Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Курс валют
Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Меню
Поиск по сайту

ОТ ҮЛЭТЭ УҔАРААБАТ

05.08.2022 15:16 0
ОТ ҮЛЭТЭ УҔАРААБАТ

«Туймаада» Агрохолдинг АУо састаабыгар киирэн үлэлии сылдьар хаһаайыстыбалар быйылгы сылга от хампаанньатыгар тэрээһиннээхтик киирбиттэрэ эрээри сорох улуустарга от ыйын бастакы аҥаарыгар уһун, уулаах ардахтар түһэннэр от үлэтигэр мэһэйдэри үөскэппиттэрэ.


Ол курдук быйыл Өлүөхүмэ улууһугар уһун ардахтар түһэннэр уонна Өлүөнэ өрүс, кини үрэхтэрэ толору уулаах буолан ходуһалар уһуннук уу анныгар сытан “Кладовая Олекмы” ХЭТ от үлэтигэр улахан мэһэйдэри көрүстэ. Онтон Мирнэй сиригэр уот туран Новай совхоз эмиэ атахтатта. Ол эрээри “Бөртө сылгы собуота”, “Туймаада Экоферма” хаһаайыстыбалар от хампаанньатын бэрт үчүгэйдик саҕалааннар туруоруллубут соругу толорор эрэллээхтэр.

Агрохолдинг хаһаайыстыбаларын биирдиилээн ылан көрөр эбит буоллахха:

“Кладовая Олекмы” ХЭТ быйылгы сылга 820т оту бэлэмниир соруктаах. Бу ый 8 күнүнээҕи туругунан хаһаайыстыба отчуттара 80т оту бэлэмнээбиттэр. Былырыын баччаларга 321т оттоох эбиттэр. Ол оннугар хаһаайыстыбаҕа хайыы-үйэ 371,1т сенаж бэлэмнэммит. Былаан быһыытынан хаһаайыстыба  1700т сенаж бэлэмниэхтээх.

“Туймаада Экоферма”  ХЭТ быйыл 2300т оту бэлэмниэхтээх. Ол иһигэр Нөмүгү отделениетыгар 900 уонна Дьокуускайдааҕы отделениеҕа 1400 т от оттонуохтаах. Билиҥҥи туругунан Нөмүгүлэр 449 т, Дьокуускайдар 288т оттоон тэрилтэ үрдүнэн 737т оттоммуттар. Маны таһынан экоферма 4000т сиилэһи угуохтаах.

“Бөртө” сылгы собуота” ХЭТ быйыл от үүнүүтэ үчүгэй буолан былааннарын 46% толорбуттар. Ол курдук былаан быһыытынан 3000т оттуохтаахтарын билиҥҥитэ 1366т оттоохтор. Бу күннэргэ отчуттар сиилэс угуутун саҕалыахтаахтар. Манна былааннара кырата суох. 1700т сиилэс угуллуохтаах. Ону таһынан 800т сенаж бэлэмнэниэхтээх.

“Новай совхоз” быйылгы сылга от хампаанньатыгар киириитигэр элбэх мэһэйдэри керустэ. Ол түмүгэр отторун былаанын 10 эрэ бырыһыан толорон иһэллэр. Билиҥҥитэ 60т оттоохтор. Онтон былааннара 700т.

Победалар былааннара кырата суох. Сайын устата 1200т оттоннохторуна эрэ кыстыгы толору астаах туоруур кыахтаахтар. Билиҥҥитэ 200т от бэлэмнэммит. Итини таһынан Победалар 650т сиилэс уонна 300т сенаж бэлэмниир былааннаахтар.

Дьэ ити курдук “Туймаада” Агрохолдинг хаьаайыстыбалара оттуу сылдьаллар. Билигин сайын саамай оттонор куннэрэ үүннүлэр. От да үүнүүтэ куһаҕана суох. Онон күн туран биэрдэр эрэ хаһаайыстыбалар көрдөрүүлэрэ биллэрдик уларыйыа. Уонна отчуттар да санаалара бөҕөх, оттуурга туруоруллубут соругу толорор бигэ эрэллээхтэр.

***

Прокопий Хабаров

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»