Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Курс валют
Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Меню
Поиск по сайту

Сырдык ааттара уһун үйэлэргэ умнуллубатын

26.05.2020 20:30 0
Сырдык ааттара уһун үйэлэргэ умнуллубатын

Мугудай нэһилиэгэ 1928с. үөскэтиллибитэ. Эрдэ сирдэрин үс нэһилиэк – Алаҕар, Сылаҥ,Төлөй бас билэллэр эбит. Сэрии-көһүү иннинэ мугудайдар түөрт холкуоска, төлөйдөр үс холкуоһунан түмсэн олорбуттара. Сэрии, көһөрүү сылларыгар Мугудай үс холкуоһун – М.Горькай аатынан, “Дьэҥкэрэ”, “Өктөөбүр 20 сыла” холкуостары балык бултата диэн ааттаан Эдьигээн оройуонугар үс хонук болдьохтоон күүс өттүнэн көһөрбүттэрэ. Былыргаттан баар Төлөй үс холкуоһун – “Төрүтү”, “Олоххо киириини” уонна Калинин аатынан холкуос дьонун олоччу Кэбээйигэ ыыппыттара. Нэһилиэктэн Захаров З.С.оҕонньору эмээхсининээн, биир кыыстарыныын суол көрөөччүнэн хаалларбыттара. Миэстэтигэр Мугудай “Сайдыы” холкуоһа эрэ хаалларыллыбыта. Саха правительствотын анал уурааҕынан Төлөй нэһилиэгин суох оҥорбуттара.Мугудай “Сайдыы”холкуоһун, сирин-уотун олоччу Сылаҥҥа холбообуттара.


1945-1946сс Төлөй, Мугудай дьонноро сэрии, көһөрүү кэнниттэн дойдуларыгар эргиллэн, туруорсан нэһилиэктэрин статуһун чөллөрүгэр түһэрбиттэрэ. Сэрии иэдээнин, сут-кураан содулуттан дьоннорун аҥардыыларын сүтэрбит нэһилиэктэр, биирдии киһи биэс киһи оннугар күүстэрин таһынан үлэлээн-хамсаан, олоҕу чөлүгэр түһэрбитинэн барбыттара. Аҕа дойду улуу сэриитин инниттэн ыытыллар бөдөҥсүтүү уочараттаах долгунугар 1955с. Мугудай уонна Төлөй нэһилиэктэрин, холкуостарын холбоон биир Мугудай нэһилиэгэ, Калинин аатынан соҕотох холкуос оҥорбуттара. 1961-1963сс саҕалаан сэрии кыттыылаахтарын испииһэгин чуолкайдааһын балачча уһуннук ыытыллыбыта. Ол үрдүнэн 1995с. Нам оройуонугар үлэлээн олохсуйбут Захаров Иван Егорович-2-һи испииһэккэ саҥа киллэртэрбиттэрэ. Ол курдук, умнууга хаалбыт биирдиилээн дьон баар буолуохтарын сөп. Испииһэккэ киирбит 212 киһиттэн 122 Мугудай, 90 Төлөй нэһилиэгин дьоно.

Сэбиэскэй былаас дьоҥҥо-сэргэҕэ аҕалбыт үтүөлэриттэн саамай суолталаахтара, махталлаахтара – норуот ортотугар үөрэх сырдыгын уонна дьон доруобуйатын туруулаһан туран араҥаччылааһына буолар. Урукку өттүгэр олус дьадаҥы, ньүдьү-балай олохтоох тыа сирин нэһилиэнньэтэ саҥа былаас олохтоммотоҕо буоллар эстэр кутталга киирбитэ. Сүөһүлэрин кытта сылаастарын үллэстэн биир дьиэҕэ олорор дьон ортотугар сэллик, харах ыарыылара олус киэҥник, түргэн тэтиминэн тарҕанара. Ол сылларга киэҥ нэлэмэн Россия империятыгар халыҥ араҥа үлэлээн ииттинэр нэһилиэнньэ ортотугар сатаан ааҕар, суруйар киһи олус аҕыйах ахсааннааҕа, сахалары тугу этиэххиний.

Саҥа Сэбиэскэй былаас – үлэһиттэр былаастара олохтонон, улахан дьону үөрэхтиир соруктаах ликбез курстара аһыллан, нэһилиэктэргэ 4 кылаас булгуччу үөрэхтээһини, төһө кыалларынан медпуннары арыйыы буолбута. Оскуолалар тутуллубуттара, пионерия, комсомол тэриллибиттэрэ. Сорох нэһилиэктэргэ 7 кылаастаах оскуолалар аһыллыбыттара. Кэтэх хаһаайыстыбанан ииттинэн олорор Россия үрдүнэн бааһынайдары оробуочай кылаас баһылыыр-көһүлүүр, үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдиир диэн идеологиянан салайтарар олох тэнийбитэ, элбэх мөлүйүөн ахсааннаах бааһынай халыҥ араҥата кинилэри иитэргэ аһатарга эрэ анаммыта. Былаас дьаһалларын утарсыбыт дьон суох эрэ оҥоһуллуулара саҕаламмыта. Киэҥ-дэлэй сирдээх Саха сиригэр Алдан көмүһүн хостооһуна, тайҕаны солоон, оробуочай бөһүөлэктэри тутуу тэриллибитэ. Үлэҕэ мустубут сүүһүнэн тыһыынча киһи аһын-таҥаһын тэрийии олоччута да буолбатар, саха боростуой дьонун санныларыгар сүктэриллибитэ. Нэһилиэктэр ахсыларыттан сыыппара түһэрэн биирдии-иккилии сылга дуогабардаһан Алдан шахталарыгар, үгүс атын үлэлэргэ саҥардыы тэриллэн эрэр холкуостартан ыччаты хомуйаллара. Ааллаах үүнтэн таһаҕас таһыыта тэриллибитэ. Мугудайтан Дьяконов П.А. кэргэнинээн, Пермяков П.Т., Сивцев Е.П. уо.д.а., Төлөйтөн Захаров Д.Е., Максимов Е.П., Гуляев В.П., уо.д.а. атыттар көмүскэ үлэлээн киирбиттэрэ. Холкуостары, МТС-тары тэрийии, киэҥ далааһыннаахтык бурдук ыһыыта, тыа хаһаайыстыбатын массыыналара кэлиилэрэ, дьон санаатын көтөҕөр дьаһаллар бииртэн биир тэриллэн испиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр үрдүк үөрэхтэргэ ыччаты ыыппыттара. Аччык аҥардаах сылдьан үөрэхтэммит саха ыччаттара эргийэн кэлэн идэтийэн үлэлээн эрдэхтэринэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Онон эдэр дьоннор үгүстэрэ сэриигэ умсубуттара.


Эмиэ бу сылларга Саха сиригэр байыаннай үөрэхтээһин бэйэтин чэрчитинэн күүскэ ыытыллара,СНБО-гар талыы ыччаттары ыҥыртаан хастыы да сыл байыаннай дьыалаҕа үөрэппиттэрэ. Ол дьон дойдуларыгар тиийэн туохха үөрэтиллибиттэригэр дьону үөрэтэллэрэ, спорт араас көрүҥнэрин нэһилиэнньэ халыҥ араҥатыгар тарҕатааччы, көҕүлээччи буолбуттара. СНБО үөрэнэн, хайыһарынан дьарыктаммыт уонна нэһилиэнньэ ортотугар олус күүскэ хайыһары пропагандалаабыта Мугудайтан М.Ф.Дьяконов. Хаан-уруулара элбэх ыал олорор Булгунньах сайылыкка холкуоһун ыччатын көҕүлээн Тырыбына диэн ааттанар спортивнай площадка туттарбыта 60-с  тиийэ турбута. Кыһынын хатыҥы суоран, иэҕэн оҕолорго-ыччакка анаан хайыһар оҥорторбутун тобоҕо 50-с оскуола ыскылаатыгар баар буолаллара. Төлөй ыччата, гражданскай сэрии кыттыылааҕа П.И.Захаровы Саха сирин үөрэҕириитин наркомата Иркутскайга Хайа институтун рабфагар 1930с үөрэххэ ыыппыта. Онтон ыла дойдутугар кэлэ сылдьар кыах биэрбэккэ атынтан атын куораттарга араас үлэҕэ, үөрэххэ сырытыннарбыттара. Ол курдук сылдьан нуучча кыыһын кэргэн ылан, соҕотохкыыс оҕолонон олорон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Москва көмүскэлигэр эдэр олоҕун толук уурбута. Нэһилиэк биир дьоһун ыччата Е.Г.Захаровы оройуоҥҥа ОСО бирисидээтэлинэн талан үлэлэппиттэрэ. Бу киһи билисэпиэтинэн Дьокуускайга киирэн мээчик, сиэккэ таһааран улахан көҕү үөскэппитэ. Үлэтин таһынан общественнай корреспондент буолан,туох үлэ ыытылларын суруйан, саҥа олоххо ыҥырар суруйуулара оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тахсаллара. Мугудайтан Ф.Ф.Толстоухов волейбол оонньуутун, И.П.Терютин окуопа хаһыытын, граната быраҕыытын күүскэ пропагадалыыллара үһү. Ворошиловскай ытыыга эмиэ дьарыктаналлар эбит. Бастыҥнар анал значогунан нааҕараадаламмыттар. Олус үлүһүйэннэр оннооҕор биир уол хараҕын дэҥнээбит. Атах оонньууларынан, хапсаҕайынан, уһун, кылгас дистанцияларга сүүрүүнэн, быа көтүүтүнэн, быа тардыһыытынан В.К.Сивцев, И.В.Коркин, А.Н.Пермяков, П.П.Толстоухов, А.Н.Захаров күүскэ дьарыктанан инники күөҥҥэ тахсыбыттара. Кинилэр бары сэриигэ охтубуттара. Уһук Илин Раздольное станцияҕа үһүс сылын соруоктаах сулууспаҕа сылдьар Н.Н.Сивцев-2 – Мугудайтан Пушной техникумҥа үөрэммит, Дьокуускай араадьыйатыгар диктордаабыт олус сэргэх ыччат, сэрии саҕаланыыта арҕаа границаҕа Житомир куоракка тириэрдиллибитэ уонна хас да суруга дьонугар кэлбитэ үһү, онон мэлийдэҕэ дии.

1941с. бэс ыйыгар эйэлээх олох түмүк ыһыаҕар ол өрдөөҕү сылларга ким хайдах кыттыбытын дьон ахтыытынан ааҕааччы болҕомтотугар тиэрдэбин. Кэккэ сылларга атах оонньуутугар Мэлдьэхси Дуураҥатыгар төрөөбүт, кэлин уһун сылларга Баан управляющайынан үлэлээбит Буокай Бэһиэлискэй иннин кимиэхэ да биэрбэккэ сырыттаҕына, Мугудай “Сайдыы”холкуоһуттан И.В.Коркин – Уйбаатай ыраас кыайыыны ситиспитин сэрии бэтэрээнэ С.Н.Красильников бу курдук кэпсээбиттээх: “… Биһиги Уйбаатайбыт бүтэһик туоһу Буокайтан лаппа ыраах аһара түһэн, дьоннор соһуйан өрө хаһыытаһа түспүттэрэ. Кээмэйдээн көбүттэрэ – биир хаамыыттан ордуга биир тобук этэ. Ону мин бэйэм көрбүтүм. Былыр оннук кээмэй эмиэ баара.” Уйбаатай сэрии иккис сайыныгар Крымҥа бронепуойаска сэриилэһэ сылдьан охтубута. Мугудай Толстоухов Ф.Ф. салайааччылаах мээчикситтэрин хамаандата эмиэ олус үчүгэйдик оонньообуттара. Федор Федорович СНБО-ҕа үөрэнэн тахсан сельпо бирисидээтэлинэн үлэлии сылдьан нэһилиэктэн от ыйын 30 күнүгэр бастакынан бэбиэскэлэммитэ, урутаан тиийэн булчуттар роталарыгар 1945с тиийэ байыаннай уокуругу булт этинэн хааччыйбыта. 1945 с. самолетунан Чаньчунь куоракка быраҕыллан, дьоппуон аармиятын үлтүрүтүүгэ кыттан, Аан дойду Иккис сэриитин кыайыынан түмүктэһэн дойдутугар этэҥҥэ эргийбитэ. От ыйыгар ыҥырыллыбыт 17 комсомолецтар ортолоругар ОСО Захаров тылланан туран барбыта уонна 1942с сайын Смоленскай сиригэр кыргыһыыга охтубута, икки оҕото ыарахан сыллары туораабатахтара. Мугудай ыччата П.П. Толстоухов, олус кыайыылаах үлэһит, эмиэ СНБО-ҕа үөрэммит киһи сэриигэ ханан охтубута сурукка киирбэтэх. В.М. Молотов араадьыйанан тыл этэр кэмигэр Хатылы суолунан уһун дистанцияҕа сүүрэн иһэрэ Ньукуускарап Охонооһой – А.Н.Пермяков. Нэһилиэк киинэ Туора Тумуһах сайылыкка атыылааччынан үлэлиир киһи атырдьах ыйыгар бэбиэскэлэммитэ уонна Москва көмүскэлигэр сэриигэ сураҕа суох сүппүт биллэриитэ түөрт оҕоҕо, хас да тулаайахха соҕотох иитимньинэн хаалбыт кэргэнэ Акулинаҕа кэлбитэ. Ийэ, эдьиий, суос-соҕотох үлэһит ыарахан сыллары ситэ туораппакка, оҕолорун-урууларын тулаайах хааллартаан олохтон барбыта.

 


Эрдэ Мугудай нэһилиэгин сирин үс нэһилиэк Алаҕар, Сылаҥ,Төлөй бас билэллэр этэ диэн үөһэ этиллибитэ. Боотурускай улууһугар Шеломов М.А. кулубалаан олорон, Мэҥэ улууһуттан араартаран туспа Бахсы, Алаҕар нэһилиэктэрэ оҥоторбута үһү. Мэҥэ улууһун 2 Мэлдьэхси – Тыа Мэлдьэхси диэн ааттаах нэһилиэгэр Күндүлгэ таҥара дьиэлээх уонна оскуолалаах. Онтон чугас буолан Чыччаҥтан оҕолорун үөрэттэрэллэр эбит. Былаас уларыйбытын кэнниттэн Күндүл оскуолатыгар үөрэммит И.С.Оконешников диэн үөрэхтээх киһини Боотурускай үлуус суруксута оҥорбуттар. Бу киһи “ Хос ойох диэбиккэ дылы, 2-с Сылаҥ буолан, Мугудай нэһилиэгэ буоллун” диэн 1928с. уларыттаран сурукка киллэртэрбит. Чыччаҥ сиһигэр олохтоох аҕа ууһун дьонноро 1932с М.Горькай аатынан холкуос буолбуттар. Ханыылаах, элбэх дьоҥҥо 1941с сайын бэбиэскэ туттартаан киллэрэн Чурапчыга биир ый байыаннай үөрэххэ сырытыннарбыттара. “Чурапчыттан быһалыы илдьэр сурахтарын истэн холкуос дьоно Кыталыктаах үрэҕэр айан суолун туора туран массыынаны тохтотон, эт буһаран аһатан атаарбыппыт. Эбэм, эһэм, эдьиийим, ийэм уонна биһиги түөрт оҕо. Аҕам Гоголев В.А. сототуттан кыыннаах быһаҕын ылан миэхэ биэрбитэ, икки уостаах саатын анаабыта.

Ити барааччылартан Варламов А.А.,Оконешников Г.К. бааһыран, Илья Оконешников ыалдьан төннүбүттэрэ. Мин аҕам, И.И.Оконешников, Ф.И.Оконешников, Н.М.Оконешников, С.Д.Оконешников бары бииргэ Москва анныгар кыргыһыыга тиийбиттэрин кэпсиир буолаллара. Аҕабыттан туох да биллэрии кэлбэтэҕэ, көрдөтөн көрбүтүм – тугу да булбатахтара”- диэн сэрии сылларын оҕото А.В.Гоголев кэпсээбиттээх. Биэс киһи эргийбэтэхтэр.Эмиэ ити ыҥырыыга бииргэ сэриигэ аттаммыт “Дьэҥкэрэттэн” ыҥырыллыбыт Н.К.Дьячковскай-2 1942с. күһүн муус тоҥуута Хотугу Донецка кыргыһыыга охтубута сурукка киирбит. Кинини кытта тэҥҥэ барбыт Н.М.Оконешников эмиэ кэлбэтэх. “Сайдыы” холкуостан ыҥырыллыбыт ини-бии Василий, Иван Толстоуховтар эмиэ эргийбэтэхтэрэ.

 


Төлөйтөн сэрии бэтэрээнэ Ф.С.Хоютанов “Биһиги аймах Одьулуун “Трактор” холкуоһугар киирбиппит. Сэрии кэнниттэн “калининнарга” холбоспупут. 1941с саас сэттис сылбын Ааллаах үүн таһаҕаһыттан киирбитим. Атырдьах ыйыгар бэбиэскэ тутаммын сэриигэ барбытым. Иркутскай уобалаһыгар Удино ыстаансыйаҕа тириэрдэн баран быраатым Е.У.Хоютановтан араарбыттара. Миигин аттаах сэриигэ дьарыктаан баран Москва анныгар тириэрдибиттэрэ. Аттарбытын илдьэ сылдьабыт. Күлүк сиргэ баайан баран атаакаҕа киирэбит. Өктөөп диэки бааһыран госпиталга киирбитим.Онтон таһааран Старай Русса оройуонугар тириэрдибиттэрэ. Самолет бөҕө буомбалыыр, кыҥнайа-кыҥнайа ытыалыыллар. Хас да күн табыллыбакка сырыттым. Биир атаакаҕа 150-ча киһи киирбиппититтэн биэс киһи тыыннаах ордон тахсыбыппыт. Онтон сэттэ сиринэн оскуолактарга табыллан маҥнай Калинин куоракка, онтон Москваҕа эмтэммитим. Тоҥолохпор хатаммыт окуолагы кыайан ылбатахтара, онон 1942с атырдьах ыйыгар дойдубар кэлбитим. Оскуолагым сүүрбэ сылы быһа сордообута: сотору-сотору куллайан, хаан-ириҥэ тохтор. 1962с сайын Нуотара үрэҕэр окко сырыттахпына чорбойон тахсыбытын сэрии бэтэрээнэ Ф.В. Лоскин чыскынан туура тардан ылан абыраабыта,” диэн бэйэтэ кэпсээбитэ. (Сал5ыыта кэлин тахсыа..)
***

Т.Е.Захарова, Дьокуускай к., 2020 сыл

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»