Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

БУ ХАҺАН БЫҺААРЫЛЛЫАХ БЭЙЭТЭЙ?

20.04.2022 16:26 0
БУ  ХАҺАН  БЫҺААРЫЛЛЫАХ  БЭЙЭТЭЙ?

Соторутааҕыта РФ Наукаларын академията таһаарар “Геология рудных месторождений” диэн сурунаалыгар быйылгы 64-с томугар (№2) “Оценка радиоэкологической обстановки Эльконского урановорудного района (Алданский щит) методами полевой радиометрии” диэн төбөлөөх дьоһун ыстатыйа бэчээттэннэ.

Дьоһун ыстатыйа сүрүн ааптара биологическай наукалар доктордара П.Собакин бу сиргэ хаһыс да сылын кырынан үлэлээтэ. Бу олус наадалаах үлэлэригэр Петр Иннокентьевич Элькон ураннаах оройуонугар кутталлаах быһыы-майгы үөскээбитин этэ, сэрэтэ сатаабыта ыраатта. Олох соторутааҕыта (кулун тутар – муус устар) уран рудата таһаарар радиациялаах радон гааһын Алдан куоратыгар мээрэйдээн кэллэ уонна олорор дьиэлэргэ көрдөрүү олус үрдүгүн эттэ. Отчуотун ситэрэн-хоторон суруйуо турдаҕа.

Оттон кини киин сурунаалга Алдан өрүс салааларыгар хостонон баран аһаҕас халлаан анныгар дьапталлан сытар уран рудатыгар (отвалы радиоактивных пород) 2020 сыл сайын ыыппыт үлэтин түмүгэ тахсыбыт. Киэҥ ырытыылаах ыстатыйатын түмүктүүрүгэр ааптар манныктары аҕалбыт: “На Эльконском урановорудном районе сложилась высококонтрастная радиоэкологическая обстановка, связанная с особенностями геологического строения территории и техногенными воздействиями на нее. На обследованной территории мощность экспозиционной дозы гамма-излучения изменяется от фоновых (6 мкР/ч) до аномально высоких (1100 мкР/ч) значений…”; “Согласно классификации месторождений твердых полезных ископаемых по степени радиационной безопасности, подавлющее большинство отвалов радиоактивных пород и руд горных выработок (89% от общего количества) по Аэфф. относятся к особо опасным и опасным классам минерального сырья”; “В настоящее время в Эльконском районе процессы радиоактивного загрязнения природной среды не только продолжаются, но и усиливаются за счет появления новых дополнительных источников загрязнения, связанных с добычей золота”; “Возрастающие масштабы радиоактивного загрязнения природной среды в данном геологическом районе требуют пристального внимания специалистов охраны окружающей среды и Роспотребнадзора;          Биһиги бу ураннаах сир төһө баайдааҕын, тулалыыр эйгэҕэ кутталлааҕын туһунан РФ Госатомнадзорын Дальнай Востоктааҕы регионнар икки ардыларынааҕы территориальнай уокуругун (Хабаровскай) 1990 с. аһаҕас официальнай докумуонуттан билбиппит. Ити кэмтэн отучча сыл устата бу сир үөрэтилиннэ, куһаҕан дьайыылааҕа бигэргэтилиннэ, ол туһунан төһөлөөх сурук сурулунна да Экология министиэристибэтэ уонна Роспотребнадзор өттүттэн дьаһал ылыллыбат. Ити туһунан ыстатыйа ааптара саамай сөпкө этэр. Элькон оройуона дэнэр сиргэ уопсайа 8 ураннаах сир чинчиллэн саппааһа ааҕыллан государствоҕа туттарыллыбыта. Манна ураны кытта кыһыл, үрүҥ көмүс уонна молибден курдук норуот хаһаайыстыбатыгар, экономикаҕа тирэх буолар промышленнай суолталаах баай баарынан бу сир атыттартан уратыланар. Элькон уопсай баайа – 324206 туонна уран, 194 туонна кыһыл көмүс, 2346 туонна үрүҥ көмүс уонна 41626 туонна молибден. Манна хостуур үлэ бардаҕына эбии чинчиллэрэ уонна саппааһа үрдүүрэ сабаҕаланар.

Билигин үөһээ этиллибит 8 ураннаах сиртэн биирдэстэригэр – Лунное диэҥҥэ лицензия ыланнар (Экология министиэристибэтин көмөтүнэн буолуо) көмүс хостуу сылдьаллар. Рудаттан химическэй суурадаһынынан көмүһүн ылҕаан ылан бараннар уранын үрэх кытылыгар дьаптайан эрэллэр. Итини ыстатыйа ааптара сөпкө ыйар. Учуонайдары үлэлиир сирдэригэр киллэрбэккэ бобо сатыыллара эмиэ биллэр. Луннайга 5000 туонна уран, 24 туонна кыһыл, 97 туонна үрүҥ көмүс ааҕыллан сытар.

Маннык баайдаах сири хайдах айбардаан сири-дойдуну киртитэллэрин эрэ буолбакка, туһалаах баайа кимиэхэ тиксэрин ким да хонтуруолга ылбата көстөр. Республика прокуратурата манан дьарыктанара эмиэ биллибэт.

Ураннаах сир төһө өр кэмҥэ радиациятынан тулалыыр эйгэни сутуйа сытыан ким да билбэт. Ол иһин ыстатыйа ааптара П.Собакин түмүгэр сөптөөх этиилэри киллэрэр дии саныыбын. Сир үрдүгэр ураннаах дьапталлыылары саамай улахан көрдөрүүлээхтэрин эрэллээх контейнердарга уган Краснокаменскайдааҕы горнай-химическай комбинакка (Забайкальскай кыраай) атаарыахха. “Томмот” тимир суол станцията ураннаах сиртэн баара-суоҕа 35-80 км ыраах сыталлар. Хаалбыт кыра радиациялаахтары көннөрү буорунан көмүөххэ, итинэн радон тахсарын уонна руда тыалынан көтөрүн, ууга сууралларын аччатыахха сөп. Росатом госкорпорация маннык үлэлэргэ баай уопуттааҕын ыстатыйа ааптара сөпкө ыйар.

Мин тус бэйэм, бу проблемананы билэр, манан дьарыктана сылдьыбыт киһи быһыытынан республикаҕа соҕотох кэриэтэ хаалбыт радиоэколог, наука доктора П.Собакин этиилэригэр холбоһобун. Манан тустаахтар – Экология министиэристибэтэ, эбэтэр Роспотребнадзор дьарыктаныахтарын баҕарбат буоллахтарына республика үрдүкү былааһа быһаччы орооһоро уолдьаста.

***
Иван БУРЦЕВ, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна,

15.04.2022 с.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»