Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

ҮРҮҤ ИЛГЭ МААСТАРА – АЛЕКСАНДР ГРОМОВ

24.06.2020 18:51 0
ҮРҮҤ ИЛГЭ МААСТАРА – АЛЕКСАНДР ГРОМОВ

Александр Николаевич Громовы мин аан бастаан 2013-14 сылларга көрсөн турардаахпын. Оччолорго Нөмүгүгэ соҕурууттан австрийскай симмэнтээл боруода сүөһүлэри аҕалтаабыттара хаһыс  да сыллара быһыылааҕа. Тоҕо соҕурууттан сүөһүлэри аҕаллахтарай, бэйэ сүөһүтүн тупсарбакка диэн саҥа-иҥэ тахсар кэмэ этэ. Ханна баарый ол сүөһүлэргит диэн хомуруйуу эмиэ баара. Дьэ ити кэмҥэ аатырбыт ыанньыксыт Павел Петрович Шаринныын нөмүгүлэр сайылыктарыгар тахса сылдьан үлэ-хамнас хаамыытын билсэн турардаахпыт.


Ити саҕана Александр Николаевич көрөр Австрияттан аҕалыллыбыт олус бөдөҥ сүөһүлэриттэн хас биирдиилэриттэн 2-тэн быдан тахсалыы киилэ үүтү ыан республикаҕа биллэр ыанньыксыттар ахсааннарыгар сылдьара. Билигин да оччолорго “Нөмүгү” агрофирма, билигин “Туймаада” экоферма бу австрийскай симмэнтээл боруода сүөһүлэрин үөскэтэн иитэн тураллар.

Александр Николаевич Громов бу хаһаайыстыбаҕа үлэтэ 1984 сыллаахтан “Покровскайдааҕы” ОПХ-ҕа сүөһү көрөр сыаҕар оробуочайынан киириэҕиттэн саҕаланан барбыта. Сотору кэминэн эдэр киһини ыанньыксытынан анаабыттара. Онтон ыла Александр Николаевич илиитин араарбакка ыанньыксыттыы сылдьар. 36 сыл устата. Бу кэмнэр усталара төһөлөөх элбэх уларыйыы буолбута буолуой. Бүтүн улуу дойду суох буолуутугар тириэрдибит политическай хамсааһыннар, сопхуостар эстиилэрэ, үп-харчы кырыымчык буолуута, хаһаайыстыба тутула уларыйыыта, салайааччылар кэлиилэрэ-барыылара. Ол да буоллар Александр Николааевич курдук хаһаайыстыба сүрүн үлэьиттэрэ барбакка-кэлбэккэ хаһаайыстыбаларыгар  баччааҥҥа диэри халбаҥнаабакка үлэлии сылдьаллар. Кинилэр бу ыарахан үлэҕэ идэҕэ бэриниилэрэ, сатабыллара, билиилэрэ-көрүүлэрэ эдэр ыччакка куруутун холобур, кэлэктиип туруктаах буолуутугар тирэх буолар. Үөһэ этиллибитин курдук 2007 сыллаахха Австрияттан боруода сүөһүнү аҕалыыны кытта тэҥҥэ сүөһү көрүүтүгэр саҥа технологиялар киирэн барбыттара. Дьэ маныаха Александр Николаевич курдук уопуттаах ыанньыксыт салайыытынан саҥа технологияны үлэҕэ туттууну этэҥҥэ киллэрэн билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьаллар. Ол түмүгэр хаһаайыстыба үлэҕэ көрдөрүүлэрэ сылтан сыл  тупсан иһэр. Аҥардас кэнники сыллары аҕаллахха, 2017с. – 634 т., 2018с. – 400 т, 2019с. – 547 т. үүт ыаммыт. Ити көрдөрүүлэр  хаһаайыстыба 2014 сылтан Россия племенной репродукторын быһыытынан талылларыгар тирэх буолбут. Манна дьэ Александр Николаевич курдук уопуттаах ыанньыксыттар үлэлэрин оруола кырата суох. Ол чахчы да сыаналанан кэллэ.

Александр Николаевич хаһан сүөһү үлэтигэр сыстыаҕыттан үлэҕэ сатабыла, кыайыгаһа-хотугаһа көстөн барбыта. Ол хара маҥнайгыттан бэлиэтэнэн, хаһаайыстыба, оройуон грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. 1988 сыллаахха ВАСХНИЛ СО бочуотунай грамотатынан, 2002 сылга “Саха сирэ Россияны кытта 370 сыл” үбүлүөйүнэй мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Ыанньыксыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын кыайыылааҕа.

Ааспыт сылтан Нөмүгү агрофирма “Туймаада” агрохолдинг иһинэн тэриллибит “Туймаада” экофермаҕа киирдэ. Онтон ыла үлэҕэ, үлэһиккэ сыһыан уларыйан үлэ түмүктэри биэрэригэр интэриэс өссө улаатта. Сүрүн хампаанньа үлэ көрдөрүүлэрэ улаатыытыгар хаһаайыстыбаларга үлэлии сылдьар сүөһү үлэһиттэрэ, сылгыһыттар, механизатордар бары олорор, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыы оруолу ыларын бэлиэтээн ол хайысхаҕа болҕомто уураллар. Ол инниттэн саҥа хотоннору тутуу, олорор дьиэ-уот тутталларыгар усулуобуйа олохтооһун, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ ураты болҕомто ууруллар буолла. Дьэ итинник балаһыанньаҕа Александр Николаевич Громов курдук ыанньыксыттар үрүҥ илгэни үксэтэн үрдүктэн үрдүк көрдөрүүлэри көрдөрөн иһиэхтэрэ  диэн эрэл баар.

 

 

***

Прокопий Хабаров

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»