Курс валют
$
103.27
3.24
108.56
2.36
Курс валют
Курс валют
$
103.27
3.24
108.56
2.36
Меню
Поиск по сайту

Чаҕылхай сулуспут, биһиги Айаалбыт

14.05.2019 20:23 2
Чаҕылхай сулуспут, биһиги Айаалбыт

Айаал… Биһиги Айаалбыт…

Айаалы кытта Хара аҕыс кылаастаах оскуолатыгар 2 сыл бииргэ үөрэммит дьоллоохпут. Ол курдук сэттис кылааска тахсыбыт сылбытыгар 16-ыс оҕонон куораттан саҥа уол үөрэнэ киирбитэ. “Куорат уола” диэн буолбута. Биһиги кылааспытыгар үксэ сопхуостаахтар оҕолоро үөрэммиттэрэ, өрө көрөн, сүүрэн-көтөн өрөппөөннөр элбэх этилэр. Ол быыһыгар Айаал уол холкута, интеллигентнэйэ, туга барыта уурбут-туппут курдук чэнчиһэ, аны уруокка эппиэттиирэ үчүгэйэ, нууччалыы ыраастык саҥарара… биһиги харахпытыгар олох ураты буолан көстүбүтэ. Сонно кылаас эрэ буолуо дуо, кини оскуола кыргыттарын барыларын сүрэхтэрин туппута.

Аны саҥа уолбут ураты учугэйдик уруһуйдуур, черчениеҕэ чертежтуур, нуучча, омук тылларын уруоктарыгар, математикаҕа, химияҕа, биологияҕа барытыгар бастыҥ буолара биллибитэ. Ол гынан баран тыа оҕолоруттан, биһигиттэн, бэйэтин билиитинэн хаһан даҕаны өттөйбөт боростуой, олус судургу майгылааҕа, онон киниттэн элбэхтэ дьиэтээҕи үлэни, контрольнайы даҕаны устан кэлбиппит. Кини аҥаардас биһиги кылааска баара даҕаны барыбытын бэрээдэктиирэ, ол курдук уолаттарбыт кини таһыгар буоллахтарына бэйэлэрэ да билбэттэринэн холкутуйаллара, дьоһумсуйаллара, бары да бэйэбит билбэппитинэн бодобутун тардынарбыт.

Аны куораппыт уола олох даҕаны спортсмөн бастыҥа буолан, кинини көрөөру бары батыһа сылдьан аны спорт саалатыттан арахсыбат буолбуппут – бу сүүрэрэ түргэнин, хайыһардыыра сыыдамын, тустара сымсатын, баскетболга, волейболга мээчигинэн оонньуурун, таба быраҕарын умсугуйан көрөрбүт… Хайа да күрэхтэһии эмиэ кинитэ суох барбат этэ. Тустууга оройуон күрэхтэһиилэригэр оскуолабыт чиэһин элбэхтэ көмүскээбитэ, чемпион аатын ылбыта.

Айаалы бииргэ үөрэммиппит тухары хаһан даҕаны атын уолаттар курдук,  перменена да буоллаҕына  суумка быраҕа-быраҕа, эһиллэ-эһиллэ сүүрэрин, анньыһа сылдьарын көрбөтөхпүт… Оннук олус көрсүө, сэмэй майгылааҕа, мүчүк гынан ис киирбэхтик мичээрдээн эрэ кэбиһэрин өйдөөн хаалбыппыт.

Ол саҕана “тимуровскай үлэлэр” диэн бааллара, үөрэх бириэмэтин кэнниттэн кырдьаҕастары, кыамматтары, ветераннары кэрийэ сылдьан отторун-мастарын бэрийэн, хайытаан, сааһылаан биэрэрбит. Куораппыт уола биһиги уолаттарбытыттан туох да уратыта, итэҕэһэ суох туттан-хаптан, бэрт холкутук хардаҕаһы хайытара, биһиги кыргыттар кини эрэ хайыппыт маһын былдьаһа-тараһа аттыгар туран саҥата суох сааһылаан иһэрбит. Кэнники билбиппит, Айаалбыт кырдьагас эбээлээх-эһээтигэр көмөлөһө диэн манна олоро, үөрэнэ кэлбит эбит уонна кыра сааһыттан аҕата соҕуруу консерваторияҕа үөрэнэр кэмигэр кинилэргэ олорон туох баар тыа киһитин күннээҕи үлэтин, кыһалҕатын билэн улааппыт, сайын алааска от оттоон, сүөһү көрөн, олох даҕаны бэйэбит уолаттарбыт курдук хайа да үлэҕэ сыстыҕас, бүгүрү үлэһит  эбит.

Салгыы итинник тутуспутунан тохсуһу-онуһу да бүтэриэ эбиппит буолуо да, оскуолабыт 8 эрэ кылаастаах буолан, биһиги бары тутуспутунан Майаҕа үөрэнэ киирбиппит, кини куоратыгар төннүбүтэ.

Онтон Новосибирскайга тыа хаһаайыстыбатын институтугар киирбит диэни истэн баран эмиэ соһуйа ылыммыппыт. Кинини хирург-врач дуу, юрист дуу эбэтэр учуутал дуу буолуо дии саҥаабыппыт. Хата, Айаалбыт биһигиттэн барыбытыттан да ордон итиннэ даҕаны тыатын сиригэр бэриниилээҕин көрдөрбүтэ. Кэнники биһиги култуура, оскуола, балыыһа, тутуу үлэһиттэрэ буолбуппут, үлэһит дьон быыһыгар киирэммит симэлийэн хаалбыппыт. Оттон Айаалбыт үрдүк таһымнаах салайааччыга, учуонайга тиийэ үүммүтэ, улааппыта. Ол да буоллар биһиги Айаалбыт тойон-хотун буоллум диэн тас да көрүҥүнэн, туттарынан-хаптарынан  даҕаны үллэн-баллан барбатаҕа, өрүү да буоларын курдук сыһыана биһиэхэ уларыйбатага – биир кэм  этэ. Ол курдук биһиги боростуой, хараарбыт-боруорбут, салгын сиэбит сирэйдээх сылгыһыт уолаттарбыт кэпсииллэринэн, эҥин мааны тойоттор киниэхэ киирээри уочараттаан турар буоллахтарына, биһиги Правительствоҕа Айаалбыт кабинҕтыгар хайа баҕарар уочарата суох быһа киирэрбит, кыһалҕалаах түгэммитигэр туора туран хаалбакка, өрүү көмө-сүбэ буолара диэн ахталлара.

Аны кини тыа сириттэн тардыылааҕын бу биир да холобур туоһулуур. Ыал буолбут дьоро күнүн куоракка буолбакка, анаан-минээн Хараҕа кэлэн, эһэлээх эбэтин уһаайбатыгар киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээбитэ, биирдэспитин да умнубакка ыҥырбыта, дуоһуйа сынньаппыта, маанылаабыта, сарсыныгар бары кылааһынан тыаҕа баран өссө төгул бэлиэтээбиппит.

Билигин бары кэриэтэ төрөөбут-үөскээбит Харабытыгар олоробут, сорохторбут үлэлииллэр, пенсияҕа да баран сынньанааччылар эмиэ бааллар. Хам-тум суолга, уулуссаҕа “кэммитинээн” диэн далбаатаһа, кэгиҥнэһэн баран ааһа турабыт. Бары харахпыт далыгар сылдьа үөрэнэн хаалбыт буоламмыт көрсүбэппит даҕаны. Ол гынан баран хам-тум Айаалбыт кэлбит эрэ буоллар дьэ барыбытын түмэр, хайаатар да көрсүһэн, олохпутун-дьаһахпытын ыйыталаһан барар этэ.

“Этэ” эрэ диирбитигэр тиийэбит билигин. Бу бэҕэһээ дьэ саҥа кинитэ суох абына-табына муһуннубут, Айаалбытын саҥаатыбыт, кэриэстээтибит. Айаалбыт аны суох диэн хайдах даҕаны төбөбүтүгэр син биир баппат… итэҕэйбэппит. Ол күн ыам ыйын 8 күнүгэр ватсаппыт бөлөҕөр Карл уолбут: “Айаал, Лера, ахтыыларгытын Хараҕа Сахаянаҕа ыыта охсор үһүгүт”, – диэн суруйбутугар, 18 ч.28 мүн. Айаалбыт илиитин өрө көтөхпут смайлигын кытта: “Сарсын хайаатар да ыытыам”, – диэн суруйбут этэ. Онтон мин 20ч.00 мүн. көрөн эмиэ “ыытыам” диэн эпсибитим. Төрөппүттэрбит Хараҕа хайдах кэлэн олохсуйбуттарын, тугу үлэлээбиттэрин суруйан ыытыахтаах этибит. Онтон 22 ч.00 мүн.  интернеккэ тахсыбыт, бу кырдьык дуо, эс, хайдах оннук буолуоҕай диэн түүннэри аймалҕан буолбута… куһаҕан ыар сонун сымыйа буолбатаҕа биллибитэ…

Айаалбыт, биһиги Айаалбыт… оҕо сааспыт чаҕылхай сулуһа, хаһан да буоларын курдук кини эмиэ бастаабыт… бастакынан барбыт… Ыар сүтүгү сүрэхпит ылыныан букатын баҕарбат. Биһиги – кини доҕотторо хас биирдиибит сүрэҕэ тэбэрин тухары – чаҕылхай уолбут тыыннаах сырдык мичээрэ өрүү арыаллыаҕа…

Айаалбыт, сырдык сулуспут, быдан дьылларга бырастыы…

***

1981с. Хара 8-с кылааһын

бүтэрбит оҕолор ааттарыттан Валерия Баишева.

 

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Любовь Афанасьевна

    Оголор истинник да суруйбуккут ытыы ытыы аахтым эдьиийэ Любовь Афан.оннук этэ биьи Айаалбыт махтал учугэй ахтввгыт иьин

  2. 133

    Кутургаммын тириэрдэбин Айаал Иванович дьонугар, аймахтарыгар, уолээннээхтэригэр

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»