Кии буоларбыт дуу, КИҺИ буоларбыт дуу быһаарыллар кэмэ тыҥаата!
Социальнай ситимҥэ кыырсыы-таныйсыы кытаанаҕа. Ыт тырыта тыытарын курдук ытыра-ытыра иһирдэ-таһырдьа тамнааттаһыы. Бырадьаах ыт сылтах эрэ буолла. Ис дьиҥэ – Конституцияҕа уларытыы киллэрии содула, онтон атын суох.
“Якуттар” оннуктар-манныктар, киһи тыла өҕүллубэт, кулгаах тостор, иэдэс кытарар быдьар тыл интернети толордо. Хаптаҕай кулгаахтаах иһиттин ини, истибэтин ини. Маннык “государствообразующай” омуктаах Арассыыйа Хотун төһө сайдан силигилээн сириэдийэрэ буолла диэх айылаах идэмэрдээх тыл уота турда.
Национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ дойду Төрүт сокуонугар саамай суолталаах, улахан уларыйыы – “государствообразующай” норуотунан соҕотох нуучча омугун чорботон бэлиэтээһин, ону сэргэ Арассыыйа территориятыгар судаарыстыбаннай тылынан – соҕотох нуучча тылын эрэ тоһоҕолоон бэлиэтээн киллэрии буолар. Онтон атын суох.
Ол судьуйалар да, прокурордар даҕаны национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ бас билиммэт буолбуттара 20-ччэ сыл буолла. Саха сиригэр биир да силовой структураларга олохтоох кадр салайааччы быһыытынан анаммат. Онон ол уларытыы – биһиги курдук норуокка суолтата кыра.
***
Быралгы сылдьар дьиэ кыылларыгар амарах сыһыаны ирдиир булгуччулааҕын туһунан сокуону Госдума мээнэҕэ ылымматаҕа өтө көстөрө. Көрөн да туран, биһиги курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга, нэһилиэнньэтэ 20 бырыһыан кумалаанныы сырыттаҕына, өссө ыкка-куоскаҕа, оҕо да иитэрдээҕэр элбэх харчыны хааһынаттан көрөллөрө, эрдэттэн сүөргү, киһи өйдөөбөт сокуона буолара биллэр этэ.
Бастатан туран, сокуон ылаллар уонна ол сокуону олоххо киллэрэргэ регионнарга харчы биэрбэттэр. Ол аата тугуй? Иирсээни таһаарыы.
Регионнар үксэ умнаһыттар – дотационнайдар. Биллэн турар, региональнай уонна муниципальнай былаастар икки ардыгар иирсээн тахсар. Биир өттүнэн, федеральнай сокуон быралгы ыттары бүөбэйдиэхтээххин, аһатыахтааххын-көрүөхтээххин диэн айдаарар, иккис өттүнэн – харчы суох диэн антах хайыһар.
Сахалыы санаан да көрдөххө олуона буолбаат – мээнэ сылдьар ыты тутабын, сууйан-тараан, эмтээн-томтоон, ууһуур-буоһуур уорганын быһан баран төттөрү уулуссаҕа ыытыахтаахпын. Кыылы да эппэрээссийэлииргэ оттон анал дьиэ-уот, тэрил наада буолбатах дуо? Онтон ол уулуссаҕа тахсыбыт ытым киһини, оҕону сиэтэҕинэ ким эппиэттиирий? Нэһилиэнньэ олохтоох былааһы – куорат мээрин, улуус, нэһилиэк баһылыктарын үөҕүөҕэ, айдаан тахсыа эмиэ харчы суох аатырыа. Биир бүтэй ии иһигэр эргийэ сылдьыы буолан тахсар, ханна да тиий – харчы суох. Оттон айдаан – хас хардыы аайы.
Итинник “ыт” сокуонун ылан бастаан айдаан тахсар төрүөтүн нүөлсүттүлэр. Саха сирэ, буоларын курдук, эмиэ сыыр намыһаҕыныы – политическай полигон буолла. Онно ыт айдаана, манна ыт айдаана тэһитэ таһааран эрдэттэн бэлэмнээтилэр. Тоҕо эрэ Татарстаҥҥа да, Чечняҕа да оннук айдааны таһаарбатылар. Бастатан туран, кинилэр – элбэхтэр, биир сомоҕолуур итэҕэллээхтэр – кэннилэригэр суон дурда, киэҥ хахха ислам баар, ону сэргэ баай дьонноохтор, сайдыылаахтар. Хакастар, тувиннар, алтайдар бытархайдара бэрт быһыылаах, онон сахалары наар уопут оҥостор олох идэтийбит “уопуттанар кролик” буоллубут. Уонна тувиннарыҥ оттон Шойгулара сыттаҕа.
Дьэ, айдаан, этиһии таһааран баран аны олох да сүүһүнэн ыты-куосканы “сахалар баҕайылар” хабарҕаларын быһа сотон кэбистилэр. Иэдээн төрдө төлө барар. Ким өлөрбүтэ билигин да биллибэт. Ол ыттары өлөрбүттэрин хантан кэлбиттэрэ биллибэт “зоозащитниктар” аны тута көрө-билэ охсоллор, интернети ылан кэбиһэллэр. Ону кэтэһэ сыппыт курдук, бэлэмнэрэ да бэрт, федеральнай хаһыаттар хаба тардан ылаллар.
Ол аата тугуй? Эппиэтэ биир – эрдэттэн былааннаммыт оҥоһуу.
Ил Дархаммыт айдаан тахсыбытыгар куйбарыс гынан куорат мээрэ буруйдаах диэн чал гынан баран, буоларын курдук – онно оҥос. Дьэ, барахсан салыҥнаах балык курдук ньылбы туттаран иһэр эристиин диэтэҕиҥ. Сөҕөн баран сөтөллөн кэбиһэр дьаабыта.
Национальнай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторо, чуолаан сахалар националист аатыран баран салгыы аны “дьиикэй, хаанымсах” омук буоллубут. Биллэн турар, ити айдаан кэнниттэн нуучча омуга “государствообразующай” норуот буолар туһугар күргүөмүнэн кэлэн Конституцияга уларытыы киллэрэр иһин икки илиитинэн куоластыахтаах. Ити айдааннар сыаллара-соруктара ол эрэ.
То5о диэтэххэ, национальнай субъектар соҕотох нуучча тылын – государственнай тыл быһыытынан, уонна соҕотох нуучча омугун – государствообразующай норуот быһыытынан уларытыыны киллэрэри утарыахтара сэрэйиллэр этэ. Онон куоластааһыҥна куһаҕан көрдөрүүнү биэриэхтээхтэрэ чуолкайа.
Биллэн турар, нууччалар ахсааннарынан баһыйаллар. Ол гынан баран, ол дьонуҥ политикаҕа, быыбарга, куоластааһыҥҥа сылдьыбат дьон. Элбэхтэрэ бэрт буолан дэлэгэйдэр. Биһиги барахсаттар аҕыйахпыт бэрт буолан күн аайы тыыннаах хаала сатыыр былдьаһыктаахпыт, онон политика уларыйыытын чуордук кэтиибит, куоластыыбыт, киирсэ сатыыбыт, тиниктэһэбит, үксүн муннуга бэриллэбит да хайыахпытый, дьылҕабыт оннук. Олох олорон биэрэр абакката да бэрт буоллаҕа.
Ити биһигини дьаабылыылларын көрө-көрө биһигиннээҕэр бытархайдар эмиэ дьаахханаллар уонна оттон “сөптөөхтүк” куоластыылларыгар тиийэллэр. Улахаттар -татаардар Чыҥыс хаан саҕаттан улаҕалаах өйдөөхтөрүнэн аатыраллар, онон быыс-хайаҕас тобулуохтара. Оттон биһиги уонна биһиги курдук кыра омуктар тылбыт симэлийдэр симэлийэн баран, улуу убайдарбыт бастарын былаахыҕа ууран турууласпыт өрөспүүбүлүкэбититтэн ытыс соттунуохпут турдаҕа. Ол куттала дьэ бу тыҥаан кэллэ.
Били, Ил Түмэммит дьокутааттара кулун тутар 12-гэр Конституцияҕа уларытыы киллэрэри дьэ куоластыахтаахтар. Дьэ, хайыыллар, норуоттарын таҥнаран уһун сонноноллор дуу, син хааннара, суобастара, дьоһуннара кыайан, сылаас олбохторун кэрэйбэккэ ДЬИҤНЭЭХТИК, ИЛЭ ӨЙДӨРҮНЭН НОРУОТТАРЫН ТУҺУГАР куоластыыллар дуу?
Сарсын аһаҕас куоластааһыны ирдиибит! Дьэ, хайа дьокутаат хайдах куоластыырын талбыт норуота сирэй көрөрүн модьуйабыт!
***
Aartyk.Ru
Кэтээн туран иилэ хабан ылан кытаанах ньарылаьыы симиигэ. Биьигини эьэр ньымаларын таайбыттар быьылаах дииргэ тиийиллэр
Егор Борисов: Поправка лишь фиксирует неоспоримый факт
ИА SakhaNews. “Статья 68 [Конституции – SN] ни коим образом не ставит задачу верховенства русского народа над другими народами России, а лишь даёт ответ на вопрос – почему и на основании чего русский язык становится государственным”, заявил член Совета Федерации Федерального Собрания Российской Федерации Егор Борисов, обратившись “к жителям родной Якутии, к Парламенту республики”, призвав трезво и взвешенно оценивать поправки к Основному Закону РФ, основываясь на следующих доводах.
“Внесённая в Пункт 1 Статьи 68 поправка и сама Статья 68 никоим образом не ставят задачу верховенства русского народа над другими народами России, а лишь дают ответ на вопрос – почему и на основании чего русский язык становится государственным. Общеизвестно и признано, что русский язык является языком общения на всей территории страны как данность её исторического развития. Более чем тысячелетняя история формирования российского государства на различных его этапах, в том числе и самых определяющих, переломных, происходила вокруг русского народа. Благодаря ему другие народы становились полноправными членами нашей исторической и территориальной сообщности и выбирали без принуждения язык общения – русский.
Поправка лишь фиксирует неоспоримый факт, но при этом подчеркивает, что русский народ входит в многонациональный союз равноправных народов Российской Федерации. Более того, всем субъектам федерации даётся право самим устанавливать у себя государственные языки. То есть слово «государствообразующий» не выходит за пределы Пункта 1 статьи 68 и не даёт кому-либо возможности распространять его на последующие статьи Конституции. Сомнения остальных опасений о «верховенстве» русского народа снимаются другими, ныне действующими статьями Конституции РФ.
В частности, Статья 3 Конституции утверждает:
«1. Носителем суверенитета и единственным источником власти в Российской Федерации является ее многонациональный народ.
2. Народ осуществляет свою власть непосредственно, а также через органы государственной власти и органы местного самоуправления.
3. Высшим непосредственным выражением власти народа являются референдум и свободные выборы.
4. Никто не может присваивать власть в Российской Федерации. Захват власти или присвоение властных полномочий преследуется по федеральному закону».
То есть, Статья 68 Конституции, подчеркивает Егор Борисов, – “не может вступить в противоречие с другими основополагающими статьями Основного Закона, а судьбу страны в итоге решает лишь многонациональный народ России”.
Оттон өрөспүүбүлүкэ статуһун күбүөрүнэҕэ кубулутааһыны, ыраахтааҕыбыт өлүөр диэри салайарын эмиэ сөбүлэһэҕин дуо?
Конституцияны уларытыыны утары куоластыахтаахпыт.
Чего этот писака, предатель якутского народа Егорка Борисов, разродился всякими пасквилями, как будто кто то его читает и слушает.
Хомуньуустар макладьыастар син тостубатылар, сиэрдээхтэр, лдпрдар единайга атыыланан буппуттэр. Дьиннээх сирэйдэрин кордубут.
Губарев огонньор дьэ бы сырыыга маладьыастаата, баартыйатын тусэн биэрбэтэ, онон син баартыйалаахпыт диэн сананным, Содуот буоларын курдук буолла, усу диэн.