Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Курс валют
Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Меню
Поиск по сайту

Тойбохойго 20 сыл туттуллубатах буоланы нүөлсүтэн  127-га эбиэс ыһылынна

26.06.2019 14:05 0
Тойбохойго 20 сыл туттуллубатах буоланы нүөлсүтэн  127-га эбиэс ыһылынна

Бэс ыйын 25 күнүгэр, Улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, Тойбохой нэһилиэгин баһылыга Иван Попов, тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Иван Тихонов уонна өр сылларга Тойбохой сопхуоһугар экэнэмиистээбит, билигин сүбэһит амаһыт быһыытынан сылдьар Модест Петров буолан Тойбохой нэһилиэгэр оҕуруот аһын уурар сири, бурдук ыһыллыбыт бааһыналарын, күрүөлээһин үлэтин көрдүлэр.

Быйыл хочо өттүгэр, Тойбохой нэһилиэгин “Былаан” диэн ааттаах сиригэр 20 сыл туттуллубатах буоланы нүөлсүтэн, сааскы ыһыыга 127-га эбиэс бурдук ыһыллыбыт, билигин буола устун көрдөххө бурдук быган бытыгыраабыта көстөр. Салгыы айаннаан тийэн көрүүгэ “Сиидэр” уонна “Хатыҥ ураһа” диэн сирдэргэ эмиэ эбиэс ыһыллыбыт буолата нэлэһийэн сытар.

Улуус күрүөлээһинҥэ көрбүт үбүнэн аҥардас буола бааһынатыгар 9 килэмиэтир тэнийэр, уопсайа 16 килэмиэтир саҥа күрүө күрүөлэниэхтээҕэ күүтүллэр, буолаларга инникитин сиилэс үүннэриллэрэ былааннанар.

***

“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»