Хаҥалас быыбарын чороҥ соҕотох хандьытаата
Хаҥыл хаҥаластар өрүтэ төлөн-мөҕөн баран бас-көс киһилэрин талаллара уустугурда. Ыарахан дьаҥ буулаабытынан сылтаан, муус устар 26 күнүгэр ыытыллыахтаах куоластааһыннарын көһөрөөрү, быыбарга кыттабыт диэн хас да хандьытаат сайабылыанньа биэрэн баран төттөрү хамыйда.
Арай Уйбаан Уруукап, сиэрдээхтэр хандьытааттара, бэриниэм кэриэтин кэриэс диэбит быһыылаах, өсөһөн туран сайабылыанньатын ТИКтэн ылбатах. Онон муус устар 2 күнүгэр чыына-хаана үрдээн дьиҥнээх хандьытаат буолбутун туһунан туоһу сурук туппут.
Эҕэрдэлээн кэҕиҥниэх этибит да, демократия үйэтигэр соҕотох хандьытааттаах быыбар сокуоннайа суох аатырар, онон муус устар 26-тааҕы быыбар дьиҥэ суоҕунан ааҕыллыахтаах. Өскөтүн “сиэрдээхтэр” иннилэрин тымтыктанан көрөн өссө биир киһини хандьытаакка туруорбуттара буоллар, кырдьык-хордьук быыбар күрэстэһэр усулуобуйалаах (альтернативалаах) аатыран, ыытыллан, аны, киһилэрэ сокуоннай баһылык буолан соһутуоҕа хаалла. Сииккэ сиэлии, тосхойбут дьолуону мүлчү тутуу диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Муус устар 26-гар соҕотох хандьытааттаах быыбар дьиҥэ суоҕунан ааҕыллыбытын кэннэ, олохтоох райсовет дьокутааттара саҥа быыбар болдьоҕун аныахтаахтар. Онтулара сокуон ирдииринэн, үс ый иһинэн булгуччу ыытыллыахтаах. Дьаҥмыт үөнэ үс ыйынан тэскилиирэ саарбах.
Онон былаастарбыт бэйэлэрин киһилэрин таллараары, дьэ, тугу-тугу тобулаллар. Кинилэр куттанар кутталлара “сиэрдээхтэр” хандьытааттара Уруукап буолбатаҕа чахчы. Сатахха, ол киһилэрэ сотору-сотору ньиэрбэлэригэр оонньоон баарын биллэр да, биллэр буолан онон-манан былтаҥнаа да, былтаҥнаа… Ол аайы АГИП остуолун хаан оҕуолуор диэри тыҥыраҕынан тырыыппалаа да, тырыыппалаа, утуйар уута уолан бүфтэ. Тустаахха оттон эмиэ мөкү буолаахтаатаҕа.
Иллэрээ сыллаахха ол киһилэрин бары куолаан куорат быыбарыгар кымыстыы сатаабыттара да кыайбатахтара. Бу сырыыга оннук хартыына хатылыннаҕына, Бладьыымырап, Сэлипсиэп, Нуойап барахсаттар биир чымыдааннаах ДП-1 таһырдьатыгар быраҕыллаллар. Улахан тойон аһын аҕыйах салаата аастыйар.
***
Aartyk.Ru
Аргылаан баран кыра огону тэЬитэ ытыалаабыт, сымыйа дьупулуомнаах албын-туекэй Буобчук Суедэрэп улаханнык сыыстарбыт 🤣
Быыбарга бэйэтин туруорунуо хаалбыт.
Оччого быыбар буоларыгар тиийэр буо.
Буобчук оччого ити Уруукабы таах кыайыа эбит.
Ханалас баЬылыга буолан дагдас гына туЬуе хаалбыт.
Оччого Виктория миэбэл салуона Бокуруоскайга уонна Ектемне аЬыллыа эбит.
АрГылаан буолан….
Бугага диэн никтаах этин ди. Того уларыттын? Федоров кытаат✊🏻✊🏻✊🏻
Бу, Путин чекистэригэр бэриммэтэх бааьынай уолун Ил Дархан да оцостуохха сеп эбит, аны куьун керуллэр ини.