Курс валют
$
82.61
0.44
95.29
0.45
Курс валют
Курс валют
$
82.61
0.44
95.29
0.45
Меню
Поиск по сайту

Атырдьах ыйын 11 күнэ: норуот билгэтэ тугу кэпсиирий?

сегодня 09:02 (14 часов назад) 0
Атырдьах ыйын 11 күнэ: норуот билгэтэ тугу кэпсиирий?

Атырдьах ыйын 11 күнүгэр православнай таҥара дьиэтэ сибэтиэй Каллинигы ахтар-саныыр. Былыр бу күн дьахталлар дьол-соргу тосхойорун туһугар ыалдьыттыы бараллара уонна дьиэлэрин-уоттарын ыраастыыллара. Ыраас дьиэ киһи санаатын, дууһатын чэбдигирдэр диэн итэҕэйэллэрэ. Бу күн тугу гынар көҥүллэнэрий уонна бобулларый? 

Тугу гыныахха сөбүй?

  • Калина отонун хомуйуу. Бу күн калина отонун хомуйан, онтон минньигэс бөрүөк буһараллар.
  • Кэрэ сэбэрэни харыстааһын. Дьахталлар эдэр буоларга калина сүмэһининэн сирэйдэрин сууналлара.
  • Ыалдьыттааһын. Ыалдьыттааһын эбэтэр дьиэҕэ доҕоттору көрсүү — дьолу, ситиһиини аҕалар.
  • Дьиэни хомуйуу. Дьиэни-уоту көрүнүү, сууйуу-сотуу, бэрээдэктээһин олус туһалаах.
  • Үтүөнү оҥоруу. Чугас дьоҥҥо көмөлөһүү, үтүө сыһыан ирдэнэр. Ону таһынан, бу күн Николай Чудотворец төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр буолан, таҥара дьиэтигэр сылдьан үҥэр-сүктэр көҥүллэнэр.

Тугу гынар бобулларый?

  • Этиһии уонна өһүргэнии. Этиһэр, мөккүһэр, кими эрэ өһүргэтэр уонна көмөлөһөртөн аккаастанар бобуллар. Бу сибэтиэй Николайы хомотуон сөп диэн ааҕаллар.
  • Айылҕаны алдьатыы. Калина маһы алдьатар, лабаатын тоһутар бобуллар. Үүнээйини алдьаппыт киһиттэн доруобуйата уонна дьоло тэйиэн сөп дэнэр.
  • Иэс биэрии. Күн ортотугар диэри иэс харчы биэрэр, улахан харчыга тугу эрэ атыылаһар уонна үп-харчы боппуруоһун быһаарсар сүбэлэммэт — дьадайыыга тиэрдиэн сөп.
  • Куһаҕаны оҥоруу. Куһаҕан быһыы-майгы киһиэхэ бэйэтигэр хара дьайын тардыан сөп.

Күн-дьыл билгэтэ:

  • Бу күн туман түстэҕинэ — эбиэс хойуутук үүнэр.
  • Силигилээбит эбиэс саҥаттан күөх өҥнөннөҕүнэ — күһүн ардахтаах, куһаҕан күннээх-дьыллаах буолар.
  • Сылаас күн турдаҕына — күһүнэ сымнаҕас, балаҕан ыйын саҥата сылаас буолар.
  • Сарсыардааҥҥы туман — мүөт мөлтөхтүк кэлэригэр.
  • Ойуурга отон, эриэхэ дэлэй буоллаҕына — кыһына тымныы, элбэх хаардаах буолар.
  • Тэллэй аҕыйах буоллаҕына — кыһын тымныы буолар.
  • Ардах түстэҕинэ — үүнүү олус үчүгэй буолар.
  • Киэһэлик былыттар таҕыстахтарына — сотору кэминэн этиҥнээх ардах түһэр.

 

***
Ааптар:

https://www.magnific.com/

Оставить комментарий