэккэ ол баҕа санаалара туолбатаҕа. Кэлин 2000 сыллар саҥаларыгар кыра үп көстөн балаҕан оҕото тутуллубута эрээри, Ытык Киһи дьиэтин олоҕор дьүөрэлэспэтин олохтоох краевед Тамара Егоровна Васильева бэлиэтээн, былыргы бэйэтин балаҕанын курдук балаҕан дьиэ тутуллуохтаах диэн туруорсан саҕалаабыта.

Тамара Егоровна оҕо сылдьан ол дьиэҕэ оонньообут буолан туох ханна баарын барытын өйдөөн хаалбытынан бырайыагын барыла оҥоһуллубута.

Былырыын саас бу идеяны олоххо киллэрэр сыалтан улууһум дьаһалтатын култуураҕа салаатын салайааччытыгар Аксиния Семеновна Сивцеваҕа кэпсээбиппин уталыппакка улууспут аҕа баһылыгар Иннокентий Семенович Сивцевка туруорсан, аҕа баһылыкпыт тутуу суолтатын толору өйдүүр буолан, идеябытын өйөөн тустаах салааҕа анаан бырайыак оҥотторон үбүлээһинин булан үлэбитин саҕалыыр кыахтаммыппыт.

Маастарынан бииргэ үөрэммит доҕорбун Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгиттэн төрүттээх, балаҕаннары анаан үөрэппит, элбэх балаҕаны туппут сатабыллаах мас ууһун Малгин Владислав Владимировыһы кэлэн маастардаа диэн көрдөспүппүн  үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Ол курдук бу балаҕан тутуутугар анаан талыы мастары Уус Тааттаттан бэйэтэ кэрдэн бэлэмнээбитин аҕалтарбыппыт.

Ааспыт күһүн от үлэтин үмүрүтэн баран үһүө буолан – Владислав Малгин, Любомир Кондаков уонна мин Сэмэн Сивцев буолан тутуубутун саҕалаабыппыт.

Кыра балаҕанын көтүрэн, сирин тэҥнии сылдьан былыргы бэйэтин балаҕанын акылаатын булбуппут. Балаҕан муостата кытта баар эбит. Оһоҕун холумтанын оннун, аан ханан турбутун, баҕаналар ханан турбуттарын барытын булбуппут.

Тамара Егоровна ыйан оҥотторбут балаҕанын схемата олус сөп түбэспитэ. Мин тус бэйэм бэрткэ бэркиһээбитим даҕаны, сөхпүтүм даҕаны.

Бу балаҕан тутуутун саҕалыырбытыгар сахалыы сиэри-туому тутуһан тэлгэһэ иччититтэн, дьиэ иччититтэн көрдөһөн аал уокка айах тутан баран саҕалаабыппыт. Ол курдук акылаатын түһэрэн бүтэрэн баран сынньана олордохпутуна арай маастарбыт Владислав эмискэ:

– Доҕоттоор, былыргы бэйэтин балаҕанын моһуона дьиэтин эркинигэр бэчээттэнэн хаалбыт эбит буолбат дуо? – диэн саҥа аллайбытыгар көрбүппүт, кырдьык, дьиэтин эркинигэр былыргы балаҕанын омооно ойууланан көстө турара.
Инньэ гынан: “Оо, дьэ бэрт, Оҕонньор бэйэтэ көҥүллээтэ!” – диэн үөрэ-көтө тутуубутун өрө анньан кэбиспиппит.

Ол курдук бу тутууну быйыл сыбаҕын сыбаан, силигин ситэрэн, ону ааһан нууччалыы охсуу дьиэтин үллүбүт муостатын көннөрөн, оһоҕун өрөмүөннээн, эмэҕирбит күүлэтин көтүрэн, эмэх өттүн эрбээн саҥа маһынан кыбыта тутан саҥардан миэстэтигэр төттөрү хамыйан кэбиспиппит. Ол курдук дьиэ уонна балаҕан өрөмүөнүн, тутуутун сүрдээх үчүгэйдик түмүктээбиппит.

Дьэ ол кэннэ оскуолабыт коллектива уонна үөрэнээччилэрэ нэдиэлэ устата субуотунньук күүстээҕин тэрийэн ыраастаан, хаарбах тутууларын көтүрэн уһаайбаны сэргэхсиппиттэрэ. Күрүөтүн-хаһаатын Старков Афанасий уолунаан Максимныын былыргы бэйэтин күрүөтүн курдук үүт баҕаналаан тутан кылбаардан кэбиспиттэрэ билигин уһаайба уһаайбатынан, силигэ ситэн Сахабыт сиригэр биир үтүө төрдүлээх түмэл олоҕо олохтонно.

Ол курдук Олоҥхо Ыһыаҕын көрсө саха дьоно биир Ытык Киһибит бастакы гильдиялаах атыыһыт, меценат Ньукулай Уоһукабыс Кырбаһааҥкын олорбут дьиэтэ-уота сөргүтүллэн, кэлбит ыалдьыттары бу күннэргэ диэри тарда, угуйа турара олус кэрэхсэбиллээх. Үйэ аастар даҕаны саха дьоно олус да ытыктыыр киһилэрэ эбит диэн толору туоһу буолар.

1912 с Саха омук сийиэһигэр. Фото Кэскил14

Бу аҕыйах күн иһигэр хас эмит сүүс киһи кэлэн Оҕонньор олоҕун көрөн-истэн, кини туһунан Өймөкөөн нэһилиэгин Ньукулай Уоһукабыс Кырбаһааҥкын аатынан орто оскуола учууталларыттан – Винокурова Анна Гаврильевнаттан, Винокурова Альбина Еремеевнаттан элбэҕи истэн, билэн-көрөн бараллар.

Билиҥҥи баҕа санаабыт – Оҕонньор уһаайбата республикансай түмэллэр реестырдарыгар киирэн туспа бюджеттанан, салгыы билигин да турар ампаардара, титиигэ, күрүөтэ-хаһаата оннугар түһэрин, өрөмүөннэнэрин толору ситиһиэххэ. Ытык Киһибитигэр махталбыт ол буоллаҕа.

Н.И.Кривошапкин 1910 с. аймахтарын кытта. Фото Кэскил14

Биһиги Өймөкөөн дьоно бу бырайыак олоххо киирбитигэр, бастатан туран, Оҕонньор уһаайбатын баччаҕа диэри көрөн-истэн кэлбит Кондаковтар дьиэ кэргэттэригэр, бу идеяны көтөхпүт уонна туруорсубут өймөкөөттөр биир ытыктыыр киһибитигэр – краевед Тамара Егоровна Васильеваҕа, улууспут дьаһалтатыгар, чуолаан Иннокентий Семенович Сивцевка, бу бырайыак араҥаччытыгар Сивцева Аксиния Семеновнаҕа, маастарбытыгар Владислав Владимирович Малгиҥҥа, тутааччыга Любомир Михайлович Кондаковка, оскуола директора Екатерина Гаврильевна Посельскаяҕа уонна оскуолабыт бары коллективыгар, үөрэнээччилэригэр, биир санаанан өйөөбүт саха дьонугар бука барыгытыгар олохтоох дьон ааттарыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит!

Аҕыс улууһу аһаппыт, тоҕус улууһу тоторбут бастакы гильдиялаах атыыһыт, меценат саха дьонун Ытык Киһитэ – Ньукулай Уоһукабыс Кырбаһааҥкын үтүө аата, бэйэтин сиэрдээх санаатынан холобур буолан иитэн хаалларбыт үтүө сыратын, үлэтин айымньылаах аартыга үйэлэргэ үтүө холобур буолан саха дьонун сайдар суолугар өрүү чаҕылхай сирдьит сулус буоллун!

***

Семен СИВЦЕВ – Өймөкөөн Сэмэнэ

Оставить комментарий