Курс валют
$
80.41
0.36
90.51
0.2
Курс валют
Курс валют
$
80.41
0.36
90.51
0.2
Меню
Поиск по сайту

Өрөбүллэргэ хайдах сынньанабыт?

22.04.2025 (4 недели назад) 14:02 0
Өрөбүллэргэ хайдах сынньанабыт?

Бу нэдиэлэ толору үлэлээн баран муус устар 27- Өрөспүүбүлүкэ күнэ өрөбүлгэ түбэһэринэн сынньалаҥ күн бэнидиэнньиккэ көһөр. Ол эрэн, бу өрөбүл күн федеральнай тэрилтэлэргэ сыһыана суох.

Онтон маай бырааһынньыктарыгар хайдах өрүүбүт? Үлэ халандаарынан ыам ыйын 1 күнүттэн 4 күнүгэр диэри сокуонунан сынньалаҥ биллэриллэр, 6 күннээх үлэ тэрилтэлэрэ ыам ыйын 2,3 күнүгэр толору үлэлииллэр.

Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх бырааһынньыгар ыам ыйын 8 күнүттэн 11 күнүгэр диэри эмиэ 4 күннээх сынньалаҥҥа барыахпыт. Алта үлэ күннээх тэрилтэлэрэ (үгүстэрэ үөрэх тэрилтэлэрэ) ыам ыйын 8,9 күннэригэр сынньанан баран ыам ыйын 10 күнүгэр үлэлии тахсаллар. Онтон ыам ыйын 11 күнүгэр хаттаан баскыһыанньаҕа өрүүллэр.  Инньэ гынан, үгүс дьону ыам ыйыгар 31 күн баарыттан 18 үлэ күнэ, 13 өрөбүл күнэ күүтэр.


***
Мира АФАНАСЬЕВА

Оставить комментарий