Курс валют
$
98.37
0.41
104.29
0.04
Курс валют
Курс валют
$
98.37
0.41
104.29
0.04
Меню
Поиск по сайту

Баҕалаах маска ыттар

02.12.2017 12:36 85
Баҕалаах маска ыттар

Бу күһүн Ньурба улууһун баһылыгын быыбарын кэмигэр биир хандьытаат Өлөксөөндур Уйбаныап, сүрэх-бэлэс бэрдэ, Эверест хайа ама чыпчаалыгар хатаастан олорон, Ньурба олохтоохторо кини туһугар куоластарын бириэхтээхтэрин туһунан тыастаах-уустаах тыл этэн куһуйбуттааҕа. Истибит дьон куолайдарыгар хомуок туран көмүскэлэрэ сиигирдэҕэ…

Уол, уопсайынан, тылын сиэбигэр уктубат, босхо тэлибирэтэр быһыылаах. Суоҕу да баар оҥорор, баары да суох оҥорор.

Бу сырыыга аны уолбут өрөспүүбүлүкэ араас тойотторун кытары ыбылы куустуспут хаартыскаларын Инстаграмҥа кэчигирэтэн баран, “хандьытаат быһыытынан оробуочай көрсүһүүлэргэ” сылдьыбытын, араас министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр тойотторо үөрэ-көтө көрсүбүттэрин, Ньурба куорат кэнэҕэс сайдыытын туһунан ирэ-хоро былааннаахтык кэпсэппиттэрин туһунан ууну-хаары эрдэн тарбаҕа күөрэҥнээн олорор.

А.Иванов Инстаграмҥа сирэйиттэн.

Түптээн үлэлиир миэстэтэ суох уол оҕо одьунааһа барытын ааһан иһэн аҥаар кырыытыттан “быһааран” кэбиспит.  Итинник ааһан иһэн проблеманы барытын быһаарар буоллаҕына, тоҕо да мээр буола сатаата быһа Ил Дарханныы барыах этэ. “Мээр” диэн миэлкэй хаһаайыстыбаннай, түбүктээх үлэ буоллаҕа. Өссө тура-тура араас дьон саҥатын истиэххэ, тулуйуохха диэтэххэ айаката бэрт дии. Ол кэриэтин онно-манна түһэ-тахса таарыйа биирдэ эмэ тойон атастарын санныга таптайа-таптайа, дьаһайа- соруйа сылдьыбыта ордук.

…Ону баара хаартыскаҕа кэчигирэспит тойотторбут уолбут тылыттан улаханнык соһуйдулар. Хайдах эрэ түөкүннэппит курдук санаммыттар. “Албыннаан хаартыскаҕа түһэн баран аҕытаассыйатыгар туттар дуо?!”.

Алексей Петров, “Сахам сирэ ХХI үйэҕэ”  өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын тэрээһиннэрин олоххо киллэрэр отдел начальнига :

-Иэдээн киһи эбит! Ити киһи ахсынньы 15-20 күнүгэр аһыллыахтаах Убайааҥҥа саҥа тутулла турар детсадка оҕо миэбэлин спонсордыыбын диэн түөкүннээн хаартыскаҕа түспүтэ. Төрүт да умнан кэбиспиппин быыбар эрэ сах. Үлэбэр үлүһүйэ сылдьан ону эрэ санаабатахпын. Өссө мин үөрэн кэпсээн-ипсээн бөҕө буолтум, – Алексей Дмитриевич кэлэйэр.

-Төһө суумманы спонсордуох буолбутай?

-1 мөлүйүөнү.

-Тыый, ол дьоҕус нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит киһи, билигин үлэтэ суох киһи хантан оччо харчыланарый?

-Дьэ, ону бэйэтэ билэр. Мин үтүө санаалаах предприниматель кэллэ дии санаабытым…

-Уонна сокуон быһыытынан, быыбар кэмигэр хандьытаат харчынан, бэлэҕинэн тамнаныа суохтаах – куоластааччылары атыылаһааһын диэн ааттанар.  

Афанасий Владимиров, СӨ ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатыгар миниистирэ агитационнай матырыйаалга хаартыскатын көрөн улаханнык соһуйда, абарбыт сирэйдээх киһи ойуутун ыытан баран:

-Быыбар кэмигэр Ивановы өйүүр туһунан кэпсэтии биһи икки ардыбытыгар букатын суох этэ. Телефонун нүөмэрэ баар буоллаҕына миэхэ ыытыҥ!

Миниистир бука хандьытааппытын муннукка-ханныкка ыкпыт буолуохтаах диэн сэрэйэбит. Туох диэн хоруйдаабыта буолла… 

Владимир Тихонов, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:

-Көрөн соһуйдум. Быыбар туһунан кэпсэтии суох этэ. Итинник гынара сыыһа буоллаҕа.

Павел Аргунов, СӨ архитектураҕа уонна тутуу комплексыгар миниистири солбуйааччы:

-Хаартыскабын быыбар аҕытаассыйатыгар туттарыгар сөбүлэҥ биэрбэтэҕим. Мин быыбарга кими да өйөөбөппүн. Нэһилиэк баһылыга буолан олордоҕуна, син атын баһылыктары курдук билсэр этим. Туохха наадатын эппэккэ эрэ хаартыскаҕа түһүөх диэн көрдөспүтүн ылыммытым.

***

Дьэ диэтэҕиҥ… элик бэрдэ Эристиин Һааска эбит.

Оччотугар Эверест хайабыт эмиэ уруһуй буолан тахсар дуо? Дьиҥнээхтии бара сылдьыбыта эбитэ дуу, Элэ хайа тэллэҕэр олорон ыҥыран битиргэппитэ дуу…

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 85

Добавить комментарий
  1. Остап Бендерыч

    Хахаха ))))))
    Дьэ уол да уол эбит ди , хата правительстволар кинини Москваҕа харчы туруорсарга туһаныахтарын надо эбит курдук ….ол Дьокуускай диэн бэттэх буо

    • Марта

      Сөпкө этэҕин, кыахтаах уол. Киирдэҕинэ тойоттор сөбүлэсниттэрин билбэккэ хаалаллар😃😃

  2. Знаток

    Инник суулук киьи глава боллагына капец дии😂😂😂

    • Марта

      Буоллаҕына абыранаҕыт эрэ, кутуйах иинин кэҥэтэртэн, эмэһэ салыыртан киһи сылайар😃😃

  3. Да уж

    Уолу аьынабын.
    Турунуо суога этэ! Дьинэр учугэй бьлх, таьыма эрэ кыра!

    • Марта

      Аһыныма, стерженнээх, духтаах уол. Питерга 10ча киһиэхэ охсуһан иннин биэрбэтэҕэ. Хайаҕа дабайбыт диэн күлүү гынаахтыылоар даҕаны, бэйэлэрэ тахсаллара саарбах, дэлэҕэ парашютунан ыстаныазтара дуо? Куһаҕан ыт курдук элбэз буолан тойон кэннигэр сөрүөстэн үрэллэрин эрэ билэр дьон.

      • Якоб

        Охсуьуук да ессе😅капец уол эбит😂😂😂

        • Ангел

          Эйиэхэ утары уон нуучча кэллэҕинэ идэҕинэн хайыһар буо😂, достойно охсуһар диэн понятие суох эйиэхэ, против нацизма охсустаҕа дии, нууччалар сахаларга хайдах сыһыаннаахтарын билбэтэҕэ буола олорума

  4. Дьэ

    )))алльяххайдаах уол эбит!)) ньурбалар аатырыыьыккыт))).

  5. Ooo

    Кырдьык Бендерович эбит! Эристиин!

  6. Байбал

    Уол огото Элик бэрдэ эмэьэ терде диэн буолар😆

  7. Быыбардааччы

    Үлэһит киһини өйүөххэ баара, мин хайҕыы эрэ көрөбүн-истэбин👏👍

    • Нюрба

      Улэтэ эмиэ уруьуй ини😜

      • Марта

        Дьаархаҥҥа тахса сырыт, чугаскын дии, ньурбабын диигин. Ити да миниистирдэриҥ үлэһит уол диэхтэрэ, куустуһан бөҕө көрсүбүттэр дии. Кэоин куттаннахтарын аайы. Хотя аартыктар сымыйанан үктэннэрэн эппиэт ылбыттара буолуо

  8. Николай

    Албынын Ньурбаҕа киһи бары кэриҥэ билэр, онтугар Өрөспөүүлүкэ таһымыгар дьэ хабарҕатыттан хаба харбаммыт эбит, дьэ буолан истэхпит!

    • Марта

      Оннооҕор Иванов курдук чиэһинэй, сатаан албыннаабат киһиэзэ албыннаппыккын. Иэдэйбит киһи эбиккин😃😃😃)))))

  9. Мэхээлэ

    Ити Петров хата бэйэтэ хас хас партия5а сыста сатаата, депутат буолаары. 2000 утуо дьыала тэрилтэ, по рукам баран эстэр буолбут,сааппакка оссо комментарийдыыр

  10. Гаврил

    Иванов идет по следам своего друга Фомина, необдуманные решения, чрезмерные амбиции!

  11. Нюрба

    Причем тут Фомин сам позер боо. Позор!

  12. Тыа уола

    Наһаа наивнай буолуман адмресурс үлэтэ Бу! Үлэлиэхтэрин наада буо.

    • Мария

      Ээ адмресурс Ивановы суулуктээ диэн кикпит дуо? Тумууьап Седует дьоно ити уолга улэлии сылдьаллар этэ. Буочаргыт биир))). Наар аанньа суулуктээн кыайаары гымммыккыт дуо? )))

  13. 321

    Единэйдэр Ленскэйгэ пух и прах хотторбуттарын курдук Нюрба куоратыгар хоттороллорун билэн учугэй уолбутун туоратан эрэллэр дьэ алдьархай да буолар эбит

  14. Марха

    Тойоттор миигин өйүүллэр диэн тылы ханна көрөн дьаабыланан эрэҕит? Көрсүбүтүн көрүстүм, кэпсэппитин кэпсэттим диэбэккэ. Уйбаныап тугу сымыйалаабытын көрдүгүт итиннэ? хаартыскаҕа көрсөн олороллор буолбат дуо? Фотошоп дуо?
    Ньурба тойонноро уйаларыгар уу киирэн бу хаһыаты атыылаһан хайдах да буолуохтарын билбэттэр))))Александры сымыйаччы диир буоллахтарына кинилэр киһи тыла тахсан ааттаталаабат дьоно буолаллар((((

  15. Марха

    Саамай ыраастарын, үлэһиттэрин дьаабылыы сатыы олороллор, сааппаттар даҕаны(((((

  16. Пахай

    Эчи сурун… дьон хаартыскатын себулэнэ суох туттуллубат. Сокуону уерэтин эристииннэр.

    • Марта

      Публичнай дьон диэн на то и пубоичные😃ыыстаабакка, агитацияламмакка таһаарвр бырааптаах. Отчуоттаан.

  17. Марха

    Нуучча сирэй саатар сирэйэ суох эбит(((.

  18. Марха

    Возможные направленя взаимодействия диэбит, онно туох крамольнайа баарый? уонна миигин биир интэриэһиргэттэ ити миниистэрдэрбит туох айылаах куттаннылар? Алексей Петров өйдөнөр – Ньурба билиҥҥи баһылыгар үлэлээбитэ, куттаныан сөп. Онтон атыттар? киһи да күлэр…куһаҕантан

  19. Тыа уола

    Ээ сордоохтор куттанан эҥин араас ньымалары туттан эрэллэр,туох аанньа дьон буолуохтарай

  20. Фуу

    Албыннаан туекэйдээн куолас хомунаары гыммыккыт дуо👎🏻👎🏻👎🏻

  21. Нюрба олохтоохо

    тэрут утарабын, итинник киьини таллахпытына олохтоохтор биьи иэдэйэбит…, баьылык чиэьинэй киьи буолуохтаах.

  22. Откройте глаза Саха сайдыа

    Мээнэ, тугу да билбэт аата “диваннай войскалар” (те же жертвы “зомбоинтернета”) тылгытын туттунун! Александр Иванов, ити “министрдэргитинээ5эр” урдук коруулээх, ойдоох киьи. Нюрба Дьаархан нэьилиэгин а5ыйах сыл иьигэр хайдах котохпутун сайыннарбытын билбэккит. Было построено столько ферм, сколько вся Республика за десятилетия не делала! Тут явно “продались”, статья откровенно “заказная”, а вы сидите хаваете это, мозги свои включите. Александр Иванов – сырдык, ыраас киьи, и никакой “чернухой” вы его имя не изгадите (артык для этого есть сортир)

  23. 7545

    куттаабыттар , вот и отнекиваются. Об их поддержке не было и речи. Фуу, нашедшим такой грязный способ, туьэрэ сатаан.

  24. Нюрба быыбардааччыта

    Наһаа позорнай миниистэрдэр дуу,туохтар дуу.Бүгүн илии тутуһан кэпсэтэн бөҕө буолан баран,үөһэттэн ыктараннар тиэрэ түһэн сыталлара.Мин ааҕарбынан,кинилэр миигин өйүүлэр диэн агитация суох ээ,сырыытын кэпсээбит дии.Дьэ итинник тойотторго салайтаран кэллэхпит дии

  25. Аартык маладьыас!

    Уйбаныап уолу сымыйанан уехтэгэ буолан дэлби пиардаабыт эбит дии Аартык барахсан
    Ол туох-эрэ стограмм диэннэрин дьон бары билбэт, Ньурбага Тырыныат таЬы мелтех
    Хата бу Аартык рекламалаан, ол стограмм диэн баар эбитин элбэх киЬи иЬиттэ
    Миниистирдэр ааннарын хайыта тэбэн киирэр улуу суулук уолланар бэрт батта?
    Ньурабалар ааппыт-суолбут дьэ ньиргийэн эрэр батта?

  26. Нюрбинец

    Артыктар хайпятся за счет сильного и яркого кандидата, а вы тут даже не знаете имени второго кандидата, так как о нем сказать-то нечего. Вам бы всю якутию превратить в единую россию…учугэй саха сирин таьаарыах уолаттары бэйэ5ит таннара олоро5ут..ыраахтаа5ыга бэрт буолаары

    • Оннук!

      Суулуктээн Саха сирин ере таЬаарар уолу тэпсэ сатыыллар!
      Куоракка ыныран миниистир оноруохха наада этэ.
      Оччого ити суулук уол Москванан, Пекинынан, Вашингтонынан тиэстэ сылдьан дьон бегетун албынныа, саханы аатырдыа этэ буо )))

      • Марта

        Кырдьык, Иванов кими баҕарар кытта уопсай тылы булар кыахтаах киһи. Эн сэнээбиттии саҥарарыҥ ис хоһооно кырдьык, кини ханна баҕарар тиийэн кэпсэтэр, уопсай тылы булан дойдутун туһугар үлэлиир кыахтаах киһи. Итэҕэһэ бардама суох уонна чиэһинэй киһи.

  27. Мария

    Кошмаар)). Позер фантазер эбит ди)) хата дэлби куллум

  28. фуууу

    Что за жалкое издание, если все это было правдой об этом писали бы в ykt.ru. пытаются раскрутиться за счет выборов в Нюрбе. аж блевать тянет…я блокирую данный сайт..опускаться до вашего уровня не могу и не умею.. сидите срите..да токо подтирайтесь…с ног до головы завоняли

  29. Арел

    Глава5а туруорунарыгар штабка дьон бо5о улэлэтэн баран албыннаталан толоспотоох,Ньурба олохтоохторо бары ол быьыытын билэллэр! итинник киьи хайдах бутун куораты салайаары гынарый? Норуотун албынныыр буолла5ына! Токкуйдана токкуйдана куоласкытын биэрин, комускэьин

    • Оо дьэ!

      Кырдьык суулук эбит – быыбарга улэлээбит дьону албыннаабыт буоллагына.
      Уонна куоракка тиийэн мелуйуену биэрэбин дии-дии дьону кытары хаартыскага туЬэр ээ ессе!
      Ол иЬин суулук диэбиттэр эбит.

    • Марта

      Арел, харчы ылыахтаах дьон ылан тэйэллэрэ буолуо😃хайдах да муҥнаныҥ, ньурбалар барытын билэн, таайан олороллор.

  30. Жархан

    Большой ляп кандидата. Если не сказать больше… Однозначно!

  31. Нюрба быыбардааччыта

    Итинник фейковай суруйуулар ердэр штабтарыттан тахсар,кырдьык күүстээх,саллар оппоненнара буолан итинник буолаллар,тоҕо эрэ атын кандитаттарбыт туһунан уу чуумпу,билэттээбэппит даҕаны,улууспут уонна билиҥҥи аҕа баһылыкпыт тэрилтэлэр тойотторугар бирикээс эрэ биэрэллэринэн муҥурданаллар

    • Быыбардааччы

      Ол того «фейковай» буолла доо?
      Хаартыскалара бааллар дии.
      Миниистирдэр быыбарга ейуур туЬунан кэпсэппэтэхпит, мелуйуену босхо биэриэх буолбутугар керсубуппут дииллэр дии.
      Фейк диэн – олох сымыйаны этэллэр, халлаантан марсианнар кетен туЬэн Убайаанна аргылыы олороллор энин диэн курдугу.
      А тут все есть – фото, официальные опровержения министров.
      Значит, все правда буо.

  32. оо

    дьэ, кэбилэнии ди . Саамай таьаарыылаахтык сайдыы туьугар улэлиир кандидаты хараарда сатыыллар , бэйэлэрэ туох да результаттара суох эрээри, таах хамнас хармаан эрэ туьугар улэлииллэр

    • Ыы

      Мелуйуену босхо биэрэбин диэн сымыйалаан киирэн хаартыскага туЬутэлээн баран онтун быыбарга туЬана сатыыр суулук киЬи «саамай таЬаарыылаахтык» улэлиир аатырар эбит дуу?!
      Тууй-сиэ!

      • Марза

        Миниистирджргин барытын харчыга атыылана олороллор диэн тылгыттан хабыллаайаҕын😃

      • Марта

        Ыы, ыы даҕаны😃миниистирдэргин наһаа түһэримэ эрэ. Бэйэҕинэн охсон кинилэри взяточниктар диигин дуо?

  33. оо

    мелуйуен эрэ туьугар хаартыска5а туьэллэр эбит ди )))

  34. суулук муулук

    чахчы да, мөллүйүөн эрэ туһугар хаартыска5а туьэр сууллук миниистэрдэр эбит батта,

    тууй сяя хаах тууй

  35. Уйбаныап маладьыас

    Ити Уйбаныап уолгут хата бэртээхэй суулуктуур ньыманы айбыт эбит.
    Приемнайга кетен туЬэн баран, «доо, мелуйуену босхо биэрэ кэллим, ону миниистирдиин кэпсэтиэм этэ доо!» диигин.
    Ыксал улугэринэн киллэрэ охсоллор, кофе кутан биэрэллэр.
    Оскуола тутар уЬугут, онно мелуйуену босхо биэрэ кэллим диигин.
    Хаартыскага туЬэгин.
    Уонна нэЬилиэккэр тиийэн киэптиигин – бу мин хайдах курдук улуу киЬибиний ээ!

  36. Марта

    Ааптар кытааназтык миниистирдэри сиэтэлээбит)))уолу киртитиэм диэн өрө мэҥэлийбитэ атын буолла быһыылаах😃

  37. 123

    чинуши заволновались за свои теплые местечки, а редакция сайта и модеры ваще жесть. Лайки удаляют, а своим плюсы добавляют, ну это уже называется падать ниже плинтуса. Жалкое зрелище, посещаемость нулевая, а сами сидят в комментах срут

  38. 123

    Автор бы хоть имена своих героев правильно писал бы…ха-ха-ха вот как после этого относиться к новостям на этом сайте…позор…фейковые новости и автор незнайка.

  39. 001

    Ааптар суруйбут манерата соччото суох,дьээрэ манан отой кэһэтэбин,диэбит курдук,онто төттөрүтүн дьону түмтэ,стервятниктар сытыарбыппын дьөлүтэ тоҥсуйан бүтэриэхтэрэ дии санаабыта табыллыбата.Аны билигин заказчига,статья төттөрү эффект биэрдэ,диэн төлөөбүтүн төттөрү ыла сатыа.Сатамматах ааптар буолан биэрдэ

  40. Ньурба за Иванова

    Автор сам в Нюрбе

  41. за Иванова

    Поитологтар ону маны пишут дэ

  42. Продам

    Продаю домен https://t.me/aartyk

  43. Мдаа

    И смех и грех. Он думал что республика такая большая?) и никто не узнает правду?)) а штабисты его лохи. Надо проверять прежде чем ваш кандидат что то выдаст публично. А вообще нехорошо своих избирателей обманывать. А статья подана красиво. Фельетон классный. Респект автору!!!

  44. я за иванова

    понятно чем вы занимаетесь в рабочее время , умеете только палку под колеса вставлять , ничего у вас добродетельного нет ! Лучше бы тратили свое время на улучшение своей республики !

  45. Нюрба быыбардааччыта

    Мдаа,ваш номер не прошел,народ еще больше сплотился вокруг Иванова,понял откуда дует ветер,так что еще более изощреннее придумайте что нибудь и не лоханитесь на счет горечинушек

  46. Марха

    иһээччи киһи курдук, арыгыга харчы биэрдэллэр диэбит курдук һэлибирээн суруллубут дии(((киһи кыбыстыах(((

    • Нюрбинец

      батта, аргыьытка, буокка биэриэм, “ыллаа эрэ” диэтэххэ любой шлягер толоруо, оннук курдук ыстатыйа… pethetic dumb ass

  47. Против партии

    Оннук партия давит на всех и на все

  48. Сайаана

    Ньурбалар ойдоох эрэ буоллаххытына бэйэ бэйэ5итин уохсэн бутун. Быыбарга дьон бэйэтин собулуур кандитатын талар ини. Киьини быыбарынан сэдиптээн уо5эр хайыыр олох сыыьа уонна сиэргэ баппат быьыы.Эйэлээх буолуоххайын оччо5о эрэ Ньурба инникилээх буолуо дии саныыбын

  49. Нюрбинец

    Дьинэр оннук бо5о буо, тут вопрос о будущем наших детей, мы Нюрбинцы действительно считаем что Александр Иванов на данное время, единственный из кандидатов, кто действительно способен развить и повысить уровень жизни в Нюрбе, да и в Республике в целом, так как им движет светлая идея о светлом будущем, а не принадлежность какой-то партии, или представление интересов “определенных лиц”. Тут дискуссия оброслась, но чето нет ни единого слова о его сопернике, ну вот, автор, скажи пару слов о его сопернике, боюсь ты даже его имени толком не знаешь. За 30 “серебрянников” продасть надежду и будущее наших детей – это грех смертный

  50. батаап

    Нюрба за Иванова!

  51. Костя

    Одьэ кэм буолуо. Ити Нуучча Ьааска муччургэннээх сырыыларын туьунан элбэги истибитим. Анардас ойууру куруелээбитин, баьылык планеркатыгар Ньурбага киирэн Дьаарханна уулуусалары 200 светодиоднай лампааларынан сырдатабыт, онтукабытыгар ыйга 2 тыь солк. эрэ телуубут диэбитин санаан кэллэххэ киьи эрэ кулуех курдук. Саатар ып-ырааьынан чогулуччу керен кээьэр ээ))) Онтон били Таилаанна муора кыттыытыгар : ай лав ю Жархан, диэн кумахха суруйан турууччуктаах эрэ тиэрэ туьэ сытарын хаартыскатын бассаапка баьылыктара ыыппытын Дьаархаттар сеген тылларыттан маппыттар этэ.

  52. Дьаархан

    Костя,завидуй молча,Дьаарханын таптыыра буруйа буотах,атын дойдулары көрөр буолан билиитэ көрүүтэ тэҥниирэ элбэх,эн да биир рюкзак сүгэн баран кэринэриҥ эбитэ буоллар хараҕыҥ аһыллыа этэ.Дьаархан киэн туттар киһитэ Иванов

  53. Ньурбааа

    Костя, ну он хоть что то сделал для народу и пытается сделать больше ведь… Москва не сразу строилась ведь…

  54. Эрхан

    Киьиргэс уол эбит дьэ.

Оставить комментарий