Курс валют
$
97.83
0.24
105.45
0.12
Курс валют
Курс валют
$
97.83
0.24
105.45
0.12
Меню
Поиск по сайту

ӨЙМӨКӨӨННӨР ТӨРҮЧЧҮЛЭРИН ЧИНЧИЙЭЛЛЭР

12.02.2020 19:56 0
ӨЙМӨКӨӨННӨР ТӨРҮЧЧҮЛЭРИН ЧИНЧИЙЭЛЛЭР

Соторутааҕыта Томтор нэһилиэгэр олохтоох бибилэтиэкэҕэ төрүччүнү үөрэтиигэ, чинчийиигэ сүбэ мунньах ыытылынна.

Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт Наука академиятын иһинэн үлэлиир СӨ Генеалогия, этнология салаатын Хотугу норуоттарын научнай-үөрэтэр институтун дириэктэрэ Константин Аргунов үөрэҕин мустубут дьон олус сэргии, сонурҕуу иһиттэ.

СӨ Хотугу норуоттарын научнай-үөрэтэр института Томтор нэһилиэгин баһылыгын Никифор Протопоповы уонна бибилэтиэкэлэри кытта Өймөкөөн улууһун төрүччүлэрин тиэмэтигэр биир ситимнээхтик үлэлииргэ кэпсэттилэр. Аны сайын 4-5 киһилээх эспэдииссийэ кэлэн улууска үлэлиирэ былааннанна.

Константин Аргунов улууска сылдьыбыт сыалын-соругун туһунан маннык кэпсээтэ:

– Өймөкөөҥҥө аан бастаан 2015 сыллаахха сылдьан, Үчүгэй, Өймөкөөн, Томтор, Сордоҥноох нэһилиэктэрин кэрийбиппит. Сүрүн сыалбыт-сорукпут диэн төрүччүнү аҕа уустарынан оҥорор наадалааҕын быһаарыы, өйдөтүү этэ.

Өймөкөөн улууһугар, быһа барыллаан, олохтоох сахалар ахсааннара 4 тыһыынча кэриҥэ киһи буолуохтаах. Биһиэхэ бу дьыалабытыгар улуус аайы күүс-көмө буолар дьон үгүстэр. Олор истэригэр өймөкөөннөр дириҥник убаастыыр киһилэрэ, кыраайы үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктанар Тамара Егоровна Васильеваны ааттыам этэ. Кинини кытта Өймөкөөн улууһуттан оччотооҕу сэбиэскэй былаас саҕана арахсан хаалбыт олохтоох омуктарбыт төрүччүтүн эмиэ холбуохпут этэ диэн кэпсэтии тахсыбыта. Эспэдииссийэ оҥорор курдук. Ахсынньыга Дьокуускайга ыытыллыбыт форум түмүгүнэн төрүччүбүтүгэр Саха сирин таһыгар баар аймахтарбытын эмиэ киллэриэҕиҥ диэн этии киирбитэ. Холобур, Өймөкөөн улууһун кытта ыаллыы сытар Магадан уобалаһыгар, Красноярскай кыраайга олорор саха дьонун.

Өбүгэлэрбит духуобунай кииннэрэ арыллыахтаах, ол аата төрүччү оҥоһуута барыта бибилэтиэкэ иһинэн барар. Үөһэ ыйыллыбыт былаан барыта дьэҥкэтик олоххо киирэрин туһуттан биһиги, төһө кыалларынан, өрөспүүбүлүкэ бары муннугар сылдьан үлэ ыытабыт. Онуоха баһылыктар көмөлөрө улахан суолталаах.
Систиэмэлиир, сааһылыыр курдук үтүмэн үлэ түмүгүнэн, төрүччүнү биир ситимҥэ киллэрэр ньыма көһүннэ диэн биһиги, тустаахтар, үөрэбит. Бу үлэбитин өссө чочуйан, тиһэҕэр тиэрдэн баран, Саха сирин биир кэлим ситиминэн аны Арассыыйаҕа тахсыахпыт турдаҕа.

Хас биирдии киһи төрдүн-ууһун, үтүө үгэстэрин билэр, ытыктыыр эрэ буоллаҕына, норуот быһыытынан салҕыы сайдыаҕа, чэчириэҕэ, кэнчээри ыччатыгар дьоһуннаах нэһилиэстибэни хаалларар кыахтаныаҕа.

***

Источник: газета «Северная заря (Хотугу сардаҥа)”,

Любовь КРИВОШАПКИНА (Республика Саха, Оймяконский улус).
09.02.2020 г.

Оставить комментарий